Табыгастаах, барыстаах эрээри... Онно бэлэммит дуо?
Бөдөҥ куораттарга нэһилиэнньэ үгүс өттө электросамокаттары утарар. Суоппардарга, сатыы дьоҥҥо, уопсайынан, суолга, тротуарга улахан кутталы үөскэтэллэр диэн. Хомойуох иһин, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор муода буолбут көлөнөн айаас аттыы көтүтэллэр, тыалы кытта тэҥҥэ сырсаллар. 2023 сылга дойду үрдүнэн электросамокат кыттыылаах 3,1 тыһыынча суол быһылаана бэлиэтэммит, ол түмүгэр 3177 киһи эмсэҕэлээбит, 43 киһи суорума суолламмыт. Үксүн сүрүн буруйдаахтарынан эрдэҕэс саастаах оҕолор буолаллар...
Кэнники кэмҥэ Дьокуускайга электросамокаттаах ыччат элбээтэ, куорат киинигэр прокат пуунун хас хардыы аайы көрүөххэ сөп. Ол эбэтэр тырааныспар саҥа көрүҥэ биһиги олохпутугар балысханнык кимэн киирдэ. Онно төһө бэлэммитий?
Дьокуускай куораттааҕы ГАИ иһитиннэриититтэн:
Ыам ыйын 30 күнүгэр күнүс Ойуунускай уул., 10, дьиэ тиэргэнигэр 2002 с.т. суоппар, Тойота Корона массыынаны салайан иһэн, оскуолатыттан электросамокатынан дьиэтигэр айаннаан испит 12 саастаах уол оҕону түҥнэри көппүт. Суол быһылаанын түмүгэр сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо, дьолго, кыра эчэйиилэри ылбыт. Суоппар арыгы испэтэҕэ чуолкайдаммыт.
Куорат төрөппүттэрин уопсай мунньаҕар Дьокуускайга оҕолор кыттыылаах суол быһылааннарын статистиката иһитиннэриллибит. Ол курдук, сыл саҕаланыаҕыттан (ыам ыйын 31 күнүнээҕи отчуотунан – Аапт.) 45 оҕо, суол быһылааныгар түбэһэн, араас эчэйиилэри ылбыт, икки оҕо суорума суолламмыт.
Ыам ыйыгар самокаттаах уонна электросамокаттаах оҕолор кыттыылаах суол быһылааннара тахсыбыттара бэлиэтэнэр.
ГАИ сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр оҕолор доруобуйалара төрөппүттэр эппиэтинэстэригэр буоларын санатар.
Биир үтүө күн электросамокаттаах дьону кытта кэпсэтээри, ыйытык оҥороору, паарка диэки хаамтыбыт. Онно бааллара буолуо диэн эрэх-турах санаалаах тиийбиппит – мэлийдибит. Кыра оҕо элбэх – ким роликтыыр, ким бэлисипиэт тэбэр. Аттракционнарга улуу уочарат. Төрөппүт арыалдьыттаах көннөрү самокаттаах кырачааннар бааллар, ол эрээри электросамокаттаах дьону таба туппатыбыт. Онтон Хомсомуол болуоссатыгар ойутан тиийдибит. Парковкаҕа массыына толору. Биир да электросамокатынан көтүтэн иһэр киһини харахтаабатыбыт. Куйаас күн буолан, дэлби тириттибит, кытарчы бустубут, ол тухары “бултаһар” электросамокаттарбыт көстүбэттэр. Онтон өй ылан, чугас турар парковкаларыгар маныырга сананныбыт, онно баҕас кэлиэхтэрэ диэтибит.
Дьэ, доҕор, онно да уонча мүнүүтэ күүттүбүт. Үлэ күнэ буолан дуу, күнүс буолан дуу, куйааһа бэрт дуу? Эмиэ ыт атаҕын тутар буоллубут диэн эрдэхпитинэ, суол нөҥүө өттүгэр светофорга икки электросамокаттаах уол турарын көрдүбүт. Көрсөргө бэлэмнэннибит. Хата, тохтоон, кэпсэтэргэ бэрт улгумнук сөбүлэстилэр.
Иван, 28 саастаах:
– Бүгүн күнү быһа электросамокатынан сырыттыбыт. Бэйэм музыкаммын, ону таһынан ас атыылыыбыт. Онон үлэҕэ-хамнаска абыраллаах, бары өттүнэн табыгастаах тырааныспар дии санаатым. Кыһыммыт суоҕа буоллар, олох үчүгэй буолуо этэ. Сайын массыына да наадата суох курдук, куорат киин өттүгэр электросамокатынан холкутук сылдьыахха сөп.
Бу доҕорбун кытта иккиэн тус-туспа электросамокаты уларыстыбыт. Whoosh кикшеринг* анал сыһыарыылаах, онно киирэн регистрацияланаҕын, каартаҕын сыһыараҕын. Төһө ырааҕы айаннаабыккынан көрөн төлүүгүн. Холобур, бу быһа холоон 5-6 км сырыттыбыт, иккиэн холбоон 710 солк. төлөөтүбүт. Мин саҥа айааһаан эрэр буолан, төһө харчы барарын ааҕа иликпин. Үчүгэйэ диэн, мобильнай сыһыарыыга электросамокаты ханна тиийэн туруоруоххун, хаалларыаххын сөбө көстөр, парковкалар аадырыстара баар.
Биир өттүнэн, куораппытыгар тырааныспар табыгастаах көрүҥэ баар буолбута үчүгэй. Ол эрээри оҕо аймах хатааһылыыра суолга кутталы үөскэтэр. Сатаан салайбат киһи чугаһаабата ордук. Саҥа үөрэнэ сатыыр дьон Ленин проспегынан сылдьыахтарын сөп, онно анал бэлисипиэт суола баар.
Москва, Питер курдук бөдөҥ куораттарга электросамокат үөдүйбүтэ ыраатта, туһанааччы да элбэх. Оттон Дьокуускайга саҥа кэлбит “оонньуур” буолан, бары “мэниктиэхтэрин” баҕараллар (күлэр).
Быһаарыы:
* кикшеринг – электросамокаттары харчыга уларсар сервис.
Кэпсэтиигэ Иван доҕоро кыттыһар. Эрхаан, 21 саастаах:
– Мин электросамокатынан сылдьа үөрүйэхпин. Атын куораттарга да тиийдэхпинэ, уларсааччыбын. Биһиги Дьокуускайбыт тырааныспар саҥа көрүҥэр суол-иис өттүнэн да, нэһилиэнньэтэ да соччо бэлэмэ суох. Аны туран, култуурабыт суоҕа бэрт.
Уолаттар санаалара:
– Уопсайынан, билиҥҥи туругунан куораппыт суола-ииһэ электросамокаттаах дьоҥҥо табыгаһа суох. Уулуссаларбыт кып-кыараҕастар, тротуара суох сир элбэх. Ол иһин электросамокаттаахтар айан суолугар тахсан биэрэн, онно-манна түбэһиэхтэрин, суоппардарга, сатыы дьоҥҥо даҕаны кутталы үөскэтиэхтэрин сөп.
Ити икки ардыгар бу иннинэ кэчигирэһэн турбут алта электросамокаттан иккитин уларсан барбыттар. Онон кинилэри мүччү туттубут. Хата, өр күүттэрбэтэ – электросамокаттаах эдэр киһи субу утары иһэр. Эмиэ тохтоттубут.
Электросамокатынан сылдьааччылар бу судургу быраабылалары тутуһуохтаахтар:
- тротуардарынан, бэлисипиэт суолларынан, онно анал ыллыктарынан эрэ сылдьыахтаахтар;
- сатыы дьоҥҥо мэһэйдиэ суохтаахтар;
- биир электросамокатынан икки киһи айаннаабат;
- мээнэ көтүппэккин – түргэтиир эрэсиимин тутуһуохтааххын;
- харыстанар тэриллэри туһаныҥ (шлем, наколенник, налокотник).
Алексей, 32 саастаах, ИТ-эйгэ үлэһитэ, устудьуон:
– Электросамокатынан күн аайы кэриэтэ сылдьабын. Сыыдам сырыылаах тырааныспар, үлэбэр барарбар-кэлэрбэр олох абыранным. “Пробкаҕа” хаайтаран олорбоппун, олус үчүгэй.
Биһиги куораппытыгар такси сыаната ыарахан, массыыналаах буоллаххына, бэнсииҥҥэ эрэ үлэлиир курдуккун. Ол иһин электросамокаты уларсан сылдьыбыт быдан барыстаах дии санаатым. Холобур, мин Whoosh мобильнай сыһыарыытыгар сурутуулаахпын, ол иһин проката чэпчэтиилээх. Усулуобуйата бэрт судургу этэ – суруйтараҕын уонна үөрэҕи ааһаҕын. Ааҕан-суоттаан көрбүтүм: холобур, мин 202-с түөлбэттэн (дьиэбиттэн) Ленин проспегар (үлэбэр) кэлэрбэр 50 солк. ылар. Тэҥнээн көрдөххө, оптуобуска бырайыас сыаната 45 солк., ону күүтүөххэ, онтон симиллэн айанныахха наада. Ол оннугар электросамокат уларсыбытым быдан ордук. Күҥҥэ ортотунан 15-20 км айанныыбын, баара-суоҕа 250 солк. барыыбын.
Биһиги куораппыт кыра, онон киин өттүгэр төһө баҕарар электросамокатынан барыахха-кэлиэххэ сөп. Сүрүнэ – быраабыланы тутуһуохха наада. Оҕолорго көҥүллэммэт, төрөппүттэрин каарталарынан туһанан прокаттыыллар быһыылаах, дьэ, ол баҕас төрөппүттэр буруйдара, барыта кинилэр эппиэтинэстэрэ буоллаҕа.
Инникитин Дьокуускайга элбэх фирма электросамокаттары аҕалыан баҕарабын, оччоҕуна талар кыах баар буолуо этэ.
Алексей наһаа үчүгэйдик кэпсээн баран, хаартыскаҕа түһэртэн кыккыраччы аккаастанна. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр харахпыт далыттан сүтэн хаалла, оннук түргэнник элэс гынна.
Бу күн электросамокаттаах хас да оҕону (хас саастаахтара эбитэ буолла) көрдүбүт, таба туттарбатылар. Аны хаартыскаҕа сирэйдэрин көрдөрөрбүт табыллыбат, онон кэннилэриттэн түһэрдибит.
Дьокуускай куорат прокуратуратын иһитиннэриититтэн:
Сорох электросамокаттар кыамталара 0,25 кВт тахса буоларын өйдөөҥ. Ол аата “М” категориялаах суоппар дастабырыанньата ирдэнэр.
Бу категорияҕа быраабы 16-тан үөһэ саастаах дьон ылаллар. Ити ирдэбили тутуспат буоллахха, сокуонунан эппиэтинэскэ тардыллыахха сөп:
— Суоппар бырааба суох электросамокатынан (кыамталара улахан) сылдьыы иһин административнай кэһиилэр тустарынан Арассыыйа Кодексатын 12.7 ыст. 1-кы чааһыгар олоҕуран, 5 тыһ. солк. саҕалаан 15 тыһ. солк. диэри ыстараап;
— Электросамокаты мотошлема суох салайыы эбэтэр ону туттарыыта суох кэтэ сылдьыы иһин административнай кэһиилэр тустарынан Арассыыйа Кодексатын 12.6 ыст. олоҕуран, 1 тыһ.солк. ыстараап.
Административнай кэһиилэр тустарынан Арассыыйа Кодексатын 5.35 ыст. олоҕуран, 16-тан кыра саастаах оҕо электросамокатынан сылдьан тутуллар түгэнигэр, оҕо төрөппүттэрэ эбэтэр атын сокуоннай бэрэстэбиитэллэрэ 100-500 солк. тиийэ ыстарааптаныахтарын сөп.
Сүрүн быраабылалары тутуһуҥ:
- Электросамокакка хайаан да туормас туруоруллубут буолуохтаах.
- Электросамокаттан түспэккэ эрэ, суолу туоруур көҥүллэммэт, хайаан да түһэн баран эбэтэр көтөҕөн туоруохтааххын.
Электросамокатынан айаннаан иһэн уруулун булгуччу тутуохтааххын.
Ханан сылдьыахха сөбүй?
14-тэн үөһэ саастаах дьон төһө баҕарар ыйааһыннаах электросамокатынан суол уҥа өттүнэн айанныыллара көҥүллэнэр. Ити муҥутаабыта чааска 60 км түргэнник айанныахха сөптөөх, бэлисипиэттээх дьоҥҥо көҥүллэммит суол кэрчиктэригэр.
Электросамокаттаах киһи массыынаны эбэтэр сатыы дьону кытта харсыһар түбэлтэтигэр, туох миэрэ көрүллэрий?
Сатыы киһини түҥнэри көттөҕүнэ: өскөтүн эмсэҕэлээччи кыра эбэтэр орто эчэйиини ылар түгэнигэр, ыстараап кээмэйэ 1000 солк. 1500 солк. тиийиэн сөп (Административнай кэһиилэр тустарынан Арассыыйа Кодексатын 12.30 ыст. 2 ч. олоҕуран). Өскөтүн итирик туруктаах тутулуннаҕына, эмиэ оннук кээмэйдээх ыстараап, ол эрээри ыстатыйата атын – 12.29, 3 ч.
Суол быһылааныгар киһи доруобуйата улаханнык эмсэҕэлиир түгэнигэр, электросамокат суоппарыгар накаастабыл ыстараабынан эрэ муҥурдаммат, буруйдаах Арассыыйа Холуобунай кодексатын 268 ыст. олоҕуран, холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар. Ол санкцията маннык буолуон сөп:
- 3 сылга диэри көҥүлүн быһыы;
- 2 сылга диэри күһэлэҥ үлэ;
- 4 ыйга диэри хаайыы;
- 2 сылга диэри түрмэ хаайыыта.
Өскөтүн электросамокаттаах айанньыт буруйунан киһи өлүүлээх быһылаан таҕыстаҕына, кини Арассыыйа Холуобунай кодексатын 109 ыст. олоҕуран, холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар. Санкциялара бу курдуктар: көҥүлүн хааччахтааһын, күһэлэҥ үлэ уонна хаайыы – бары түгэҥҥэ 3 сылга диэри, онно эбии кэккэ дуоһунастарга ананар бырааба быһыллар.
Оҕо доруобуйата улаханнык эмсэҕэлээтэҕинэ, суол быһылаана тахсыбыт сириттэн куотуу, түҥнэри көппүт киһиэхэ көмөнү оҥорбот буолуу, итирик туруктаах сылдьыы – бу барыта дьыаланы өссө уустугурдар, суут итинтэн өссө кытаанах накаастабылы таһаарыан сөп.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.