14.07.2021 | 14:30

Үтүө санааттан үөрүү, мааны майгыттан астыныы

Ааптар: Наталья Руфова
Бөлөххө киир

Бииргэ буолартан бигэ буолууну, сомоҕолоһууттан күүстээх буолууну бүгүн 13.07.21 Хатас нэһилиэгин олохтоохторо илэ, бу тутан туран биллибит, дьиҥ - чахчы көрдүбүт. Айылҕабыт кэлиҥҥи сылларга үрүҥмүтүн - харабытын быһаарар тоһуурдары, тургутуулары бэрт чаастатык оҥорор буолла... Бүгүн сүүрүк күүһэ даамбабытын алдьатан анараа, бэтэрээ биэрэккэ араарталыы сырытта. 40 тахса массыына анараа биэрэккэ хаалла сырыттылар. Ким сөтүөлүү, сынньана, ким оттуур сирин көрө, от охсо уо.д.а киирэн баран алта чаас саҕана дьиэлэригэр кэлэр суоллара быста сырытта. Олохтоох дьаһалта хаһан да буоларын курдук көмөҕө аан бастакынан Сергей Сергеевич Пимоновы ыҥырбыт. Сергей Сергеевич туох да тоҕото, токоолоһуута суох кэлэн үлэлээмэхтээн баран кыайтарбат эбит диэн өссө күүс наада диэбитигэр ''Прогресс''-тары уонна Александр Павловы көрдөспүттэр. Ыксаллаах балаһыанньаҕа биир биэс тыла суох, бары биир киһи туһугар диэн мээнэ этиллибитэҕин туоһута буолан сүҥкэн улахан кыахтаах техника кэлэн 5 чаас устата биирдэ да тохтообокко үлэлээн биэрэги холбоотулар! Дьэ бу буоллаҕа дии дьон туһа диэн эйиэнэ, миэнэ диэн араарсыбакка, эппиэти эрэйбэккэ, харданы күүппэккэ дьиҥ ис санааттан үтүө быһыы-майгы чаҕылхай туоһута, бу буоллаҕа хорсун быһыы, үтүө санаа холбоһуута.


Кинилэр кимнээҕий?
Павлов Александр Михайлович
Пимонов Сергей Сергеевич
Петров Илья Николаевич
Пинигин Вадим Яковлевич 
Саргылан Ноговицын, Протодьяконов Андрей, Тистяхов Гаврил.
Истиҥ, сэргээҥ, ааҕыҥ, киэн туттуҥ, махтаныҥ, кэпсээҥ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...