29.01.2020 | 09:53

Таҥара бэйэтэ дьаһайбыта

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу хаһан, ханна буолбута биллибэт дьулаан түбэлтэ. Улуус биир дэриэбинэтин хаайыылаах тутан олорбута. Тутан олорбута диэн маннык. Бэрт өрдөөҕүтэ, ол аата 90-с сыллардаахха, бэрээдэгинэн баппатах Баламат Бааска утуу-субуу икки ыар буруйу оҥорон: кыыһы күүһүлээн, ол кэннэ тута кэриэтэ итирэн баран, киһини саанан дэҥнээн, онтон сөп буолбакка өссө хаста да быһаҕынан анньан аҕыс сыл хаайыыга барбыта. Былыргыны былыт сабар дииллэринии, дэриэбинэ олохтоохторо Баасканы умна быһыытыйбыттара. Уһун синньигэс аҕыс сыла туолуута Баламат Бааска киҥэ-наара өссө холлон дойдутугар эргиллибитэ. Кини баарыгар дьон саллан сибигинэһэн кэпсэтэрэ, суолга иһэр буоллаҕына, дьалты хааман биэрэллэрэ. Баламат Бааска бэйэтин курдук ынырык дьиикэй ыттааҕа, ытырыыгынан баппат этэ. Ол иһин кини дьиэтин уораҕайыгар ким да үктэммэтэ. Хам-түм хантан эрэ биллибэт массыыналар кэлэн бараллара. Эмиэ бэйэтин курдук урдустар кэлэн, тугу эрэ тиэнэр быһыылаахтара. Баламат Бааскаҕа, бэл, нэһилиэк сэбиэтэ куттанан «мыык» диэбэт этэ. Аны хаайыылаах көкөттөрүнэн «дьаһайтаран» кэбиһиэ диэн иһигэр дьаарханара. Ол да буоллар, туох барыта кэмнээх-кэрдиистээх, иэстэбилэ суох ааспат...

                              Баламат Бааска бардам быһыыта

    Нэдиэлэ саҥата. Бааска тугу да гынара суох. Үлэлээбэт. Кинини биир да тэрилтэ үлэҕэ ылбат. Хачыгаардыан иһин миэстэ суох. Дэриэбинэҕэ кинитээҕэр буолуох дьон таах күүлэй тэбэ сылдьаллар.

Баламат уһуктан, оһоҕун үрдүгэр турар лаҕыыр курдук кирдээх чаанньыктан чэй куттан истэ. Бэҕэһээ күнү супту арыгылаабыта, төбөтө ыаҕастаах уу курдук дьалкылдьыйан олорор. Ыараабыта туох да сүр. Мэктиэтигэр, салгына да тиийбэт курдук. Бүгүн хантан эрэ абырах булуохха наада. Тэлгэһэтигэр таҕыста. Кэлииккэ анараа өттүгэр уулуссаҕа ыалын уола Бүөтүккэ матасыыкыл оҥосто сылдьар эбит. Баламат тыыллаҥнаата.

  • Бүөтүккээ, кэл эрэ манна...
  • Солом суох, үлэбэр бараары турабын.
  • Дьэ, кэлимэ эрэ, аат үөнэ! Кэл диэтим буолбат дуо? Туоххунан истэҕин, дирээн?! – Баламат Бааска силэ бырдаҥалыы-бырдаҥалыы ис-иһиттэн төлүтэ биэртэлээн үлтү күргүйдээтэ. Бүөтүккэ муҥнаах ойдуо дуу, быстыа дуу, аат эрэ харата саллаҥнаан баҕарбатар да Баламат кэлииккэтигэр чугаһаан кэллэ. – Эн, ити киһи тылын тоҕо истибэт буолаҕын, нохоо! Аҕаҥ ханна барбытай?
  • Оттуу барбыта.
  • Ийэҥ баар дуо?
  • Дьиэтигэр баар.
  • Буоккалааххыт дуо?
  • Билбэппин. Суох буолуо.
  • Ийэҕэр баран эт, миэхэ бүгүн биир бытыылката туруордун. Туруорбат буоллаҕына, кинини кытта атыннык кэпсэтиллиэ. чэ, бар!

Бүөтүккэ «хата, ыытта ээ» диэн ходьох гынан баран төттөрү сүүрдэ. Сотору буолаат биир бытыылка арыгыны аҕалан биэрдэ.

Абааһытыйыы

   Баламат Бааска «абырахтанан» арыый буолла. Уулуссаҕа дьахталлар маҕаһыынтан иһэллэрин тохтотон харчы көрдөөтө. Ону анарааҥҥылара кинини көрөн батан кэбистилэр, «бэйэбит даҕаны иэс суруйтаран иһэбит» дэстилэр. Бааска абаккаран, дьахталлар диэки алдьаммыт сыыҥкабай биэдэрэ сытарын тэбэн кууһуннарда уонна тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу күөл диэки тэлбиҥнээтэ. Туохтан эрэ киҥэ-наара холлубута сүрдээх.

Өлүү түбэлтэлээх Бытык Киэсэ күөлгэ илим көрө сылдьаахтыыр. Киэсэ улахан бэкир киһи иһэрин көрөөт, анараа кытыл диэки үөскэ эрдинэн кэбистэ. Баламат Бааска ону көрөн баран дьэ өссө ордук тууһугуран, ньиэрбинэйдээн турда. Туох баар сымсатын киллэрэн, күөлү биирдэ эргийэ көтөн кэбистэ. Тыы кытылга тиксиэн иннинэ Баламат Бааска мардьаллан тиийэн өттүк баттанна уонна:

  • Өссө куоппуттаах-баҕастаах буола-буола. Аҕал балыккын манна! – диэн бардьыгыныы түһээт, илиитин уунан эрэр сордоох солуурчаҕын сулбу таһыйан ылла. Эбиитин “эйиэхэ бу да сөп” диэбиттии, Киэсэни ууга түҥнэри анньан кэбистэ.

Ити курдук Баламат Бааска дэриэбинэтигэр олох «абааһытыйда». Этэргэ дылы, иннигэр көрсүбүтүн ибили кырбыыра, туора көрбүтүн тоҕута сынньара. Таһырдьа сууйуллан баран куура турар таҥас күрүлүүр күнүс быалыын мэлийэрэ. Суох, ону олохтоохтор көрбөт-истибэт буолбатахтар этэ. Бары сэрэйэллэрэ ким ыларын. Ол эрээри куттанан, иэстэбиллээх буолуо диэн, аахсар кыахтара суоҕа. Биирдэ Баһылайаптар диэн ыаллар хотонноругар түүн тыас-уус бөҕө буолбута. Дьиэлээх дьахтар сарсыарда ынаҕын ыы тахсыбыта, хотонун иһэ бүүс-бүтүннүү түү, биир да куурусса хаалбатах, барытын уорбуттар.

Туох эмэ дэриэбинэттэн сүттэр, алдьаннар эрэ, буруй барыта куһаҕан киһиэхэ, Баламат Бааскаҕа түһэриллэн иһэрэ. Кимнээх эрэ теплицаларын мэник уолаттар алдьатан киирэн оҕурсуну уордахтарына эмиэ Баламат аата ааттанара. Ыаллар кыра, ачаа оҕолоро саамай куттаналлара эмиэ Баламат этэ. Ытыыр оҕону «Баламат Бааскаҕа биэрэн ыытыахпыт» диэн куттаатахтарына, оҕо барахсан ытаан иһэн тохтоон хаалара.

Түөрэх түҥнэри барыыта

Баламат Бааска хаһан эрэ Игнатьев Васек диэн сэмэй уолчаан этэ. Арыгыны иһэн көрө илигэ. Ол үүт-тураан олоҕун сыччах биир түгэн түҥнэри эргиппитэ. Васек ийэтигэр, ыанньыксыт Ааныскаҕа, үчүгэй үлэтин иһин бэлисипиэт биэрбиттэрэ. Онон дэриэбинэҕэ Васек аан бастакынан бэлисипиэттэммитэ. Улахан уолаттар куруук ымсыыраллара. Васектан бэлисипиэтин былдьаан тэбэллэрэ, куоталлара, күлүү гыналлара. Васек төһө да кыһыйдар, олох ытаабат, кимиэхэ да үҥсэргээбэт этэ. Биирдэ Дьабара Дьааска уолаттарыныын Васек бэлисипиэтин былдьаан баран куоппуттара. Уолчаан эккирэтэ сатаан баран үрэх кытыытыгар хайдах иэстэһэрин саныы олорбута. Ол киэһэ Дьабара Дьааска эмпэрэттэн сууллан өлбүт сураҕа иһиллибитэ. Васегу тутан ылан хаайбыттара, оҥорботох буруйугар балыйан оҕо холуонньатыгар ыыппыттара. Онтон ыла сэмэй оҕо бардам майгыланан улааппыта.

Сэт-сэлээн ситиитэ

    Күһүөрү Баламат Бааска Тамыйахтаах алааһыгар киирэн мэччийэ сылдьар ньирэйдэри ыраахтан одуулаһа турда: – Уҥуоххут ардьайа сытыйан, бэрдэ суох амтаннаах кыыллар буолуоххут ээ. Хайдах гыныллыай, эрдэтээҥҥи соҕус төрүөх улахан маҥан борооскуну ылар эбиппин, - диэт, уоһун ханньаччы туттан турбахтаан баран борооскуга үөмтэ. Киһиэхэ сыстаҕас сүөһүлэр эрэйдээхтэр хара санаалаах киһи маҥан борооскуга саантаан иһэрин хантан билиэхтэрэ баарай, туран биэрээхтээтилэр. Баламат биир эмис оҕуһу моонньуттан быалаан баран ойуур саҕатыгар соһон дэллэриттэ. Киэһэлик халлаан хараҥарыыта Баламат этин икки биэдэрэҕэ толору симэн олорор уораҕайыгар кэллэ. Сарсын кэлэн “бырааттар” эт ылыахтаахтар. Бу киэһэ дэриэбинэ бэрт дьиктитик иһийбит этэ. Биир да ыт үрэн моргуйбат, ынах да маҥыраабат, эгэ, оҕус айаатыа дуо? Бары тугу эрэ сүбэлэспит, ону Бааскаттан кистээн ах барбыт курдуктара. Биллэ холуочук Баламат биэдэрэлэрин ууран баран ампаарыгар киирдэ. Арай ол орҕостон иһэн туохтан эрэ иҥнэн бөппүрүөскэтин ытырбытынан, бэнсииннээх канистраҕа кэлэн түстэ. Өлүү түбэлтэлээх, хаппаҕа суох турбута туох аанньа буолуой, уот ону эрэ кэтэспиттии, өрүтэ ыстаҥалаабыта, эмискэ умайан күүдэпчилэнэн тахсан тугу барытын өрө салаан барбыта. Баламат сордоох кыайан быыһамматаҕа. Кыһыл төлөн “аньыыҥ-хараҥ элбээтэ” диэбиттии уһун тылынан биирдэ уһуура түспүтэ.

                                 Таҥара накаастабыла

Түүн уулуссаҕа хаама сылдьыбыт ыччаттар Баламат Бааска ампаара умайан эрэрин көрөн саба сырсан кэлбиттэрэ, сорох сэбиэккэ тыллыы сүүрбүтэ. Ол эрээри ампаары кыайан быыһаабатахтара. Ити мучумаан быыһыгар Баламат Баасканы көрдүү сатаабыттара. Аһыныгас өттө, баҕар, ханна эмэ тахсан биэрэн быыһаммыта буолаарай диэн эрэнэ, өссө аһына санаабыта. Оттон сорох «саатар эрэ умайдын» диэн иһигэр сэтэрээбитэ.     Сарсыныгар дэриэбинэҕэ милииссийэ массыыната ыраахха дылы сигналын тыаһаппытынан бу бирилээн кэлбитэ. Умайбыт ампаары тула хаама сылдьан маһынан булкуйбуттара. 

Баламат Бааска сордоох кырамтатын эрэ булбуттара. Ону куулга хаалаан баран көмпүттэрэ, таах, хоруоба-таймата суох. Онтон буорун үрдүгэр кырдьык-хордьук уҥуох туруорбуттара, аатын суруйбуттара. Дьон «таҥара көрөн накаастаатаҕа» диэн кэпсэтэллэрэ. Хараҕын уутун тохпут, аһыйбыт киһи ончу суоҕа...

Үтэһэ туолуута

Олохтоохторго Баламат Бааска сидьиҥ майгыта өйдөрүгэр-санааларыгар хаһан да сүппэттии иҥмитэ. Өлбүтүн да кэннэ кинини абааһы көрөллөрө тохтооботоҕо. Уҥуоҕун оҕолор тааһынан тамныыллара, итирик суоппардар массыынанан тоҕута көтүтэллэрэ, сүөһүлэр аалынар, тэстэр сир оҥостубуттара. Ону сэбиэт өрөмүөннэтэ сатаан баран, кэлин сапсыйан эрэ кэбиспитэ. Бардам киһи олохтон барыаҕыттан дэриэбинэ мэктиэтигэр салгынныын тупсубут курдуга. Бары даҕаны сидьиҥ урдус суох буолбутуттан үөһэ тыыммыттара. Олохтоохторго ил-эйэ, нус-хас олох саҕаламмыта.

                                                                                                                                  Т. Васильев

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....