12.06.2020 | 08:36

Төрүүр дьиэ “Кыһыл зонатыгар”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Коронавирус хара хамсыгын утары инники кирбиигэ үрүҥ халааттаах аанньалларбыт турдулар. Дьаҥ тарҕаныаҕыттан эмчит киһи суолтата хас да сүүс бүк үрдүү түстэ. Кинилэр эрэ сырдык тыыммытын өрүһүйэр кыахтаахтарын саҥа өйдөөбүт курдукпут.

Сардаана Михайловна ТАКЫРОВА -  Дьокуускайдааҕы клиническэй балыыһа Перинатальнай киинин акушерскай инфекционнай салаатын сэбиэдиссэйэ:

– Коронавирус утары үлэҕэ биһиги муус устар 1-кы күнүттэн холбоспуппут. Төрүүр дьиэ иһинэн 10 куойкалаах обсервация салаатын аспыппыт. Онно тас дойдуттан эбэтэр Арассыыйа кииниттэн кэлбит, ыалдьыбыт дьону кытта алтыспыт, температуралаах, ОРВИ сибикилээх хат дьахталлары киллэрэн барбыппыт.

Муус устарга биир даҕаны анаалыска коронавирус булуллубатаҕа. Бастакы ыалдьыбыт хат дьахтар ыам ыйыгар баар буолбута. Ол аата ыам ыйыттан биһиги отделениебыт “акушерскай инфекционнай салаа” аатын сүкпүтэ. Уопсайа 150 дьахтар сытан ааста. 71 кэрэ аҥаар оҕолонно, ол иһигэр 23 эпэрээссийэнэн, урут эпэрээссийэлээх 1 ийэ, игирэни төрөппүт 1 ийэ бааллар.

Коронавирус диэн бигэргэммит диагнозтаах 11 дьахтар оҕолонно, онтон 6-та кесаревонан, 5 бэйэлэрэ быыһаннылар. Ковидтаах хат дьахталлар ахсааннара билиҥҥитэ 20-ҕэ тиийдэ. Билигин 4 ыарыһах эмтэнэ сытар: 2 коронавирустаабыт дьахтар төрүүр болдьохторун кэтэһэллэр; 1 дьахтар оптуорунньуккка  төрөөн, салгыы инфекционнай отделениеҕа көһөр; 1 коронавирустаах дьахтар оҕолонон баран ыарахан туруктаах сытар.

Үлэбит уруккуттан улаханнык уларыйда. Урут гинекологическай эрэ отделение этибит. Ол базатыгар инфекционнай буолбуппут. Онон кыра да ыйдаах, субу оҕолоноору сылдьар, хат сылдьар кэмнэригэр ыалдьыбыт дьахталлар бары киирэллэр. Биллэн турар, үксэ төрөөрү сылдьар дьахтар. Төрөөн баран эмиэ биһиэхэ сыталлар.

– Пандемия үлэҕитигэр туох саҥаны киллэрдэ?

Отделениебытын “Ыраас зонаҕа” уонна “Кыһыл зонаҕа” араарбыппыт. “Кыһыл зонаҕа” бигэргэммит коронавирустаахтар уонна саарбах диагнозтаахтар сыталлар. Онно үлэлии киирэрбитигэр анал көстүүмнэрбитин кэтэбит.

Отделениебыт уопсай былаанын уларыта тутан, истиэнэлэри көһөрөн шлюз оҥорбуппут. Таҥнар-сыгынньахтанар, суунар, ыраастанар, көстүүмнэрбитин обработкалыыр сир тэриммиппит.

Штаппытын кэҥэттибит. Урут медицинскэй сиэстэрэлэр эрэ үлэлиир буоллахтарына, билигин анал биригээдэ тэрилиннэ. Онно 4 акушер, 3 анестезиолог, 3 анестезиология сиэстэрэтэ уонна 3 эпэрээссийэ мед.сиэстэрэлэрэ киирэллэр, ону таһынан 5 акушер-гинеколог быраас, санитаркалар бааллар.

Үлэлиир усулуобуйабыт барыта тэриллибитэ. Көстүүмнэрбит, респиратордарбыт, эмпит-томпут барыта балыыһа салалтатынан кэмигэр хааччыллар. Чугас дьоммутуттан тэйэн сылдьабыт. Олорорбутугар гостиница биэрбиттэрэ. Аспыт-үөлбүт бэркэ тэриллэр.

Хамнаспытыгар эбии харчыбытын бука бары ыам ыйыгар ылбыппыт.

Үгүс ыарахаттары ыам ыйын саҥатыгар көрсүбүппүт. Тоҕо диэтэххэ, роддом иһинэн аһыллыбыт отделение буолан, уларыйыыны-тэлэрийиини элбэҕи аастыбыт. Быраастар уонна эпэрээссийэ сиэстэрэлэрэ симиэнэлэрин таһынан үлэлээбиттэрэ элбэх. Бастаан каадыр тиийбэт этэ, билигин элбээтибит. Ол эрэн быраастар ноҕуруускалара билигин да баһаам.

 – Дьоҥҥо-сэргэҕэ тугу сүбэлиигин?

Билигин Саха сиригэр коронавирус саамай элбиир кирбиитигэр саҥа кэллибит. Холобур, киин Арассыыйаҕа вирус тарҕаныыта муҥутуур чыпчаалыгар тиийэн баран түһэн эрэр. Оттон биһиэхэ бу вирус хойут кэлбитэ, онон тарҕаныыта билигин элбиир. Күн аайы саҥаттан-саҥа киһи эбиллэн иһэр. Куорат иһинэн хат дьахтар коронавируһунан ыалдьара 45-кэ тиийдэ. Сорохторбут эмтэнэн үтүөрэн тахсыбыттара.

Бар дьоммутугар дьиэҕитигэр олоруҥ диэн сүбэлиэм этэ. Хат дьахталлар өссө күүскэ харыстаныахтаахтар. Биһиэхэ киирбит кыргыттарбыт үксүлэрэ кэргэттэрэ элбэх киһилээх сиргэ үлэлииллэр эбит диэн бэлиэтиэххэ сөп. Холобур, ырыынакка, таксига, ас-таҥас тиксэриитигэр. Ол иһин коронавируска сутуллан киирдилэр. Бэйэлэрэ даҕаны, туох да хааччаҕа суох маҕаһыыннарга эҥин сылдьыбыттар эбит.

Дьоҥҥо-сэргэҕэ иммунитеккытын күүһүрдүҥ диэн сүбэлиэм этэ. Атын дьоннуун кимниин да көрсүбэккэ, бэйэ изоляциятын булгуччу тутуһуҥ! Коронавирус булулуннаҕына, улаханнык аймаммакка, куттаммакка, тута бырааһы ыҥырыҥ.

Биһиэхэ аан бастаан киирэр хат дьахталлар ыарахан туруктаах, номнуо сэбиргэхтэтэн киирэллэр этэ. Кэлин ыарыы туох да сибикитэ суох сыстыбыт дьоно кэлэр буоллулар. Уопсай туруктара мөлтөөбөт эрээри, вирустарын илдьэ сылдьаллар.  Төрүүллэригэр барыта туох да уратыта суох ааһар эрээри, кинилэр чугас дьонноруттан хайаан да тэйитиллиэхтээхтэр. Оҕолорун төрөөбүттэрэ 14 күн ааспытын кэннэ, анаалыстара иккитэ “отрицательнай” кэллэҕинэ биирдэ балыыһаттан таһаарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....