14.06.2024 | 16:00

«Тааттам — иэйэр кутум»

«Тааттам — иэйэр кутум»
Ааптар: Наталья ГРИГОРЬЕВА
Бөлөххө киир

Дьокуускай куораттааҕы «Үргэл» арт-галереяҕа бэс ыйын 9 күнүттэн саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээбит бастакы идэтийбит худуоһунньук Иван Васильевич Попов төрөөбүтэ 150 сылынан, ону тэҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа сиригэр Таатта Харбалааҕар тэриллибит бастакы хартыына галереятын 50 сылынан «Тааттам – иэйэр кутум» быыстапка үлэлиир.

“Туох сир үрдүгэр оҥоһуллар үчүгэй, кырасыабай, холобур, киһи сүрэҕин-быарын иһинэн киирэр муусука (кырыыппа) тыаһын, киһи хараҕа таптыыр, илэ турар курдук суруллубут хаттыынаны, эгэлгэ оһуору, ойууну, үчүгэй дорҕоонноох ырыаны, ыраас имигэс тылынан суруллубут кэпсээни даҕаны, быһатын эттэххэ, киһи туох үчүгэйи, урут суох эриэккэһи таһааран оҥороро барыта ускуустуба диэн буолар”.

 

А.И. Софронов-Алампа

 

И.В. Попов сахалар быыстарыгар улааппыт буолан, саха тылын төрөөбүт тылын курдук билбитэ. Уруһуйдьут идэтин Петербург куоракка иккитэ баран (1903—1905, 1912—1913), аатырбыт передвижник-худуоһунньук А.В. Маковскай чааһынай устуудьуйатыгар ылбыта. Олоҕун бу биир чаҕылхай кэрчигин кини сиэнэ Гавриил Петров бэйэтин холустатыгар үйэтиппитэ. Петербург куорат көстүүтүгэр мольберт тутан турар эдэркээн Ванчура, сүрэҕэ сыппат аҕабыыт үөрэҕиттэн тохтоон, эһэтин Дмитриан Попов өйөбүлүн ылан, сөбүлүүр үөрэҕэр үөрэнэ барбыта ойууланар. Гавриил Петров Иван Попов Елена диэн кыыһын оҕото. Уола Иван Попов – худуоһунньук, скульптор, муосчут. Бу быыстапкаҕа «Наммара» диэн үлэтэ турда. Кини уолаттара Иван, Гаврил Поповтар эмиэ худуоһунньуктар. Хос сиэнэ Эдуард Тарабукин — тимир ууһа — хомус оҥорон туруорда.

Иван Васильевич ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа тэлэн хаалларбыт ыллыгын билиҥҥи живописецтар, маастардар тэлэллэр. Валериан Васильев аатынан бириэмийэ лауреата, бүгүҥҥү быыстапка идеятын саҕааччы живописец Вячеслав Яроев, эдэр худуоһунньук Семен Нучеканов натюрмортара этнография тиэмэтигэр, саха былыргы малларын тула эргийэр.

Эдэр уруһуйдьут Наталья Петрова үлэлэрэ этнографияҕа анаммыттар. “Саха көмүс тыла” үлэҕэ 19-с үйэтээҕи кылдьыылаах илин кэбиһэр тула Сэмэн Новгородов алпаабытыттан оҕуруо тиһиллибитэ – сахам тыла симэх курдук кэрэ, оҕуруо буолан кутуллар диэн ис хоһоонноох.

Туойдьут Ульяна Матвеева 16-17-с үйэтээҕи археология хаһыыларыттан булуллубут кулун атах, уус миил култууратын туой иһиттэрин, күөстэрин куоппуйалаабыт.

Харбалаахха хартыына галереятын төрүттээбит САССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Иннокентий Корякин хас да этюда уонна Харбалаах нэһилиэгин тумус туттар дьонун мэтириэттэрин уруһуйдаабыта, ону тэҥэ кини төрөппүт уола Иннокентий Корякин үс үлэтэ турдулар.

 

Таатта искусствотыгар Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус аата көмүс буукубанан суруллар. Саала киинигэр Мандар Уус мэтириэтин Вячеслав Яроев уруһуйдаабыта турар. Кэннигэр ураһа баҕаналара – өбүгэлэрбит биир саамай баараҕай тутууларын – туос Моҕол ураһаны тилиннэрбитин, сөргүппүтүн чиэһигэр ойууламмыт.

Туосчуттар Мотрена Малышева, Тамара Яроева туос эгэлгэ иһити оҥорон, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылаллар.

Өр сыллаах үөрэтии-чинчийии түмүгэр Мандар Уус саха дьахтара таҥаска уонна туоска 50-тан тахса эгэлгэ сииги туттан тигэрин, иистэнэрин быһаарбыта. Итини сэргэ мас-туос иһиттэр, көмүс киэргэллэр, таҥас-сап үтүмэннээх арааһын быһаарар, үөрэтэр, чинчийэр. Ол иһин кини тула ат толору симэҕэ (норуот маастара Анна Мандарова), саха төрүт ииһин көрдөрөр паннолар (норуот маастара Арина Большакова), саха мааны иһитэ-хомуоһа дьэндэстилэр.

Норуот маастара Афанасий Лопатин салайааччылаах «Чороон:21 век» мас уустара Василий Лопатин, Василий Протопопов СӨ Ил Дарханын сакааһынан айах чороону, кэриэн айахтары оҥорбуттара быыстапка киэргэллэрэ буоллулар. Норуот маастара Федор Чээрин симиир иһит, эт хоторор, кэриэн айах, Дмитрий Евграфов удьаа, кытах оҥоһуктара оһуорунан-мандарынан сиэдэрэйдик чочуллубуттар.

Валерия Потапова 19-с үйэтээҕи сиэл сөрүөнү Чычымахха ыалга көрбүтүн үтүктэн оҥорбут.

Мандар Уус ууһун салҕааччылар Сарыал Билюкин, Петр Луковцев, Виктор Протопопов саха быһаҕын араас көрүҥүн туруордулар. Быһах угун удьурхайтан, сэлии муоһунан, үрүҥ көмүһүнэн солотуулаан киэргэппиттэрин көрөбүт.

Муосчуттар Дмитрий Постников, Константин Луковцев айбыт үлэлэрэ саха олоҕун, фольклорун матыыптарын, саха буолар ураты тыыммытын чаҕылхайдык бэлиэтииллэр. Дмитрий Гаврильевич «Байанай», «Өбүгэлэр», “Күөрэгэйдэр” үлэлэрэ Казахстантан быыстапкаттан кэлээт турдулар.

Ювелир Иван Табунанов 19-с үйэтээҕи дьахтар симэҕин Баай Оруоһуттар кыргыттарын киэниттэн үтүктэн оҥорбут.

Скульптор Максим Павлов гипсэттэн саха омугун уһулуччулаах уола Максим Аммосовы, норуодунай суруйааччы Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын мэтириэттэрин оҥорбут.

Күндү киин куорат олохтоохторо, өбүгэлэрбит ойууну-бичиги дьэрэлитэн, кичэйэн-харыстаан хаалларбыт духуобунай баайдарын билиҥҥи көлүөнэ хайдах ылынарый, олох бары эйгэтигэр, күннээҕи олоҕор, норуот ойуунан айымньытыгар, оһуор-мандар оҥорон, хайдах көрөрүй диэн ыйытыыга хоруйдуур быыстапканы көтүтүмэҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...