27.01.2021 | 13:42

Төрүөх саҕаланна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хайа да чугас эргин сыллардааҕар, бу кэлбит 2021 оҕуспут сылын тохсунньута, өбүгэлэрбит этэллэринии"тиит мутуга туран эрэ тостор тымныытынан" дьону-сэргэни сөхтөрдө. Үлэлээх-хамнастаах тыа ыала барахсан онтон чаҕыйбакка син биир үлэлэрин үлэлээн, сүөһүлэрин көрүнэн, ойбоҥҥо хас да күөлү уҥуордаан уулатан, сарсыарда олох эрдэттэн түбүгүрэллэр. Биһиги тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһилиэк буоларбыт быһыытынан, ынах сүөһү ахсаана 456 сүөһү кыстаан турар. Онтон ыанар ынаҕа 156 төбө. Бу күннээҕи туругунан, тымныыны аахсыбакка, сүөһү төрөөһүнэ саҕаланан эрэр. Уопсайа 12 ынах төрөөтө. Дьэ, мантан ыла төрүөх маассабайдаан үүт-сүөгэй үрүйэлии устуо турдаҕа.

     Үөһээ Бүлүү улууһун, Маҥаас нэһилиэгиттэн Изабелла Тимофеева                          

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....