Табаҕа тумуһугар «Хотугу сулус» оҕо киинэ тутуллар
Бу төгүрүк сыл үлэлиэхтээх бөдөҥ уонна сонун эбийиэк Дьокуускай куораттан 33 км тэйиччи сиргэ баар буолуоҕа диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев тутуу балаһааккатыгар бара сырытта, үлэ хаамыытын билистэ.
«Табаҕа тумуһугар эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр биир интэриэһинэй бырайыак олоххо киирэн эрэр. Манна судаарыстыбаннай-чааһынай партнерство бириинсибинэн, «Открытие» баан үбүлээһининэн аныгы Оҕо киинэ тутуллуоҕа. Сыл аайы «Хотугу сулуска» өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан тыһыынчанан оҕо кэлэн, дойду үрдүнэн саамай аныгы методикалаах эбии үөрэҕи ааһыаҕа», – диэтэ Айсен Николаев.
12 300 кв. миэтэрэ иэннээх тутуу 350 оҕо олорор 4 куорпустаах, спортивнай, медицинскэй уонна үөрэнэр блоктаах буолуоҕа. Оҕо киинигэр идэҕэ сирдиир кластердар, видеоустуудьуйа, робототехника, 3D моделирование кабинеттара, ырыа саалата уонна киинэ театрдаах улахан аактабай саала үлэлиэҕэ.
Инникитин «Хотугу сулус» баазатыгар оҕо сынньалаҥын Уһук Илиннээҕи оператора тэриллэрэ былааннанар.