Табаҕа – сайдыы аартыга
Виктория Константиновна Паланычка, Табаҕа нэһилиэгин дьаһалтатын салайааччыта:
–Өрөспүүбүлүкэ өйөөн, 2019 сыл сэтинньитигэр Саҥа Табаҕа 200 учаастагар гаас киирбитэ. Оттон быйыл Эргэ Табаҕа Молодежнай уулуссатыгар гаас ситимэ тардыллыахтаах. Үлэ үһүс кыбаарталга былааннанар. Бырайыак, смета докумуоннара оҥоһуллубута, “Сахатранснефтегаз” АУо-ны кытта хантараак түһэрсиллибитэ.
2019 сыллаахха Табаҕа бөһүөлэгэр 500 кв. м иэннээх саҥа балыыһа дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ. “Гудвин” хампаанньа ыйыллыбыт болдьоҕор түмүктээбитэ. Бары ирдэбилгэ эппиэттиир тупсаҕай тутуу учаастактааҕы балыыһа 50 сыллаах үбүлүөйүгэр дьоһун бэлэх буолбута. Быйыл Эргэ Табаҕаҕа фельдшерскай-акушерскай пуун тутуллубута.
“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн былырыын уопсайа 1936 миэтэрэ суол аспаалламмыта – Каландарашвили, Строительнай уонна Березовай уулуссалар. Элбэх оҕолоох ыаллар учаастактарыгар суол оҥоһуллубута. Маны таһынан уулуссалары сырдатыы үлэтэ күүскэ барда.
Урут кылабыыһа өрүс диэки өттө аһаҕас буолан, ынахтар, сылгылар киирэн урусхаллыыллара. Былырыын күрүөлэммитэ. Аны сыбаалкабыт сабыллыбытын үрдүнэн, сорох олохтоохтор көҥүлэ суох бөхтөрүн тоҕоллоро. Олохтоох дьаһалта сорудаҕынан 2019-2020 сылларга ыраастааһын ыытыллыбыта. Былырыын 18 тыһыынча куб. м тиэйиллибитэ. Рекультивация үлэтэ салҕанар.
Табаҕаҕа 2017 сыл түмүгүнэн баара-суоҕа 1 дьиэ хаарбах туруктааҕынан ааттаммыт эбит буоллаҕына, билигин 34-кэ диэри элбээтэ. Бу дьиэлэр 2025 сылга диэри көһөрүллүөхтээхтэр. Онон бу хайысхаҕа үлэ күүһүрдэ диэн бэлиэтиибин. Аны туран, элбэх кыбартыыралаах мас дьиэлэргэ баһаарынай сигнализация туруоруллубута. Тупсарыы, өрөмүөн үлэтин ситимнээхтик ыытабыт.
Кэнники сылларга араас бырайыакка ситиһиилээхтик кыттабыт. “Норуот бүддьүөтэ” бырайыагынан оҕолор доруобуйаларыгар, тыынар уорганнарыгар олус туһалаах туустаах хос (соляная комната) уонна спорт балаһаакката үлэҕэ киирбитэ.
Бөһүөлэкпит дьоно-сэргэтэ олус көхтөөхтөр. Үс бырайыак Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама сүүмэрдээһинин ааста. Онон биһиэхэ Искусство, Билии уонна Кыайыы сквердэрэ тутуллар буоллулар.
Ыччат туруорсан, куорат салалтата өйөөн, сотору кэминэн воркауттаах баскетбол балаһаакката баар буолуоҕа.
Бу сойо илик сонуннарбытын үөрэ-көтө үллэстэбит.