14.05.2022 | 15:00

Тааттаҕа музей тэриллиитэ

Тааттаҕа музей тэриллиитэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кэлэр сэрэдэҕэ, ыам ыйын 18 күнүгэр, аан дойдуга Музей күнэ бэлиэтэнэр. Быйыл Таатта улууһугар кыраайы үөрэтэр музей тэриллибитэ 77 сыла.

Музей тэриллиитэ норуодунай худуоһунньук И.В. Попов аатын кытта ыкса ситимнээх. Дэгиттэр дьоҕурдаах, хас да экспедицияҕа сылдьыбыт (бастакы Сибиряковскай экспедиция 1894-96 сс.), баай матырыйаалы муспут буолан да буолуо, 1938 с. саҕалаан музей аһыллыытын туруорсубут. Улуус муниципальнай архыыбын ф.1.0.1.Д27 музей тэриллибит уурааҕар, историческай наука кандидата О.В. Ионова уонна саха норуодунай суруйааччыта Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон оройуоҥҥа музейы тэрийэргэ уонна култуура, история пааматынньыктарын үйэтитэргэ биэрбит сүбэлэринэн, БСК(б)П РК бюротун уонна УДОС СК холбоһуктаах мунньахтарынан 1945 с. муус устар 28 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыбыт. Онно биһиги оройуоҥҥа кэлэн олохсуйбут политсыылынайдар – революционер П.А. Алексеев, академик Э.К. Пекарскай, В.М. Ионов, В.Ф. Трощанскай уо.д.а., итини сэргэ Саха сирин сырдатааччылара, оройуоммут ыччаттара А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов уонна Н.Д. Неустроев ааттарын үйэтитэргэ тэриллибитэ суруллубут. Манна саха төрдүн, урукку олоҕун сэһэргиир матырыйааллар, оройуон хамсыыр-харамайа, ааттаммыт дьоннор тустарынан сэһэннэр, бэйэлэрин айымньылара көрдөрүүгэ туруохтара ыйыллыбыт уонна 5-с пууннаах уураах ылыллыбыт. Музей тэриллиитигэр сүҥкэн кылааты киллэрсибит, экспонаттары хомуйууга үлэлэспит музей дириэктэрэ В.Н. Дмитриевка, Саха АССР норуодунай худуоһунньуга И.В. Поповка, үөрэх салаатыттан Н.Х. Андросовка уонна Ярославскай аатынан Саха уобаластааҕы музей дириэктэрэ т. Новгородовка, кини научнай сотруднига Сэһэн Болоҕо уонна экспонаттары хомуйууга биирдиилээн кыттыбыт дьоҥҥо махтал биллэрбит. Уурааҕы УДОС СК бэрэссэдээтэлэ П. Неустроев, ВСК(б)П РК сэкирэтээрэ И. Колосов илии баттаабыттар. Урукку суруйуулар кэпсииллэринэн, музей хамнаһа суох дириэктэринэн Дьокуускайга музейга үлэлии сылдьыбыт В.Н. Дмитриев, уопсастыбаннай көмөлөһөөччүлэринэн научнай сотрудниктар Н.Х. Андросов, И.В. Попов, Г.А. Елисеев, М.Г. Слепцов, В.Л. Сенькин уо.д.а. үлэлээбиттэр. Бу сыл сайын, күһүн Дьокуускайтан Сэһэн Боло, Москваттан Наукалар Академияларын антропологияҕа экспедицията кэлэн чинчийбиттэр. Булбут экспонаттарын музейга бэлэхээбиттэр, пуонда үлэтигэр улахан сүбэни-аманы биэрбиттэр. Музей бастаан тэриллэригэр култуура дьиэтин биир хоһугар үлэлээбит. Бу сылга дириэктэринэн Михаил Григорьевич Слепцов анаммыт. Үлэ барыта кини сатабыллаах салайыытынан барбыт. 1946 с. Христофоров Иван Герасимович дьиэтин (билиҥҥи “Северянка” маҕаһыын таһыттан) көһөрөн аҕалан, музей (билиҥҥи БТИ дьиэтэ) гыналлар. Урукку политическай ирдэбилинэн, дириэктэринэн партия чилиэнэ, сахалартан соҕотох “Албан Аат” уордьан толору кавалера Д.А. Петровы аныыллар. Кини 1948 с. балаҕан ыйыттан 1949 с. от ыйыгар диэри үлэлиир. Онтон иккистээн М.Г. Слепцов ананар, 1956 с. музей күүс өттүнэн сабыллар. Ол 1952 с. саҕаламмыт Г.П. Башарин дьыалатын кытта сибээстээх. Критик Н. Канаев салайааччылаах биригээдэ Таатта музейын көрөн-истэн баран: “Үс суруйааччыны өрө тутан көрдөрөр, буржуазнай-национализм рассаднига эбит”,- диэн түмүккэ кэлэр. Тохсунньу 27 күнүгэр Тааттатааҕы оройуон музейын үлэтин тохтотор хамыыһыйа тэриллэр. Чилиэннэринэн Саха АССР култууратын министиэристибэтин үлэһитэ И.В. Заборовская, музей салайааччыта М.Г. Слепцов, култуура отделын үлэһитэ К.Н. Харайданов ананаллар. Пуонда Чурапчы, Дьокуускай музейдарынан тарҕатыллар, оройуон үөрэҕин салаатыгар, дьыссааттарга, култуура салаатыгар бэриллэр. Ол туһунан хамыыһыйа 1956 с. тохсунньу 27 күнүнээҕи актатыгар ыйыллар. 1958 с. “Эйэ уонна доҕордоһуу” бачыымнаах ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи I-кы бэстибээлигэр бэлэмнэнии буолар. ЫБСЛКС обкуомун пленумугар Таатта райкомун I сэкирэтээрэ К.М. Винокуров: “Ыччаты доҕордоһууга, интернациональнай тыыҥҥа иитиигэ баай материальнай-култуурунай базабытын, политсыылка оруолун киэҥник көрдөрөр музейбытын култуура миниистирэ Г.В. Попов националистыы өйүнэн салайтаран саптарда. Бу политическай сыыһаҕа сөптөөх сыанабылы биэрэн туран, ССКП обкома көннөрөр дьаһалы ылыахтаах”,- диэн боппуруоһу туруорар. Этиини обкомол сэкирэтээрдэрэ Т.Т. Кычкин, Е.Д. Кочнев өйүүллэр. Инньэ гынан 1958 с. музей иккистээн тэриллэр. Манна Г.Т. Табунанов, Н.Х. Андросов улахан оруолу ылбыттар. Кинилэр К.М. Винокуровы ыҥыран ылан: “Тыл этэргэр 3 суруйааччыбыт туһунан үчүгэйдэр да, куһаҕаттар да диэмэ, ыччаты норуот доҕордоһуутугар иитэр политическай сыылканы сиһилии билиһиннэрэр аналлаах музейбытын бэйэлэрэ националистыы өйдөрүнэн сабынан саптарбыттарын чөлүгэр түһэрэргэ ССКП обкомун пропагандаҕа сэкирэтээрэ туһааннаах дьаһалы ыларыгар Таатта ыччата туруорсар»,- диэн этэригэр сүбэлээбиттэр, тылын суруйан биэрбиттэр. Онон Саха АССР култууратын министиэристибэтин 1958 с. ахсынньы ый 24 күнүгэр 348 №-дээх “Тааттатааҕы оройуон музейын тэрийии туһунан” дьаһал тахсар. 1958 с. балаҕан ыйын 15 күнүттэн Д. Байбаллыков илии баттааһыннаах 120 №-дээх бирикээһинэн дириэктэринэн Попов Иван Иванович ананар. Манна эбии бирикээс тахсыбыт: «Приказ №129 по отделу культуры от 20 октября 1958 г.: п.1 Назначить представителем отдела культуры Таттинского райисполкома по приему экспонатов Раймузея от Чурапчинского Раймузея т.Макарова В.Д. (инспектора отдела культуры) и т. Слепцова М.Г. (бывшего директора музея); п.2 Командировать т. Попова И.И. в г.Якутск для приема и перевозки экспонатов Раймузея от Республиканского музеев”. Аны Иван Попов куоракка көспүтүнэн, 1959 с. тохсунньу 5 күнүгэр салгыы: «Приказ №6 по отделу культуры исполкома райсовета Таттинского района – т. Слепцова М.Г. в г. Якутск для приема и перевозки экспонатов Раймузея от Республиканского музея. Зав. Д. Сосин”,- диэн экспонаттары аҕалыыга эмиэ бирикээс тахсар. Элбэх экспонат ааттаммыт музейдартан ситэ төннүбэтэх. Билигин Таатта уран уустарын оҥоһуктарын Чурапчы, Дьокуускай музейдарыгар көрүөххэ сөп. Бу сыл ыам ыйын 5 күнүттэн дириэктэринэн Ф.К. Егорова ананар. Онтон 1960 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри дириэктэринэн Х.Н. Бочорукова үлэлиир. Мантан көрдөххө, улуус музейа иккистээн тэриллиитигэр каадыр өттүнэн ыарырҕаппыттара көстөр. Кулун тутар 1 күнүттэн коммунист, тыыл бэтэрээнэ, “Албан Аат” кулуубун чилиэнэ Н.Г. Данилов дириэктэринэн киирэн, биэнсийэҕэ тахсыар диэри музейы атаҕар туруорар. Пуонданы туттаран, 18/5 1970 с. үлэлээн бүппүт. Бирикээскэ суруллубутунан, ыам ыйын 11 күнүттэн дириэктэринэн тыыл бэтэрээнэ Н.К. Слепцов үлэҕэ тахсыбыт. 1970 с. музей култуура дьиэтигэр көһөрүллэр. Бу сылга Чөркөөххө П.А. Ойуунускай аатынан литературнай филиалламмыт. Филиал салайааччытынан П.Х. Андросов үлэлээбитэ. Бу туһунан култуура бирикээһин кинигэтигэр көстөр. 1975 с. кыраайы үөрэтэр музейдар үлэлэрин көрүү куонкурсугар илин эҥэр музейдарын икки ардыгар иккис миэстэни ылары ситиспитэ. 1980 с. ахсынньы 19 күнүнээҕи Саха АССР миниистирдэрин сэбиэтин 356 №-дээх уурааҕынан музей аата «Тааттатааҕы” диэнэ “Алексеевскай оройуоннааҕы” диэн уларытыллар. Кэлин музей дириэктэрдэринэн Е.Г. Винокуров, М.И. Неустроева, Е.В. Самырова үлэлээбиттэрэ. 1988-1995 сс. диэри музей урукку райком, кэлин музыкальнай оскуола буолбут Ленин уулусса 5 нүөмэригэр баара. 1995 с. музей бытовой дьиэтигэр көһөр. Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон музей кэҥиир кыаҕын, литература уонна искусство музейа буола улаатарыгар туруорсан, 1992 с. улуус исполкомун уурааҕынан Хадаайы алааска туспа сир ананыллар. Е.В. Самырова үлэлээбит сылларыгар литературнай-художественнай комплекс тэриллиитэ саҕаланар. Суорун Омоллоон салайыытынан, Герман аҕабыыт көмөтүнэн, улуус үбүлээн, таҥара дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирэр. Онон Елизавета Викторовна музей бастакы тутуутун – таҥара дьиэтин, быыстапкалыыр дьиэ акылаатын түһэрии курдук үйэлээх үлэлэри ыыттарбыта. 2000 с. олунньу 2 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын 41 №-дээх уурааҕынан “Ытык Күөллээҕи мемориальнай литературнай-художественнай музейнай комплекс» диэн 11 штаттаах улахан музей тэриллэр. Уураахха улуустааҕы кыраайы үөрэтэр музей пуондатыгар олоҕуран аһыллара уонна Бырааттыы Мординовтар музейдара холбоһоро ыйыллар. 2000 с. балаҕан ыйыгар өрөспүүбүлүкэ суолталаах музей кэрэ айылҕалаах Хадаайы алааска, саха литературата төрүттэммитэ 100 сылыгар түбэһиннэрэн аһыллыбыта. Ыалдьыттарынан СӨ Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев, култуура, искусство деятеллэрэ, Москваттан сүүрбэччэ суруйааччы буолбуттара. Эһиилигэр, 2001 с. балаҕан ыйын 24 күнүгэр, музей официальнайдык аһыллан, үлэтин саҕалаабыта. Онтон ахсынньы 14 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ В. Власов илии баттааһыннаах 647 №-дээх уурааҕынан “Таатта” литературнай-художественнай музей-заповедник» диэн ааттаммыта. Маҥнайгы дириэктэринэн (1999-2003 сс.) Клавдия Николаевна Иванова үлэлээбитэ. Быыстапкалыыр дьиэ салҕааһына, Моҕол ураһа, Олоҥхо балаҕана, Суорун Омоллоон олорор дьиэтэ тутуллубуттара, биллиилээх дьоммут дьиэлэрэ көһөрүллэн аҕалыллыбыттара, оҕуруот сирэ, теплица баар буолбута. 2003 с. музейы анал идэлээх Владимир Таппыров салайар, 2007 с. Н.Ф. Львов Харбалаахха тэрийбит “Бырааттыы Мординовтар” музейдара  филиал буолар. Филиал үс объектаах – музей, “Хоптолоох” уонна “Буор дьиэ” уһаайбалардаах “Таатта” музей бүгүн 9224 пуондалаах, пааматынньыктары кытта 17 тутуулаах, өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ тоҕуоруһар, улуу дьоммутугар сүгүрүйэр, “Достопримечательное место” диэн региональнай статустаах ытык сир буола үүннэ.

Ити курдук улууспут олоҕун, олохтоохторун, култууратын, историятын түмэр, үйэтитэр аналлаах музей төрүттэнэн, тапталлаах Тааттабыт аата аар-саарга аатырар, суон сурахтанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...