09.03.2023 | 14:00

Төрүт ас — чөл турук акылаата

Төрүт ас — чөл турук акылаата
Ааптар: Галина СПИРИДОНОВА
Бөлөххө киир

СӨ Ил Дарханын 2021 сыл кулун тутар 31 күнүнээҕи 1782 №-дээх «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр нэһилиэнньэ доруобуйатын бөҕөргөтүү сүрүн хайысхаларын уонна доруобуйа харыстабылын эйгэтин сайыннарыы туһунан» ыйааҕынан 2021-2030 сылларга Саха сиригэр Доруобуйа уон сыла биллэриллибитэ. Итиэннэ Ил Дархан 2000 сыл тохсунньу 17 күнүгэр тахсыбыт 945 №-дээх ыйааҕынан Саха сиригэр олунньу ый бүтэһик өрөбүлүгэр Доруобуйа күнэ олохтоммута.

Бу ыйаахтар чэрчилэринэн өрөспүүбүлүкэ үгүс муннугар уонна Дьокуускай куоракка Доруобуйа күнүгэр аналлаах элбэх тэрээһин буолан ааста. Ол иһигэр Хатас бөһүөлэгэр өрүү буоларын курдук ураты тэрээһиҥҥэ ыалдьыттаатыбыт. Ол курдук, “Тускул” Култуура киинигэр “Чөл турук – чөл олох тускула” диэн доруобай, чэгиэн-чэбдик буолуу төрүт астан саҕылларын сэһэргиир, көрдөрөр тэрээһини Хатаска ааспыт сайынтан тэриллэн үлэлиир «Төрүт ас» түмсүү далбар хотуттара иилээн-саҕалаан ыыттылар. Итини сэргэ илбииһит, норуот эмчитэ Андрей Васильевич Константинов рефлексотерапия, уйулҕа туруга аһы кытта быһаччы ситимнээҕин туһунан лиэксийэтин мустубут дьон сэргээн иһиттилэр.

От ыйыгар Хатастааҕы «Тускул” Култуура киинин иһинэн Хатас агрооскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Александра Михайловна Мокрощупова салайааччылаах “Төрүт ас” диэн түмсүү төрүттэммитин туһунан биһиэхэ, «Киин куорат» хаһыакка, Хатастан уопсастыбаннай кэрэспэдьиэммит, Хатас уопсастыбаннай олоҕун көҕүлээччитэ Наталья Руфова кэпсээн турар. Даҕатан эттэххэ, ол күнтэн саҕалаан «Төрүт ас» түмсүү алгыстаах алаадьыта суох «Тускул» Култуура киинин биир даҕаны тэрээһинэ ыытыллыбат буолла диэххэ сөп, ордук аам-даам тымныылаах ахсынньы, будулҕан туманнаах тохсунньу ыйдарыгар, кулуупка киирдэххэ, түөрт хобордооҕунан сырылаччы буһа турар арыылаах алаадьы минньигэс сыта дыргыйара хайа да сахаҕа сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр буоллаҕа.

Түмсүү салайааччыта Александра Мокрощупова өр сылларга оскуолаҕа учууталынан таһаарыылаахтык үлэлээбитин тухары саха дьахтарын, ыал ийэтин, эбэтин быһыытынан биир сүрүн болҕомтону ыччаты сиэргэ-туомҥа, сахалыы сатабылга үөрэтиигэ ууран кэллэ. Салгыы саха аһын туһатын, суолтатын туһунан үгүс сылларга мунньуммут билиитин-көрүүтүн, өбүгэ үгэһин утумнуу сылдьар биир дойдулаахтарын уопуттарын «Төрүт ас» түмсүү нөҥүө нэһилиэнньэҕэ, ыччакка, эдэр ыалларга тиэрдэр санаалааҕа кэрэхсэбиллээх. Ол курдук, ааспыт сайын «төрүт астар» оҕолорун, сиэннэрин батыһыннара сылдьан кииһилэ, үөрэ отун хомуйан, утахтан саҕалаан үөрэҕэ тиийэ ас арааһын астаабыттара, оскуола остолобуойун кэпсэтэн, оҕолору кус үргүүргэ, сахалыы лапсалаах кус миинин буһарарга үөрэппиттэрэ, күһүн үрүҥ балыгы тууһаан, идэһэ кэмигэр чоҕочу оҥорон, муҥха ыйыгар собону начыыннаан, хайа баҕар нэһилиэккэ ыччакка өбүгэ ситимин туттарарга үтүөкэн холобур эрэ буолар кэриҥнээхтэр.

Бу киэһэ быйыл төрөөбүтэ 90 сыла буолбут сэттэ оҕолоох ийэ, төрүт аһы, төрүт үгэһи ийэтин эмиийин үүтүн кытта иҥэриммит, ол туһугар элбэх үлэни ыыппыт, “Алгыс” бэтэрээннэр кулууптарын төрүттэспит, хатастар улаханнык билинэр, ытыктыыр киһилэрэ Тааттаттан төрүттээх Мария Илларионовна Харлампьева төрөппүт кыыһа Татьяна Харлампьева мустубут дьоҥҥо «Симии оһоҕос» диэн төрүт аһы бэлэмнээн көрдөрдө, бэйэтэ эрдэ оҥорбут сүөһү тыҥата фарштаах симии оһоҕоһун амсатта. Эксперимент быһыытынан эти хаппыыстаны, хортуоппуйу, минньигэс биэрэһи, риһи даҕаны кытта булкуйан куттахха, ас киэнэ амтаннааҕа буоларын кэпсээтэ. Сүрэхтээх, сатабыллаах киһи оҥорбута-туппута барыта даҕаны минньигэс, тотоойу буоллаҕа эбээт! Онон, дьэ, хаһаайкалар ампаары, холодуоппаны сиппийэр, балкону ыраастыыр, лаары, холодильнигы толорор кэмҥитигэр оһоҕос хаалбытын буллаххытына, симии оһоҕос диэн «сахалыы халбаһыны» оҥостон, дьиэлээхтэргитин күндүлээҥ!

Кэлин куорат даҕаны ыала сарсыарда аайы күөрчэхтэниэн сөп буолла, маҕаһыынтан бэлэм чөчөгөй атыылаһан, ким күөрчэҕинэн, ким миксеринэн ытыйан сиэн, бырааһынньыкка тоҥоруон даҕаны сөп. Онон «Төрүт ас» түмсүү салайааччыта Александра Мокрощупова бу киэһэ күөрчэҕи ытыйыы албастарын туһунан кэпсээбитэ хайа баҕар хаһаайкаҕа туһалаах. Бииринэн, күөрчэхтиир мас тииһэ төһөнөн чааста даҕаны, соччонон түргэнник ытылларын биир бэйэм саҥа билэн сөхтүм. Иккиһинэн, күөрчэх ытыйарга саамай табыгастаах иһитинэн кытыйа буоларын эмиэ саҥа истэн соһуйдум. Кырдьык даҕаны, өбүгэлэрбит кытыйаны анаан-минээн күөрчэх ытыйарга, күүгэнин тутарга диэн кыараан баран кэҥиир айахтаах гына оҥорбуттар диэх курдук. Былыр өбүгэлэрбит күөрчэххэ суорат, иэдьэгэй эбэн, амтанын уларыталлара, элбэтэллэрэ даҕаны үһү. Сарсыарда лэппиэскэлээх күөрчэхтээх суораты сиэн баран күнү быһа тот сылдьаллара, аныгынан, кислород коктейла дэнэр аска хабааннаах буолуох курдук. Оттон тоҥ отон, барыанньа күөрчэххэ амтанын тупсарарга, хойуннарарга, киэргэтэргэ даҕаны табыгастаах. Ытык салааһына – дьэ, бу – саха норуотун биир ураты философията. Ытыгы салыыр, аныгы тылынан эттэххэ, чиэс-бочуот дьиэ кэргэн саамай мааны, күндү, эрэнэр эбэтэр ситиһиилээх киһитигэр тиксэр эбээт! Бу үрдүк үөрүү үксүн даҕаны кыра оҕоҕо тиксэрэ өссө биир суолталаах – оҕо ытыгы салаан, тылын былчыҥнарын сайыннарар.

Түмсүү биир аҕам саастаах чилиэнэ, 84-с хаарын уулларан эрэр Анна Ионовна Копырина бу киэһэ үөрэ отунан бутугас оҥорон көрдөрдө.

Сут-кураан дьылларга өбүгэлэрбит үөрэ ото баар буолан киһи-хара буолбуттара саарбаҕа суох. Мин бачча сааспар диэри үөрэ отун бутугаһын испэтэх күнүм суох. Сайын аайы булгуччу ыраас, тиэхиньикэ сылдьыбат сириттэн хомуйан кэлэбин. Аҕалан 3-4 күн күлүк сиргэ хатарабын уонна, дьэ, кэлиҥҥи кэмҥэ устар кыһыны быһа арааска барытыгар туттабын. Ол биир кэм быраастар бүөргэр таас үөскээбит диэхтэриттэн саҕаламмыта. Биир ый курдук үөрэ испитим кэннэ, УЗИ «тааһыҥ сүппүт» диэн үөрдэн турар. Онон бу от эргиччи эмтээҕэр итэҕэйэн, өбүгэлэрбит мээнэҕэ өрө туппатахтарын өйдөөн, билигин утах, бутугас да оҥостон иһэбин, дьиэни-уоту ыраастыырга даҕаны туһанабын,– диэн кэпсиирин быыһыгар Анна Ионовна дьиэтиттэн эрдэ буһаран аҕалбыт үөрэ отун утаҕын, суораты кытта булкуйан оҥорбут бутугаһын күндүлээбитин мустубут дьон, этэргэ дылы, үөрэ-көтө амсайдыбыт.

Үөрэ бутугаһын күҥҥэ үстэ биирдии ыстакаанынан иһэ сырыттахха, атын элбэх ас наадата суох, ис-үөс даҕаны чэгиэн буолар эбит. Оттон отун ыас курдук ыстаатахха, тиис, миилэ туруга, сол курдук куртах, оһоҕос үлэтэ тупсар дииллэрэ оруннааҕа ханна барыай. 

Ити курдук, ааттыын үөрэ ото, бу санаатахха, саха киһитигэр үөрүүнү эрэ кытта ситимнээх курдукка дылы. Өбүгэлэрбит эмэ-томо суох кэмҥэ аҥаардас отунан-маһынан аһаан, эмтэнэн, бу муус чигди дойдуну иччилээбиттэрин хайдах да итэҕэйимиэххэ сатаммат.

Отунан-маһынан эмтэнии, айылҕаҕа чугаһааһын туһунан бу киэһэ норуот эмчитэ Андрей Константинов элбэҕи кэпсээтэ. Андрей Васильевич Благовещенскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрэн кэккэ сылларга бэтэринээринэн, сойуус ыһыллыбытын, сопхуостар эстибиттэрин кэннэ ИДьМ систиэмэтигэр үлэлээн ааспытын, 8-9 сылтан бэттэх өбүгэ үгэһин тарҕатыынан, норуот медицинэтинэн дьарыктанарын кэпсээтэ. «Төрүт ас» түмсүү ыҥырыылаах ыалдьыта былыргы эмп-томп кэмчи үйэтигэр өбүгэлэрбит айылҕаларын кытта эн-мин дэһэн, куттара бөҕө, эттэрэ-сииннэрэ чиргэл буолан, суостаах-суодаллаах ыарыыларга утарылаһан кэлбиттэрин кэпсиирэ оруннаах. Холобура, бүгүҥҥү тэрээһин сүнньэ буолбут үөрэ ото дьиэни-уоту, ис куту ыраастыырын ааһан, искэн курдук ыарыыга тиийэ көмөлөһөр суолталааҕын эттэ. Ыраас ууну иһэр булгуччулааҕын, ууну чэйинэн, атын утаҕынан солбуйар сыыһатын эмиэ кэпсээтэ. Биир киһи хайдах да итэҕэйимиэн сатаммат холобурунан ууну алҕаан баран иһии туһунан буолла диэххэ сөп. Сибэккигэ ууну алгыы-алгыы куттахха, үүнэн силигилээн тахсарын курдук, киһи эмиэ «дойдум уута эппин-сииммин угуттаа, чөл-чэгиэн туруктаа» диэн истэҕинэ, ханнык даҕаны ыарыыга бэриммэт диэн этиитин кытта сөпсөһүөххэ наада. Оттон бэс, хатыҥ, тиит мастарбыт иннэлэриттэн, сэбирдэхтэриттэн саҕалаан, тэллэйдэригэр, силистэригэр тиийэ эргиччи туһалаахтарын, онон киһи доруобуйатын кэҕиннэрэр эрэ аналлаах кэлии аһы-үөлү, эми-тому бэйэбит айылҕабыт бэлэҕинэн солбуйар ордук барыстааҕын кэпсээбитин бары даҕаны сэргии иһиттибит. Андрей Васильевич итини сэргэ асчыттар тиэмэлэрин салҕаан убаһа таалын эмкэ туһаныыны кэпсээтэ. Ол курдук, анемиялаах дьоҥҥо убаһа таалын бытархай гына кырбаан, тоҥнуу сии сылдьар туһалаах диэтэ.

Ити курдук, төрүс ас, чахчы да, доруобуйа төрдө, чиҥ акылаата буоллаҕа. Онон Хатастааҕы «Тускул» култуура киинин иһинэн «Төрүт ас» түмсүү саамай тоҕоостоох кэмҥэ тэриллибит. Бу уустук кэмҥэ төрүт аспытын эрэ аһаан, салгын куппут саймаархай, буор куппут бөҕө, ийэ куппут сырдык хаалара, доруобай сылдьарбыт чуолкай. Кэлиҥҥи кэмҥэ олус элбээбит саахар диабета, искэн ыарыылара чуолаан төрүт астан тэйии түмүгэ буоларын туһунан үгүстүк суруйан, кэпсээн эрэллэр.

Оргууй аҕайдык сахалыы кэпсэтэ-кэпсэтэ, төрүт аспытын астыахха, доруобай буолуохха!

Татьяна Харлампьеваттан «Симии оһоҕос»

Эйиэхэ наада:

— Сууйуллубут сүөһү оһоҕоһо;

— Эриллибит эт + сибиинньэ сыата;

— Бэйэ сөбүлүүрүнэн туус, тума, луук, чеснок.

Бэлэмнээһинэ: Бэлэм фаршы хаан кутар курдук оһоҕоско симиллэр, баайыллар  уонна хаан курдук ууга эбэтэр духуопкаҕа буһарыллар.

Александра Мокрощуповаттан күөрчэх

Эйиэхэ наада:

— Маҕаһыыҥҥа атыыланар сливки эбэтэр чөчөгөй.

Бэлэмнээһинэ: 25%, 30% сливкини, чөчөгөйү бэйэтинэн ытыйаҕын. 42% сүөгэйи үүтүнэн убатан баран ытыйыллар: 2 остолобуой ньуоска сүөгэй, 1 ыстакаан үүт (маҕаһыын үүтэ барсар). Сөбүлүүргүнэн саахар, отон, барыанньа эбэҕин.

 

Анна Копыринаттан үөрэ бутугаһа

Эйиэхэ наада:

— Икки тутум хатарыллыбыт үөрэ ото;

— 3 л уу.

Бэлэмнээһинэ: Оту 3 л ууга кутан оргутан, сиитэлээн, чэй курдук өҥнөөх утах оҥоробут. Отун бытархай гына кырбаан, суорат эбэн, сэлиэйдээн, бутугас оҥоробут.

Андрей Константиновтан тиит эриэхэтин ностуойа

Эйиэхэ наада:

— тиит мас хаппыт, сымалата көппүт эриэхэтэ;

— үрүҥ арыгы.

Эриэхэни саас баччаларга хомуйуохха сөп эбит. Хомуйан баран арыгы кутан, икки нэдиэлэ хараҥа сиргэ туруордахха, барбыт чэй курдук өҥнөнөр. Маны аһыах иннинэ күҥҥэ үстэ биирдии чаайынай ньуосканан иһэ сырыттахха, сосудтары ыраастыыр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....