18.12.2019 | 14:34

ТӨРӨППҮТ+ҮӨРЭНЭЭЧЧИ=РЕПЕТИТОР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ханнык баҕарар төрөппүт оҕото оскуолаҕа туйгуннук үөрэниэ баҕарар. Оҕо эмиэ оннук ыра санаалаах оскуола боруогун атыллыыр.

Үөрэтии-иитии ньымалара уларыйан, уустугуран иһэллэр. Сорох төрөппүттэр оҕо оскуолаҕа киириэн инниттэн репетитор наймылаһан, эрдэттэн аахтарар, суруйтарар буоллулар. Ити курдук репетитор өҥөтө кэнники сылларга биир саамай наадалаах буолла. Бүгүҥҥү нүөмэргэ РЕПЕТИТОР туһунан сэһэргиэм.

АНЫГЫЛЫЫ ТОЛКУЙ

Бу үйэҕэ аныгылыы толкуйдаах киһи эрэ олоххо дьиҥ бэйэтин миэстэтин булунар дииллэр. Ол эбэтэр кини тус олоҕун дьоло бэйэтиттэн эрэ тутулуктааҕын өйдүөхтээх, дириҥ, киэҥ билиилээх-көрүүлээх буолуохтаах. Ол сорук, сүрүннээн, репетиторга сүктэриллэр. Харчыга үлжлиир киһи оҕо ис кыаҕын таба көрүөхтээх, бэйэтигэр эрэлин улаатыннарыахтаах, үүнэргэ, сайдарга кынаттыахтаах.

Үөрэх хаачыстыбата аҥаардас БКЭ эрэ түмүгүнэн быһаарыллыбат.

ОҔО ДЬЫЛҔАТА

Аныгы оҕо ВПР, ОГЭ, ЕГЭ туттардаҕына эрэ «киһи буолар» балаһыанньата олохтонно. Биллэн турар, ити эксээмэннэр сорудахтара хантан даҕаны халлаантан айыллан түспэттэр. Барыта оскуолаҕа, кылааска үөрэппит тиэмэлэртэн таҥыллаллар. Үөрэҕэр кыһаллар, айылҕаттан “мэйиитин олоруута үчүгэй» оҕо, биллэн турар, ити эксээмэннэри барытын бэйэтэ туттарар. Онтон атыттар репетитор туһунан толкуйдуурга тиийэллэр. Тоҕо диэтэххэ, соҕотох учуутал кылаас 40 оҕотугар барытыгар болҕомто уурар, сиһилии быһаарар кыаҕа суох. Оҕоҕо базовай билиини биэрдэ да, бириэмэтэ онон бүтэр. Уустук боппуруостары ырыппат, теманы дириҥник хаспат. Онон оҕо дьиэтигэр эбии дьарыктаныан наада. Эбэтэр... өссө төгүл... репетитор наада.

ХАРЧЫНЫ ААҔАР СӨП ДУО?

Оҕо үөрэхтээх, киһи-хара буоларыгар төрөппүт биир да солкуобайын харыстыа суохтаах дииллэр. Холобура, куораттар репетиторга харчыны харыһыйбат буолбуттара ыраатта. Оттон репетитор кыаллыбат түгэнигэр, бөлөхтөрүнэн бэлэмнэниилэр бааллар.

Куорат төрөппүтэ репетиторга ыйга ортотутан 4 500 солк. төлүүр эбит. Бу суумаҕа сүрүн предметтэри таһынан омук (кэриэй, кытай) тыллара киирсэллэр. Оттон психологтар этэллэринэн, үөрэнээччи нэдиэлэҕэ аҕыс эбии дьарыкка сылдьыан сөп.

ҮЧҮГЭЙ РЕПЕТИТОР

Репетитор иннигэр «3»-тэн «4»-кэ көһөрүү диэн сыал-сорук туруоруллуо суохтаах. Наймылаһар репетитор үчүгэй рекомендациялаах буолуохтаах. Ону интэриниэт көмөтүнэн билиэххэ эмиэ сөп – төһө ситиһиилээҕин, урут ханна үлэлээбитин.

*ТУРГУТУК

«Оо, оҕом оскуолаҕа барымаары ытаан бөҕө. Дьэ, хайдах үөрэнээхтиир...», – диэн  санааны элбэх төрөппүттэн иһиттим.

Ити мунаахсыйар ыйытыыгытыгар чопчу хоруйу ылыаххытын баҕарар буоллаххытына, бу тургутугу толоруҥ. Сөпсөһөр ыйытыыларгытыгар «1» баалы туруоруҥ, суох буоллаҕына – «0».

1. Оҕоҥ оҕо саадыгар сылдьыбыта дуо?

2. Ким эмэ атаҕастаатаҕына, хардарар дуо?

3. Чаас аҥаара туохха да аралдьыйбакка эрэ конструктордыан, уруһуйдуон, ону-маны оҥоруон сөп дуо?

4. Хартыынаны көрөн кэпсиэн, аччаабыта биэс этиини оҥоруон сөп дуо?

5. Олох харахтаан көрбөтөх дьонуттан кыбыстар дуо?

6. Сүүскэ диэри, онтон төттөрү ааҕар дуо?

7. Оҕоҥ сүһүөхтээн ааҕар дуо?

8. 5-7 хоһоону өйүттэн доргуччу ааҕар дуо?

9. Уруучуканы, харандааһы сөпкө тутар дуо?

10. Уруһуйдуурун сөбүлүүр дуо?

11. Дьиэ уонна тыа кыылларын билэр, араарар дуо?

12. Бэйэтэ кырыйан аппликация оҥорор дуо?

13. Пазл чаастарын хомуйан, ойууну таһаарар дуо?

14. Предметтери биир өйдөбүлгэ холбуур кыахтаах дуо? Холобура, оҕурсуну, луугу, сүбүөкүлэни ыйыттахха, кини: “Оҕуруот астара”, – диэн уопсай биир өйдөбүлгэ ситимниир дуо?

15. Этэргин барытын сөпкө өйдүүр дуо?

16. Зоопаркаҕа, куоракка (дэриэбинэҕэ) музейга сылдьыбыта дуо?

17. Бэйэтэ соҕотоҕун (самостоятельно) оонньуур дуо?

18. Хоббилаах дуо?

19. Сиһилии, өйдөнөр гына кэпсиир, саҥарар, санаатын этэр дуо?

20. Тыл суолтатын өйдөөбөтөҕүнэ, чопчулаһан быһаартарар дуо?

ТУРГУТУК ЭППИЭТЭ

16-20. Эҕэрдэ! Оҕоҕун бэркэ да ииппиккин! Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэниэҕэ. Сорудахтарын төрөппүт да көмөтө суох бэйэтэ элэҥнэччи оҥорор эбит. Ол эрээри оҕо аата оҕо, наһаа көҥүл-босхо ыыппакка, кэмиттэн кэмигэр хонтуруоллуохха, бэрэбиэркэлиэххэ наада.

10-15. Оҕоҥ син кыахтаах. Куһаҕана суох көрдөрүү. Ол гынан баран “суох” диэн хоруйдаргын ырытан көр эрэ. Ити көтүтүүлэргитин иккиэн көннөрөргө кыһаллыҥ. Уруок ааҕарыгар сүбэ-ама буоллаххына, кэлин бэйэтэ эппиэтинэстээхтик оҥорор буолуоҕа.

5-9. Үөрэҕин таһыма – 50%. Арааһа, эн оҕоҕор улаханнык болҕомто уурбаккын быһыылаах. Эбэтэр үлэҕэр охтон хаалбыккын, эбэтэр күнү быһа бассааптыы, инстраграмныы, киинэ көрө олорбуккун. Ол эрээри сыыһаҕын көннөрөргөр билигин да хойут буолбатах. Онон туох баар өйгүн-санааҕын барытын оҕоҕор уур. Уруогун тэҥҥэ ааҕыс, кэпсэт, экскурсияҕа сылдьыҥ, эбии дьарыктаныҥ, дьону-сэргэни кытта кэпсэтэргэ үөрэниҥ.

1-4. Хомойуох иһин, эн оҕоҥ үөрэнэр кыаҕа төрүт мөлтөх. Сайыннарбатаххын, дьарыктаабатаххын… Онон бу үөрэх дьыла киниэхэ уустук буолара сэрэйиллэр. Ол иһин репетитор ылан, эбии үөрэттэр, бэйэҥ күн аайы дьарыктаа, оҕоҕор күүс-көмө буол.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....