Тааттаҕа дьэдьэн
Балаҕан ыйын сайыҥҥылыы сылаас күннэригэр, ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуйуллубут, талыы талба хонуулардаах, үлэһит үтүөтэ дьоннордоох ытык Таатта буруоттан босхолонон, сибиэһэй, ыраас салгынынан тыына олорор кэмигэр, Чымынаайыга дьоммутугар күүлэйдии, отоннуу көтүтэн тиийдибит.
Аламай күн алгыһынан аргыстанан, бүтүн улууһу аһатан олорор бааһынай хаһаайыстыбалаах Роза, Константин Прокопьевтарга ыалдьыттаатыбыт. Отут суотай иэннээх Амма өрүс үрдүгэр олохсуйан олорор учаастактарыгар үс эрээтинэн лаглаччы үүммүт дьэдьэннээх теплицаҕа киирэн сөхтүм, үөрдүм, көрбөтөхпүн көрөн соһуйдум, олус кыраһыабай, сүрэх үөрэр кэрэ көстүүтүттэн дөйөн турдум. Роза Гаврильевна кэпсииринэн, дьэдьэн олордуутун кыралаан 1995 сыллардаахтан саҕалаабыт. Орто оскуолаҕа биологияҕа үөрэппит учуутала Васильева Анна Романовна Дьокуускайтан дьэдьэн сиэмэтин таһааран, боруобалаан үүннэр диэн бэлэхтээбит. Онтон ыла кыраттан саҕалаан рассадалаан, ньээҥкэлэһэн барбыт. Билигин хас сарсыарда аайы эрдэ туран, сыыс оттору, бытыктарын үргээн, саһарбыт сэбирдэхтэри хомуйан, буорту буолан эрэллэри ылҕаан, күннээҕи үлэлэрин саҕалыыллар. Буоруттан улахан тутулуктааҕын аҕыннылар. Кыстыкка киириигэ салапаан тэлгээн, отунан үллүйэн кэбиһэллэр эбит. Намҥа дьэдьэн үүннэриитинэн дьарыгырар Кривошапкин Сергей Георгиевичка тиийэн сүбэ - ама ылбыттар. Онон бөһүөлэк ыаллара соҕуруу дойду олохтоохторуттан итэҕэһэ суох минньигэс клубника суордунан аһыы олороллор.
Инникигэ дьулуурдаах, эрэл - тирэх санаалаах, үлэни өрө туппут Прокопьевтар аймах хаппыыста, хортуоппуй олордон бүтүн улууһу аһатан олороллор, куоракка тиийэ атыылаһан бараллар. Былыргы хортуоппуй үүннэрэр, оҕуруот аһын арааһын ыһар кэриэй барахсан Цой Ден Су саҕалаабыт киэҥ - нэлэмэн түөлбэтэ "Чараҥ" иччитэхсийбэккэ күөҕүнэн долгулдьуйан олороруттан киһи дуоһуйар. Дьоммут тойон ыҥырыаны иитэн, мүөт оҥоһуутунан дьарыктанан эрэллэрэ хайҕаллаах суол. Мүөт биллэрин курдук доруобуйаҕа олус туһалаах. Бу таба оҥоһуллубут, саахара аҕыйах мүөтү уура сылдьан ыарыйдахха, чэйгэ кутан иһэргэ олус иҥэмтэлээх, туһалаах буолар.
Кыыстара Федора Константиновна баһылыктаах дьиэ кэргэнинэн бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлии - хамсыы, үөрүүнү үксэтэ олорор, олоххо тулуурдаах, дьулуурдаах, төрөппүттэриттэн саҕалаан удьуор үлэһит дьон оҕолоро, Прокопьевтарга барҕа махталы кытта баҕарыам этэ, өссө үрдүк өлгөм үүнүүнү.