20.02.2023 | 15:00

Таатта улууһун бастакы маастарын турнирыгар

Таатта улууһун бастакы маастара, рекордсмена Гаврил Гаврильевич Григорьев сырдык аатыгар XXV-с төгүлүн ыытыллыбыт турнирга өрөспүүбүлүкэ күүстээх атах оонньооччулара сэттэлии ойууларга туостан туоска кыырайдылар.
Таатта улууһун бастакы маастарын турнирыгар
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Турниры үөрүүлээхтик арыйыыга күрэхтэһии кыттыылаахтарын Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров, Таатта улууһун спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Ньургун Сабарайкин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэригэр Киин дириэктэрин солбуйааччы Иван Борисов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка, Атах оонньуутугар федерация толорооччу дириэктэрэ, турнир сүрүн судьуйата Максим Оегостуров эҕэрдэлээтилэр.

Чуолаан, Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров маннык эттэ: “Дьыл – хонук. Бастакы турниры тэрийэн турабыт. Онтон ыла түмүктэрин куруук кэтэһэбит, талааннар, саҥа ааттар тахса тураллара үөрдэр. Таатта, Томпо улуустарын табаарынан хааччыйар “Аллан” маҕаһыын салайааччыта, Гаврил Григорьев бииргэ төрөөбүт быраата Никита Гаврильевич Винокуров сыллата үчүгэй бириистэри туруорар. Улуус дьаһалтата эмиэ үбүлүүр. Улуу киһибит П.А. Ойуунускай 1924 с. национальнай көрүҥнэр сайдыыларыгар дьаһал таһаарбыта. Онон ити кэрэ-бэлиэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн Ытык Күөлгэ 2025 с. буолар Манчаары оонньууларыгар үчүгэй бириистэр туттарыллыахтара”.

Тааттаттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан, Намтан, Хаҥаластан, Горнайтан, Ньурбаттан, Кэбээйиттэн, Булуҥтан, Чурапчы институтуттан, Дьокуускай “Модун” споркомплекстан, университеттан барыта 43 кыттааччы түмсэн илин-кэлин түһүстүлэр.

Ытык Күөл гимназиятын уһун көрүдүөрүгэр ыытыллыбыт маҥнайгы турниры 1995 сыл ахсынньы 29 күнүгэр Гаврил Гаврильевич Григорьев доҕотторо, оччолорго улуус дьаһалтатыгар үлэлиир Михаил Михайлович Соров, Николай Николаевич Федоров, иитиллээччитэ, атах оонньуутун маастара, волейболист Дмитрий Попов көҕүлээн тэрийбиттэрэ. Гаврил Григорьев Хара Алдан нэһилиэгэр баһылыгынан үлэлиирэ. Майаттан хамаанданы аҕалбыт өрөспүүбүлүкэ күүстээх атах оонньооччута Борис Ильин абсолютнай чөмпүйүөн буолбута. Гаврил Григорьев тоҕус турниры тус бэйэтинэн тэрийбитэ. Бииргэ төрөөбүт быраата урбаанньыт Никита Гаврильевич Винокуров биир да сылы көтүппэккэ бириистэри күн бүгүнүгэр диэри туруортуур. Пандемия эрэ мэһэйдээн, икки сыл тохтуу сылдьыбыта.

Тапталлаах кэргэнин араспаанньатын илдьэ сылдьар Гаврил Гаврильевич Григорьев атах оонньуутун баһылаабыт, бэйэтин кыанар, дэгиттэр спортсмен этэ. Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх Педучилищены кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Атах оонньуутугар улахан суолтаны биэрэрэ, киэн туттара. Таатта оройуонун рекордсмена, ону ааһан чэпчэки атлетика көрүҥнэригэр, ол иһигэр копьену быраҕыыга олохтообут рекорда тупсарыллыбакка турар. Үстэ төхтүрүйэн ойууга (тройнойга) 14 м 16 см түһэн, бэйэтин кэмигэр тарбахха баттанар уһулуччу көрдөрүүлэммитэ. Уһуну ойууга 6 м 67 см түһэрэ, инники күөҥҥэ сылдьара.  40 лиитэрэлээх икки бөтүөнү тутан үрдүк эниэни сынньыммакка тахсара. Болҕомтону  тардар сэһэннээх-сэппэннээх, бэртээхэй баянист, ырыаһыт, киһи киэнэ кэрэмэһэ этэ. Айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүрэ, бултуура-балыктыыра, харыстабыллаахтык сыһыаннаһара. Мотуордаах оҥочонон өрүскэ баран баран, эргиллибэтэҕэ. Көстө илик ...

Биир дойдулаахтара, чугас доҕотторо, бииргэ төрөөбүттэрэ, дьиэ кэргэнэ Гаврил Гаврильевич сөбүлээн дьарыктаммыт саха атаҕын оонньуутунан сырдык аатын үйэтитэллэр.

Үбүлүөйдээх XXV-с турнирга, буоларын курдук, хатыһыылаах киирсиилэр буоллулар. 14-15 саастаах уолаттарга Мэҥэ Хаҥаластан ыстаҥаһыт (23 м 65 см) Станислав Брызгалов бастакы, Тааттаттан кылыыһыт (22 м 70 см) Айсен Докторов иккис, Мэҥэ Хаҥаластан куобахчыт (19 м 28 см) Михаил Попов үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.

Станислав Брызгалов үөрүүтүн үллэһиннэ: “Эрдэ сүүрүүнэн дьарыктанар этим, бу күһүҥҥүттэн атах оонньуутугар көспүтүм. Тренерим Игорь Никифорович Скрябин. Ордук ыстаҥабар табыллар этим. Үрдүгүм 1м 81 см, ыйааһыным 60 кг. Охлопков аатынан Майа 2 №-дээх оскуолатыгар 8 кылааска үөрэнэбин. Өссө күүскэ дьарыктанар санаалаахпын. Кыайыыбын ийэлээх аҕабар уонна тренербэр аныыбын.”

Дьахталларга спорт маастара Валерия Олесова (Хаҥалас) эрэллээхтик бастаата, Анна Лыткина (Мэҥэ Хаҥалас), Валерия Варламова (Булуҥ) иккис уонна үһүс миэстэлэннилэр.

35-н үөһэ саастаах бэтэрээннэргэ ньурбалар киэн туттуулара Виталий Васильев 24 м 76 см кылыйан, 24 м 30 см ыстаҥалаан, 21 м 74 см куобахтаан, утарсааччыларын тутуһуннартаабата. Николай Латышев (Хаҥалас), Максим Софронов (Нам) миэстэлэстилэр.

Күүтүллүбүтүн курдук, сантиметрынан кыдыйсыылаах кытаанах түһүүлэри күннэригэр сылдьар эр дьон көрдөртөөтүлэр. Кылыыга Мэҥэ Хаҥаластан Сергей Захаров 30 м 20 см кыырайан бастаата, эмиэ Мэҥэ Хаҥаластан Игорь Скрябин 30 м 10 см, Горнайтан Кай Адамов 29 м 72 см түһүтэлээтилэр. Ыстаҥаҕа Кай Адамов 30 м 04 см, Игорь Скрябин 29 м 95 см, Сергей Захаров 29 м 58 см көрдөрүүлэннилэр. Куобах рекордсмена Андрей Васильев 26 м 70 см түһэн, “бэйэтин көрүҥүн” биэрбэтэ. Кэбээйи маастара Яков Дмитриев иккис (25 м 94 см), Сергей Захаров үһүс буолуталаатылар (25 м 53 см).

Үс көрүҥ түмүгүнэн 85 м 53 см көрдөрүүлэммит Сергей Захаров абсолютнай чөмпүйүөн үрдүк аатын ылла, иккис – Кай Адамов(85 м 13 см), үһүс – Яков Дмитриев (84 м 04 см).

Майа оҕо спорт оскуолатын тренерэ Сергей Захаров: “Күүстээх дьарык быһаарда. Тренерим Петр Афанасьевич Илларионов. Көрдөрүүлэрбин эптим, тус рекордпун олохтоотум. Онон, бу иннинэ бастыы илик буоламмын, улаханнык үөрдүм, астынным. Гаврил Григорьев турнирыгар үһүс кыттыыбар, дьэ, бастаатым. Атах оонньуутунан дьарыктанарбын сөбүлүүбүн. Дьарыгы таптахха, эбиллии кэлэр эбит. Манчаары оонньууларыгар, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр миэстэлэһэ сылдьыбытым”.

Мэҥэ Хаҥаластан Саха многоборьетын спордун маастара Егор Терентьев куобахха 24 м 06 см түһэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастарын нуорматын толордо. Мэҥэлэри үтүөлээх тренер Борис Николаевич Ильин эрчийэр.

Ити курдук, саха атаҕын оонньуутугар бастакы спорт маастара Гаврил Гаврильевич сырдык кэриэһигэр ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ турнира үтүө өйдөбүлү хаалларда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...