Төрөппүтү үлэтиттэн сарбыйыахтарын сөп дуо?

Билиҥҥи уустук кэмҥэ ким баҕарар эмискэ үлэтэ суох хаалар кыахтаах. Биллэн турар, үлэтэ суох хаалыы ордук кыра оҕолордоох, иитимньилээх дьоҥҥо улахан охсуулаах.
Ол эрэн оҕолоох төрөппүтү тэрилтэ ылла да сарбыйан кэбиһэр кыаҕа суох.
Төрөппүтү үлэтиттэн уураппаттар, өскөтүн:
— дьиэ кэргэнигэр кини соҕотох хамнастаах үлэһит буоллаҕына;
— дьиэ кэргэҥҥэ үс эбэтэр онтон элбэх сокуоннай саастарын туола илик оҕолор баар, олортон биирдэстэрэ 3 сааһын туола илик буолуохтаах.
Бу туһунан Үлэ кодексатын 261 ыст. этиллэр.
Маны таһынан, үлэтэ суох хаалартан харысхаллаахтар:
— оҕо күүтэр хат дьахталлар;
— 3 сааһын туола илик кыра оҕолоох ийэлэр;
— 3 сааһыгар диэри оҕону көрөн олорор төрөппүттэр;
— 18 сааһын туола илик инбэлиит оҕону көрөн олорор төрөппүттэр;
— Соҕотох ийэ эбэтэр аҕа, 14 сааһыгар диэри оҕолоох эбэтэр 18 сааһын туола илик инбэлиит оҕолоох буоллаҕына;
— 18 сааһын туола илик оҕону соҕотоҕун иитэр үлэһит;
— Уоппускаҕа эбэтэр больничнайга олорор үлэһиттэр.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



