17.07.2020 | 11:53

Түүҥҥү “сэргэх” олох хаһан бүтүөй?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Комсомольскай болуоссакка түүн аайы массыына тыаһа биир кэм бирилэс, мотуор тыаһа тирилэс. “Форсаж” киинэ уһулла турар диэххэ айылаах. Олохтоохтор маннык түүҥҥү “сэргэх” көстүүттэн сылайбыттара ыраатта. Кинилэр, тулуйалларыттан ааһан, ыксаан, социальнай ситимнэринэн киирсэргэ туруннулар.

Кырдьык даҕаны, 400 кыбартыыралаах улахан дьиэ олохтоохторо, омуннаан эттэххэ, өлбүт да киһи уһуктар үлүгэр тыаһыгар-ууһугар утуйар уулара уйгуурара чуолкай. Кинилэр эрэ буолуо дуо, чугастааҕы дьиэлэр олохтоохторо эмиэ муҥатыйаллар. Кыра оҕолоохтор, ыарыһахтар, кырдьаҕастар ордук эрэйдэнэллэр. Үлэлиир дьон сынньамматтар, күн аайы түһүү сылдьаллар.

Наталья Нусугурова, Киров уул., 31/1:

– Манна соторутааҕыта көһөн кэлбиппит. Түүн аайы, хара сарсыардааҥҥа диэри тыастара иһиллэр. Уубутун хана утуйбаппыт. Кыычырҕас тыас. Көлүөһэ биир кэм “орулуур”. Сарсыарда 4 чааска диэри дрифтиир буоллахтарына, ол аата бу дьон үлэлээбэттэр да быһыылаах. Бу боппуруоһу быһаараргытыгар көрдөһөбүт. Бэйэмсэх дьонтон сылтаан тоҕо сынньаныа суохтаахпытый?

Ника:

– Биһиги подъезпытыгар эмиэ дрифтер олорор. Түүн үс чааска кини аҕай буолан, тыаһаан-ууһаан кэлэр. Массыынатын туруорарыгар 20-чэ мүнүүтэ “орулатар”. Массыыналар сигнализациялара холбонор, ыаллар ыттара үрэр. Дьиэлээхтэр бары уһуктабыт. Оҕолоох дьону аһынабын. Хайдах утуйаллара буолла? Иккис сылын эрэйи көрөбүт. 

Бу оройуон олохтоохторо этэллэринэн, ГИБДД эрийэн туһа суох, патруль кэллэҕинэ, туох да буолбатаҕын курдук тохтоон тураллар эбэтэр тарҕаһан хаалаллар эбит.

Василий Кириллин, Лермонтов уул., 49, олохтооҕо:

–  Кыбартыырабытыгар олохсуйуохпутуттан (2013 сылтан) кинилэри кытта “охсуһабыт”. Куорат дьаһалтатыгар, өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын дьаһалтатыгар, ГИБДД управлениетыгар элбэх сурук суруллубута да, туох да күттүөннээх хамсааһын тахсыбатаҕа, боппуруос быһаарыллыбатаҕа. 2014 сыллаахха шлагбаум туруорбуттара да, түүҥҥү сүүрдээччилэр алдьаппыттара.

Дьыл атын кэмнэригэр түннүгү сабыахха сөп (оннук да буоллаҕына син биир иһиллэр), оттон сайын куйааска утуйбаккын. Аһаҕас түннүктээх, санаабытыгар, кыбартыырабыт иһигэр сүүрдэр курдуктар, тыастара оннук күүскэ иһиллэр.

Василий соторутааҕыта түүҥҥү көрү-нары видеоҕа уһулан, инстаграмҥа таһаарбыта. Ону аҕыйах хонук иһигэр 24 тыһыынча киһи көрбүт, 200 киһи репостаабыт.  #НетДрифтуНаКомсомолке диэн хэштегтээх флешмобу элбэх киһи өйөөбүтэ. Итиэннэ олохтоохтор ааттарыттан үс этиини киллэрбитэ:

-  Болуоссаты киэһэ 21.00 чаастан сарсыарда 6 чааска диэри сабарга. Шлагбаум туруоруохха, күрүөлүөххэ эбэтэр ыйыллыбыт бириэмэҕэ хааччахтыыр анал бэлиэни туруоруохха сөп.

- Болуоссаты уһаты-туора “сытар полицейскайдары” оҥорорго.

- Киэһэ уонна түүн аайы ГИБДД үлэһиттэрин патрульга туруорарга.

Маныаха куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев болуоссаты тимир турбаларынан бүөлүөххэ, олорон сынньанар ыскамыайкалары ууруохха, сэрэтэр бэлиэлэри туруоруохха диэн этии киллэрбитэ. ГИБДД үлэһиттэрэ түүн аайы кэтиир-маныыр кыахтара суох, куорат атын уулуссаларыгар эмиэ туруохтарын наада.

Бу боппуруоһу быһаарарга араас этии киирдэ.

Катя Петрова:

– Болуоссат кураанах, суола олус көнө. Ол иһин сибэкки иһиттэринэн мэһэйдэтиэххэ, мастары хото олордуохха сөп. Сатыы дьон сылдьалларыгар, бэлисипиэттээх, роликтаах дьон хатааһылыылларыгар эрэ миэстэ хаалларыахха. Массыыналар көнө эрэ сылдьалларын курдук. Болуоссат бары өттүнэн туһалаах буолуо этэ. Оччоҕо түүн аайы сүүрдэллэрин тохтотуохтара.  

 Алена Баишева-Герасимова:

– Харчы бырахсан, куорат таһыгар сир ыллыннар ээ. Асфальт куттаран баран төһө баҕарар куоталастыннар.

Аны туран, дрифтердэр Комсомольскай болуоссакка эрэ мустубаттар. Түүн аайы Кальвица, Энергетиктэр, Гольминка, 1-кы База эргин киһи кулгааҕа тулуйбат тыаһа-ууһа буолар. Тимир көлөлөөхтөр, куоталаһа-куоталаһа, өрө бара-бара гаастыыллар. Суолга сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэһэллэр, ону таһынан дьон утуйарыгар мэһэйдииллэр. Өрүс пордун эргииригэр суол үлэһиттэрэ оллур-боллур сирдэри, ол эбэтэр норуокка биллэринэн “сытар полицейскайдары”  оҥоруохтара диэн хаһыат бу иннинээҕи нүөмэрдэригэр суруйбуппут.Онон боппуруос быһаарыллар ини диэн эрэллээхпит.

Бэйэмсэх дьон көрдөрө

Дрифт биһиэхэ спорт көрүҥэ буоларын саарбахтааччы элбэх. Үгүстэр бэйэмсэх, баай  дьон дьарыктара диэн ааттыыллар. Чахчы даҕаны, түүҥҥү түлүрбэхтэр сарсыардааҥҥа диэри көрүлүүллэр. Бу үлэлиир дьон дуу, суох дуу? Көрдөххө, күрэхтэспэккэ, аҥаардас саатыыр эрэ курдуктар. Болуоссаты биир гына төттөрү-таары эргийэллэр. Кимиэхэ эрэ киһиргиир курдук, массыыналарын араастаан “ыйылаталлар”, “орулаталлар”. Ама, бу аата спорт үһү дуо?

Олег:

– Гонщиктар тугу да гыналлара суох. Иҥэ-бата сатаан ол-бу буолаллар. Оччо айылаах адреналиҥҥа наадыйар буоллахтарына,  дэриэбинэҕэ оттуу бардыннар. Дьэ, онно баар суол “үчүгэйэ”, бырдах элбэҕэ.

УТАРАБЫТ!

Соторутааҕыта массыына уонна матассыыкыл спордун Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Хватов Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата, “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” бырайыак куратора Феликс Антоновка көрдөһүүлээх тахсыбытын Дуума сайтыгар суруйбуттара.

“Анал балаһаакка баар буоллаҕына, массыына, матассыыкыл спордун сайдыытыгар  уонна киэҥ эйгэҕэ тарҕанарыгар олук буолуоҕа, дьон олорор кыбаарталларыгар “лихачтар” аҕыйыахтара, суолга быһылаан тахсыыта аҕыйыаҕа. Бу балаһаакка массыына, матассыыкыл спордун таптааччылар сөбүлүүр сирдэригэр кубулуйуоҕа. Куорат олохтоохторо маннык көрүҥүнэн үлүһүйэр дьоҥҥо сыһыаннара уларыйыаҕа”, – диэн санаалаах Дмитрий Хватов. Кини этэринэн, Федерация Маҕан трагар сирдээх, ол эрээри бас билиитэ уонна аспаала суох.

 “Боппуруос турбута ыраатта, ахсарбат буолар сатаммат. Кырдьык, сайын массыына, матассыыкыл спордун таптааччылар куорат уулуссаларыгар тахсаллар, Комсомольскай болуоссакка күрэхтэһэллэр, аттынааҕы дьиэ олохтоохторун сүгүннээбэттэр. Кинилэри эмиэ да өйдүөххэ сөп – Дьокуускайга бу спортсменнарга анал учаастак суох. Куорат уулуссалара түргэн айаҥҥа, чуолаан маннык спортивнай сүүрдүүгэ анамматахтар. Ол иһин бэйэлэригэр да, ааһан иһэр дьоҥҥо да сэрэхтээх. Олохтоохтор киэһэ өттүгэр массыына тыаһыгар мэһэйдэтэллэр”, – диир дьокутаат Феликс Антонов. 

Бу кэпсэтии уокка арыы кутан биэрдэ диэххэ сөп.Куорат олохтоохторо, дрифтердэргэ усулуобуйа олохтууру утаралларын биллэрэн, биир кэм  оргуйа түстүлэр. Социальнай ситимнэргэ маннык ис хоһоонноох сурук элбэх: Гонщиктар бэйэлэрэ кыттыстыннар. Мажордар аҕаларын харчытыгар оҥортордуннар. Биһиги нолуокпутун тыытымаҥ. Баайдарга аналлаах трассаны утарабыт. Куорат харчытын онно бараамаҥ. “Орулаталларын” эрэ сатыыллар, кыайан сүүрдүбэттэр.

Надежда:

– Итинник туох да туһата суох куоталаһыынан аҕыйах киһи дьарыктанар. Биһиги харчыбытынан дрифтердэргэ усулуобуйа оҥорон биэрэри утарабын. Куорат дьаһалтата сир биэрдин, атынын спонсордар оҥордуннар.

Светлана Федорова:

– Бу оннугар оскуолата тутуҥ. Оҕолор үөрэнэр сирдэрэ суох. Куоталаһар трассата суох олоруохпут. Дьон суорума суолланара онто да суох күн аайы буолар.

Сөбүлэһээччи да эппиэтэ суох хаалбата.

Яша Лемешев:

– Бэртээхэй сонун, гонщиктар уулуссалартан анал трассаҕа көһүө этилэр. Арассыыйа – спорт дойдута. Балаһаакка буолбакка,  трасса оҥороллоро ордук.

Куорат олохтоохторо этэллэринэн, дрифтердэр биир балаһааккаҕа, бука, хаайтарыахтара, киэҥ сиргэ талаһыахтара. Көстө, киэптии түһүөхтэрин баҕарыахтара, син биир куорат уулуссаларыгар тахса туруохтара.

“Оҕус” да буолбатар...

Ааспыт өрөбүллэргэ Бүлүүлүүр суолга суол быһылаана таҕыста. Ол курдук, Chevrolet Camaro диэн сыаналаах массыына хаһаайына 250 км/ч түргэнник сүүрдэн иһэн, суол кытыытыгар түстэ. ГИБДД иһитиннэрбитинэн, хата, суоппар уонна олорсон испит киһи эчэйбэтэхтэр. Курдара туһалаабыт диэн быһаардылар. Куорат олохтоохторо: “Оонньообуттара оҕус буола сыста”, – дэһэллэр. “Оҕус” да буолбатар, арай утары дьон айаннаан испит буоллун?  Биир хатааһылаабытын түмүгэ хайдах буолуо этэй? Киһи олоҕо оонньуур, көр-нар буолбатах эбээт...

  Дрифт дойдута – Япония. Арассыыйа куораттарыттан Владивосток биир бастакынан бу спорт көрүҥүнэн үлүһүйбүтэ. Тимир көлөнү өрө тутааччылар кураанах аэродромнарга, сырыыта аҕыйах трассаларга тахсар буолбуттара. Маассабай сүгүрүйүү “Форсаж. Токийский дрифт” диэн киинэ тахсыаҕыттан саҕаламмыта диэн көрүү эмиэ баар. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...