12.02.2020 | 11:49

Төрүт үгэһи тумнумуоҕуҥ, өбүгэ дьарыгын умнумуоҕуҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бары билэрбит курдук, Сахабыт сиригэр уолаттары туспа үөрэтии Уус Алдан улууһун “Уолан” гимназиятыттан саҕаламмыта. Оччолорго үөрэх хайысхатыгар бу саҥа сүүрээни бары да биһирии истибит буолуохтаахпыт.

Олохпут сайдыыта уларыйан эбитэ дуу, ол эбэтэр арҕааҥҥы култуура мөкү сабыдыала олохпутугар өтө киирэн дуу, кэнники кэмҥэ “ньарымсыйбыт” уол оҕо элбиир туруктаах. Ол сыалтан, уол оҕо дойдутугар чугас, күүстээх санаалаах аҕа баһылык буола улаатыахтаах диэн санаанан салайтаран, оҕону иитиигэ төрөппүт судаарыстыбаҕа сэлээннээбэккэ, бэйэтэ иитэр ньыматын тобулара тоҕоостоох. Уол оҕону аҕа, кыыс оҕону ийэ буоларга олох кыратыттан ииттэххэ, олоххо бигэтик тирэнэригэр олук ууруллар.

                     “Барҕа”  социальнай суолталаах бырайыак

Бүгүҥҥү “Эр Бэрдэ” балаһаҕа сонун бырайыак саҥа саҕалааһынын билиһиннэрэбит.

   Бу уол оҕону иитиигэ анаммыт социальнай суолталаах бырайыак этнопедагогикаҕа, этнокултуураҕа тирэнэн, былааннаах үлэни ыытар. Бырайыак сүрүн сыалынан өбүгэ  саҕаттан бэриллэн кэлбит төрүт үгэспитин үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдии буолар. Туох кистэлэ кэлиэй, билиҥҥи олоххо үгүс уол оҕо аҥаардас ийэҕэ иитиллэр.

“Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинигэр ааспыт 2019 сыл алтынньы ыйыттан уолаттарга аналлаах “Барҕа” дьарык нэдиэлэҕэ үстэ ыытыллар.  Манна 10-тан 14 саастарыгар диэри 17 уол дьарыктанар. Бу сылга биэс төгүл айылҕаҕа тахсыылаах култуурунай-чэбдигирдэр тэрээһиннэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа, Балыктаах, Аллараа Бэстээх нэһилиэктэригэр ыытыллаллара былааннанар. Манна куорат уонна тыа сиригэр олорор уол оҕо аҕатын кытта кыттар сонун тэрээһиннэрэ буолуохтара. “Арчы Дьиэтигэр” дьарыгы бу бырайыак ааптардара фольклорист, этнопедагог Дорҕоон Дохсун Ворогушин уонна “Арчы Дьиэтин” методиһа, фольклорист, этнопедагог Анна Андреевна Холмогорова салайан үлэлэтэллэр. Бырайыагы Мэҥэ Хаҥалас Майа нэһилиэгин дьаһалтата, “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Төлкө” чөл олоҕу тарҕатар уопсастыбаннай тэрилтэ сүрүннүүр.

                       Уолаттарга аналлаах «Барҕа” дьарык

 Анна Андреевна Холмогорова, Арчы Дьиэтин” методиһа, фольклорист, этнопедагог, “Барҕа” бырайыак ааптара:

- Үлэбит сүрүн хайысхата “Сарыал хамсаныыта” диэн Тэрис оҥорбут, сааһылаабыт төрүт хамсаныыларынан тирэх оҥостон, уол оҕону эт-сиин өттүгэр эрчийэн дьарыктааһын буолар. Ону сэргэ,  Мандар Уус “Оһуор тыла – Айыы тыла” үөрэҕинэн сирдэтэн оҕолор оһуор тылыгар үөрэнэллэр. Ол быыһыгар сахалыы толкуйдарын сурукка-бичиккэ суруйаллар. Кылгастык быһаардахха, оҕолору ис кыахтарынан хамсаныы, оһуор, сурук-бичик, ааҕыы көмөтүнэн дьарыктааһын буолар. Маны таһынан өбүгэ төрүт үгэһигэр олоҕуран, саха фольклорун үөрэтэллэр.

                     “Мин сахабын” диэнин уһугуннарар                             

Дмитрий Артемьев –Кулан, алгысчыт:

- Биһиги Артемьевтар дьиэ кэргэн үс уоллаахпыт. Онон, аҕа киһи буоларым быһыытынан, уолаттарбын сахалыы эйгэҕэ чугаһата сатыыбын. Сайын тыаҕа тахсан оттоон, хайаларга сылдьан, кыһын чааһынай дьиэҕэ олорорбут быһыытынан дьиэ ис-тас үлэтигэр кыттыһыннаран, уол оҕо буһарыгар-хатарыгар болҕомтобутун уура сатыыбыт. Былырыын, орто уолбут 14 сааһын туолуутун саҕана, Дорҕоон Дохсун, Надежда Идэлги Хаҥалас сиригэр лааҕыр тэрийэллэрин туһунан истибиппит. Оруобуна уол оҕо бу сааска уопсастыбаҕа тахсар, дьону кытта алтыһан, бэйэтин “бу мин” диэнин булунар кэмэ. Ол иһин бу сааска дьон ортотугар сылдьан ийэ-аҕа көрүүтүттэн тахсан, арыый даҕаны эр киһи эйгэтигэр эриһэн, улаатар, сайдар кэмэ диэн  өйдөөн, Дорҕоон Дохсуну кытта билсэн, уолбутун ол лааҕырга уон хонукка ыыппыппыт. Уолбут куорат эйгэтигэр иитиллибит, улааппыт оҕо буоллаҕа.  Бу лааҕырга сылдьан, аҕыйах хонук иһигэр өйө-санаата уларыйан кэлбитэ. Дорҕоон үөрэтэр ньыматын бу айылҕа билиилэрин дьүөрэлэһиннэрэн, оҕолорго олус тиийимтиэ гына дьайарын  биһиги дьиэ кэргэн биһирии көрбүппүт. Ол иһин билигин “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинигэр уолбут салгыы “Барҕа” дьарыкка тыл-өс, эт-хаан өттүнэн дьарыктана сылдьар. Кистэл буолбатах, 2-с №-дээх оскуолаҕа, национальнай гимназияҕа оскуола үөрэнээччилэрэ, үксүлэрэ бэйэлэрин икки ардыгар нууччалыы кэпсэтэллэр.

  Бу сахалыы дьарыкка Дорҕоон Дохсун үөрэҕэ, кини оҕоҕо биэрэр билиитэ, мин көрдөхпүнэ, “Мин сахабын” диэнин уһугуннарар.  Омук быһыытынан атын омуктартан итэҕэһэ суохпун диэн, оҕону бэйэтин тылын-өһүн, өбүгэтин үгэһин ытыктыыр гына иитэн таһаарара, оннук тыыны биэрэрэ билиҥҥи кэмҥэ олох сэдэх көстүү диэн мин көрөбүн. Биһиги дьиэ кэргэн Дорҕоон Дохсуҥҥа махталбыт улахан. Уолбут улаатан, бэйэтин булунар кэмигэр  кинини көрсүбүппүтүн улахан табыллыынан ааттыыбыт. Оҕобут этэҥҥэ сырыттар диэн баҕа санаалаахпыт.

Иван Петрович Тарасов, Саха араадьыйатын редактора:

- Мин уолум Кеша бу күһүҥҥүттэн “Барҕа” дьарыкка сылдьар. Дорҕоон Дохсуну кытта билсибитим син балачча буолла. Араадьыйаҕа үлэлиир буоламмын, иллэрээ сыл “Эр Хоһуун” диэн биэриигэ ыҥыран, ыытар үлэтин-хамнаһын кэпсээбитин истээччилэр бэркэ сэҥээрбиттэрэ. Ол кэпсэтии кэнниттэн биир эмит уолбун киниэхэ үөрэттэрбит киһи диэн баҕа санаалааҕым. Бэйэм түөрт уоллаахпын. Улахан уолум кини ыытар дьарыгар сөбүлээн сылдьар. Урут оскуолаҕа үөрэнэрбит саҕана “Үрүҥ Уолан”, “Кыыс Куо” национальнай култуура уруоктара бааллар этэ. Ол уруоктар билигин суохтар. Дорҕоон Дохсун үөрэтэр ньыматын биһирээммит, уолбут киниэхэ дьарыктана сылдьарыттан астынабыт. Биһиги дьиэбит иһигэр бары төрөөбүт тылбытынан кэпсэтэбит. Оҕолорбут сайынын эһэлээх эбэлэригэр тыа сиригэр тахсан оттууллар, мастыыллар, айылҕаҕа сылдьан сир аһын хомуйаллар. Төһө да куоракка көһөн кэллэрбит, саха ыала дэнэбит. Сахалыы кэпсэтэр, толкуйдуур буоллаххына, атын омуктары кытта тэҥҥэ аһаҕастык кэпсэтэ, бэйэҥ санааҕын сайа этинэр киһи буолаҕын. Хас биирдии киһи ийэ тылын билиэхтээх, ааҕар-суруйар буолуохтаах. Миигин эһэлээх эбэм төрөөбүт төрүт тылбын ытыктыырга үөрэппиттэрэ. Ол ситими быспакка, уолаттарбын өбүгэ үгэһигэр тирэҕирэн үлэҕэ, дьону кытта алтыһыыга, сахалыы толкуйдуурга иитэбит. Саха киһитэ сис мэйиитэ үчүгэйдик үлэлиэхтээх. Ийэ тылын билэр, сахалыы толкуйдуур буоллаҕына, киһи быһыытынан күүскэ сайдан, аныгы олох ирдэбилигэр сөп түбэһиэхтээх. 

                     “Төлкө” хамсааһын уол оҕону иитиигэ

Ангелина Николаевна Говорова, Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Балыктаах орто оскуолатын учуутала:

- Түргэн тэтимнээх сайдыылаах олоххо олоробут диибит. Күннэтэ араас суол, үтүө да, куһаҕан да өрүттэр биһиги үүнэн эрэр ыччаппытын үөһээ-аллараа түһэрэллэр, таһаараллар. Быһатын эттэххэ, мунаарыы элбэх. Ол сыалтан биһиги “Төлкө” эр дьон уопсастыбаннай хамсааһынын кытта сибээс олохтообуппут. 2011 сыллаахха Анна Андреевна Холмогорова ыҥырыытынан Аллараа Бэстээххэ баран “Тыл хоһууна” аан бастакы бырайыагар кыттан бастаабыппыт. Бырайыак ааптарын Дорҕоон Дохсуну онно маҥнай көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы кинилэр тэрээһиннэригэр кыттабыт.

 Мэҥэ Хаҥалас Балыктаах орто оскуолатын тыл учууталлара Анна Филаретовна Бурнашева, Ангелина Николаевна Говорова, Сардана Степановна Молукова, Күннэйэ Николаевна Цыпандина өр сылларга  “Төлкө” уопсастыбаннай түмсүүнү кытта ыкса ситимнээх үлэлээн кэллибит. Кинилэрдиин бииргэ буолуу суолунан улаатан эрэр уолаттары ийэ тылга, төрүт үгэскэ, дьарыкка, бэйэҕэ эрэллээх, толкуйдаах, тобуллаҕас буоларга уһуйуу буолар.

 Төлкөлөр ыытар тэрээһиннэрэ интэриэһинэй, сүдү суолталаах, киэҥ ис хоһоонноох. Түөрт тэрээһини чорботон бэлиэтиэ этибит: Тыл хоһууна, Улуу Ил күнэ, Боотур омооно, Төлкө ыһыаҕа. Бу сыллата ыытыллар күрэхтэр, тэрээһиннэр улаатан эрэр уолаттары биир сомоҕо буоларга, төрөөбүт дойдуну, ийэ тылы таптыырга уһуйдулар, оҕолору салайар дьоҥҥо санаа салҕаатылар, үөрэтэргэ, уһуйарга үтүө холобурга угуйдулар. “Төлкө” түмсүү эр дьоно бары да бэйэлэрин дьыалаларыгар бэриниилээхтэрин, муударайдарын, төрөөбүт дойдуларын, кэнэҕэс ыччат олоҕун, дьарыгын туһугар ис дууһаларыттан кыһамньылаахтарын бэлиэтиибит. Уонна салайааччыларыгар Иван Иванович Румянцевка, Анна Холмогороваҕа, Дорҕоон Дохсуҥҥа, Олег Сергучевка дириҥ махталбытын тиэрдэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....