Таҥнарыыны бырастыы гыныахха сөп дуо?
Аҕа дойду сэриитин саҕана дойдутун таҥнарбыт киһи тута үрдүкү суукка – ытыллыыга ууруллара. Репрессия саҕана “таҥнарыахсыттар” диэн төһөлөөх үтүө дьоммутун, баар-суох уолаттарбытын үйэ-саас тухары өлөр өлүүгэ умса аспыттарай, “норуот өстөөхтөрө” дьаралыктаан, кэлэр көлүөнэлэрин кытары түҥнэрбиттэрэ буолуой. Кутуйах хасааһын сиэбит киһи кытары таҥнарыахсыт аатырара.
Оттон билигин? Билигин кэргэн таҥнарыыта, доҕор-атас, дьүөгэ таҥнарыыта оннук ытыллыыга тиийбэтэр да, сорох ардыгар үйэ-саас тухары халыҥ истиэнэ буолан халбарыйбакка, ыарахан халҕан буолан аһыллыбакка хаалыан сөп. Ол киһититтэн бэйэтиттэн тутулуктаах, бырастыы гынарыҥ дуу, суоҕуҥ дуу. Этэргэ дылы, бырастыы гыныахпын сөп, умнарым кыаллыбат диэччилэр эмиэ бааллар.
Доҕор таҥнарыытыттан ордук абалаах, хомолтолоох баар үһүө? Доҕор, дьүөгэ эрэллээх, бэриниилээх буолар эбээт.
Чугас доҕотторуҥ, дьүөгэлэриҥ кэлин дьиэ кэргэҥҥэр киирэллэр, ыалынан, дьиэнэн чугастыы буолаҕын. Ордук манна хомойуу, кэлэйии тахсар түбэлтэлэрэ бааллар. Күтүөттэр, кийииттэр ол эбэтэр кэргэттэриҥ тапсыбаттар, кинилэртэн сылтаан оҕо, эдэр сааһыҥ доҕорунуун арахсыаххын сөп.
Бастакы таҥнарыыны биһиги оҕо сылдьан билэбит. Ийэбитин аҕабытыгар күнүүлүүбүт эбэтэр балтыбытыгар, бырааппытыгар. Санааҕар наадата суох быраҕыллыбыт курдук буолаҕын.
Улаатан истэхпитинэ ол хоргуппут санаабыт аны тэҥҥэ улаатар. Доҕоруҥ таҥнарыыта, төрөппүттэриҥ хомоппуттарынааҕар өссө дириҥ буолуон сөп.
Санааҕар доҕоруҥ, дьүөгэҥ эйигин олоҕуҥ устата хараанныы, араҥаччылыы, эйиэхэ эрэллээх, бэриниилээх буола сылдьыан баҕараҕын да, сорох түгэҥҥэ онтуҥ быстан хаалыан сөп.
Олоххо барыта тэҥҥэ сылдьар: үрүҥ-хара; дьол-сор; доҕордоһуу- таҥнарыы.
Бүгүҥҥү ыстатыйабытыгар эмиэ куолубутунан дьон санаатын истиэҕиҥ.
Кэргэним таҥнарбытын билэн баран...
Мин олус эрдэ ыал буолбутум. Кэргэним миигиттэн сэттэ сыл аҕа этэ. 80-с сыллар бүтүүлэригэр ыал буолан дьоммут уруу тэрийбиттэрэ. 90-с сыллар ыарахаттарын, ас-үөл кырыымчыгын, толуонунан кэнсиэрбэ ылыытын, араас ыарахан кэмнэри барытын тэҥҥэ ааспыппыт.
Эрдэ, оҕотук сааһыгар кэргэн тахсар киһи син биир, айылҕата да эрэйэринэн буолуо, күүлэйдиэн, үҥкүүгэ сылдьыан, кэлиэн-барыан баҕарар эбит. Кэргэним күүлэйдиирин күүлэйдээбит, сылдьарын сылдьыбыт буоллаҕа. Онон мин кэлэбин-барабын, дьүөгэлэрбин кытта кулуупка сылдьабын диэн усулуобуйа туруорбутум да, сөбүлээбэтэҕэ, күнүүлүүр этэ. Оҕолонон, ол санаам умуллубута, биллэн турар, кыргыттарбар наһаа ымсыырарым, хаайыллан олорор курдук сананарым.
Бастакы оҕобут төрөөбүтүн кэннэ дьиэ-уот туттан туспа көһөн барбыппыт, ол иннинэ кэргэним дьонугар олорбуппут. Киһим ол-бу иппэй-таппай үлэҕэ үлэлиир, сопхуос ыһыллан олорор кэмэ, мин, хата, хонтуораҕа муоста сууйааччынан киирдим.
Киһим тоҕо эрэ дьиэтигэр хойутуур, биирдэ эмит хонугар эрэ кэлэр буолла. Ыалларга, сулумах дьахталларга холтууралыырын билэбин, ол тухары миигин таҥнарыа эрэ дии санаабаппын. Арай биир түүн кэлбэтэ, сарсыныгар арбы-сарбы, аһаабыт-сиэбит көрүҥнээх тиийэн кэллэ. Мин тута хайа дьахтарга хоннуҥ диэн ыйыппыппын бэйэм да билбэккэ хааллым. Хоонньоһо сытан тутуллубут киһи курдук, тута билиммитэ. Онтон ыла мин иэстэһэр аакка киирбитим. Киһини ханна да сырытыннарбат, дьүөгэлэрбин кытта кулуупка ыыппат, өссө дьахтардаммыт диэн сыппах быһахтыы сулуйуу испэр күн аайы кииртэлиир буолбута. Биллэн турар, киниттэн эдэрбин, бирээмэ уонча сыл, онон көрүҥүм, сэбэрэм да оччолорго киһи сирбэт кыыһа этим. Биир бырааһынньыкка урукку, бастакы тапталбын көрсөн, дэлби үҥкүүлээбиппит, кэргэним, хата, оҕотун көрө хаалбыта, били тутуллубутун кэннэ кэм күнүүлээбэт буолбута. Бырааһынньык кэннэ кылааһынан биир дьиэҕэ барбыппыт, онтон хомойбут санаам көөнньөстөн, эбии шампанскайтан төбөм эргийэн, ол кылааһынньыкпын кытта эрбин таҥнарбытым. Ол кэннэ өссө, өссө. Арай хат буолан баран биирдэ бабат-татат диэн харахтан сыыһы ылбыт курдук ырааһыра түспүтүм. Санаабар ол кэмнэргэ хараҥаҕа муммут курдук буола сылдьыбыт эбиппин. Кэргэммин дьиҥнээхтик таптыырбын эмискэ өйдөөбүтүм, сыыһа оҥорбуппун, таҥнарбыппын кэмсиммитим. Арааһа, таҥара көрдөҕө дуу, аньыым-харам ыраастаттаҕа дуу, ол оҕом барахсан күн сирин көрбөтөҕө...
Билигин кэргэмминиин бэри-бэркэ олоробут, сиэннэрдээхпит, эбии иккитэ оҕоломмутум.
Эдэр дьоҥҥо этиэм, сүбэлиэм этэ, иэстэһии диэн хара аньыы буолар, олоххутун кэлин кэмсинэ сылдьыбат гына олоруҥ, оҥостуҥ. Кэргэҥҥитин эрэ таҥнарбаккыт, чугас дьоҥҥутун, оҕолоргутун, ийэҕитин-аҕаҕытын эмиэ таҥнараҕыт эбээт. Ону өйдөөҥ уонна сыыһа суолга кииримэҥ, олох биирдэ бэриллэр, эйэлээхтик олоруҥ.
Чугас дьүөгэм дии санаабытым...
Дьахталлар бэйэ-бэйэлэрин кытта өр доҕордоспоттор, дьүөгэлэспэттэр диэн оонньуу-көр курдук этэллэрин истэн улахаҥҥа уурбат, өһүргэнэр да этим. Дьиҥнээх эр киһи, эр дьон эрэллээхтэр, доҕордуу сыһыаннара үйэ-саас тухары барар диэччилэр. Мин онуоха сөпсөспөт этим, ону ааһан дьүөгэлэрбэр баҕас табыллабын диирим, бииргэ устудьуоннаабыт кыргыттарбын кытта истиҥ сыһыан хаалбыта. Олортон биир истиҥтэн истиҥ дьүөгэлээх этим. Ол туһунан саас-сааһынан кэпсээтэххэ, маннык.
Институппун бүтэрэн баран кэргэн тахсан бастаан кыыһы, онтон уолу төрөппүтүм. Барыта этэҥҥэ этэ, туохха да киһи үҥсэргиирэ суох: кэргэним хамнастаах үлэлээх, харчыбыт мин араас хаппырыыспар барытыгар тиийэр.
Оттон били чугас дьүөгэм тус олоҕо наһаа табыллыбатаҕа. Отутун ааста, оҕото-уруута суох, эр дьон бааллар, уларыйаллар, илин-кэлин түһэллэр да, кэргэн тахсар киһитин көрсө илигэ. Дьүөгэм биһиэхэ куруук сылдьара, бэйэтин дьиэтигэр кэлбит курдук сананара: туох баар бырааһынньыктарга, төрөөбүт күннэргэ, ону таһынан киэһэтин олорор буоллахпытына, араас кэпсэтиилэргэ, сынньалаҥнарга куруук үөрэ-көтө күүтэрбит, көрсөрбүт. Бастаан кини сотору-сотору биһиэхэ кэлэригэр болҕомтобун уурбат да этим, дьүөгэлии буоллахпыт дии саныырым. Оҕолор да киниэхэ үөрэммиттэрэ, кэргэним эмиэ.
Кини оннооҕор биһиги хоспутугар ханна туох баарын, сытарын эндэппэккэ билэрэ. Биирдэ соттор ханна, ханнык ыскаапка, ханнык долбуурга баарын быһаара сатаабыппар, олох бэйэ киһитин курдук эппиэттээбитэ: “Мин билэбин”. Бүттэхпит, диэбиккэ дылы. Биирдэ оҕолорбун кэлиэхтээх кэмнэриттэн куруһуоктан эрдэ аҕалбытым, арай дьүөгэм саалаҕа олорор этэ. Кэргэним эмиэ дьиэтигэр баара. Мин ону улахаҥҥа уурбатым.
Киһим олох да соһуйбата, дьүөгэм миэхэ кэлбитин олорон кэтэс диэн көҥүллээтим диэтэ. Бастаан утаа онно кыһаллыбатым, онтон арай барыта ыраас мууска уурбуттуу арылла түспүтэ, кэргэним миигиттэн барабын диэбитигэр.
Кинилэр көссүүлэспиттэрэ ырааппыт эбит этэ. Дьүөгэм “барахсан” мин иннибэр илин-кэлин түсүһэр, сирэйбэр мичээрдиир, мин оҕолорбун кытта оонньуур, ол быыһыгар эрбин кытта хоонньоһор. Оттон мин өссө киниэхэ туох баар кистэлэҥмин кэпсиибин, тус олохпун арыйабын. Акаары да эбиппин!
Биллэн турар, арахсыбыппыт. Мин тахсан барбытым. Билигин кини мин кыбартыырабар олорор, соттордорбунан туттар, билэрин оҕоккото сыттаҕа! Ону таһынан кэргэним миэхэ талан ылан атыыласпыт массыынатыгар хатааһылыыр. Моҕойу түөспэр сытыаран сылыппыт эбиппин диэн нууччалар өс хоһооннорун курдук. Онон, дьахталлар, сэрэниҥ, сулумах дьүөгэлэргитин мээнэ чугаһатымаҥ.
Миигин барытын быраҕан барбыт диэмэҥ, киһибин кытта сибээстээҕи умнар инниттэн барытын хаалларан тахсан барбытым, ол оннугар, биллэн турар, кини олохпун хааччыйар сууманы, атын дьиэни-уоту, массыынаны барытын биэрбитэ.