Түүҥҥү түлүрбэхтэри тохтотуохтара
Өрүс пордун эргииригэр суол үлэһиттэрэ оллур-боллур сирдэри, ол эбэтэр норуокка биллэринэн “сытар полицейскайдары” баар оҥоруохтара. Ол туһунан Дьокуускай куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев салайааччылаах тустаах хамыыһыйа иһитиннэрдэ.
Түүҥҥү түлүрбэхтэр массыынанан, матассыыкылынан сүүрдэр сирдэригэр кубулуйда, утуппакка сордоотулар диэн куорат олохтоохторо үҥсүбүттэрэ ыраатта. Түүн аайы Кальвица, Энергетиктэр, Гольминка, 1-кы База эргин киһи кулгааҕа тулуйбат тыаһа-ууһа буолар. Тимир көлөлөөхтөр, куоталаһа-куоталаһа гаастыыллар, киһиргээн төттөрү-таары айанныыллар. Суолга сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэһэллэр, ону таһынан дьон утуйарыгар мэһэйдииллэр.
ГИБДД үлэһиттэрэ мунньахха маннык “полицейскайдар” көдьүүстээх буолуохтарын саарбахтыылларын биллэрдилэр. Евгений Григорьев кинилэргэ ханнык миэстэҕэ оҥоһуллара табыгастааҕын быһааралларыгар сорудахтаата.
“Сөптөөх миэрэни сотору кэминэн ылыныахпыт, уһатар-кэҥэтэр сатаммат. Быһаарарга уолдьаста. Оллур-боллур сирдэр оҥоһулуннахтарына көрүөхпүт”, – диэтэ баһылык эбээһинэһин толорооччу.
Хамыыһыйа ГИБДД-ны кытта биир сүбэнэн схеманы оҥоруох, үлэни ыытыах буолла.