16.08.2024 | 10:00

Таатта «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнэр

(Улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччы Р.И. Захаровы кытта көрүстүбүт)
Таатта «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнэр
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Саха литературатын биһигинэн буолбут Таатта ытык-мааны сирэ былыр-былыргыттан быыппастар былчыҥнаах күүстээх бөҕөстөрүнэн, кыырайа кылыйар кытыгырас кылыыһыттарынан, сымса-быһый сүүрүктэринэн аатырар. Эһиил онно “Манчаары оонньуулара” ыытыллыахтаах.

Ыспыраапка:
“Манчаары оонньуулара” – Баһылай Манчаары аатын үйэтитэр Саха сирин норуоттарын спартакиадата. Бикипиэдьийэ суруйарынан, бастакы спартакиада 1968 сыллаахха бэс ыйын 24-25 күннэригэр Дьокуускайга ыытыллыбыта.  Кэлин күрэс аата уларыйан, Баһылай Манчаары бирииһигэр “Олоҥхо оонньуулара” диэн ааттаммыт. “XIX Манчаары оонньуулара” 2013 сыллаахха от ыйын 1-4 күнүгэр Чурапчыга буолбута. Онтон Таатта улууһугар спартакиада бүтэһигин 1999 сыллаахха ыытыллыбыта. Оччолорго “Олоҥхо оонньуулара” диэн ааттана сылдьыбыта. Үйэлэр кирбиилэрэ, кириисис, үп суох кэмэ буолан, улахан спорт тутуулара барбатахтара. 

От ыйын 11 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Таатта улууһугар үлэлээн кэллэ. Саха сирин Аҕа баһылыга “Манчаары оонньууларын” уонна оттооһун боппуруостарыгар улуус дьаһалтатын, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын, Бырабыыталыстыба  чилиэннэрин, киин уонна илин эҥээр улуустар баһылыктарын, улуустар тыа хаһаайыстыбатын салайааччыларын түмэн кэпсэттэ.

2023 сыл күһүнүттэн Таатта улууһун баһылыгынан Айаал Семенович Бурцев талыллан үлэлиир.

Соторутааҕыта мин улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччы Руслан Игнатьевич Захаровтыын көрсөн кэпсэтэ сырыттым.

 

Улуус бүгүҥҥү күҥҥэ

Билигин Таатта улууһун нэһилиэнньэтин ахсаана – 16 аҥаар тыһыынча киһи, 14 нэһилиэктээх. Икки Алдан уонна Амма өрүстээх, Таатта үрэхтээх. Сирин иэнэ – 18 800 кв. км. Баай историялаах түмэллэрдээх, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саамай элбэх пааматынньыктаах улууһунан буолар. Манна араас омук олорор: сахалар уонна 5% нууччалар, эбээннэр. Улуус сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. Ынах-сүөһү иитиитэ, кормовой култуура сайыннарыыта, бурдук, хортуоппуй, оҕуруот аһын олордуута. Итиэннэ Харбалаахха чох хостуур “Төлөн” диэн тэрилтэ үлэлээн, Тааттаны уонна чугас сытар улуустары чоҕунан хааччыйар.

Быйыл от үүнүүтэ орто. Мобильнай биригээдэлэр оттуу таҕыстылар. “Биир күннээх сайыҥҥы күн кыстыгы быһаарар” дииллэринии, кыстык боппуруоһа сытыытык турар. 

 

Таатта улууһугар медколледж филиала аһыллыаҕа

– Быйыл улуус үрдүнэн 172 оҕо оскуоланы бүтэрдэ. Биир үтүө сонуммут диэн, манна Дьокуускайдааҕы медколледж филиала арыллан эрэр, бу күннэргэ сөбүлэҥ түһэрсэбит. Бэйэбит оҕолорбут орто үөрэх кыһатыгар дойдуларыгар олорон үөрэниэхтэрэ. Ол курдук, биэлсэр (15 миэстэ), медсиэстэрэ (15 миэстэ) идэлэрин баһылыахтара. Бу тус сыаллаах бүддьүөт миэстэлэрэ буолаллар. Ону таһынан эбии төлөбүрдээх миэстэлэр бааллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үөрэх кыһата – Харбалаахтааҕы СПТУ үлэлии турар. Сыл ахсын өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан оҕо бөҕө кэлэн үөрэнэр. Устудьуоннар бары уопсай дьиэнэн хааччыллаллар, араас идэҕэ уһуйуллаллар. 

– Руслан Игнатьевич, эһиил дьэ Таатта улууһугар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Манчаары оонньуулара” ыытыллар. Бу туһунан сиһилии кэпсэтиэххэ эрэ. Арааһа, анал хамыыһыйа тэриллэн үлэ бөҕө ыытылла турдаҕа... Бэлэмнэнии үлэтэ төһө бара турарый?

Манна бэйэбитигэр 2025 сылга Тааттаҕа ыытыллар “Манчаары оонньууларын” ыстаабын тэрийэн, 21 араас хайысхаҕа үлэ ыытабыт. Хас нэдиэлэ аайы көрсөн оҥорбут үлэбит түмүктэрин, инники былааннарбытын ырытан кэпсэтэбит, сүбэлэһэбит. Ону таһынан дирекция тэрийдибит. Билиҥҥитэ манна икки киһини көрдүбүт: Петр Егорович Захаров уонна Иннокентий Иванович Бояров буолаллар.
Соторутааҕыта Ил Дархаммыт Айсен Николаев Тааттаҕа кэлэн, “Манчаары оонньууларын”  хамыыһыйатын мунньаҕын тэрийэн, Ытык Күөлгэ тутулла турар эбийиэктэри көрөн, саҥа соруктары туруорда. Кинини кытта “Манчаары оонньууларын” өрөспүүбүлүкэтээҕи үрдүкү хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ С.В. Местников, СӨ спордун миниистирэ Л.Н. Спиридонов, үөрэх миниистирэ Н.А. Соколова, СӨ кылаабынай архитектора Л. А. Папок, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ А.А. Александров  кэлэ сырыттылар, социальнай эбийиэктэри көрөн, үлэлээн бардылар. Инникитин элбэх үлэ күүтэр.

Ол курдук, тупсарыы, ырааһырдыы үлэтэ, субуотунньуктар ыытыллыахтара. Билигин 1000 миэстэлээх стадиоммутугар күргүөмнээх үлэ бара турар. Быйыл хайаан да үлэҕэ киириэҕэ. Итиэннэ элбэх хайысхалаах физкултуурунай-чэбдигирдэр комплекс уонна саҥа ипподром тутулла тураллар. Күөл кытылын үлэлэрэ саҕаланнылар уонна быйыл Таатта үрэх күргэтин тутуута саҕаланыахтаах. Өссө биир улахан үлэбит диэн Ытык Күөлгэ, Чөркөөххө, Дьохсоҕоҥҥо суол-иис оҥоһуллуохтаах.

– Эһиил олус элбэх спортсмен, кыттааччы, ыалдьыт бөҕө тиийиэҕэ. Сынньалаҥ, хонук сир боппуруоһа хайдаҕый?

– Бүгүҥҥү күҥҥэ биллибитинэн, эһиил 4412 спортсмен, судьуйа, тренер кэлиэҕэ. Кинилэри барыларын манна социальнай эбийиэктэринэн: оскуолаларынан, уһуйааннарынан, о.д.а. түһэриэхпит. Амма улууһа уопсайа 2000 раскладушка ыытыахтаах, онтон 1100 кэлэн турар. Онтон хаалбытын спорт министиэристибэтэ ыытыахтаах. Ыаллыы сытар Чурапчы улууһа эмиэ көмөлөһүөҕэ. Ити курдук, ыалдьыттар социальнай эбийиэктэринэн, гостиницаларынан тохтуохтара. Итиэннэ Хадаайы комплексыгар “балаакка куората” тэриллиэҕэ. Чааһынай дьону кытта эмиэ үлэлэһиэхпит. 

– Спартакиада үөрүүлээх арыллыыта хаһыс чыыһылаҕа буоларый уонна хас күн ыытылларый? Хас улуус, хас кыттааччы сайаапка түһэрдэ?

– От ыйын 2 күнүгэр арыллыыта буолар. Ол аата от ыйын 1 күнүгэр ыалдьыттарбытын, спортсменнарбытын, хамаандаларбытын көрсөбүт. Спартакиада 5 күн буолар. Уопсайа 11 көрүҥнээх, араас категориялаах. Итиэннэ кыттааччылар 3 бөлөҕүнэн – киин улуустар, хотугу улуустар уонна улахан ахсааннаах муниципальнай тэриллиилэр диэн арахсан күрэхтэһиэхтэрэ. Спартакиада үс нэһилиэгинэн ыытыллыаҕа: Ытык Күөлгэ, Дьохсоҕоҥҥо уонна Чөркөөххө. Ытык Күөлгэ – хапсаҕай, мас тардыһыыта, чэпчэки атлетика, ыстаҥа, национальнай многоборье, гиирэ спорда, хабылык, хаамыска, хотугулуу многоборье, ох саанан ытыы уонна ат сүүрдүүтэ ыытыллыахтара. Дьохсоҕоҥҥо национальнай многоборье, Чөркөөххө буулдьанан ытыы күрэхтэрэ буолуохтара.

 

Түмүккэ

СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Тааттаҕа кэлэ сылдьан “Манчаары оонньуулара” Таатта улууһун сайдыытыгар улахан суолталааҕын, туруоруллубут соруктар туолууларыгар нэһилиэнньэ улахан көмөтө, биир санаанан турунуута наадатын чопчулаан эппитин олохтоохтор астына, сэргии иһиттилэр.

Онон, биир сыл устата күүскэ бэлэмнэнэн, “Манчаары оонньууларын” таатталар үрдүк таһымҥа ыытыахтара диэн бигэ эрэллээхпит.

 

Хаартыскалар: дьоруой архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...