31.05.2024 | 16:00

Төрөппүт буоларга үөрэтэллэр

Төрөппүт буоларга үөрэтэллэр
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

2024 сылга Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сыллара биллэриллибитинэн, ийэ, аҕа тапталыгар наадыйар оҕолор тустарынан, оҕону иитэ ылыан баҕалаахтарга сүбэ-ама, көмө буолар рубрикабыт кэскили түстүүр үлэтин сөргүттэ.
Биһигини кытта Хаҥалас улууһугар баар Дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмө буолар Киин үлэлэһэр. Маннык Кииннэр билигин Саха сирин аҕыйах улууһугар бааллар уонна тулаайах оҕо дьиэ кэргэҥҥэ эрэ иитилиннэҕинэ киһи буолан тахсарын өйдөтөр, оҕону иитэ ылар дьоҥҥо тирэх буолар сыаллаах үлэлииллэр. Ыйытыылардаах буоллаххытына, аллараа ыйыллар төлөпүөннэринэн билсиэххитин сөп.

Үөрэнэртэн куттанымаҥ

Приемнай дьиэ кэргэн оскуолата диэн баарын, баҕалаах дьон манна үөрэнэн, оҕону иитэ ыллахтарына араас көмө оҥоһулларын туһунан ааспыт нүөмэрдэрбитигэр суруйан турабыт. Бүгүн биһиги хаһыаппытыгар Приемнай дьиэ оскуолатын быйылгы выпускниктара ыалдьыттыыллар. Кинилэр олохторугар суолталаах үөрэҕи ааһан, эмиэ оскуоланы бүтэрээччилэр курдук, выпускнойдарыгар бэлэмнэнэн түбүгүрэ сылдьаллар.

 

Туора дьон оҕотун ылан иитэр, бу сүдү эппиэтинэһи сүгэр хорсун санаалаах дьон кимнээҕий?

 

Ыалдьыттатар дьиэ кэргэн буолуохпун сөп эбит

Нарана Свичкарева:

– Мин бэйэм оҕо дьиэтигэр үлэлээбит буоламмын, биирдэ уопсай мунньахха тэрилтэбититтэн оҕону иитэ ылыы Саха сиригэр намыһах көрдөрүүлээҕин соһуйа истибитим уонна үлэһиттэргэ анаан Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатын үлэлэтиэххэ диэн этии көтөхпүттэрин өйөөбүтүм.

Бэйэм үлэлиир тэрилтэм буолан, бу оскуола туохха туһалаах буолуоҕун эрдэттэн билэр этим. Оҕону иитэ ылыан баҕарар киһи үөрэх кэмигэр дьиҥнээхтик тодкуйданар, тоҕо диэтэххэ туох ыарахаттар баар буолуохтарын сиһилии кэпсииллэр.

Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатыгар үөрэнэр билэр кыыстаах этим. Кини оҕону иитэ ылар санаалаах кэлбит буоллаҕына, үөрэнэн баран аккаастаммыта. Ол эбэтэр Приемнай дьиэ кэргэн оскуолата үчүгэйдик толкуйданан эрэ баран оҕону иитэ ыларга көмөлөһөр.

Үөрэхпит түмүгүнэн сертификат ылабыт. Бу сертификаппыт үйэбит тухары үлэлиир, Арассыыйа ханнык баҕарар муннугар билиниллэр докумуон. Кэлин миэхэ хайаан да наада буолуоҕа. Холобур, мин дьиэбин кэҥэтиннэхпинэ, тулаайах оҕолору ыалдьыттатар дьиэ кэргэн (гостевая семья) буолуохпун сөп эбит дии санаатым.

Үөрэхпит устатыгар олус интэриэһинэй, ханна да суох информацияны ылабыт. Дьарыктар бары саас-сааһынан, тус-туспатык бэриллэллэр. Бэл, киинэлэри кытта көрдүбүт. Оонньуу курдук бэриллэр трениннэр бэйэ кыаҕын сыаналыырга көмөлөһөллөр эбит. Холобур, мин оҕо иитэ ыларбын кэлиҥҥи кэмҥэ көһөрөн биэрдим. Билигин уйулҕа өттүнэн ситэри бэлэмэ суох эбиппин – кэмэ кэлэ илик.

Бары оҕолонор баҕа санаалаах, биир кыһалҕалаах дьон буоламмыт,

олус түмсүүлээх бөлөх буолла. Холобур, биир ыалга үөрэх кэмигэр оҕолоро төрөөтө (оҕотун сатаан иитэр кыаҕа суох ийэ, эрдэттэн кэпсэтэн, кинилэргэ оҕотун биэрдэ, роддомтан ылан таһаардылар) – олоххо оннук эмиэ буолар эбит. Кинилэргэ билсэ, ыалдьыттыы, оҕолорун көрө бара сылдьыах буолабыт.

Үөрэтэр психологпыт бэйэтэ тулаайах оҕолору иитэр дьиэ кэргэн ийэтэ буолан, олоҕор буолбут араас түгэннэри кэпсээбитин сөбүлээтим. Оҕо дьиэ кэргэҥҥэ кэлэн баран үс сыл да устата адаптацияны ааһыан сөп эбитин истэн сөхтүм, арыый түргэнник барара буолуо дии саныырым. 

Бэйэм тулаайах оҕолору кытта ыкса үлэлиир буоламмын, кинилэргэ туох наадатын, киһиттэн тугу эрэйэллэрин син билэр эбиппин. Оҕо иитэ ыллахпына, араас боппуруостары быһаарарга Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатын ааспытым олус туһалаах буолуоҕа.

Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатыгар Арассыыйа гражданнара ханна пропискалаахтарыттан тутулуга суох босхо үөрэнэллэр.

 

Оҕобун көрсөргө бэлэмнэниэм

Ольга (кэккэ бирчиинэнэн араспаанньата суруллубат):

– Миигин дьүөгэм ыҥырбыта. Оҕо дьиэтигэр кэлэн уһун анкетаны толорбуппут. Ол түмүгэр Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатын үөрэнээччитэ буолбутум, чиэһинэйдик үөрэнэн бүтэрдим. Урут маннык оскуола баарын билбэт этим.

Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатыгар үөрэҕи аастыҥ да, хайаан да оҕо иитэ ылыахтааххын диэн буолбатах эбит. Ким да кими да күһэйбэт. Хас биирдии киһи олоҕун бэйэтэ былаанныыр, кыаҕын бэйэтэ билинэр.

Мин оҕо иитэ ылыахпын баҕарабын. Бу оскуолаҕа үөрэнэн баран туох күүтэрин иһиттим, билигин тохтуу түһэргэ сананным. Үөрэҕи ааспытым туһунан докумуоннаах буоллахпына, мин инникитин тулаайах оҕону ылар кыахтанабын. Билигин кэрэ көстүүлээх сиргэ улахан дьиэ туттан эрэбин...

Кырдьыгынан эттэхпинэ, Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатын идеята наһаа үчүгэй. Салгыы кыыһы ийэ буоларга, уолу аҕа буоларга үөрэтэр оскуолалары тэрийиэххэ, маассабайдык тарҕатыахха баар эбит.

Хас биирдии дьарыкпыт олус элбэх туһалаах информациялаах. Оонньоон-көрүлээн даҕаны бэйэ-бэйэбитин билистибит, чугаһыстыбыт. Тулаайах оҕону ылар санааҕа хайдах кэлбиппитин  аһаҕастык кэпсэттибит – киһи туора дьоҥҥо ордук аһыллар быһыылаах.

Маннык оскуола чахчы көдьүүстээх уонна туһалаах эбит. Уйулҕа трениннэрин сөбүлээтим. Туора оҕону иитэ ылаары сылдьар дьон санаалара араастык оонньуур буолар эбит, ону бэйэбинэн биллим. Онуоха кэмигэр исписэлиистэр көмөлөрө наада буолар.

Бииргэ үөрэммит дьоммутун кытта биир баҕа санаалаах буоламмыт, алтыһарбытыгар олус үчүгэй буолла. Бары улахан дьоммут, инникитин бэйэ-бэйэбитин өйөһүөх буоллубут. Чугастык доҕордостубут. Оҕолонор баҕа санааттан үөрэнэ кэллэхпит дии – билигин оҕо иитэ ылбатах дьон кэлин син биир ылыахтара. Онон оскуола үлэтин үтүө түмүгэ син биир баар буолуоҕа.

Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатын туһунан информацияны киэҥник тарҕатан, улуус аайы үлэлэтэллэрэ буоллар, тулаайах оҕо ахсаана аҕыйыа этэ дии саныыбын.

Мин бу оскуолаҕа үөрэммитим таһынан, интэриниэккэ олох эрдэттэн төрөппүттэр форумнарыгар олоробун. Бастакы күммэр саллыбытым, оҕо иитэ ылбатым да буолуо, үөрэнэн да дии санаабытым. Онтон иккис-үһүс дьарыкпыттан мин да төрөппүт буолар кыахтаах эбиппин диэн санаа киирбитэ. Түмүгэр дьиэ туттуохтаах эбиппин диэн санаам өссө күүһүрдэ.

Ол аата миэхэ оҕо буолан кэлэр киһичээммэр дьиэ тутабын, туспа дьиэлээх-уоттаах дьиэ кэргэн буолан олоруохпут. Оҕону иитэр кыахтаах, дохуоттаах буолуохтаахпын – үлэм-хамнаһым онно эппиэттэһэр. Массыынабын саҥардыам – оҕобун үчүгэй көлөнөн тиэйиэм. Таптыыр аймах-билэ дьонунан тулалыам. Аны туран оҕону иитэр, үөрэттэрэр таһынан, атын дойдулары көрдөрүөхпүн, сайыннарыахпын наада эбит – онно эмиэ бэлэмнэниэм.

Оҕону иитэ ылар киһи хайаан да бэйэтэ бас билэр улахан дьиэлээх, кэргэннээх буолуохтаах дии саныыр этим. Оннук буолбатах, араас суол баар эбит: холобур, дьиэни уһун болдьоххо куортамныахха сөп, оҕону соҕотох төрөппүт иитэ ылыан эмиэ сөп. Ону эрдэ билбитим буоллар, өссө биэс сыллааҕыта оҕоломмут буолуохтаах эбиппин. Ол иһин маннык информацияны көрдөрөр-иһитиннэрэр араас ньымаларынан тиэрдиэхтээх эбиттэр.

Киһи хаһан баҕарар тугу эрэ гынарын саарбахтыыр. Бары оннук айылҕалаахпыт. Туора оҕону иитэ ыларга күүстээх санаа наада.

Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатыгар араас трениннэри аастыбыт. Олоҕум суолунан төһө сөпкө баран иһэрбин, оҕо эрдэҕинээҕи уйулҕабар охсубут түгэннэри уонна да атын хайысхаҕа дириҥник үлэлэстибит.

Төрөппүт уонна иитиэх оҕону иитэргэ, улаатыннарарга улахан ураты суох эбит. Арай кыһалҕалары быһаарарга араас ньымалар туттуллуохтарын сөп.

Оҕону иитэр ыарахан дии саныыбыт. Төрөппүт оҕону иитэр эмиэ уустук эбээт. Барыта киһититтэн тутулуктаах. Ол эрэн мин оҕо иитэ ыллахпына, хаһан баҕарар бу Кииҥҥэ кэлэн көмө көрдүүр кыахтаахпын. Арыаллааһын босхо, төлөбүрэ суох ыытылларын сэргээтим.

Ийээ, хаhан кэлэҕин?

Бүгүн бииргэ төрөөбүт оҕолору билиһиннэрэбит. 

Акия, 10 саастаах.

Кэпсэтинньэҥ, дьону кытта тапсар. Оҕолору барыларын кытта үчүгэйдик доҕордоһор. Киин үлэтигэр, кылаас олоҕор көхтөөхтүк кыттар. Иис, мозаика, “3Д уруучука”, “Эдэр патриот” куруһуоктарга сөбүлээн дьарыктанар. Иллэҥ кэмигэр уруһуйдуурун, компьютерга оонньуурун уонна остуол оонньууларын сөбүлүүр. Библиотека эрэллээх ааҕааччыта.

Доруобуйатын туруга: 2-ис бөлөх.

 

Айсиэн Харыстаан, 6 саастаах.

Сүүрбүт-көппүт, сытыы-хотуу уол. Кэрэни кэрэхсиир, үөрүнньэҥ майгылаах. Кииҥҥэ кэлэн саҥара үөрэммит. Өҥнөрү араарар, бэрээдэгинэн сыыппараны ааҕар, геометрическай бүгүүрэлэри билэр. Дьоҕус моторикатын сайдыыта үчүгэй – уруһуйдуур, пластилинынан сыбаан оонньуур, конструктордыыр. Хамсаныылаах оонньуулары сөбүлүүр. Оонньууга барытыгар көхтөөх. Остуол оонньууларын эмиэ сэҥээрэр. “Юный патриот” куруһуокка дьарыктанар.

Доруобуйатын туруга: 2-ис бөлөх.

Айаал, 13 саастаах.

Холку майгылаах, кэпсэтинньэҥ. Иллэҥ кэмигэр төлөпүөнүгэр оонньуурун ордорор. Саастыылаахтарын кытта үчүгэйдик алтыһар. Бырааттарын, балтыларын кытта тапсар. Улахан дьону ытыктыыр. Үлэҕэ сыстаҕас.

Доруобуйатын туруга: 2-ис бөлөх.

Акия, Айсиэн Харыстаан уонна Айаал иитиигэ, эпиэкэҕэ уонна попечительствоҕа бэриллиэхтэрин сөп. 
Бу оҕолор бары ийэлэрин, аҕаларын төрөппүт бырааптара суутунан быһыллан, иитиигэ бэриллэр буолбуттар. 

Дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ бэриллэр оҕолор доруобуйаларын туруга хайаан да суруллар – бөлөҕүнэн арахсар.

1-кы бөлөх: доруобай оҕолор, эт-хаан уонна уйулҕа өттүнэн сайдыылара кэһиллиитэ суох.

2-ис бөлөх: хроническай ыарыыта суох чэгиэн оҕолор. Кэккэ функциональнай уонна морфофункциональнай кэһиллиилээхтэр. Холобур, инфекционнай ыарыылары этэҥҥэ аһарыммыттар; эндокриннай патологията суох, эт-хаан сайдыытын өттүнэн кыра халыылаахтар.

3-үс бөлөх: хроническай ыарыылаахтар, эмтэнэн үчүгэй турукка киирбиттэр. Араас эчэйиилээх, эпэрээссийэлээх буолаллар, ол эрэн үөрэнэр, үлэлиир толору кыахтаахтар.

4-үс бөлөх: хроническай ыарыылаахтар, билигин ыалдьа сылдьаллар, чаастатык бэргииллэр. Доруобуйатын туругунан оҕо олоҕор мэһэйдэри көрсүөн сөп.

5-ис бөлөх: ыарахан хроническай ыарыылаахтар, үөрэнэллэригэр, үлэлииллэригэр хааччахтаахтар.

Оҕо доруобуйатынан ханнык бөлөххө хапсарын педиатр эбэтэр оҕо дьиэтин бырааһа, диспансеризация, медицинскэй чинчийии түмүгэ быһаарар.

Оҕолор тустарынан толору информацияны бу нүөмэринэн билсиэххэ сөп: +7 (41144) 4-83-14 – Профилактика уонна оҕолоох дьиэ кэргэттэри арыаллыыр салаа.

Бассаабынан суруйарга: 8-914-277-03-60

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...