14.01.2020 | 12:26

Таҥха кэмигэр буолбут дьиҥнээх түбэлтэлэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу түбэлтэ урут 50-с уонна 60-с сыллар диэки буолбут. Бөһүөлэгин аатын эппэппин. Дьонун аатын уларытан суруйуом.

Төһө да Сэбиэскэй былаас “абааһы”, “иччи”, “таҥара” диэн суох, барыта сымыйа диэн идеологияны норуокка күүскэ пропагандалыы сылдьар кэмнэрэ буоллар, дьон уоран таҥхалыыллар эбит.

Ол курдук, эргэ Саҥа дьыл бырааһынньыгар оскуола оҕолоро ферма үлэһиттэрин солбуйа тахсыбыттар. Оччотооҕу 10-с кылаас оҕолоро инникини билээри, үлэлэрин кэнниттэн таҥхалыырга санаммыттар. Түүннэри бүлүүһэ сүүрдүбүттэр. Биир уоллара пионер бэрдэ, Сэбиэскэй былаас патриота Алеша: ''Абааһыны, иччини адьас итэҕэйбэппин, барыта сымыйа, ким эрэ ити бүлүүһэни анньар'' – дии-дии, күл да күл буолар. Ол курдук ааһар. Онтон, дьэ, 19 чыыһылаҕа, били сүллүкүүттэр киирэр кэмнэригэр, уолбут Алеша, хантан истибитэ буолла, абааһы тэтиҥ мастан куттанар диэн турбут. 19-с киэһээ кэлэн, били фермаҕа сүөһү уулуур күөлүгэр киирэн, тэтиҥ маһынан кириэс оҥорон, сүөһү уулуур ойбонун үрдүгэр ууран кэбиһэр. ''Дьэ, абааһы диэннэрин, сүллүкүүн диэннэрин төһө кырдьыгын-сымыйатын билиэхпит'', - диэн баран, тэтиҥ маһынан оҥорбут кириэһинэн ойбону бүөлүү ууран кэбиһэр.

Ол кэнниттэн үлэ, олох салҕанар. Фермаҕа үлэһиттэр үлэлээн-хамсаан бараллар. Биир үтүө күн арай Даайа диэн ыанньыксыт ынаҕа эмискэ, туга-ханныга биллибэккэ, өлөн хаалар. Айманыы бөҕө буолар. ''Совхоз сүөһүтүн кыайан көрбөккүт'',- диэн сэбиэттэн мөҕүллэллэр. Ол онон ааһар. Онтон, дьэ, үстүү-иккилии хоно-хоно, борооску, арыт тыһаҕас биир-биир өлөн иһэллэр. Айдаан бөҕө буолар, куораттан үс ветеринар тахсар. Фермаҕа хоно сытан өлбүт сүөһүлэр өлүктэрин ырыталлар, чинчийэллэр. Арай биир түүн ветеринар Сергей утуйа сытан уһуктан кэлэр. Иһиттэҕинэ, хотон диэки дьон саҥарсарга дылы. Сергей аттыгар сытар Коляны уһугуннарар, кырдьаҕас, саастаах киһилэрин уһугуннаран, хотоҥҥо киирэллэр. Киирбиттэрэ, ким да суох, дьон баара буолуо диэн хотону биир гына көрдүүллэр да, киһи баар сибикитэ биллибэт. Киирэн утуйаллар, арай сарсыарда били Даайа эмиэ айманан аҕай кэлэр. Биир сүөһүтэ кыайан төрөөбөккө өлбүт. Тиийбиттэрэ, ынахтара, кырдьык, өлөн сытар. Сергей Даайаҕа бөөлүүн түүн дьон саҥатыттан уһуктан, киирэн хотону көрбүтүн, сүөһү тыыннаах турарын этэр. Кимнээх кэлэн барбыттарын муодарҕыыр. Даайа “'ким манна кэлиэй, хотон иһиттэн хатанар дии, ким да таһыттан киирбэт'' диэмэхтиип. Ол курдук ити күн ааһар. Кэнникинэн сүөһү өлүөхтээҕин курдук саныыр да буолан бараллар. Биир түүн Сергей түһээтэҕинэ, түү курдук дьон бөҕө кэлэн: ''Айыы дьоно сиэри-туому тутуспат буолбуккут, сыл ахсын таҥха кэмигэр аллараа дойдуттан тахсан, Орто дойду дьоно хайдах олороргутун, инники дьылҕаҕытын өтө көрө, кэпсии кэлэрбитин аанньа ахтыбаккаҕыт, ааммытын тэтиҥ маһынан кириэстии бүөлээҥҥит, сир-дойду икки ардыгар хаалларан кэбистигит. Аһыыр аспыт суох буолан, үс түүн буолуута биирдии сүөһүнү ас оностобут, олорор дьиэбит суох буолан манна дьиэлэнэн олоробут. Утуйар уубут көтөн, сүөһү сааҕа-иигэ буоллубут. Оҕолорбут-урууларбыт айманан, бу эйиэхэ көрдөһүүлээх кэлэн турабыт'', - дииллэр. Ол үлүгэрдээҕи түһээн, Сергей уһуктан кэлэр уонна сарсыҥҥы күнүгэр Даайаҕа тугу түһээбитн барытын сиһилии кэпсиир. Дьулаан сурах дэриэбинэни биир гына тарҕанар. Били Алеша уол тэтиҥ маһынан сүөһү уулуур ойбонун бүөлээбитэ биллэн тахсар. 80-тан тахса саастаах кырдьаҕас оҕонньору ыҥыран, сүбэ-соргу көрдөһөллөр. Кырдьаҕас ойбон аттыгар кутаа уоту отуннаран, ферматтан кулун оҕуһу аҕалтаран, хаан тохторор, уоту аһатар, айах тутар уонна сүөһү уулуур ойбонун таһыгар улахан ойбон тэстэрэр. Оҕус этин, тириитин, төбөтүн ойбоҥҥо угаллар, ааттаһаллар, көрдөһөллөр. Ол күнтэн ыла сүөһүлэрэ өлбөт буолар, сыыйа ити түбэлтэ умнуллан хаалар. Ол күһүнүгэр били Алеша күөлгэ далан куоҕаһы саатылатан, тыынан киирэн эккирэтэ сылдьан ууга түһэн өлөн хаалаахтыыр...

ОНОН БУ ТАҤХА КЭМИГЭР СИЭРИ-ТУОМУ ТУТУҺУҤ, ТУОХ БАРЫТА ИЧЧИЛЭЭХ, ИСТЭР-КӨРӨР ХАРАХТААХ. МЭЭНЭ ИТИРЭН БАРАН БҮЛҮҮҺЭ СҮҮРДҮМЭҤ. ОНУ-МАНЫ СЭНЭЭН САҤАРЫМАҤ. ТАҤХАНЫ ИТЭҔЭЙБЭТ, ААННЬА АХТЫБАТ БУОЛЛАХХЫТЫНА, ТАҤХАЛААМАҤ, ДЬЫЛҔАҔЫТЫН БЫҺА СҮҮРДҮМЭҤ!!!

Түүҥҥү дьон

Саҥа дьыл бырааһынньыгын кэннэ оҕонньор утуйа сытан уһуктубут. Таарыйа таһырдьа тахсан киирэргэ санаммыт. Арай, дьон кэпсэтэргэ дылы. Көрдөҕүнэ, таһыгар тураллар эбит...

"Ээ, уолаттарым",- дии санаабыт, хараҕынан мөлтөх буолан кыһаллыбатах. Үчүгэйдик өйдөөн көрбүтэ, хааһа суох, мап-маҥан дьон эбит.

Ол дьоно: "Эйигин ыла кэллибит",- диэбиттэр уонна ылан барбыттар. Ойбоҥҥо киирбиттэр. Ойбоҥҥо, оҕонньор көрдөҕүнэ, билэр кыыһа олорор эбит, өрдөөҕүтэ ууга түһэн өлбүт кыыс. Бу кыыс кэлэн саҥалаах буолбут: "Дорообо, эн урут ветеринар этиҥ, ол иһин мин эйигин ыҥыртардым, ынахпыт төрөөрү гыммыт, төрөт. Манньатын ити аҕалбыт дьонуҥ харчы биэрдэхтэринэ, ылымаар. “Сыыскытыттан бэрсиҥ”, - диэр, уонна дьиэҕэр тиийэн муостаҕар ыһаар. Хараххын эмтэтэргин умнумаар, онтон арай биирдэ эмит көрдөххүнэ, билбэтэҕэ буолар". Оҕонньор сүөһүтүн көрөн бүппүт, онтон ол дьон кэлэн харчыны биэрэ сатаабыттарын, "суох" диэн испит уонна: "Дьиэҕит сыыһыттан бэрсиҥ уонна харахпын көрөр гыныҥ",- диэбит. Били дьоно харыһыйар курдук быластаан сиэбигэр бөх уган биэрбиттэр. Оҕонньор уһуктан кэлбит, “хата, түүл эбит” диэн үөрбүт. Арай туран сонун сиэбин хаһыспыта, сыыс бөҕө! Аны туран, били хараҕа үчүгэйдик көрөр буолан хаалбыт! Соһуйбут уонна сыыһын тиийэн ыспыт, онтон ыла оҕонньор соторунан байан барбыт. Арай ыһыахтыы сылдьан ол дьонун көрбүт уонна дорооболоспут, ол дьон ынырык баҕайытык көрбүттэр, ол кэннэ оҕонньор көрбөт буолбут уонна дьадайан барбыт. "Сүлүкүүттэр итинник буолаллар эбит, бостуой саҥаран, көрбөт буолан олоробун", - диирэ үһү. http://vk.com сайттан. Акулина Егорова суруйуута.

Түүйүү

Туох эрэ куһаҕан буолаары гыннаҕына, холобур, киһи өлөрүгэр, ону сибикилээн, араас быһыы-майгы буолааччы.

* * *

Урут бииргэ сылгыһыттаабыт табаарыһым куобахха ииппит туһаҕар үс саһыл тэҥинэн иҥнэн турар. Биир сырыыга. Ама да билигин дэлэйбитин, сыаналаммат буолбутун иһин, ол саҕана дэҥҥэ көстөр күндү түүлээх этэ. Бөһүөлэктэн 7 көс тэйиччи үүтээҥҥэ үһүө буолан олорорбут. Биир үтүө күн, Саҥа дьыл бырааһынньыгын чугаһа этэ, киһибит атыгар саһыл бөҕөнү кыаһаан курдук төргүүлэнэн кэллэ. Ону аньыырҕаан, уопсай сүбэнэн, киһибит сарсыныгар туһахтарын барытын эһэ тиийэн баран, өссө биир саһыллаах кэлбитэ. “Киһи буолбаппын биттэнэн, түүйэн дьаабыланаллар",- диэн муҥатыйыы бөҕө буола-буола, киэһэ чүмэчи уотугар хараҕын уута чаҕылыҥныы олордо. Эбиитин сарсыныгар эт эттиир дүлүҥҥэ сааллыбыт сүгэҕэ нэктийэн хаалбыт түүлээх, ып-ырыган саһыл тылыттан сыстан олорорун буллубут. Сүгэҕэ эт тобоҕо сыстыбытын салыыбын диэн быстараахтаабыт. Түүнү быһа айаҕыттан сыыҥа-сырааҥа барыта саба сүүрэн, тобус-толору уобуулаах курдук. Тута сатаабыппытыгар, тылын быһа тардан баран тыаҕа ыстаммыта. Ону аны кэлэн тугун харсай, син биир кыыл буолбат, аньыыта-кэйиитэ биир, баҕайыны ытан ылыахха диэн сырсан тиийэн ытан ылбыппыт. Үүтээммитин сүүсчэкэ эрэ миэтэрэ баран сытаахтыыр этэ. Ол кэнниттэн Н. санаата батарбакка бөһүөлэккэ барбыта. Ситэ биир ый буолбакка, кырдьаҕас аҕа кынна өлбүтэ...

* * *

Биир билэр ыалым уоллара Дьокуускай куорат түүҥҥү кулуубугар улаханнык кырбанарын эмиэ түүйбүттэр.

Ол уоллара кырбанар түүнүгэр бөһүөлэккэ тиэргэннэрин иһигэр баалла сытар ыттарыгар таһыттан үс хара ыт киирэн саба түспүт. Баалла сытар ыттара түүн орулааһын-сарылааһын бөҕө буолбутугар икки дьиэлээх уол таһырдьа сүүрэн тахсыбыттара, үс күлүк курдук хара ыт куолаан кинилэр ыттара эрэйдээҕи үнтү кумахтаан, орулатан-сарылатан өлөрөллөрө буолан эрэр эбит. Саатар тиэргэҥҥэ били, ыт охсор мас диэбиккэ дылы, охсуох айылаах туох да суох буолан биэрбит. Оскуолаҕа үөрэнэр уолаттар ыттары тиийэн тэбиэлии-охсуолуу сатаабыттар да, саараама, кыһаллыбаттар үһү. Бэйэлэригэр ырдьыгынаан тиистэрэ килэҥнии-килэҥнии, ыкка түһэ тураллар эбит. Хаһыы-ыһыы, ыт часкыыра, сарылаһыыта, айдаан-куйдаан бөҕөнү истэн, хата, уулусанан ааһан испит кулууп Маасата (кулуупка худруктуур үһү) диэн дьахтар түбэһэ кэлэн абыраабыт. Кулуупка дьаһайа үөрэммит бөҕө бэлэһинэн бөһүөлэк барыта салҕаластыар, тиэргэн иһинээҕи дьиэ-уот бүтүннүү дьигиһийиэр диэри хаһыытаан бытарыппытыгар, ыттар тута мэлис гынан хаалбыттар. Ол Мааса били айдааннаах 90-с сылларга, киһи барыта ойуун-удаҕан буоларын саҕана, эмиэ кыратык дьарыктана сылдьыбыт. Кэлин да ону-маны көрүүлэммитэ-ичээннэммитэ буолар идэлээх эбит. Кэлин суоттаан көрбүттэрэ, ыаллар улахан уолларын лоп курдук ол кэмҥэ Дьокуускай түүҥҥү кулуубугар кырбаабыттар. Аны туран кэлин көрдүү сатаабыттар да, бөһүөлэккэ оннук дьүһүннээх ыттары булбатахтар. Уолларын кырбаабыт күлүгээннэри булан сууттаабыттар этэ. Ол суутугар тиийэ сылдьан биир кыра уоллара били кырбаабыт дьону: “Көрөөт да тута билбитим, били ыппытын өлөрө сатаабыт ыттар курдук, сууттана туран этиһэн ырдьыгыныыллара, тиистэрэ килэҥниирэ..."- диэн сөҕөн-махтайан кэпсээбитэ үһү.

Онтон сиэттэрдэххэ, ол уолларын кырбаан өлөрөн кэбиһиэхтэрин Кулууп Маасата хомуһунунан быыһаабыт буолан тахсар курдук.

М. БЫТАСЫТОВ, Дьокуускай

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...