20.09.2020 | 10:10

Төрөппүт долгуйар, туруорсар. Үөрэх тохтообот...

Төрөппүт долгуйар, туруорсар. Үөрэх тохтообот...
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйын 14 күнүгэр Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын Үөрэххэ управлениетын начаалынньыга А.К. Семенов нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата. Быһа эфиргэ куорат олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар. Дьону долгутар боппуруос элбэх, бириэмэ ыгым буолла.

Алексей Климентьевич быһа эфири эҕэрдэ тылынан саҕалаата. Ол курдук, киин куорат оскуолаларын биэс учуутала дойду Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин Ыйааҕынан педагогическай үлэлэригэр ситиһиилэрин иһин Арассыыйа бириэмийэтинэн наҕараадаламмыттарын кэпсээтэ. Кинилэр ааттарын хаһыакка таһааран үйэтитэбит: Мария Юрьевна Саввина, анлгийскай тыл учуутала, ФТЛ; Вера Панфиловна Петрова, алын сүһүөх учуутала, СПЛ; Күннэй Анатольевна Ильина, география учуутала, “Айыы Кыһата” гимназия; Александра Олеговна Гомзякова, нуучча тылын, литературатын учуутала, Дьокуускай куораттааҕы классическай гимназия; Екатерина Дмитриевна Чепрасова, биология учуутала, 20 №-дээх оскуола.

Алексей Климентьевич иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү туругунан киин куорат 42 оскуолатыгар алын сүһүөх кылаас оҕолоро эрэ оскуолаҕа үөрэнэллэр. Кинилэр ахсааннара – 23 тыһыынча. Оттон куорат таһынааҕы уонна коррекционнай оскуолалар (10 үөрэх кыһата) урукку эрэсииминэн үлэлииллэр. Кинилэр биир оҕоҕо 2,5 кв. миэтэрэ көрүллүөхтээх диэн Роспотребнадзор ирдэбилигэр эппиэттииллэр. Маны таһынан Дьокуускай куоракка бүгүҥҥү туругунан 56 оҕо уһуйаана үлэлиир.

Куорат оскуолалара үөрэхтээһин үс ньыматынан үлэлииллэр: оскуолаҕа, булкаас, дистанционнай. Балаҕан ыйын 21 күнүттэн 5, 9, 10, 11 кылаастар оскуолаҕа үөрэнэр буолуохтара. Ол 13,5 тыһыынча кэриҥэ оҕо.

Кэлэктиип иммунитетын бөҕөргөтөр туһугар

–Доруобуйалара мөлтөх, хроническай ыарыылаах, аллергиялаах, грипп утары быһыыны ылаллара көҥүллэммэт оҕолор дистанционнай ньыманан үөрэниэхтэрин сөп. Сайабылыанньаны төрөппүт суруйар. Сокуонунан дьиэтээҕи үөрэх эмиэ көҥүллэнэр. 10-11 кылаас оҕолоро бэйэ үөрэҕин талыахтарын сөп. Билиҥҥи туругунан, куорат үрдүнэн 21 оҕо дьиэ кэргэн үөрэхтээһинигэр олорор.

Оскуола үөрэнээччилэрэ, уһуйаан иитиллээччилэрэ бүтүн кэлэктиип иммунитетын бөҕөргөтөр туһугар грипп утары быһыыны ылыахтаахтар. Оҕо, үлэһит уопсай ахсааныттан 65 бырыһыана ылыахтаах. Төрөппүттэр, бука баһаалыста, бу күннэргэ сөбүлэһэр эбэтэр аккаастанар туһунан сайабылыанньаҕытын толороргутугар ыҥырабыт.

Алын сүһүөх кылаас оҕолоро ОРВИ-нан ыалдьыылара бэлиэтэнэр. Ааспыт нэдиэлэтээҕи кэтээн көрүү түмүгүнэн 1800 кэриҥэ оҕо ыалдьыбыт, – диэн бэлиэтээн эттэ Алексей Семенов.   

Итии аһылык

–Алын сүһүөх кылаас оҕолоро итии аһылыктара босхо. Үөрэх дьыла саҕаланыан иннинэ, хааччыйыы өттүгэр уустук соҕус буола сыспыта. Тоҕо диэтэххэ, үп-харчы алтынньыга киириэхтээх. Ол да буоллар, поставщиктары кытта үлэ этэҥҥэ быһаарылынна. Билигин кинилэри кытта мэктиэ суругунан үлэлиибит.

БКЭ

–Бу саас БКЭ-ни үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэр санаалаах оҕолор туттарбыттара. 1752 выпускник. 1086 выпускник үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирдэ. Онтон 428-һа – өрөспүүбүлүкэ кыһаларыгар.

Физика, химия, обществознание предметтэригэр көрдөрүү тупсубут. 14 үөрэнээччи БКЭ-ни 100 баалга туттарары ситистэ. Онтон икки оҕо иккитэ 100 баалы ылла – Мария Лобанова, 33 №-дээх оскуола (химия, нуучча тыла), Василий Волков, ФТЛ (профильнай математика, нуучча тыла). 12 үөрэнээччи нуучча тылыгар саамай үрдүк көрдөрүүнү ситистэ. 1 оҕо нуучча литературатыгар, 1 оҕо географияҕа 100 баалы ылла. 233 кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрдэ. Билигин кинилэр тустарынан альбом бэлэмнии сылдьабыт, – диэн Үөрэх управлениетын начаалынньыга киэн тутта кэпсээтэ.

Бастыҥ оскуолалар

–Арассыыйа 100 бастыҥ оскуолатын кэккэтигэр Физико-техническэй лицей, Дьокуускай куораттааҕы лицей киирдилэр.

Уһук Илин 20 бастыҥ оскуолатын ахсааныгар ити үөһэ этиллибит икки лицейи эбии алта үөрэх кыһата – Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия, 26, 17, 2, 31 №-дээх оскуолалар, Классическай гимназия ааттаннылар.

Өрөспүүбүлүкэ 20 бастыҥ оскуолатын иһигэр куорат 13 оскуолата баар – бу иннинэ эппит оскуолаларым уонна 33, 5, 1 №-дээх оскуолалар, СПЛ, Алексеева аатынан техническэй лицей.

Икки оскуола медицина хайысхатыгар бастыҥ ааттанна – Национальнай гимназия (Арассыыйа рейтинигэр), 31 оскуола (Уһук Илин рейтинигэр).   

Сонун бырайыактар

–Билигин үгүс оскуолаҕа медиа устуудьуйа баар буолла. Оҕолор операторынан, суруналыыһынан, хаартыскаҕа түһэрээччинэн үлэлииллэр. Уһук Илиннээҕи оҕо суруналыыстыкатын бириэмийэтигэр 31-с №-дээх оскуола “31 кадр”диэн бырайыага “Бастыҥ медиа бырайыак” номинацияҕа 3-с истиэпэннээх диплому ылары ситистэ. “Инстаграмҥа бастыҥ медиа бырайыак” номинацияҕа 6-с №-дээх оскуола “Шестое чувство” бырайыактара 3-с истиэпэннээх дипломунан, 2-с №-дээх оскуола медиа устуудьуйата 1-кы истиэпэннээх дипломунан наҕараадаланнылар. 31-с №-дээх оскуола “Ютубка бастыҥ бырайыак” номинацияҕа 3-с истиэпэннээх диплом хаһаайына буолла.

26-с №-дээх оскуолаҕа эбэҥки тылын үөрэтэр кылаас арылынна. 26 оҕо үөрэнэ киирбититтэн үөрдүбүт. Бу быһаарыныы кулун тутарга ылыллыбыта. 26 №-дээх оскуола тыллары үөрэтиигэ баай уопуттаах. Оҕолору сүүмэрдээһиҥҥэ Эбэҥкилэр ассоциациялара, Национальнай оскуолалар института күүс-көмө буоллулар.

Үөрэх министиэристибэтэ өйөөн, 37 оскуолаҕа тепловизордары туруордубут. Ону таһынан рециркулятордары, термометрдары атыыластыбыт, – диэн Алексей Климентьевич киин куорат үөрэхтээһинин сонуннарын үллэһиннэ.

Ону таһынан Дьокуускай куорат төрөөбүт күнүгэр “Сардаана” саҥа уһуйаан аһыллыбытын үөрэ-көтө кэпсээтэ. 203-с микрооройуоҥҥа  оскуола тутуллан бүтүөхтээх. 4 эбийиэккэ өрөмүөн үлэтэ ыытыллар.

Ыйыт – хоруйдуубут

Ыарыы элбиир, оҕолору тоҕо оскуолаҕа үөрэтэ сатаатыгыт?

–Санаа хайдыһар. Сорох төрөппүттэр оҕолор оскуолаҕа үөрэниэхтэрин баҕараллар. Төрөппүт үс гыммыттан биирэ дистанционнай үөрэхтээһини туруорсар. Оннук төрөппүттэр сайабылыанньа суруйуохтарын сөп. Оҕо уһуйааннарын ылан көрдөххө, кырачааннар 30 бырыһыаннара сылдьар, оттон сорох оҕолор төрөппүттэрэ дьиэҕэ олордоллор.

Оҕом уһуйаанын уларытыахпын сөп дуо? Биһиги сылдьар уһуйааммытыгар логопедическай бөлөх суох.

 – Уустук соҕус да буоллар, сайабылыанньаҕытын суруйуоххутун сөп. Куорат дьаһалтатын дьиэтигэр бастакы этээскэ анал коробка баар. Онно сайабылыанньаҕытын хааллараҕыт. Кыаллар буоллаҕына, боппуруоһу быһаара сатыахпыт.

Прометей оройуонугар дьааһыла-саад дьиэтин хаһан атыылаһыаххытый?

– Билигин үлэ барар. Бу нэдиэлэҕэ эбэтэр кэлэр нэдиэлэҕэ муниципальнай хантараак түһэрсиэхпит, илии баттаһыахпыт.

5-с кылаастары тоҕо оскуолаҕа үөрэтэ сатыыгыт?

– Бу саас төрдүс кылаастар алын сүһүөҕү дистанционнай ньыманан бүтэрбиттэрэ. Бэһистэр адаптацияны ааһалларыгар, атын сүһүөххэ көһөллөрүгэр бастаан уустук соҕус. Онон маннык быһаарыныы ылыллыбыта.

Балаҕан ыйын 21 күнүттэн маҥнайгы кылаастар хайдах үөрэниэхтэрэй?

– Эппитим курдук, бу иннинэ курдук оскуолаҕа үөрэниэхтэрэ. Миэстэ тиийбэт, онон кылаастарын иһигэр бөлөххө арахсыбакка, бары бииргэ үөрэниэхтэрэ.

88 №-дээх оҕо уһуйаана хаһан үлэлиэй?

– Бу боппуруоһу быһаарарга үлэлиибит. Муниципальнай бас билиигэ тиэрдии боппуруоһа уһаата. 

Прививката суох үөрэнэр бобуулаах дуо?

– Үөрэниэххэ сөп. Ыарыы элбиир түгэнигэр, быһыы ылбатах оҕолор очнай үөрэххэ хааччахтаныахтарын сөп.

Быһыыны баҕалаахтар эрэ ылыахтаахтар дии?

–Оннук, сөпкө этэҕит. Өссө биирдэ хатылыыбын – төһө кыалларынан бары ыла сатыахпытын наада. Кэлэктиип иммунитетын бөҕөргөтөр туһугар.

Оҕолору уһуйааҥҥа киллэрии тоҕо олус уһуннук барарый?

– Ковид туруоҕуттан дистанционнай  үлэҕэ көһөргө күһэллибиппит. Онон үлэ төлөпүөнүнэн барар. Билигин 2017 с.т. оҕолору кэмпилиэктээһин бүтэн эрэр. Онтон салгыы – 2018 с.т. оҕолор. 

Оскуола иннинээҕи салаа тоҕо сабыллан турарый?

–“Удаленка” ньыматынан үлэлиир.

Оскуолаҕа оҕо аһылыгын хаачыстыбатын ким хонтуруоллууруй?

– Төрөппүт кэмитиэтэ, ас-үөл хаачыстыбатын хонтуруоллуур хамыыһыйа. Ханнык баҕарар оскуолаҕа баар.Онно эһиги эмиэ киириэххитин сөп.

Балаҕан ыйын 2-18 күннэригэр алын кылаас учууталлара икки төгүл ноҕуруускалаах үлэлээбиттэрин иһин эбии төлөнөр дуо?

– Биһиги үлэ төлөбүрүн пуондатын чэрчитинэн үлэлиибит. Оскуолалар стимулирующай пуондаларын туһаныахтарын сөп.

100 баалга туттарбыт үөрэнээччилэр учууталларыгар харчынан бириэмийэ төлөнүө дуо?

– Ол үлэ төлөбүрүн пуондатыттан көрүллэр.

ФТЛ саҥа дьиэтэ хаһан тутуллуой?

– ФТЛ билигин бырайыакка суох. Билигин 4-с №-дээх оскуола уонна 34-с №-дээх коррекционнай оскуола бырайыактара сытар. Экспертизаны ааспыттара.

Оҕо уһуйаана харантыыҥҥа сабыллыбыт буоллаҕына, дьуһуурунай бөлөх арыллыбат дуо?

– Уһуйаан барыта сабыллыбат. Харантыыҥҥа икки нэдиэлэ олорор.

2-с №-дээх оскуолаҕа олус элбэх оҕо үөрэнэр. Буочукаҕа симиллибит селедка курдук тоҕуоруһаллар.

– 2-с №-дээх оскуолаҕа эрэ буолбатах. Киин оскуолалар бары икки төгүл ноҕуруускалаахтар.

Кылаастарга барыларыгар рециркулятор турар дуо?

– Кылаастарга, уһуйаан бөлөхтөрүгэр, эбии үөрэхтээһин эбийиэктэригэр – барыларыгар.

Алын кылаас оҕото биир күн оскуолаҕа, иккис күн дистанционнай ньыманан үөрэнэр буоллаҕына, сухой паек көрүллүөхтээх дуо?

– Сокуоҥҥа сурулларынан, оскуолаҕа үөрэнэр алын кылаас оҕолоро итии аһылыгынан хааччыллаллар.Сухой паек туһунан суох. Оннук паек элбэх оҕолоох ыал оҕолоругар, 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр бэриллиэҕэ. Ый түмүгүнэн.

Атын сиргэ көспүт буоллахпытына, уһуйааммытын хайдах уларытыахпытын сөбүй?

– Сайабылыанньа суруйан ыытыаххытын эбэтэр бэйэҕит көрдөөн, миэстэҕитин атастаһыаххытын сөп.

Харантыыны хаһан биллэриэххитий?

– Кылааска, бөлөххө оҕо ахсааныттан 20 бырыһыана ыарыйдаҕына харантыын биллэриллэр.

202-с микрооройуоҥҥа баар “Звездочка” хаһан аһыллыаҕай?

– Билигин итэҕэһи-быһаҕаһы туоратарга үлэлиибит.

Билиҥҥи былдьаһыктаах кэмҥэ үөрэхтээһиҥҥэ тирээн турар боппуруос үгүс. Төрөппүттэр долгуйаллар. Оҕолор ураты эрэсиимҥэ үөрэнэллэр. Учууталлар уустук усулуобуйаҕа үлэлииллэр. Үөрэх тохтообот.

Быһа эфири толору @yaguo.ru Инстаграмҥа киирэн көрүҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...