26.05.2023 | 16:00

Төһөнөн аһатыаҥ — оччонон элбэх аһы ылыаҥ

Төһөнөн аһатыаҥ — оччонон элбэх аһы ылыаҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын бүтүүтэ, тымныылар ааһыылара — оҕуруот аһын арассаадата бүтүннүү тэпилииссэҕэ тахсыбыт, сайыҥҥы сибэкки бары көрүҥэ таһырдьа олорбут кэмэ. Бу кэмтэн ыла үүнээйибитин аны көрүүгэ-истиигэ, аһатыыга болҕомто уурабыт. 
Билигин маҕаһыыҥҥа уоҕурдуу арааһа атыыланар, үүнээйи хас биирдии көрүҥэр сөптөөх минеральнай аһылык барыта баар. Ол эрээри норуот муудараһа өссө кимиэхэ да мэһэйдээбэтэҕэ, сорох кэмҥэ харчытыгар да барыстаах, доруобуйаҕа да ордук туһалаах буоллаҕа.

Банан хаҕа

Хаччаччы хатарыллыбыт банан хаҕын уонна мас күлүн помидор олордорго хас биирдии харах анныгар кутуллар. Маныаха бытархай, эргэрэн эрэр балык эмиэ барсар, натрий, калий, фосфор курдук битэмииннэринэн ордук баай.

Банан хаҕа биэрэскэ эмиэ олус туһалаах уоҕурдуу. Онон олордоргут саҕана хатаран баран бытарытан кутаргытын умнумаҥ.

Эргэ хортуоппуй

Хаппыыста арассаадатын анныгар эргэ хортуоппуйу хаҕылаан угуллар эбит. Хаҕылаабатахха, хаппыыста оннугар хортуоппуй үүнэр куттала баар.

Хаппыт килиэп

Хаппыт килиэп хоручуоскатын биэдэрэлээх ууга кутан, аһытыы курдук оҥоһуллар. Килиэп тоорохойдоро ууга дагдайа сылдьыбаттарын туһугар аллараа баттатар ордук. Нэдиэлэ курдук маннык туруоран аһытан баран, 1:3 убатан, холобура, оҕурсуга, сайыны быһа кутуохха сөп.

Килиэп аһытыытын отонноох үүнээйилэргэ эмиэ тутталлар — клубникаҕа, биэ эмиийигэр о.д.а.

Аһыйбыт үүт

Кефир эбэтэр аһыйбыт үүт — эмиэ ааттаах уоҕурдуу. Кефири хаппыт килиэби уонна аһыйбыт барыанньаны кытта булкуйан, көөнньөрөн уоҕурдар ньыма интэриниэккэ үгүс. Бастакы аһатыыны үүнээйини аһаҕас груҥҥа олордубут кэннэ биир-икки нэдиэлэ иһинэн оҥоһуллар. Маныаха 10 л биэдэрэҕэ 1 л аһыйбыт үүт наада.

Сымыыт хаҕа

Сымыыт хаҕын уоҕурдууга туһаныах иннинэ сыта суох буоларын курдук үчүгэйдик сууйуллар, хатарыллар уонна илдьи ньыһыйыллар. Маннык үлтүрүтүллүбүт сымыыт хаҕын хас биирдии олордуу үүнээйи анныгар кутар олус туһалаах, арассаадаҕа ас буоларын таһынан, туой курдук кытаанах буору тупсарар.

Сымыыт хаҕынан убаҕас уоҕурдууну эмиэ оҥоруохха сөп. Туран эрэн өҥө өлбөөдүйдэ да, 1:3 гына убатан, хаппыыстаҕа, моркуопка, луук, салаат курдук үүнээйилэргэ барытыгар кутуохха сөп.

Луук хаҕа 

Эриэппэ луук хаҕын лаахтаах көстөрүүлэҕэ оргутан, ыйга биирдэ оҕуруот аһын, сайыҥҥы үүнээйини эрэ буолбакка, дьиэтээҕи сибэкки сэбирдэҕин кытта ыстарыахха сөп. Холобура, оҕурсу сэбирдэҕэ саһарарыгар, «хара атах» диэн киэҥник тарҕаммыт ыарыыны, тляны бохсорго луук хаҕын көөнньөрбөтүн курдук көдьүүстээх уоҕурдуу суох. Оттон луук хаҕын аҥаардастыы олордуу үүнээйи анныгар уктахха, ыарыыттан харыстыырын таһынан, үүнүү өлгөм буоларыгар көмөлөһөр эбит.

Мас күлэ 

Мас күлүн көөнньөһүгүнэн үүнээйини сайын устата үстэ ыстарар  тоҕоостоох. Мас күлэ уопсайынан үүнээйигэ барытыгар кураанахтыы да, суурайыллан да туһата баһаам.

Туус, саахар 

1 л ууга 1 ч.нь. саахары суурайан үүнээйи сэбирдэҕин ыстарыы тигээйилэри ыҥырарга көмөлөһөр. Оттон туус суурадаһынын клубника таһыгар кутан, кымырдаҕастары куттуохха сөп. Клубниканы кымырдаҕастартан харыстыыр биир ньыманан мас арыыта буолар. 3 л ууга 1 ост. нь. мас арыытын суурайан, сэбирдэҕин ыстардахха, грибоктартан эмиэ эмтиир.

 

Онон, эһиил эмиэ оҕуруот үүннэриэм, интэриэһинэй дьарык эбит дии санаатаххытына, бэйэ уоҕурдуутун кыһыны быһа мунньуохха сөп. Холобура, сиэбит сымыыккыт, банааҥҥыт, лууккут, хаҕылаабыт хортуоппуйгут хаҕын мунньан иһиҥ, баанньыктан эбэтэр сааскы шашлыктартан мас күлүн хаһааныҥ, бэл, балкоҥҥа умнуллубут хаппыт килиэп, ирбит балык барыта оҕуруокка ханнык да маҕаһыын уоҕурдуутунааҕар туһалаах буоларын умнумаҥ.

Маны сэргэ аптекаҕа атыыланар борнай кислота, марганцовка, дьуот, зеленка курдук судургу сириэстибэлэр эмиэ оҕуруокка туһалара баһаам. Холобура, дьуот суурадаһынын ыстарыы клубника аһын элбэтэр, зеленканан тостубут сэбирдэхтэри эмтэниллэр, марганцовка араас ыарыыны барытын эмтиир кыахтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....