Таатта улууһун «Инники күөҥҥэ сылдьааччылар» оҕо хамсааһынын бэстибээлэ
Былатыан Ойуунускай аатынан Таатта тыйаатырыгар оҕо тобус-толору мустубут. Манна Таатта улууһун «Инники күөҥҥэ сылдьааччылар» оҕо хамсааһынын бэстибээлэ буолан ааста. Бэстибээлгэ улуус оскуолаларын лиидэрдэрэ кытыннылар.
Бэстибээл билсиһии түһүмэҕиттэн саҕаланна. Хамаандалар сценаҕа бэйэлэрин дьоһуннук билиһиннэрдилэр. Манна ханнык хамаанда бэйэтин хайдах билиһиннэрэрэ көҥүлэ: сорохтор ыллаан, сорохтор үҥкүүлээн, сорохтор видеонан, сценка оонньоон көрдөрдүлэр. Оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр эйэҕэс сыһыаннара, тас көрүҥнэрэ тэрээһин ис сүрэхтэн, өрө көтөҕүллүүлээхтик, бэлэмнээхтик ыытылларын туоһулууллар.
Салгыы станцияларынан оонньуу буолла. Атын-атын оскуола оҕолоро биир хамаанда буолан, барыта 11 түһүмэҕинэн оонньоотубут. Бу хамсааһын тэриллибит историятыттан сорудахтары толоруу биир умнуллубат түгэн буолла.
Хас биирдии түһүмэх олус үчүгэйдик толкуйдаммыт буолан, оҕолору түмтэ дии санаатым. Лиидэрдэр бэйэлэрин оскуолаларын ситиһиилэрин туоһулуур грамоталары, кубоктары көрдөрөн кэпсээтилэр, билиһиннэрдилэр. Биһиги, Тааттатааҕы лиссиэй үөрэнээччилэрэ, бэйэни билиһиннэриигэ уонна ситиһиилэрбитин кэпсээммит миэстэлэстибит. Инникитин «Таатта кэскилэ» түмсүүбүт өссө үгүс ситиһиилэниэ, лиссиэйбит оҕолорун түмэргэ төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбин. Таатта улууһун «Инники күөҥҥэ сылдьааччылар» оҕо хамсааһынын бэстибээлэ саҥа, сонун хайысхалары тобуларга күүс-көмө буолла дии саныыбын.