05.12.2021 | 10:00

Түмсүү саҥа бырайыага

Ааптар: Маргарита СТЕПАНОВА (Акимова)
Бөлөххө киир

Саха АССР оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр 2019 сылга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн «Выпуск-85» уопсастыбаннай түмсүүнү тэриммиппит. Үйэтитии үлэтэ биир сүрүн хайысхабытынан буолар.

Ол курдук, үс сыл устата өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар олорор 175 выпускникпыт туһунан биэс араас кинигэни таһаарбыппыт. Кинигэлэрбит "Олоххо анал", "Эдэр саас эрчимэ" , "Спорт – доҕордоһуу туоната", "Иэйии эйгэтигэр" уонна "Түмсүүнү түстээччилэр" диэн ааттарынан күн сирин көрбүттэрэ. Маны таһынан ырыа, хоһоон айар үөлээннээхтэрбит айымньыларынан ырыа флэшкатын таҥан үйэтиппит үөрүүлээхпит.

Бу ыыппыт уопсастыбаннай үлэбит-хамнаспыт өрөспүүбүлүкэбит Саха АССР 100 сылын көрсө былааннаабыт тэрээһиннэригэр ис хоһооннорунан, ыытыллар хабааннарынан үүт-маас сөп түбэһэллэриттэн улаханнык астынан, үйэтитии хайысхатыгар өссө кимиилээхтик, кэскиллээхтик үлэлиир сыал-сорук туруорунан, бу сайыҥҥыттан аны киинэ устуутугар киирсэн эрэбит. Ол курдук, биир суолталаах бырайыакпыт туһунан "Үтүө дьыала Кубога – үс бастакы улууска" уонна "Түмсүүнү түстээччилэр" диэн тэрилтэбит үлэтин-хамнаһын кэпсиир икки документальнай киинэни уһуллубут.

Ханнык баҕарар таһаарыы тустаах үбү-харчыны эрэйэрэ саарбаҕа суох. Бу баараҕай бырайыактар күн сирин көрөллөрүгэр түмсүү үтүө үгэһэ сүрүн тирэх буолла. Чуолаан, бастакы киинэ оҥоһуутун ороскуотун «Үтүө дьыала Кубога» хамсааһыммыт төрдүгэр турбут үс бастакы улуус – Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү – бүтүннүү бэйэлэрэ уйуннулар. Киинэҕэ Үтүө дьыала Кубога Ньурбаҕа хайдах төрүттэнэн, оҥоһуллан тахсыбыта, туох сыаллаах-соруктаах өрөспүүбүлүкэ бары улуустарынан аартыктаах айаҥҥа туруммута, маҥнайгы үтүө дьыалалар, үс сыллаах үлэ түмүгэ о.д.а. документальнай киинэ жанрын бары каноннарын тутуһан кэпсэнэр. Кэлин сөмөлүөккэ, бөртөлүөккэ, поезка тиийэ тырааныспар бары көрүҥэр тирэммит Кубогы улуустан улууска туттарыы, тиксэрии аан маҥнай Дьокуускайтан тэриллибит автодесантан саҕаламмыта, "Үс улуус 85-тэрэ биир күн үтүө дьыаланан – Далырга" диэн аахсыйа хайдах да көрөөччү болҕомтотун тардымыахтарын сатаммат. Ити курдук бастакы киинэ биһиги уопсастыбаннай түмсүүбүт биир сыллаах «Үтүө дьыала Кубога» бырайыага Саха АССР кэмигэр үөрэммит ыччаттар эдэр көлүөнэ дьоҥҥо холобур буоларын туһунан салайааччыбыт Алексей Васильев интервьютунан түмүктэнэр. 

«Үтүө дьыала Кубога» хамсааһыммыт салгыы өрөспүүбүлүкэ хас биирдии улууһунан үрдүк ситиһиилээхтик эргийэн, Дьокуускай куоракка кэлбитин былырыын биһиги «Киин куорат» хаһыакка анал балаһа ылан сыл курдук кэмҥэ суруйан, сырдатан испиппит.

Түгэнинэн туһанан, "Үтүө дьыала Кубога – үс бастакы улууска" бастакы документальнай киинэни Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү выпускниктара бэйэлэрэ уйуммуттарын киэн тутта  кэпсиибит. Чуолаан, бу анал аахсыйаны өрүү тэрийэр Дьокуускай куоракка олохсуйбут үтүө-мааны дьоммутугар – Ньурба-85 лидерэ Валентина Агитовна Дегеряковаҕа, Үөһээ Бүлүү-85 лидер уола Николай Николаевич Ивановка, Бүлүү-85 сүрүннээччитэ Лилиана Ивановна Антоноваҕа уопсай дьыала иннигэр харчы хомуйуутун курдук сүҥкэн кылааттарын иһин устар бөлөх аатыттан махталбытын тириэрдэбит.

“Үтүө дьыала Кубога” бырайыак өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар ыытыллан, хас эмэ тыһыынчанан үйэлээх үтүө дьыала оҥоһуллубута, ону төрүттээччилэринэн, көҕүлээччилэринэн «Выпуск-85» уопсастыбаннай хамсааһын чилиэннэрэ буолбуттара – бу биһиги үөлээннээхтэрбит историяҕа киирбит биир улахан ситиһиилэрэ буоларыгар мин, бырайыак ааптара, режиссера буоларым быһыытынан, саарбахтаабаппын.

Саха АССР 100 сылын көрсө тахсыбыт бастакы документальнай киинэбит сэбиэскэй кэм ыччатын ураты өйүн-санаатын, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу, бэйэ бэйэҕэ көмөлөсүһүү курдук өйдөбүллэри олоҕун тухары этигэр-хааныгар иҥэринэ сылдьарын туоһута диэн толкуйдуубут.

Маҥнайгы саҕалааһынтан саҕыллан, кылгас кэм иһигэр номнуо иккис документальнай киинэни устуу ортолоото. Онон бүгүн түмсүүбүт историятын, бырайыактарын туһунан кэпсиир, көрдөрөр "Түмсүүнү түстээччилэр" диэн иккис документальнай киинэбитигэр үлэлии сылдьабыт.

Манна бэйэбит уратыбытын көрдөрөр логотиптаах, былаахтаах, значоктаах, анал формалаах уонна биһигини түмэр ырыалаах маҥнайгы тэрээһиннэрбитигэр аан маҥнайгыттан үлэлэспит үөлээннээхтэрбит кэпсээннэрэ киирсэр. Чуолаан, бу баара-суоҕа 40 мүнүүтэлээх кылгас киинэҕэ Саха АССР оскуолаларын 1985 сылга бүтэрбит үөлээннээхтэрбитин барыбытын түмпүт, бүтүн Арассыыйа таһымыгар тахсан, элбэх күрэх, көрүү кыайыылааҕа буолбут “Үтүө дьыала Кубога» бырайыактан саҕалаан, зодиактарынан түмсүүлэр, "Пароль85", СМИ-гэ тахсыы, улуус түмсүүлэрэ барыта хабылларын ситиһэ сатыыбыт.

Киинэ компьютернай графика уонна тыыннаах музыка доҕуһуолланан, көрөөччү сэҥээриитин ылыаҕа диэн эрэнэбин.

Үтүө санаанан салайтарар үлэни-хамнаһы сырдатыы инникитин, кэскиллээҕин өйдөөн, чааһынай тэрилтэлээх, тэрилтэ салайааччылара, улахан дуоһунастарга үлэлии сылдьар үөлээннээхтэрбит киинэ ороскуотугар үтүө санааларынан көмөлөһөллөрүттэн үөрэбит, махтанабыт. "Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ" диэн өбүгэлэр эппит тыллара билиҥҥи олохпутугар суолтата улаханын өссө төгүл сөҕөбүт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...