14.10.2023 | 14:00

Табаҕы быраҕар 10 ньыма

Нарколог быраастар этэллэринэн, бэрт судургу быраабылалары тутуһуохха эрэ наада. 
Табаҕы быраҕар 10 ньыма
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Сүрүн боппуруоһунан “Табаҕы букатыннаахтык быраҕыам” диэн буолбакка, “Мин онно бэлэммин дуо? диэн буолар. Олоххун уларытарга, табахтан аккаастанарга, саҥа үөрүйэхтэргэ бэлэмҥин дуо? Бу ыйытыыларга хоруйдуур кыахтаах буоллаххына, дьэ, күүскэ ылсыаххын сөп. Куттаныма, табахтан аккаастанар уустук буолуо суоҕа.

 

Сигарета уонна табах туһунан чахчылар

Олоххун 20 сыл кылгатар. Буор табахсыттар 35-тэн 60-гар диэри өлөллөр. Ол төрүөтэ – сүрэх уонна тымыр үлэтигэр кэһиллии, мэйиигэ хаан туруута, онкологическай ыарыылар.

Олох хаачыстыбата намыһах буолар. Маҥнайгы табах куруук интэриэһинэй уонна киһини “курутуой” оҥорор: көрдөөх доҕоттор, биир үөлээннээхтэр, пиибэ эбэтэр арыгы – доруобуйаҕа туох да кыһалҕа суох! Ол гынан баран аҕыйах ыйынан тиистэриҥ саһаран бараллар, тарбахтарыҥ уларыйаллар, айаххыттан, таҥаскыттан куһаҕан сыт кэлэр. Салгыы — сөтөл олоҕуҥ “аргыһа” буолар, кыаммат-түгэммэт түгэн элбиир. Онтон салгыы сүрэх ыарыыта эбиллэр. Манна даҕатан эттэххэ, куртах уонна быар үлэлэрэ мөлтүүр.

Чугас дьоҥҥор буортуну оҥороҕун. Үксүн табахсыт куһаҕан дьаллыгын быраҕарыгар кини чугас дьоно ордук баҕараллар. Биһиги доруобуйабытыгар эмиэ охсуулаах дии санаабаттар. “Пассивнай табахсыкка” буортута элбэҕин сэрэйбэт да буолуохтарын сөп. 

Табаҕы кытта арахсыахха сөп! Санаан да көрдөххө, олох олороргор, тыыннаах хааларгар, чөл сылдьаргар наада! Организм ханнык да охсууну ылыа суоҕа. Никотин – бу эйигин өлөрөр дьаат. 

Куһаҕан дьаллыктан босхолонорго сүбэлэр:

1. Кофеттан уонна арыгыттан аккаастаныы – бу бастакы хардыылар. Үлэҕитигэр эбиэт кэмигэр кофе уонна табах тардар буоллаххына, фруктовой чэйдэргэ эбэтэр соктарга көс. Онтон табахсыт доҕотторгун кытта өрөбүл аайы көрсүһүүлэргин аччаабыта биир ыйга тохтот эбэтэр көһөр.

2. Эмискэ быраҕыы – ыллыҥ даҕаны олоххор суох оҥорорго дьулус. Бу ньыманан 2 күн устата табаҕы быраҕыахха сөп, иккис күҥҥэр никотиҥҥа наадыйарыҥ быдан намтыыр.

3. Өскөтүн, иккис ньыма эйиэхэ сөп  түбэспэт түгэнигэр, халандаарга бэлиэтэнэн саҕалаа. Биир күҥҥэ хас сигаретаны тардаргын аах, холобура, икки чаас иһигэр – биир табах. Сарсыныгар арыккын өссө кыччат, онтон сарсыҥҥытыгар өссө аччатаҕын. Нэдиэлэ бүтүүтэ табаҕа суох күнү быһа сылдьыаххын сөп.

4. Өскөтүн өйгүнэн-санааҕынан көрдүүр буоллаххына, утахта ис  (кофе, пиибэ буолбатах!). Дьаабылыката сиэ, ыаста ыстаа, мята амтаннаах хампыатта сиэ. Муҥур уһукка тиис ыраастыырда укта сырыт.

5. Табахтыыр “сиэртэн-туомтан” куотун: быстах кэмҥэ кэллиэгэлэргин кытта сэлэһэр “перекурга” барыма. Үлэ чааһын кэнниттэн кулуупка буолбакка, дьиэҕэр тиэтэй. Оптуобус кэтэһэр кэмҥэр, тохтобулга буолбакка, арыый атын сиргэ тур.

6. Зажигалкалары, трубкалары, пепельницалары суох оҥор. Ханна эрэ хаһаас сытар буоллаҕына, ол саамай сөбүлээбэт табаҕыҥ буолуохтаах, иккиһинэн, скотчтаан кэбиһэр ордук. Оччоҕуна хаһаас туһунан түргэнник умнуоҥ.

7. Үлэҕэр бараргар, сынньана тахсаргар табахтыыргын умун.

8. Дьиэ усулуобуйатыгар спордунан дьарыктан. Бастакы күннэргэ олус үчүгэй настырыанньалаах буолуоҥ. Холобур, бэйэҕэр сүүрэр дорожка эбэтэр фитнес-саалаҕа абонемент атыылаһыаххын сөп. Күн аайы дьарык тэтимин күүһүрдэн ис.

9. Биир ыйга табахха төһө үбү-харчыны ороскуоттаабыккын аах. Ол харчыны мунньан баран, туох эрэ ыра санаа оҥостубут гаджеккын атыылаһаргын санаа.

10. Табаххын бырахпытыҥ туһунан тулалыыр дьоҥҥор кэпсээн оҥоһун. Баҕар, эн холобургун биир эмит табаарыс ылыныа, табаҕыттан аккаастаныа.

Бу сүбэлэр эһиэхэ ким даҕаны көмөтө суох, табаҕы кытта букатыннаахтыы арахсаргытыгар тирэх буолуохтара

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...