09.03.2023 | 16:00

Төрөппүт хонтуруолун хайдах олохтуохха сөбүй?

Төрөппүт хонтуруолун хайдах олохтуохха сөбүй?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Арассыыйа оҕотун 93-94 % көмпүүтэринэн, смартфонунан туһанар. Ол эбэтэр оҕо барыта гаджеттаах диэн өйдүөххэ сөп. Оттон бу оҕолорбут күн чиэппэриттэн ордук бириэмэҕэ экран иннигэр олороллор, сыталлар. Онон, смартфон оҕо доруобуйатыгар буортулааҕын ааһан, уйулҕатыгар охсуулаах буолуон сөбүнэн, хас биирдии төрөппүт оҕото төлөпүөнүгэр тугу гынарын, тугу интэриэһиргиирин хайаан даҕаны хонтуруоллуура, хараҕын далыгар илдьэ сылдьара ирдэнэр буолла. Биллэн турар, элбэх төрөппүт оҕотун смартфонун таптаабытынан хаһар, көрөр бырааба даҕаны, кыаҕа даҕаны суох. Аны туран, букатын бобор эмиэ кыаллыбат, тоҕо диэтэххэ үгүс оҕо төлөпүөнэ суох үөрэҕэр оҕустарыан, доҕотторун кытта сыһыана мөлтүөн сөп. Дьэ, оччотугар хайдах гынаммыт оҕобутун кытта ар-бур дэһиспэккэ төлөпүөнүн хонтуруоллуохха сөбүй?

Оҕо уонна интэриниэт сыһыаннарын сүрүн быраабылалара

Интэриниэт туонатыгар оҕо болҕомтотун тардарга аналлаах хара баһаам ойуу-бичик, хаартыска, араас сыһыарыы баар. Онон оҕону интэриниэти кытта сыһыан сүрүн быраабылаларыгар хара маҥнайгыттан үөрэтиэххэ наада. Холобура, киэһэ мультик көрүөххүт эбэтэр түүн остуоруйа ааҕыаххыт иннинэ кыра-кыратык интэриниэт диэн тугун, хайдах туһаныллыахтааҕын кэпсии сылдьыҥ.

 

Оҕо ханнык быраабылалары тутуһуохтааҕый?

Тус дааннайдаргын биэримэ: Төлөпүөн нүөмэрэ, дьиэтээҕи аадырыс, оскуола туһунан иһитиннэрии, төрөппүттэр үлэлиир тэрилтэлэрэ, үлэлиир чаастара, баан каартатын дааннайдара уо.д.а. Төрөппүттэр эмиэ оҕо ханнык оскуолаҕа үөрэнэрин, хаартыска таһаарар буоллаххытына, локациятын ыйбакка суруйуҥ.

Билбэт дьоҥҥун кытта бодоруһума: Интэриниэккэ араас өйдөөх-санаалаах дьон олоруон сөп. Холобура, «аватыгар” кыраһыабай уол/кыыс хаартыскатын кэннигэр улахан киһи саһан олоруон сөп диэн сэрэтиэххэ наада. Саҥа билсибит киһитэ кини туһунан тус дааннайдарын билэ сатыыр буоллаҕына, кэпсэтиини тохтотуон наада.

Сайт аадырыһыгар болҕомто ууруллар: Сороҕор түөкүттэр улахан да киһи сатаан араарбат сымыйа страницаларын оҥороллор. Оннук страницалар төрөппүт баан каартатыттан харчы уорарга, атын даҕаны кутталы үөскэтэргэ аналлаахтарын оҕо өйдүөхтээх.

Биллибэт саайтартан буолары-буолбаты хачайдаама: Кэнники кэмҥэ ордук бассаабынан «переходи по ссылке и получи подарок” эбэтэр “проголосуйте за мою дочь” диэн элбэх сурук кэлэр буолла. Бу маннык ссылкалары тумнуохха наада. Төһө даҕаны доҕоруҥ ыыппыт ссылката буоллар, киирбэт ордук. Баҕар, төрүт даҕаны «взломнаммыт” страница буолуон сөп.

 

Төрөппүт хонтуруола

Аныгы үйэҕэ хас биирдии төрөппүт анал сыһыарыылар көмөлөрүнэн оҕото чопчу ханнык саайтарга олорорун, ханнык сыһыарыылары хачайдыырын уонна браузерын «историятын” кэтээн көрөр кыахтаах. Онуоха ордук табыгастаах сыһыарыыларынан «Google Family Link”, “Kaspersky Safe Kids”, “Где мои дети” буолаллар. Бэйэҕит төлөпүөҥҥүтүгэр итинник сыһыарыыны туруорунан баран, оҕоҕутугар булгуччу быһаарыҥ: бу эһиэхэ кини быраабын күөмчүлээри буолбакка, куттал суох буолуутун хааччыйар сыалтан наадатын. Кыра кылаас оҕотугар бырагыраама хайдах үлэлиирин көрдөрүөххэ сөп. Оттон обургу оҕоҕо сыһыарыыны бэйэтинэн туруортарыҥ, сөптөөх функциялары тэҥҥэ талыҥ.

Аныгы технологиялары оҕолор төрөппүттэринээҕэр ордук быһаарсаллар. Үгүстэр хааччахтары хаардыы хааман ааһар кыахтаахтар. Ол иһин, иирсээни таһаарбакка эрэ, кэпсэтиини кэлиҥҥигэ көһөрүҥ уонна төрөппүт хонтуруолун бырагырааматыгар дакаастабыллары буларга холонуҥ. Холобура, туора сыһыарыылары туруордахха, смартфоҥҥа вирус киллэриэххэ сөп.

 

Сыыппара эйгэтигэр тардыһыҥ

Бастатан туран, оҕоҕут интэриниэккэ ханнык саайтары көрөрүн, ханнык социальнай ситими ордорорун быһаарыҥ. Тута кини интэриэһин кириитикэлиир, аһара баран акаарынан үөҕэр наадата суох.

Бииргэ видео көрөргө этиитэ киллэриҥ, ону дьүүллэһиҥ, оҕоҕут көрүүтүн быһааран, көннөрөн биэриҥ эбэтэр, сөпкө өйдүүр буоллаҕына, хайҕааҥ.

Оҕоҕут ханнык эмит социальнай ситимҥэ регистрацияламмыт буоллаҕына, онно бэйэҕит эмиэ киирэн көрүҥ, туһааннаах ситим хайдах үлэлиирин ырытыҥ. Бу ситим нөҥүө киниэхэ суруттарыахха сөбүн дуу, суоҕун дуу ыйытыҥ. Сүбэ-ама көрдөөҥ. Холобур, угар хаартыскаларгытын дьүүллэһиҥ, лиэнтэҕэ хаартыска хайдах ууруллуохтааҕын сүбэлэттэриҥ. Бу ситимҥэ «олорор” дьон майгытын, интэриэһин сураһыҥ, итиэннэ дьону атаҕастыыр, быдьар тылынан үөхсэр кытаанахтык бобулларын туһунан сэрэтиҥ.

 

Оҕо көҥүллэммэти көрдүүр буоллаҕына, мөҕүмэҥ

Смартфоҥҥа “бобуулаах” контены кистиир анал эрэһиим баар. Оҕо оннугу көрдүү сатыырын билбит түгэҥҥитигэр, айдааны тардымаҥ. Холобура, «оҕолор хантан кэлэллэрий» диэн курдук ыйытыыларга хоруйдары көрдүүр  буоллаҕына, кэпсэтиэххэ сөп. 10-12 саастаах оҕолор сыгынньах дьон хаартыскатын көрө сатыыллар. Кырдьыгы этиҥ, ол эрээри, оҕо сааһын учуоттаан, иһитиннэриигитин сымнатыҥ.

 

Кыһалҕаны дьүүллэһиэххэ сөбүн өйдөтүҥ

Оҕолор интэриниэккэ үөҕүллэн да, атаҕастанан да хаалыахтарын сөбүн эрдэттэн сэрэтиҥ. Холобур, хаартыскатын анныгар үөҕэн эбэтэр араастык куттаан суруйар дьон баар буолуон сөп — бу кибербуллинг диэн ааттанар. Мантан сылтаан оҕо улахан истириэс, уйулҕатыгар оҕустарыы ылыан сөп. Онон оҕолоргутун кытта оскуола, үөрэх эрэ туһунан кэпсэтиинэн муҥурдаммакка, интэриниэккэ туох сонун баарын, бириэмэтин хайдах атаарарын сураһыҥ, кыһалҕа үөскээбит буоллаҕына, ону ийэни, аҕаны кытта дьүүллэһэр кыах өрүү баарын өйдөтүҥ.

 

Оҕо смартфона төрөппүт бас билиитэ буолбатах

Өскөтүн оҕоҕут наһаа уһуннук смартфоҥҥа олорор түгэнигэр, былдьааҥҥыт тугу да туһаммаккыт. Былдьыыр түгэҥҥитигэр, икки ардыгытыгар сыһыаҥҥыт сонно тута тымныйар.

Оҕо бассаабынан доҕоругар тугу суруйарын ааҕар табыллыбат. Өскөтүн уоран ааҕар түгэҥҥитигэр, кини быраабын кэһэҕит. Хас биирдии киһи личность диэни умнубаппыт. Сиэри таһынан хонтуруолга туттаххытына, оҕоҕутун албын-көлдьүн гына улаатыннараҕыт, онуоха бастакы төрүөтү уурбут бэйэҕит буоларгытыгар тиийэҕит. Оҕо төлөпүөнэ төрөппүт бас билиитэ буолбатаҕын ханнык да түгэҥҥэ өйдөөҥ.

 

Хаартыскалар Интэриниэт ситимиттэн

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....