Таҥара сэрэҕи сөбүлүүр!
Массыанньыктар ньымалара:
– Төлөпүөнүнэн: "Аймаҕыҥ (оҕоҥ, быраатыҥ, ийэҥ о.д.а.) иэдээҥҥэ түбэстэ" ,– диэн эрийэллэр, ыксаталлар, ыгылыталлар. Бу – кинилэр психологическай албастара.
– Баан, полиция (прокуратура, ФСБ о.д.а.) үлэһитэбин диэн сымыйалыыллар.
Биири өйдүөхтээхпит: Куттала суох счеттар (страховой счеттар) диэн суохтар. “Эн харчыгын суһаллык страховой счекка көһөрүөххүн наада”, – диэхтэрэ.
Билбэт нүөмэргит WhatsApp нөҥүө эрийдэҕинэ, ылымаҥ – билигин дьон үксэ билбэт нүөмэрдэрин ылбат буолбуттарыгар массыанньыктар бассаабынан эрийэллэрэ үксээбит.
– Интернет саайтартан атыылаһарга сэрэхтээх буолуҥ, билбэт атыыһыккыт ыытар сигэлэринэн кииримэҥ.
Массыанньык сигэлэри ыытар, пааспар дааннайдарын көрдүүр, карта нүөмэрин ирдиир, смс-кодтары ыыт диир.
– Социальнай ситимнэргэ билэр дьоҥҥут аккауннарын алдьаталлар. Кини аатыттан “көмө” харчы көрдүүллэр.
– Фишинг. Албын саайтар нөҥүө сиэртибэттэн пин-код, пароль, CVС-код (баан картатын кэннигэр баар үс сыыппара) көрдүүллэр.
– Инвестициялар. Харчы уган, үбү түргэн кэмҥэ үксэтэргэ ыҥыраллар.
***
Сэрэниҥ! Телеграммҥа баар криптовалюта эксперэбин диир Zakharova Dayaana (Захарова Дайана) массыанньык буоларын туһунан ИДьМ иһитиннэрэр. Сахалыы суруйсан, дьону инвестицияҕа харчы угарга, үптэрин элбэтэргэ ыҥырар.