Такси үлэтин сүрүннүүр сокуон ылылынна
Саҥа сокуон суоппардарга уонна таксины сакаастыыр сервистэргэ кэккэ хааччахтары киллэрэр. Пассажирдары таһааччыларга хас даҕаны анал реестр баар буолуоҕа.
Ол курдук, суоппардарга уонна массыыналарын ис-тас өттүн көрүҥэр сыһыаннаах ирдэбиллэр киирдилэр. Таксины сакаастыыр агрегатордар (веб-сайт эбэтэр мобильнай сыһыарыы нөҥүө таксины сакаастыыр тырааныспар хампаанньата, онлайн-сервис) олохторо эмиэ уустугурар, ол эрэн пассажирга айан куттала суох буолар. Сокуон бырайыагын көрүүгэ дьокутааттар омук сирдэригэр сыһыаннаах таксилары Арассыыйа территориятыгар үлэлииллэрин бобуохха диэн көннөрүүнү ылымматылар. Көннөрүү сокуоҥҥа киирбитэ буоллар, такси ырыынагын биир бөдөҥ бэрэстэбиитэлэ – «Яндекс.Такси» суох буолуохтаах эбит («Яндекс.Такси» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх хампаанньа, Нидерландыга регистрациялаах, Арассыыйа 300 улахан куоратыгар итиэннэ Кыргызстаҥҥа, Казахстаҥҥа, Узбекистаҥҥа, Молдоваҕа, Белоруссияҕа, Латвияҕа, Эстонияҕа уо.д.а. дойдуларга үлэлиир). Дьиҥэр, Дуума тырааныспарга кэмитиэтэ ити көннөрүүнү ылынарга сүбэлээбит (көннөрүү ааптара – кэмитиэт салайааччыта Евгений Москвичев).
Сокуон бырайыагар ылыныллыбыт нуормалар:
– суол быраабылаларын кэһии иһин үстэн элбэх ыстарааптаах суоппар таксилыыра көҥүллэммэт;
– «шашечкалардаах» массыына уруулугар ыарахан холуобунай буруй иһин (киһини өлөрүү, халабыр уо.д.а.) сууттаммыттара уһулла илик буоллаҕына, олордубаттар;
– массыына кузовыгар «шашечкалары» уонна сарайыгар «оранжевай» өҥнөөх банаары олордуу булгуччу ирдэнэр;
– такси салонугар массыына, суоппар, таһааччы (тэрилтэ) тустарынан сибидиэнньэ, үҥсүүнү уонна этиини тириэрдэр төлөпүөн нүөмэрэ, тарыып туһунан информация баар буолуохтаахтар;
– пассажир олоҕор, доруобуйатыгар, баайыгар-дуолугар сыһыаннаах хоромньу таһаарыллыбыт буоллаҕына, сакаас сулууспата эппиэтинэһи сүгэр.
Судаарыстыбаннай Дуума үһүс ааҕыытын чэрчитинэн, дьоһун уларыйыылар киллэрилиннилэр:
– клиеннэр тус дааннайдара Арассыыйа эрэ сервердэригэр хараллыахтаах;
– чэпчэки уйуктаах такси реестрин систиэмэтэ оҥоһуллуохтаах;
– таксига бэйэ дьарыктаахтары (самозанятые) алдьархайтан, оһолтон, дэҥтэн тахсар ороскуоту уйунар эрэ усулуобуйаҕа үлэлэтэллэр;
– таксист рейсэҕэ тахсыан иннинээҕи медицинскэй бэрэбиэркэтин дистанционнай көрүҥүнэн ааһыан сөп. РФ бырабыыталыстыбатын быһаарыытынан, такси массыынатыгар суоппар болҕомтолоохтук уонна утуктаабакка олорорун хонтуруоллуур тэрили туруоруохтарын сөп;
– сакаас сулууспаларын уонна таһааччылары такси өҥөтүн хаачыстыбатын хонтуруоллуур «мониторинг» ыытарга уонна суоппардар рейтиннэрин олохтуурга эбээһинэстииллэр.
Такси сулууспатыгар Арассыыйаҕа эрэ оҥоһуллубут массыыналары үлэлэтэри уонна таксистар саастарын хааччахтааһыны дьокутааттар өйөөбөтүлэр.
Судаарыстыбаннай Дуума тырааныспарга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Павел Федяев иһитиннэрбитинэн, сүрүн сыал – такси үлэтигэр «сиэрэй» схемалары суох оҥоруу, ити эйгэ үлэтин, массыына үлэлии тахсыаҕыттан страховой төлөбүрү ылыыга тиийэ, сүрүннүүр кэм кэллэ.
Сокуон сүрүн балаһыанньалара 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэҕэ киириэхтэрэ.
Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттарын санааларын көрүөҕүҥ.
Абдулхаким Гаджиев, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата:
– Ханнык баҕарар эйгэҕэ бэрээдэк баар буолуохтаах, ордук нэһилиэнньэҕэ өҥө оҥоруутугар. Такси өҥөтүнэн элбэх киһи туһанар, ол иһигэр оҕолоох дьон. Биллэн турар, инники күөҥҥэ куттал суох буолуута тахсар.
Дьону кытта уопсай тылы булууну, холку быһыыны, бэйэни сатаан туттунууну ирдиир такси курдук стрессовай түгэннэрдээх үлэҕэ сууттаммыт суоппардар үлэлииллэрэ сатаммата өйдөнөр.
Ол эрэн өссө биир улахан кыһалҕа баар – наркотическай итирии туругар киирбит таксистар. Дьыала ити эйгэҕэ үлэлэрин төлөбүрүгэр сытар. Такси суоппардара күн аайы хамнастарын уу харчынан ылаллар. Наркотиктан тутулуктаах дьон илиилэригэр уу харчыны туттахтарына, психотропнай эттиктэри атыылаһар кыахтаналлар. Ол кэнниттэн кинилэр «адекватнайа» суох туруктаах сылдьан уруулга олороллор.
Биллэн турар, итинник туруктаах суоппар саахалы таһаарыан, бэйэтин, пассажирдарын уонна атын дьону эчэтиэн сөп. Наркоман-таксистары булар, тутар олус уустук. Аны ыраахтан, дистанционнай көрүҥүнэн, мобильнай сыһыарыы нөҥүө үлэлиир агрегатор суоппар хайдах туруктааҕын билбэт уонна кини дьайыыларын иһин эппиэтинэһи сүкпэт.
Джамаладин Гасанов, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата:
– Биһиги бары «өҥө экономикатыгар» олорорбутун өйдүөх тустаахпыт, ол иһин бары сервистэр гражданнарга табыгастааах уонна куттала суох буолуохтаахтар. Хас биирдии киһи таксига олорон айанныыра бары өттүнэн табыгастааҕа наада. Биллэн турар, таксины табыгастаах оҥоруу – өҥөнөн хааччыйар бизнес кыһалҕата, оттон өҥө куттала суох буолуутун судаарыстыба хонтуруоллуохтаах.
Өссө биир, мин санаабар, дьүүллэһиини ирдиир тиэмэ баар. Сороҕор таксинан криминальнай олохтоох дьон туһаналлар – наркоманнар уонна бандьыыттар. Сокуоҥҥа итинник пассажирдартан суоппардары көмүскүүрү эмиэ киллэриэххэ наада.
Биллэн турар, такси ырыынагын нормативнай базатыгар дьоһун уларытыылары бэлэмнээтибит. Такси үлэтин сүрүннүүр үлэҕэ ыллыктаах этиилэр киирдилэр, ол курдук, такси сервистара сууттаммыт суоппардары кытта үлэлиэ суохтаахтар, үлэ харыстабылын тутуһууга ирдэбиллэр күүһүрдүлэр.