«Үтүө санаа харыйата» оҕолор баҕа санааларын толорор
Сэтинньи 21 күнүттэн Дьокуускай куоракка сыл аайы ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Үтүө санаа харыйата” аахсыйа саҕаланна уонна ахсынньы 31 күнүгэр диэри салҕаныаҕа.
Оҕолор баҕа санааларын толорор харыйалар киин куорат “Бубль Гум” (Кальвица уул., 14/5 уонна Дзержинскэй уул., 71) уонна “Хозмаркет” (Чернышевскай уул., 107/1) маҕаһыыннарыгар туруохтара.
Урукку сыллартан уратыта диэн быйыл оҕо дьиэлэрин уонна коррекционнай оскуолалар иитиллээччилэригэр эрэ буолбакка, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар бэлэх оҥоруохха сөп. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын салайааччыта Георгий Михайлов иһитиннэрдэ.
Аһымал аахсыйаҕа ким баҕалаах кыттар. “Үтүө санаа харыйатыттан” оҕо аата суруллубут аккырыыкканы талан ылан, кини баҕа санаатын толоруоххутун сөп.
Оҕолору үөрдэр, дьоллуур аахсыйа аан бастакытын 2015 сыллаахха оччолорго куорат баһылыга Айсен Николаев уонна “Город добра” уопсастыбаннай түмсүү көҕүлээһиннэринэн ыытыллыбыта. 2019 сылтан бүтүн өрөспүүбүлүкэни хабар. Былырыын тулаайах оҕолорго уонна коррекционнай оскуола иитиллээччилэригэр 900-тан тахса бэлэх оҥоһуллубута.