12.09.2020 | 06:41

Төрөөбүт күҥҥүнэн, Дьокуускай!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куорат олохтоохторо тапталлаах куораттарыгар хомоҕой хоһоонунан эҕэрдэ бэлэмнээтилэр. Ол курдук, “Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук “Библиотека тиһигин киинэ” муниципальнай бүддьүөт тэрилтэтин көҕүлээһининэн ыытыллыбыт “Мин куоратым саҥата” бырайыакка бастыҥ хоһоон ааҕааччылар кытыннылар: артыыстар, актыбыыстар, оскуола үөрэнээччилэрэ, поэттар, о.д.а.

Дьокуускай куорат баһылыга Сардана Авксентьева Василий Полятинскай “Дьоллоох куорат Дьокуускай” хоһоонун аахта.

Бырайыак киин куорат сүрүн экраннарыгар, Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар, “Киин” киинэ театрын иннигэр көстүөҕэ, громкоговоритель нөҥүө куорат уулуссаларыгар иһиллиэҕэ.   

Бу күннэргэ тапталлаах куораппыт төрөөбүт күнүгэр аналлаах араас тэрээһин ыытыллыаҕа. Бырагыраама киэҥ: онлайн куонкурустар, быыстапкалар, оонньуулар, викториналар, араадьыйанан биэриилэр, пааматынньыктарга сибэкки дьөрбөтүн ууруу, кыһыл көмүс уонна үрүҥ көмүс пааралары чиэстээһин, видеонан уруоктар, марафоннар, кэнсиэртэр, о.д.а.

Куорат олохтоохторо, көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт. Толору бырагырааманы якутск.рф сайтка киирэн көрүҥ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...