01.08.2020 | 11:22

Төрөөбүт тыл – оҕо сайдарыгар туһалаах инструмент

Төрөөбүт тыл – оҕо сайдарыгар туһалаах инструмент
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Алла Ноговицына – элбэх оҕолоох ийэ:

Биһиги улахан уолаттарбыт нуучча тыллаах оҕо уһуйааныгар иитиллибиттэрэ. Ол гынан баран дьиэбитигэр сахалыы эрэ кэпсэтэбит уонна оҕолортон сахалыы саҥаралларын ирдиибит, нууччалыы саҥаралларын бобор да этибит диэххэ сөп. Оннук эрэ гынан тылбытын тутан хаалбыппыт.

Кыралар уһуйааннара сахалыы уонна убайдарын үтүктэллэр. Кэтээн көрдөххө, оҕолор мультфильм, тэлэбиисэр, YOUTUBE көрөн, нуучча тылын кэпсэтэр ньыматын иҥэринэллэр эбит. Биһиги да көлүөнэ оҕолоро онно холобур буоллахпыт дии.

Төрөөбүт тылы билии атын тылы үөрэтэргэ мэһэй буолбатах. Бэйэбит холобурбутуттан, уу сахалыы тыллаах Айыы Кыһатыгар 6-с кылааска үөрэнэр уолбут нуучча тылын олимпиадатын муниципальнай түһүмэҕин призера буолбута.

Биирдэ аэропортка бары таксинан барбыппыт, суоппар сахалыы кэпсэтэрбитин истэн: “Хайа улуустан сылдьаҕытый?” – диэн соһуппута. Куорат оҕолоро сахалыы саҥарбаттар диэн өйдөбүл олохсуйбута киһини хомотор.

Билигин куоракка даҕаны, Саха сирин киин улуустарыгар даҕаны оҕолор үксэ нууччалыы кэпсэтэр буолбуттар. Ону батыһан, үйэлэрин тухары нууччалыы соччо кэпсэппэтэх эбэлэр, эһэлэр эмиэ нууччалыы саҥараллар.

Мин бэйэм кэтээн көрөрбүнэн, саха тыллаах оҕо наһаа сэмэй буолар. Математикаҕа алын кылаас оҕолорун үөрэтэр этибит: сөпкө суоттаан да баран, саҥарбакка олорор буолааччылар. Ити көстүү, мин санаабар, билиҥҥи кэмҥэ соччото суох, санаабыккын этинэр, ыйытартан толлубат буолар ордук. Былырыын улахан уолбут МГУ мехмат лааҕырыгар сылдьыбыта. Бастакы үс күнүн кимниин да билсибэккэ, кэпсэппэккэ атаарбыт этэ, наһаа да куһаҕан лааҕырга кэллим дии санаабыт этэ. Онтон дьэ оҕолору кытары билсэн, учууталга уруок бүппүтүн кэннэ кэлэн суоттаабытын көрдөрөн, атыннык, ордук суоттаабыккын диэн хайҕанан, лааҕырын сөбүлээн кэлбитэ.

Уопсайынан, элбэх учуутал “сахалыы толкуй” диэн баар диир. Ол курдук, Өрөспүүбүлүкэтээҕи физико-математическай оскуола бастакы дириэктэрэ Алиев Исмаил Шахбаз-оглы Новосибирскайга үлэлии сылдьан, дьикти толкуйдаах саха оҕолорун көрөн кэлбит диэн уос номоххо кэпсээн баара биллэр. Мин бэйэм биирдэ итинник курдугу көрсүбүтүм, үөрэтэ сылдьыбыт куруһуокпутугар 2-с кылааска үөрэнэр нууччалыы саҥарар оҕо биир садаачаны кыайан суоттаабатаҕа. Ону мин киниэхэ садаача усулуобуйатын уруһуйдаан көрдөрбүтүм, арай киһим, ону көрөөт, түргэн үлүгэрдик суоттаабыта. Кэлин ийэтиттэн оҕоҕут сахалыы саҥарар этэ дуо диэн ыйыппытым. Ону бастаан сахалыы саҥаран иһэн, чуолкайа суохтук саҥарарыттан сылтаан, логопед биир тылы талыҥ диэбитигэр, нуучча тылыгар көспүппүт диэбитэ.

Толкуйдааһын айылҕата – өссө да киһи аймахха арылла илик кистэлэҥ. 20-с үйэттэн саҕалаан, учуонайдар оҕо хайдах саҥарар буоларын, иккис тылы хайдах ылынарын, ол үөрэнэригэр хайдах дьайарын, о.д.а. чинчийэллэр.

Эрдэ иккис тыл киһини бутуйар диэн санаалар баар этилэр. Бастакынан элбэх тылы билии киһи сайдыытыгар туһалаах эрэ буоларын Л.С. Выготскай 1935 с. эппитэ. 1962 с.  Монреаль куоракка билингвтэри үөрэппит учуонайдар У. Ламберт уонна Э. Пол түмүктэрэ эмиэ сүрдээх сэдэх – икки тыллаах оҕолор өй-билии өттүнэн сайдыылара биир тыллаах эт саастаах оҕолоруттан үрдүк, толкуйдара быдан имигэс, айар-тутар дьоҕурдара олус сайдыылаах, садаача суоттуулларыгар икки тылынан толкуйдуур ньымаларын ордук туһаналлар диэн.

Интэриниэт, араас технологиялар сайдан,  кэлэр сылларга аан дойду экономическай укулаата уларыйара чахчы. Роботтар киһини элбэх эйгэҕэ солбуйан эрэр түгэннэрэ элбээтэ. Оннооҕор атыылааччыта суох маҕаһыыннар баар буолан эрэллэр. Маннык түгэҥҥэ үлэ миэстэтэ былдьаһык буолуо. Ол иһин оҕолорбут күрэстэһиигэ хапсар буоллуннар диэн, үөрэххэ талаһыах тустаахпыт. Онно төрөөбүт тылбыт мэһэй буолбакка, олус көмөлөөх инструмент буолар диэн өйдүөхтээхпит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...