Таҥараҕа кубулуйбут Эһэ
Уонна аанньалчаан эһэчээннэр. Кинилэргэ майгыннааччылар үөскүү турдаллар...
Миигин Москватааҕы олимпиада талисмана Үөрбүт Эһэчээннэр ААННЬАЛ буолан, түүлбэр, санаабар куруук сиэтэ, көтүтэ сылдьыбыттара. Олоҕум ыар кэмнэригэр, ийэм ыалдьан сыттаҕына уонна орто дойдуттан былдьаныытыгар мэлдьи санааҕа баттатыыбын чэпчэтэрэ. Харахпын симэн, Эһэчээни араастаан айан, оҥорон көрдөхпүнэ, санаабын куйаарга тиийэ көтүтэргэ дылы.
Табыллыбыт талисман тэрээһини киэргэтэр. Киһи биирдэ көрбүтүттэн ону уонна ол дойдутун – дьонун, ыалдьыттарын үйэтин тухары ураты кэрэтик өйдүү сылдьар оҥорор. Дьэ итинниги эрдэттэн туох толкуйтан айан оҥорбуттара хайдах буолааччыный? Уруһуйдатыыга, куукулалары оҥорорго, олору кэтэн хамсанар, үҥкүүлүүр дьону, театрализированнай туруоруу тэрийэргэ бэлэмнэнии туохтан төрүөттэнэрий?
Үс хонугунан Москватааҕы олимпиада саҕаламмыта 40 сыла туолуо. Олимпийскай Мишка арыый эрдэ 40 сааһын ааспыта. Соцдойдулартан аан бастаан “Биһиги державабыт тэбэр сүрэҕэр” ыытыллар сураҕын истээт, тэлэбиисэринэн көрүөхпүт диэн кэтэһээччи элбэҕэ. Сахалар уолаттарбыт кыттыылара, Монреаллааҕы үс саха өрөгөйүн дьоруойдара Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов өссө уопутуруохтара, 1976 сылтан да ордук буолуохтара диэн улахан эрэл баара. Кинилэрдиин тустууга Михаил Ноговицын, Алексей Диодоров, Иннокентий Зырянов, Григорий Христофоров, Василий Гоголев, Василий Чириков, боксаҕа Александр Михайлов, Виктор Ефремов, Николай Жирков үүнэн иһэллэрэ. Ыра санаатах аайы туолбат. Монреаль кэнниттэн олимпиадалары сахалар кэтэһэбит да, рекорпут тупсарыллыахтааҕар, мэтээл да кэлэрэ баҕалаах.
Оттон миэхэ хас да төгүл долгутуулааҕа. Спортка аналлаах суруйууга өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска икки инники миэстэҕэ тахсыбыкка Москваҕа олимпиадаҕа барар путевканан наҕараада ананыахтаах. Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттарбын даҕаны, олимпийскай путевкаҕа алҕас тиксээйэмий диэн бүөм ыралаах онно кыттарга баламаттык санаммытым. Айар аартыкка саҥа саҕалаан эрэрим. Атын кыттааччылар матырыйаалларын көрө сылдьан, 18 сааспын туолуубар путевкаҕа тиксэргэ эрэх-турах буолан испитим, суруйарга, кэрэхсэбиллээҕи буларга өссө дьулуһан барбытым. Ол курдук эдэрбин, оннук-маннык диэн дугдуҥнаабат ордук.
Түмүккэ кыайыылааҕынан биллэриллибитим. Өссө соһуччута, куонкуруска ыытар матырыйаалларбын оҕонньор суруйар быһыылаах диир эбиттэр. Онтукалара оҕо буолан хаалан дьиктиргэппитим. Онтон бэйэм таптыыр хаһыаппар кэрэспэдьиэнинэн ыҥыран соһуппуттара. Туохтааҕар даҕаны миэхэ ийэни үөрдэр саамай иэйиилээх буолара. Ону баара, бу ситиһиилэрбиттэн күндү киһим ыар ыарыыга ыга ылларан, өр барбата биллэн сытара. Сотору-сотору бэргиирэ. Ыарыылаһаары, наар дьиэм диэки өйүм-санаам курдары тартарара. Онно ыксыы сылдьарым. Ийэм: ”Мөлтөхпүн ээ. Эҥин-дьүһүн буоллахпына, тулуйаарыҥ. Ытыыр куһаҕан. Киһи ыараханы көрүстэҕинэ, оччонон эрдийэн кытаатан иһиэхтээх”, – диэн бэлэмниирэ кулгаахпар иһиллэрэ. Үлэбэр төлөпүөҥҥэ ыҥырдаллар эрэ, соһумар сураҕы иһитиннэриэхтэрэ диэн сэрэнэ-сэрэнэ тиийэрим. Олус кыһыйарым диэн сэрии, сут сылларыгар тулаайах хаалан балыстарын-бырааттарын, атахтарыгар туруорарга эрэй бөҕөнү көрбүтэ. Ыарыһах да буолар, сааһыран баран ийэ буолар, оҕону көрөр дьолу билээри, биһигини киһи-хара оҥорорго сыратын биэрбитэ. Дьэ, үлэһит буолан эрдэхпитинэ, баран эрэр. Кини мэлдьи: “Киһи уустукка түбэстэҕинэ, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатыныы, кыраттан да үөрэн, аралдьыйан, күүстээх санааны булан, үчүгэйгэ эрэ тардыһыахтаах”, – диирэ. Киэҥ аартыкка тиэрдэр суолу көрдөөччү булбатаҕа аҕыйах ини. Бу сонуммун истэн, аҕыйах да мүнүүтэ арыый буолуохтаах. Кини оннооҕор буолуохтан бэрт кыраны үөрүө суохха, туох суолталааҕын быһааран, өрүттэн турара. Киниэхэ иһитиннэрэ охсоору тиэтэйдим. Ийэм бэргээн, хараҕын симмэхтии сытара эрээри, ис сүрэҕиттэн бүтүннүү үөрээхтээбитэ. Миигин бу үлүгэр барарга ырам суола аһыллыбытын кэннэ, кини ыалдьарыттан аккаастанар санаалаахпын курдат сэрэйэрэ. Күүс мунньунан: ”Кэлиэххэр диэри кэтэһиэм. Миигин саныы сылдьыма. Үлэҕэр кытаат”, – диэхтээбитэ. Олоххо, айарга туһалыаҕы ону-маны көрөргө, барарга-кэлэргэ, кинигэлэри атыылаһыахтаахпын өтө сэрэйэрэ. Ол ороскуотугар көмө харчы биэрээхтээбитэ.
Москваҕа үөрбүт эһэчээн – Олимпиада талисмана үөскээбит. Ол эйэҕэс кыыл араастаан ойууланара күн аайы аан дойдуну биир гына тарҕаммыта. Уулуссалар, дьиэлэр истэригэр-тастарыгар араастаан айыллан оҥоһуллубутун аҕала тураллара. Дьон-сэргэ сүрэҕин манньыппыта. Ийэм аттыгар ыарыылыы олорон, кинилиин олимпийскай үөрбүт эһэчээни туохха эмэ ойуутун көрөрбүт, арыый аралдьыйарбыт. Ол кэмҥэ табыллыбыт талисманы көрсүбэтэх киһи суоҕа чуолкай. Үгүстэр көрөөт: “Ии”, – диэн иэйэ таптыы түһээт, дьиэлэригэр аҕаллахтара. Билигин да илдьэ сырыттахтара. Оннооҕор ытыыра кытта кэрэ буолбута.
Үөрбүт Эһэчээн — Миискэ (Мишка олимпиец) хас сурунаал, хаһыат сирэйдэрин, ону таһынан открыткалары, кэмбиэрдэри, почта мааркаларын, испиискэ хаатын эгэлгэтик киэргэтэллэрэ.
Мин ким эмэ киһиргиирдии, киэбирэ туттарын көрдөхпүнэ сөбүлээбэтим. Таптал диэн күүстээх. Бу таптаабыт эһэчээммин киһиргэтэ, мөтөҥнөтө, кэдэҥнэтэ уруһуйдаабыттарын көрдөхпүнэ өссө үөрэ сонньуйабын.
Дьиҥнээх тыатааҕы үөрбүтүн ким эмэ көрбүтэ дуу? Мөдөөт гынан баран, сорунан эккирэттэҕинэ сиппэтэ атахтаахтан аҕыйах ини, кэбис, айака, бу үчүгэйи суруйа олорон ол амырыыны санаамыах.
Оҕо эрдэхтэриттэн циркэҕэ иитиллибит эһэлэри дрессировщиктар да бэлисипиэккэ балайда үөрэтэ сатыыллар эрээри, тимир атынан соччо түргэнник сырсыах көстө илик. Сатаан күрэхтэһиннэрдэххэ, ыараханы көтөҕүүгэ, тустууга, боксаҕа, үрдүгү уонна уһуну ыстаныыга балайда ситиһиилэниэн сөп. Талисманы айарга оннук толкуйдартан сигэниэхтэрин сөбө. Биһиги Олимпиец Мишкабытын дэгиттэр, эйэҕэс, үөрүнньэҥ, сытыы, бөҕө уобарастаабыттара.
Мультикка сүүрүүгэ сэмэй эһэлиин бөрө бодоруһан, куобах куомуннаһан, барсук бааралаһан, бегемот бөскөрөҥнөөн сырсан кыайа сатаабыттарын бороҥ Миискэ бойбороҥноон куоппута. Арай, уот кыһыл саһыл түөкүн албын албаһынан быһалаан, биэтэккэ инники кэлэн, кыһыл көмүс мэтээли ылан ытаппыта. Тэлэбиисэргэ мультигы көрө олорор оҕолор аһынан ытаабыттара. Хата, үҥсүү түһэн, бырачыас оҥоһуллан, Мишканы пьедестал үрдүкү үктэлигэр таһааран, саһылтан былдьаммыт мэтээли моонньугар иилбиттэрэ, сибэкки туттарбыттара.
Сотору значоктарга эһэчээни теннисчит, сүүрүк, футболист, харбыыһыт, тустуук, дзюдоист, штангист оҥортоон үөрдүбүттэрэ. Ол аайы Мишкабыт мэлэҥнээһин, мэтэрэҥнээһин бөҕө.
Москваҕа тиийбитим, киһиргэс үөрбүт Мишка, биллэн туран, ханна да баарынааҕар быдан элбэҕэ. Кини аҕай мэлтэрийбит сирэйдээх плаката хас истиэнэ аайы сыбаммыт, баҕана аайы баар, хардыы ахсын эһэчээнниин эйэргэһэҕин. Элбэхтэн киһи сылайааччы. Кини элэккэйэ бэрт, сылаппат. Мин өрөспүүбүлүкэтээҕи, Дьокуускайга ыытыллыбыт Бүтүн Союзтааҕы түһүлгэлэри саҥардыы көрөн эрэрим. Бастакылар хаһан баҕарар олус кэрэхсэбиллээхтэр. Ок-сиэ, Олимпиада далааһына бэрт буоллаҕа. Үйэлэрин соруктара оҥостон, түөрт сыл анаан бэлэмнэммит супер-спортсменнар киирсиилэрэ көрөргө сөҕүмэр этэ. Киһи ситэ кэпсиэн тыла тиийбэт. Ол сылдьан: ”Ийэм хайдах сытара буолла...”, – күн аайы ыар сурахтаах телеграмма туттарыахтара диэн сэрэхэчийэр санааҕа баттатан ыларым. Ити Эһэчээни көрдүм да, уоскуйан, атыны санаан барарым...
Эһэчээн сувенирдарынан остуоллар, долбуурдар туолбуттара.
Олортон аҕалбыппын дьиэбэр аҕыйаҕы хаалларбытым долбуурдарга ууруллан тураллар. Хаһан да хал оҥорбокко, санаабытын көтөҕөр. Ордук ыалдьыты сэргэхситэр.
Оччолорго салапаан пакет саҥа үөдүйбүтэ. Соҕурууттан ким эмэ аҕалбытын куоракка тута сылдьар биирдэ эмэ көстөрө. Дьон ымсыыра батыһа, эргиллэ-эргиллэ көрөллөрө. Мин оннук Үөрбүт Эһэчээн ойуулаах пакеттары элбэҕи атыыласпытым. Олорго Мишка ойуулардаах сувенирдары биир идэлээхтэрбэр, аймахтарбар кэһиилэммитим. Сорохтор билигин да дьиэлэригэр ууруна сылдьалларын үөрэ көрөбүн. Кэллиэгэм Татьяна Маркова (оччолорго Фомина этэ) Свердловскайтан (билиҥҥи Екатеринбургтан) суруналыыс үөрэҕин бүтэрэн кэлбитэ. Ол редакцияҕа кэрэспэдьиэнинэн бастакы үлэлии тахсыбыт күнүгэр мин Олимпиадаттан кэлбиппин көрсүһүү буолбут. Хас да ахтыытыгар суруйан турар. Онон олимпийскай мишкалардаах кэһиигэ тиксибитин ордук күндүтүк саныыр.
Олимпиада аһыллыытын, сабыллыытын мин тэлэбиисэргэ көрбүтүм. Эһэ көстүүмнээх оҕо бөҕө үҥкүүлээбитэ. Олимпиадалыын быраһаайдаһыы долгутуута улаатарын сценарист күүскэ сатаабыт этэ. “До свидания, Москва!” ырыаны Александра Пахмутова, Николай Добронравов олус даҕаны сөп түбэһиннэрэн айбыттар. Ол кэмҥэ элбэх композитордар, поэттар, худуоһунньуктар, суруйааччылар, телевизионщиктар өрө көтөҕүллэн, элбэх саҥанан дьону кынаттаабыттара. Ырыа премьератын муусуката намыыннык саҕаламмыта. Сүгүрүйэр ырыаһыппыт Лев Лещенко уонна эдэр кыыс Татьяна Анциферова ыллаан киирэн барбыттара.
“На трибунах становится тише...
Тает быстрое время чудес,
До свидания, наш ласковый Миша,
Возвращайся в свой сказочный лес...
Ити кэмҥэ тыыннаах хартыына – трибунаҕа талисман ойуута тахсыбыта. Эһэбит ытаабыта, аҥаар хараҕыттан көмүс таммахтар түспүттэрэ. Ол кэмҥэ трибуналар ааннарынан кустук араас дьүһүннэринэн кырааскаламмыт салгын шардара, онно быаларынан сиэтиллэн аарыма эһэ стадион хонуутугар киирбитэ. Умсары соһулла көтөн киирбитэ. Турбута – хас да этээстээх дьиэ саҕа үрдүктээҕэ. Бүтэһик припев толоруллуутугар:
...Расстаются друзья.
Остается в сердце нежность.
Будем песню беречь,
До свидания, до новых встреч”
– диэн тыллара дьүрүһүүйүтүгэр эһэ бастаан уҥа илиитин бакаалаһардыы даллах гыммыта, онтон хаҥаһын өрө уунан хантас гыммыта уонна кустуктуу көппүт шардары парашют оҥостон сыыйа сиртэн тэйбитэ. Көрөөччүлэртэн элбэх киһи эһэни сайыһан ытаабыттара. Стадион тулатыттан фейерверк бөҕө тохтоло суох ытыллыбыта. Олор чаҕылҕанныы куһуурар уоттарын сырдыгар эһэ көтөн, үөһэттэн үөһэ тахсара ыраахха диэри көстөн баран, хараҥа халлааҥҥа киирэн сүппүтэ...
Ол эһэни омуктар, музейдарга, быыстапкаларга туруораары, олус элбэх долларга атыылаһа сатаабыттар. Хомойуох иһин, биһиэннэрэ көҥөнөн, ыскылаакка илдьэн уурбуттара. Сотору соҕус көрбүттэрэ... суох! Ханна барда? Крысалар кирэн көөбүл оҥорбуттар. Ону санаан хараастабын.
Ийэм барахсан Олимпиадаттан кэлэрбин кытта көрсөөт, күн аҥаара эрэ буолбута. “Улахан аартыкка үктэнниҥ, кытаат“, – диэн баран аттыбар сытан, сырдык тыына быстыбыта. Кини күнү мээнэ туһата суох ыыппата. Ол холобурунан улахан тэрээһинтэн репортажпын ийэм буорга киириэр диэри хайдах ойуулуурбун саныы сылдьыбытым. Суруйдахпына, кини үчүгэйи баҕарыыта, алгыыра көмөлөһө турара.
Үөрбүт Эһэчээннэри санаатахпына, харахпар бу көстөн кэлэр. Таас, плюшевай, уруһуй эһэ сүүһүнэн кинигэлэрбэр хаартыскаларын, куукула-сувенирдарбын хараҕым көрүүтүнэн, ытыспынан имэрийэн манньыйабын. Талисман итинник табыллара сэдэх. Мин ”Эдэр саас” күннэригэр “Элэс” диэн ааттаан кырынаас талисманы худуоһунньук Иннокентий Пестряковунан уруһуйдатан оҥорторбутум. Көстүүмү Клим Федоров кэтэн оруолун бэркэ толорбута. Бастакы холонуубут табыллыбыта. Былырыын Сергей Расторгуев Аммаҕа түөрт талисмана тэрээһини киэргэппитэ, дойдутун историятын кэрэхсэппитэ, айылҕа кэрэтигэр, ону харыстыырга угуйар соругун эмиэ толорбута. Биһиги талисманынан эмиэ тэрээһиннэргэ эрдэттэн өрөспүүбүлүкэбитин, дьоммутун-сэргэбитин үтүө өйдөбүлгэ хаалларарга табатык туһаныахтаахпыт.