ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛЫМ – САХА ТЫЛА
–“Киин куорат” хаһыакка кэнники кэмнэргэ төрөөбүт тылбытын харыстыырга, кини атарахсыйбатын туһугар санааларын ууран үлэлэһэ сылдьар дьон туһунан сырдатар сэргэх суруйуулар тахсаллара кэрэхсэбиллээх суол.
Үгүс төрөппүт санаатын этинэрин иһиттэххэ, тылбыт сатарыйыытын сахалыы үөрэтэр чааһы аччатыыга, сахалыы үөрэтэр уһуйааннар, оскуолалар аҕыйахтарыгар аҥаардастыы буруйу барытын сүктэрэ сатыыллар. Дьиҥэр, төрөөбүт тылбытын бэйэбит көйгөтүтэн өлөрөн эрэрбитин дьиҥ кырдьыгынан билинэн, ону туоратарга үлэни ыытарбыт ордук буолуо этэ.
Сахалыы тыллаах төрөппүттэр, өбүгэлэрин ситимин быспакка, оҕолоругар ийэ тылларын биэрэр ытык иэстэрэ буоларын умнуо суохтаахтар диэн бигэ санаалаахпын. Саҥа тылланар оҕону төрөппүт ийэ тылынан саҥарда үөрэттэҕинэ ол оҕо ханна да сырыттар, хаһан да өбүгэлэриттэн бэриллибит тылы умнубатын өйдүөх тустаахпыт. Оҕо сахалыы тылланнаҕына эрэ, саха омук буоларын өйдүүр, сахалыы тыыннанар. Нууччалыы тылламмыт оҕолор сахалыы тыыннара суох, хайа омук буолалларын да быһаарбат, хоторбот дьон буолан тахсаллар. Ол туһунан “Хайа омук буоларбын “не знаю”диэн ыстатыйабар суруйан турабын.
Куоракка үөскээбит, нууччалыы уһуйааҥҥа сылдьыбыт, оскуолаҕа үөрэммит оҕолордоох элбэх төрөппүттэри билэбин. Олор оҕолоро төһө да нуччалыы эйгэҕэ сырытталлар, сахалыы тылларын бырахпатахтара, умнубатахтара. Ол сүрүн төрүөтүнэн оҕо аан бастаан тылланарыгар сахалыы саҥарыахтаах, бэйэтин ийэ тылынан оту-маһы, кыылы-сүөлү, дьиэ-уот тээбириннэрин, таҥаһы-сабы, аһы-үөлү билэ үөрэниэхтээх. Ити барыта кыра эрдэҕинэ оҕоҕо бэрилиннэҕинэ сахалыы толкуйа сайдар, барытын бэрт түргэнник ылынар.
Дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы эйгэни
Сүрүн ыарахаттары төрөппүт уонна оҕо нууччалыы уһуйааҥҥа сылдьар кэмнэригэр көрсөллөр. Оҕо ити сааһыгар ону-маны түргэнник ылынар буолан, нуучча оҕолорун ортотугар киирдэҕинэ, түргэнник нууччатыйан, сахатын тылын күн устата умна быһыытыйар. Дьэ, манна киэһэтин оҕону кытта кэпсэтии ойуччу суолтаны ылар. Оҕо дьиэтигэр куруутун төрөөбүт тылынан кэпсэтэрин ситиһиллиэхтээх. Билиҥҥи кэмҥэ эдэр төрөппүттэр итинник үгэһи кыайан олохтооботтор, дьиэҕэ кэлэн күнүскү курдук нууччалыы эйгэни үөскэтэллэр. Итиннэ сытар сүрүн алҕастара.
Билигин куоракка урукку буолбатах, тыа сириттэн көһөн кэлии элбээн, сахалыы эйгэ үөскээн турар диэтэхпинэ улаханнык сыыстарбатым буолуо. Онон бэйэлээх бэйэбит тылбытынан кэпсэтэргэ-ипсэтэргэ урукку сэбиэскэй саҕанааҕы кэмнэртэн быдан тоҕоостоох кэм үөскээн турар, баҕарыахха эрэ кэрэх курдук көрөбүн.
Аҕыйах сыллааҕыта Алдан политехникумугар саха оҕолоро хайдах олороллорун, үөрэнэллэрин билсээри бара сылдьыбытым. Араас улуустартан үөрэнэ кэлбит уонча оҕону түмэн кэпсэтии буолбута. Нууччалыы эйгэни сөбүлээбэккэ, хас да оҕо Дьокуускай диэки бардылар диэн кэпсээбиттэрэ. Түмсүбүт оҕолор ортолоругар биир Алдан куоратыгар төрөөбүт, нууччалыы уһуйааҥҥа сылдьыбыт, оскуолаҕа үөрэммит сахалыы олус ыраастык саҥарар кыыс баарын бэлиэтии көрөммүн: “Нуучча дойдутугар үөскээбит киһи, хайдах маннык үчүгэйдик сахалыы саҥарарга үөрэммиккиний?” – диэн ыйыппытым. “Мин дьиэм иһигэр сахабын, уулуссаҕа таҕыстахпына нууччабын”, – диэн бэрт бэргэнник хоруйдаабыта. Ол аата кыыс төрөппүттэрэ төһө да нуучча нэһилиэнньэлээх куоракка олордоллор, дьиэлэрин иһигэр сахалыы тыыны үөскэппиттэр эбит диэн санаа үөскээбитэ.
Билэр дьонум кыыстара икки уоллаах кыыс оҕотунуун Новосибирскай куоракка олорбуттара ыраатта. Сиэннэрэ уол быйыл 10-с кылааска туйгуннук үөрэнэр. Тохсуһу кыһыл көмүс мэтээллээх бүтэрбит, сиэннэрэ кыыс 8-с кылааска “үһэ” суох үөрэнэр. Сиэннэрэ төһө да атын сиргэ сырытталлар, куйаар ситимигэр эһэлээх эбэлэрин кытта төрөөбүт тылларынан кэпсэтэллэрин туһунан үөрэ-көтө кэпсииллэр, кыыстарыгар оҕолорун сахалыы тыыҥҥа үөрэтэрин иһин махтаналлар.
Оскуола эҥээрдээх үлэлээх буолан, билиҥҥи алын сүһүөх кылаас саха оҕолоро үксүлэрэ кэриэтэ “тоҥ нуучча” буолалларын бэлиэтии көрөбүн. Төрөппүттэрэ, эһэлэрэ, эбэлэрэ дьиэлэригэр сахалыы эйгэни үөскэппэккэ, оҕолорун баҕа өттүнэн өбүгэлэрин ситимин быһан, саха омук буолалларын сотон кэбиспиттэр диэн толкуйга кэлэҕин. Маннык омнуолаах көстүүнү өбүгэлэрбит “Бэйэ олорор мутугун кэрдинии” диэн бэргэнник эппиттэр эбит. Кэлиҥҥи кэмнэргэ куорат оскуолаларыгар кэлии омук оҕолоро элбээн иһэллэрин билэ-көрө сылдьабыт. Ардыгар бэйэбит оҕолорбут ийэ тылларын билбэттэриттэн хомойон, кэлии омук оҕолоруттан: “Бэйэҕит тылгытын билэҕит дуо?” – диэн ыйытааччыбын. Билиҥҥитэ омугум тылын билбэппин диир оҕону көрсө иликпин. Дьиэлэригэр төрөппүттэрин кытта бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэллэрин туһунан киэн тутта кэпсииллэр. Оттон биһиги оҕолорбут бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар олорон ийэ тылларын билбэттэр. Ким кинилэри күһэйдэ “тоҥ” буоларга? Билиҥҥитэ сахалыы саҥарымаҥ диэн ким да бопсубутун истэ иликпин.
Төһө да тылбыт туттуллар ыыра кыараабытын иһин, саха омук буоларбытын умнубакка, өбүгэлэрбит үйэлэртэн үйэҕэ иитиэхтээн илдьэ кэлэн биэрбит тылларын сиргэ-буорга тэпсибэккэ, хас биирдии сахалыы тыллаах бүтүн норуот эстибэтин, симэлийбэтин туһугар төрөөбүт ийэ тылбытын харахпыт харатын курдук харыстыырга дьулуһарбыт бүгүҥҥү дьалхааннаах олохпут ирдэбилэ буолла.
Ньукулай Местников