13.07.2022 | 12:16

Төрүт ас – төрүт үгэс, төрүт үгэс – норуот баайа

Төрүт ас – төрүт үгэс, төрүт үгэс – норуот баайа
Ааптар: Наталья Руфова
Бөлөххө киир

От ыйын 11 күнүгэр Хатастааҕы «Тускул” Култуура киинигэр өссө биир түмсүү баар буолла. “Төрүт ас” диэн ааттаах саҥа түмсүү салайааччытынан Александра Михайловна Мокрощупова ананна.

Александра Михайловна өр сылларга саха тылын, литературатын учууталынан таһаарыылаахтык үлэлээн кэллэ. Бу үлэтин кини аҥаардас тылга-өскө эрэ сыһыаны кытта ситимнээбэт, ыччаты сиэргэ-туомҥа, сахалыы сатабылга үөрэтиигэ киэҥ хабааннаах үлэни ыытар. Ол курдук, кини салайбыт кылааһын оҕолоро (хас да көлүөнэ) сахалыы аһы, астааһыны сурах хоту буолбакка, этэргэ дылы, эт илиилэринэн тутан-хабан билэллэр. Онон кини бу түмсүү нөҥүө нэһилиэнньэҕэ, ыччакка, эдэр ыалларга төрүт ас туһатын, наадалааҕын, тоҕоостооҕун тиэрдэр сыаллаах-соруктаах.

Түмсүүгэ бу хайысхаҕа интэриэстээх дьон сонно тута көстүбүттэрэ биһигини, тэрийээччилэри, үөртэ, сүргэбитин көтөхтө. Түмсүүбүт быйыл төрөөбүтэ 90 сыла буолбут элбэх оҕолоох ийэ, төрүт аһы, төрүт үгэһи ийэтин эмиийин үүтүн кытта иҥэриммит, ол туһугар элбэх үлэни ыыппыт, “Алгыс” бэтэрээннэр кулууптарын төрүттэспит Мария Илларионовна Харлампьева аатынан буолуо. Манна даҕатан эттэххэ, Александра Михайловна ийэтэ кинилиин эт саастыы уонна истиҥ дьүөгэлии эбиттэр. Дьылҕалара да майгыннаһарга дылы. Иккиэн оҕо сылдьан элбэх оҕолоох буола оонньууллар эбит, иккиэн оҕолоро Хатас сиригэр кэлэн олохсуйан, силис-мутук тардан, дьиэ-уот туттан олороллор. Бу да түгэҥҥэ иккиэннэрин кыргыттара түмсүү маҥнайгы тэрээһинигэр сүүрдүлэр-көттүлэр.

Мария Илларионовна кыыһа Татьяна кииһилэни үргэстэ, утаҕы оҥоруста. Татьяна бииргэ төрөөбүттэрин кытта Хатаспыт ыһыаҕар ийэлэрин аатынан бирииһи олохтоон, нэһилиэк дьонун сэргээһинин-кэрэхсээһинин ылыахтарын ылбыттара.

Саҥа тэриллибит «Төрүт ас» түмсүү төгүрүк сыл дьыл кэмин хардыытынан араас аһы-үөлү астаан көрдөрүөҕэ, хаһаас-уурунуу хайдах бэлэмнэнэрин кэпсиэҕэ.

Бастакы тэрээһин кииһилэттэн утах оҥорууну көрдөрүүттэн, кэпсээһинтэн саҕаланна. Быйыл халаан уута орто үүнүү баайыыта буолла диэн сыаналаммыта, дьэ, кырдьык эбит диэн үөрэ-көтө кэпсээтэ түмсүү чилиэнэ Татьяна Рожьевна Абрамова. От үүнүүтэ өлгөм, сибэкки арааһа элбэх, кииһилэ олох бэркэ үүммүт.

Киһи сэргиирэ, үөрэрэ диэн, Александра сиэн кыыһа Лиля Мокрощупова Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын оскуолатын орто сүһүөх кылааһын үөрэнээччитэ бу утаҕы бэлэмнээһин түһүмэхтэрин олох үчүгэйдик билэр уонна киһиэхэ тиийимтиэ гына уу сахалыы кэпсиир эбит. Ол курдук, кииһилэни алааска киирэн үргүүр ордугун, сууйарга оргуйбут муустаах уунан туттар наадатын, мясорубкаҕа эрийтэрэр дуу, илиинэн кырбыыр дуу ордугун, төһө саахары кутары барытын кэпсээтэ. Аны ааттыын аһыы кииһилэ куртах, оһоҕос үлэтин күүһүрдэрин туһунан киһи эрэ барыта билбэтин биллибит. Ити курдук кииһилэбит өҥнүүн-дьүһүннүүн, амтанныын омук дойдутуттан кэлэр киви аска майгынныырын, онтон ордук туһалаах да эбитин биллибит.

Түмсүүбүт аныгыскы тэрээһинигэр Анна Ионовна Копырина үөрэ отун туһунан кэпсиэҕэ көрдөрүөҕэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, Хатаска түөлбэнэн үлэ чэрчитинэн “Тумата суох ас”, “Байанай бэлэҕэ”, “Тэлгэһэм эмтээх ото” уо.д.а атын тэрээһиннэр дьиҥ-чахчы саха норуотун үгэстэрин үөрэтиигэ, билиигэ тирэҕирэн тахсыбыттара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...