09.12.2020 | 09:04

Төрдүс төгүллэрин бастаатылар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ Арассыыйа түһүлгэлэригэр Саха сирэ аатырда аҕай. Икки олимпийскай көрүҥҥэ лидердэрбит Сардаана Трофимова марафоҥҥа, Василий Егоров боксаҕа итинник улахан күрэхтэһиигэ төрдүс төгүллэрин иннилэрин биэрбэтилэр. Уонна мас тардыһыытыгар  Арассыыйа мэтээллэрин аҥаарын кэриҥин хомуйдубут. Бэйэбит национальнай көрүммүтүгэр бу сырыыга кыһыл көмүс мэтээл элбэх региоҥҥа барда. Ити биир өттүнэн киэҥ эйгэҕэ тарҕанара үчүгэй курдук. Иккис өттүнэн кэлин, инники миэстэлэргэ тахсыы уустугурууһу. 

Василий Егоров

Оренбурга боксаҕа Арассыыйа чемпионата сэтинньи 27 күнүгэр аһыллан, ахсынньы 5 күнүгэр түмүктэннэ. Итиннэ 309 кыттааччы бары хорсуннук кэннилэринэн тэйбэккэ кыайыыга дьулуурдаахтык кииристилэр. Саха сирин оскуолатын иитиллээччилэрэ да хаалсыбатылар. Буолумуна, спорт бу көрүҥэр бириистэрэ мэлдьи улахан. Хас киирсиилэрэ онлайҥҥа уонна ТВ хас да ханаалыгар быһа бэриллэр, ютуб архыыбыгар ууруллар. Оннукка эр дьон элээмэлэрэ, ама, ыалдьары билиммэккэ,   туох баардарынан түсүһэллэр. Бу сырыыга бастаабыттарга  500тыһыынча солк уонна “КИА Рио”массыыналар күлүүстэрэ туттарыллыахтара диэн эрдэ биллэриллибитэ. Призердарга, чемпиону бэлэмнээбит тренердэргэ манньа эмиэ ботуччу. 

Ол эрээри биирдэ хотторбут туоруур, 10 ыйааһыҥҥа соҕотохтуу эрэ киһи пьедестал үрдүкү үктэлигэр тахсар. 

Үгүспүт Европа икки төгүллээх чемпиона, аан дойду иккис призера, олимпийскай эрэлбит Василий Егоров балаһыанньатын тупсарыан баҕарара биллэр. Кинини саамай кыра ыйааһын 49 кг. олимпийскай программаттан тахсыбытынан, былырыын 52 кг. көһөрөргө быһаарбыттара. Онно даҕаны Арассыыйа боксатын саҥа салайааччылара Василийга эрэнэллэрин биллэрбиттэрэ. Бэйэтиттэн ыарахан утарсааччылары кыайара уонна маҥнайгы нүөмэргэ тута тахсара уустуга сэрэйиллэрэ. Онно күүһүн уонна ыйааһынын эбэргэ, эрчиллиитин, тактикатын уларытара эрэйиллэрэ. Былырыын аан дойду чемпионатыгар туораабыта уонна Арассыыйаҕа иккис буолбута. Быйыл үс күрэхтэһиигэ хотторботоҕо үөрдэр.  Хельсинкигэ турнирга, Ижевскайга дойду кубогар кыайыылары уопутунан, маастарыстыбатынан баһыйталаан ситиспитэ. Бу сырыыга Оренбурга саҥа ыйааһыҥҥа оннун-олоҕун булан эрэрин көрдөрдө. Комментатордар бастакы эргииргэ 5-10 да рауҥҥа сылайыа суох диэн этиилэрин хас киирсиитин үрдүк тэтимҥэ тута сылдьыыта бигэргэттэ. Сутуруга ыараабытын биллэрдэ. Төһө да утарсааччылара киниттэн быдан балыстарын үрдүнэн, 27 саастаах спортсмеммыт айылҕаттан уонна үөрэнииттэн ылбыт түргэнэ,  атаҕынан киирэрэ-тахсара, илиитэ биирдии охсуунан ыраахтан элээрдэн кэлэрэ, уҥатынан-хаҥаһынан субурутара  лаппа көмөлөстө. Түөртэ рингэҕэ тахсыытыгар  төрдүөннэригэр судьуйалар бука бары биир санаанан киниэхэ кыайыыны биэрдилэр. Ол эрээри хас киирсиилэрэ чэпчэкитэ суох буолла. Барытыгар өйүн-санаатын, тулуурун-дьулуурун  сөпкө  аттаран боксаласта.

Бастакы эргиир. Биһиги Уһук Илин федеральнай уокурукпут чемпионун, “А” таһымнаах турнирдары кыайан, олорго бастыҥ боксерунан ааттаммыт, бурят Баир Батлаевка хаста да күүстээх табыылары оҥордо. Бастакы сынньалаҥ кэмигэр убайа спорт маастара сотторунан сапсыйа туран:”Тэтимҥин өссө эбэн биэр”, – диирэ иһилиннэ. Ити сорудаҕы толоруутуттан бурят күүскэ таптарара элбээтэ. Василий кинини биирдэ охторбутун нокдаунунан билиммэтилэр. Ол кэннэ иккитэ дөйүтүүтүгэр ахсааннары дьэ аахтылар. Итиннэ ситэ быһа кыайар түгэн баарын туһанарга дьулуста да, уола тулуйда. Үһүс рауҥҥа киһим сиппэт буолла дии санаата быһылаах. Наһаа сэниэтин бараабакка кэтэһэ сылдьан быһыта сынньыталаата.  

Финал чиэппэригэр Арассыыйа былырыыҥҥы боруонса призера Максим Стахеевы (Челябинскай), ол кэннэ 19 саастаах, москвич  Артур Нагапетяны хас рауннар аайы лаппа баһыйталаата.

Финалга тэтимнээхтик үүнэн эрэр дойду эдэрдэргэ түһүлгэтин кыайыылааҕын кытта таҕыста. Кэскиллээҕин очкуо биэриэ диэн суоттаан хамаандалар: Крым уонна Новосибирьскай былдьаһан иккиэннэрин аатыттан киллэрдэхтэрэ. 22 саастаах Ахтем Закиров төһө да эдэрин иһин биһиги киһибитинээҕэр иккинэн элбэх (158) кыайыылаах. Василий Ижевскэйгэ кинини баһыйа туппута. Бу сырыыга уола анаан бэлэмнэммит аҕай. Полуфиналга Арассыыйа икки төгүллээх чемпионун, Крым ааттааҕын Вадим Кудрякову кыайдаҕа. Лидердэри оннук үөрэтэллэрэ биллэр. Онон даҕаны Арассыыйа былырыыҥҥы чемпионатыгар Василийбытын кыайан бастаабыт, дагестанец Расул Салиев адьас да маҥнайгы эргииргэ туораатаҕа.

Ахтем уҥуоҕунан Василийтан да арыый намыһах, көрүҥүнэн халыҥ, ханнык да охсууну тулуйар чинчилээх, эрчимнээхтик киирэ турар.  Бастакы сынньалаҥ кэннэ, иккис түһүмэх саҥатыгар  төбөлөрүнэн утары харсыстылар. Василий сүүһүн уҥа өттүн үрдүнэн дьүккүрүйдэ. Сирэйигэр хаана саккырыы сылдьар буолла. Рефери сотору–сотору киирсиини  тохтотон врачка ыыта турда. Эбиитин утарсааччыта ол эчэйиитин бултаста. Кыайар туһугар кэрэйбэтэ. Врач устан кэбиһэрэ буолуо диэн сүрэхпит быллыгырыы олордо. Врач сырыы аайы баатанан сото-сото маастаан, эмтээн-томтоон, рингэ ортотугар эргиллэрин көҥүллээн истэ.  

Судьуйалар Василий инники киирсиилэригэр курдук бу да сырыыга бука бары 5:0 биэрдилэр. Онон хаана да тохтон туран түмүккэ диэри сэрии хорсун боотурун курдук кииристэ. Бу хапсыһыыны Ютубка “Саамай кытаанах уонна чаҕылхай киирсии” диэн ааттаан таһаардылар.

52 кг. урукку лидердэрэ Василийга тиийбэккэ эрдэ туораатылар. Онон кулун тутарга ыытыллыахтаах Европа чемпионатыгар кыттарга эрэлбит улаатта. Онно икки миэстэҕэ олимпийскай лицензиялаах түһүлгэҕэ Кыргызстаҥҥа эрчиллэр түмсүүгэ ким ордук бэлэмнээҕэ хамаандаҕа киириэ диэтилэр. Күөһү эрдэ өрүнэр табыллыбат. Дьаҥтан мэһэйдэппиттэр, эдэрдэр эр ылан, тыыллан-хабыллан туруохтарын сөп. Расул Салиев Лондонтан лицензиялаах турнирга хотторон кэлбитэ. Путевка тустууга дойдуга, оттон боксерга тус бэйэлэригэр бэриллэр. Баран ылан кэбистэр Токиоҕа эрдэттэн анаан бэлэмниэ этилэр. Хас да тренери сурунара: Саха сирин сэргэ Москва уобалаһын чиэһин көмүскүүрэ үчүгэй. Хардарыта күүс-көмө буолаллар.    

Бириистэри Василий Егоровка бэйэтин  суолунан баран иһээччигэ олимпиада, аан дойду  призера Георгий Балакшин туттарбыта уонна чемпионскай куру, мэтээли кэтэппитэ көрүөххэ астык. Василий бу кыайыытын соторутааҕыта олохтон кыһыылаахтын туораабыт Артур Иннокентьевич Пахомовка  анаан, киниэхэ анаан биир мүнүүтэ чуумпурууну сүгүрүйүү биллэрии, уолаттар тренердэрин ааттатта.  

Сардаана Трофимова

Ааспыт өрөбүлгэ марафоҥҥа Арассыыйа чемпионата Сочи Олимпийскай пааркатын «Автодром» диэн ааттаах трассатынан ыытылынна. Формула-1 күрэһигэр анаан тутуллубута, онон саамай тэҥ, дэхси суоллаах. Күн сылаас, сүүрэргэ табыгастаах буолла диэтилэр. Старка биллиилээх  идэтийбит  атлеттар бары кэриэтэ бааллар. Бастаан дьахталлары ыыттылар.

Бастаан Сардаананы кытта алта сүүрүк тилэх уопсуох, тэҥҥэ тутуһуох курдук түһүстүлэр. Өр буолбата кыыспыт инники чорбойон  сүүрүүнү баһылаата, трасса былаһын тухары дьахталлартан аттар атан барда. Этэргэ диэри бириэмэни эрэ кытта сырыста. Комментатордар Алла Глущенко уонна Константин Кан сотору-сотору  Сардаана кэрэ аатын ааттаан, кинини олус  сиһилии, үтүө санаалаахтык, истиҥ сыһыаннаахтык кэпсээтилэр: «Сардаана Москва марафонун кэнниттэн бэйэтэ этэринэн, түргэник, үчүгэйдик оннугар түспүт.  Тренеринээн бэлэмнэрин саталлаахтык туруорбуттар уонна олус чопчутук графигынан сүүрдэ».

16 км 800 м кэрдиискэ Сардаана иккис иһээччиттэн 50 сөк, чорбойбута. Трасса ортотун диэки номнуо  2 мүн 20 сөк. аппыта.

Түмүгэр кини – 2 мүн 27,07 сөк. уонна олимпиада норматива  баар!

Финиш кэннинээҕи интервьютугар Сардаана: «Миэхэ саамай сүрүнэ – олимпийскай норматив толоруу, тоҕо диэтэххэ, Москватааҕыга миэнин аахпатахтара. Ахсынньыга биһиэхэ күрэхтэһиилэр суохтар, онон икки марафону биир сезоҥҥа сүүрдүбүт. Тренербэр олус эрэнэбин, соругум – кини тугу этэрин толоруу. Күн-дьыл туран биэрдэ, суолбут дэхси, сүүрэргэ наһаа табыгастаах”. GPS километраһа 21-с километрга графигыттан атыны көрдөрөн соһуппут. Онуоха тренерэ чуолкайдаан эппититтэн икки-хас сөкүүндэнэн нормативка киирэр  курдук түргэнник сүүрбүт. 

Олимпийскай стадиоҥҥа Формула-1 трассатыгар сорох өттүгэр электрониканы  иһиллибэт гыналлар, онон GPS тохтуон сөп эбэтэр сыыһа километраһы көрдөрөр эбит.

Сүүрүү 55-с мүнүүтэтиттэн Сардаанаҕа капюшоннаах кууркалаах, 49-с нүөмэрдээх эдэр киһи куодарыспытын, илин-кэлин ойоҕоһуттан куйбаҥнаабытын кыыспыт мэһэйдэтэрдии, оччо сөбүлээбэтэхтии туттунна. “Туох абааһы буулаата, конкуреннар анаан оҥорбут былааннара дуу?” дии санаатыбыт.  Комментатордар биллэрбиттэринэн, ити испиэһэккэ официальнайдык киллэриллибит  спортсмен диэтилэр... Кэлин чатка аатын суруйбуттара – Максим Коваленко.

Сүүрэр бөлөҕү тимир аттаах дьон сотору-сотору суолга киирэллэрин уонна биһиги кыыспытын харгыстыыллар диэн эмиэ сөбүлээбэтибит. Сардаана иккис эргииргэ көрсүбүт  пейсмекерыгар Логиновка ыалдьааччыларыгар махтанар. Сардаанаҕа оннооҕор ситэн ааһар эр дьоно бэрткэ сүүрэриттэн үөрэллэр.

Ити курдук мэһэйгэ, үөрүүгэ аралдьыйбакка, биһиги уһун тыыннаах быһыйбыт былааннаммыт сүүрүүтүн тэтимин ыһыктыбакка утарсааччыларыттан инники сылдьыбытынан, биэтэккэ бастакынан кэлэн өрөспүүбүлүкэбит былааҕын өрө туппутуттан астынабыт, киэн туттабыт.

Сардаана уонна Татьяна Юрьевна Арассыыйа чемпионатыгар төрдүс кыайыыларынан эҕэрдэлиибит! Билигин сүүрүк кыыспыт уонна тренерэ Татьяна Юрьевна Жиркова сүрүн сыаллара – Япониятааҕы Олимпиадаҕа киирии. Арассыыйа хамаандата Оонньууларга кыттара биллибэт, оттон дойдубут уон спортсменыгар эрэннэриллибит нейтральнай статус 2021 с. муус устарыгар көҥүллэнэрэ саарбах, диэн МОК биллэрбитэ. Ол эрээри, хайдах да буолбутун иһин, биһиги  Сардаанабыт Саппоро куорат трассатыгар  олимпийскай марафоҥҥа  саха кэрэ аатынан дойдутун дьоһуннук биллэрэллэригэр ыралыыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....