Табаҕа тумуһугар саҥа балаһаакка
Өлүөнэ өрүс күнүгэр Табаҕа тумуһугар смотровой балаһаакка аһыллыыта буолан ааста. Куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара манна туран эбэ кэрэ көстүүтүн кэрэхсии көрүөхтэрэ.
Бырайыак предпринимательство, атыы-эргиэн, туризм миниистирэ Ирина Высоких көҕүлээһининэн, биллэр-көстөр предприниматель, меценат Максим Феоктистов көмөтүнэн олоххо киирдэ.
Бу сиргэ дьыл ханнык баҕарар кэмигэр дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар, Элиэнэ өрүс эҥсиллэ устарын, саас көмүөл мууһа барарын анаан-минээн көрө кэлэр.
Табаҕа тумуһа – киһи кута-сүрэ тохтуур, өйдүүн-санаалыын ырааһырар, дьиэ кэргэнинэн, доҕоттору кытта сынньанарга бэртээхэй сир. Манна “Северная мозаика” база бэркэ үлэлиир. “Хрустальная” базаттан эбэ көстөн турар. “Улуу Тоҕой” туркомплекс ыалдьыттарын сылы быһа үөрэ-көтө көрсөр.