Түмүгү күүтүү ордук долгутуулаах
БКЭ-ни 100 баалга туттарыы – билии бастыҥ көрдөрүүтэ, үөрэнээччи уонна учуутал үлэтин үтүө түмүгэ, уопсай сыраларын сыанабыла. Бу күннэргэ бастакы эксээмэннэр түмүктэрэ биллэн, сүүс бааллаах оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр үөрүүлэрэ үксээтэ.
Киин куорат туйгун үөрэнээччилэрин үрдүк ситиһиилэринэн киэн туттар. Ол курдук, географияҕа 2 №-дээх оскуола выпускнига Алексей Кычкин 100 баалы ылла. Литератураҕа Владимир Печетов (Дьокуускай куораттааҕы лицей), информатикаҕа Далирхан Ефремов бастыҥ көрдөрүүлээхтэр. Нуучча тылыгар БКЭ сорудахтарын 12 оҕо биир да сыыһата суох толордо. Бүгүн бастакы дьоруойдары билиһиннэрэбит. Элбэхтик аах, билиигин сатаан туһан
Света Винокурова Саха гимназиятын туйгуннук үөрэнэн бүтэрдэ. Үөрэҕи өрө туппут кыыс нуучча тылын биир кэлим эксээмэнигэр 100 баалы ылла. Учуутала – Тихонова Ольга Николаевна. Нуучча литературатын эксээмэнин 97 баалга туттарбыт. Учуутала – Андреева Марианна Алексеевна. Бэрт кыранан, кыл мүччү 100-кэ тиийбэтэх. Бэҕэһээ английскай тыл эксээмэнин туттарда. Тыл үөрэҕэр туттарсар санаалаах.
– Мин консультацияҕа олордохпуна, учууталым бассаабынан ыыппыта. Бастаан итэҕэйбэтэҕим. Онтон учууталым эрийбитэ, онно биирдэ итэҕэйбитим. Ийэм, учууталларым, дьүөгэлэрим тэҥҥэ үөрбүттэрэ, бассаабынан эҕэрдэлээбиттэрэ. Бэйэм 80 баалы ыларым буолуо диэн суоттана сылдьыбытым. Хайдах да сүүс баалы ылыам дии санаабатаҕым.
Мин санаабар, БКЭ-ни үөрэнээччи хайдах туттарара бэйэтиттэн эрэ тутулуктаах. Кини бириэмэтин сөпкө туһанара, сатаан аттарара, ону таһынан санаа күүһэ элбэҕи быһаарар.
Дьиҥэр, атын предметтэрбэр ордук күүскэ бэлэмнэммитим. Нуучча тылын маҥнайгы кылаастан үөрэтэр буоллахпыт. Теорияҕа ордук улахан болҕомтону ууруохха, элбэх эрчиллиини оҥорон дьарыктаныахха наада. Литератураҕа элбэхтик аахтаххына, билиигин сатаан туһаннаххына эрэ үрдүк баалы ылаҕын. Мин 17-с сорудахха биир сыыһалаахпын, ол иһин 97 баалы ыллым.
Үрдүк көрдөрүүм, бастатан туран, сыалым-соругум түмүгэ. Иккиһинэн, учууталым уонна бэйэм бэлэмнэниибит, уопсай үлэбит көрдөрүүтэ.
Света эксээмэннэрин барытын этэҥҥэ туттаран бүттэҕинэ, Чурапчыга сир астыы барар санаалаах. Кырдьык даҕаны, айылҕалыын алтыһыы туохха да тэҥнэммэт үтүө сынньалаҥ буоллаҕа! Күүс-уох эбинэн, өйдүүн-санаалыын ырааһыран, Света аны устудьуон олоҕор үктэниэ турдаҕа.
БИЛИҤҤЭ ДИЭРИ ИТЭҔЭЙБЭППИН
Туйаара Кириллина Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияны кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрдэ. Нуучча тылыгар бастыҥ көрдөрүүлээх – 100 баал. Учуутала – Назарова Евдокия Николаевна. Ону таһынан математика (профильнай), обществознание эксээмэннэрин туттарбыт. Бииртэн биир ыарахан предмети талбыт. Түмүктэрэ бу күннэргэ биллиэхтээх, долгуйа күүтэр. Английскай тылын эксээмэнэ хаалла. Экономист үөрэҕэр киирэр баҕалаах. Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи федеральнай университекка туттарсар.
– Учууталбыт бассаап бөлөххө биһиги кылаастан 100 баалга туттарбыт оҕо баар диэн суруйбут этэ. Мин буолуо дии санаабатаҕым. Онтон “Туйаара, эҕэрдэлиибин” диэн суруйбута. Соһуйбутум. Билиҥҥэ диэри итэҕэйбэккэ сылдьабын.
Нуучча тыла бастакы БКЭ-м этэ. Учууталбын кытта бэлэмнэммиппит. Бэһис кылаастан Евдокия Николаевнаҕа үөрэнэн, нуучча тылын үчүгэйдик биллим дии саныыбын.
Пандемия кэмин туһалаахтык атаардым. Дьиэҕэ олорон өйбүн-төйбүн сааһыламмытым. Эрдэһиппин, ол иһин эрэсиимим кэһиллибэтэҕэ. Сарсыарда сэттэҕэ номнуо үөрэҕим саҕаланара.
Алын сүһүөхтэн мэлдьи туйгуннук үөрэнэбин. Ол иһин былааным үрдүк. Сорудаҕы барытын кэмигэр оҥорон истэххэ, учууталлар тылларын истэр буоллахха, мин санаабар, улахан ыарахаттары көрсүбэккин. Дьиэ кэргэним, доҕотторум, учууталларым бары өйүүллэр, өйдүүллэр, көмөлөһөллөр.
ҮӨРҮҮБҮТҮТТЭН ЫТЫЫ СЫСПЫППЫТ
Наталья Николаева “Айыы Кыһата” национальнай гимназияны туйгуннук бүтэрдэ. Онус кылааска Анаабыр улууһуттан көһөн кэлбит.Сааскылаах гимназиятыгар үөрэммит. Нуучча тылыгар көрдөрүүтэ бастыҥ – 100 баал. Ону таһынан биология, химия эксээмэннэрин туттарда. Новосибирскайга эмчит үөрэҕэр туттарсар.
– Биология консультациятыгар олордохпуна, бассаапка суруйбуттара. Олус долгуйбутум. Ийэбин кытта үөрүүбүтүттэн ытыы сыспыппыт.
Бастыҥ көрдөрүү учуутал уонна үөрэнээччи үлэлэрин түмүгэ дии саныыбын. Бэһис кылаастан нуучча тылыгар Мария Степановна Дъячковская үөрэппитэ. Манна кэлэн баран эмиэ олус үчүгэй учууталга түбэспитим. Аата – Елена Степановна Софронова. Өйтөн суруйууга ыарырҕатар этим. Учууталым олус көмөлөстө.
Учуутал билии биэрэрин оҕо иҥэриниэхтээх. Киһи кыһалыннаҕына уонна баҕардаҕына тугу баҕарар кыайар. Нуучча тыла күн аайы кэпсэтии тылыгар туттуллар. Онон бу предмет саҥарар саҥаҕар, духуобунай сайдыыгар туһалаах. Оҕолор ону өйдүөхтээхтэр.
Дьиэҕэ бэлэмнэнии, кырдьык, чыҥха атын. Ол эрээри ордук сааһыланар, өйүҥ-санааҥ дьаарыстанар эбит. Учууталларбыт хас биирдии оҕону тус-туспа дьарыктаатылар.
Нуучча тылын эксээмэнин бастакы чааһыгар быраабылалары үчүгэйдик үөрэтиэххэ наада. Ханнык баҕарар тиэмэ кэлиэн сөп. Таайан хоруйдаабаккын. Чопчу быраабыланы билэр буоллаххына толороҕун. Өйтөн суруйууга баай тыл-өс ирдэнэр. Ол иһин элбэх кинигэни ааҕар ордук. Былаанынан сирдэтэн суруйар үчүгэй.
БКЭ кэмигэр долгуйаҕын, аны түмүктэргин күүтэҕин. Ол ордук долгутуулаах, – диир туйгун гимназист.
Наташа ааҕарыттан, үөрэнэриттэн салгыбат, хал буолбат. Сынньана түһэн баран, бастакы кууруска ыарырҕаппат курдук, тиэмэлэрин өссө хатылыыр санаалаах.
Баҕа санаабар биир хардыынан чугаһаатым
Аны улуустар киэн туттар оҕолорун билсиэххэ. Туйгун үөрэхтээх Юлиана Семенова Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуу орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрдэ. Нуучча литературата – 100 баал, нуучча тыла – 82 баал. Мин төлөпүөннээбит күммэр, английскай тылын эксээмэнин бастакы түһүмэҕиттэн кэлэн олороро. Бэҕэһээ иккис түһүмэҕин туттарда. Онон бүтэн, дьэ “һуу” диэтэ. Юлиана Новосибирскайга, Иркутскайга эбэтэр ХИФУ туттарсар санаалаах. Тылбаас, лингвистика идэтин баһылыыр баҕалаах.
– Сарсыарда биэс аҥаар чааска ийэм уһугуннарбыта. Бассаапка “Юлианкабыт 100 баалы ылбыт” диэн суруйбуттарын көрдөрбүтэ. Хайдах эрэ итэҕэйбэтэҕим, түүл-бит курдук санаабытым. Онтум, кырдьык, 100 баал эбит! Соһуйбутум! Үөрүүм үс күнү быһа ааспатаҕа. Бассаап туолбута. Төлөпүөннэрбит эстэ сыспыттара.
Юлиана учуутала – Огочонова Наталья Гаврильевна. Эксээмэҥҥэ дьиэтигэр үрдүттэн бэлэмниир киһилээх буолан, үрдүк көрдөрүүнү ылары ситистэ. Ийэтэ Оксана Николаевна – нуучча тылын уонна литературатын учуутала.
– Нуучча литературатын эксээмэнин билиитэ уонна быраактыката суох туттарбаккын. Ааҕа-ааҕа ийэбин кытта айымньы ырытыыларын оҥорор, өйтөн суруйуулары суруйар этибит. Оннук бэлэмнэммиппит.
Өйтөн суруйууга “Образ поэта и трагизм в судьбе в произведениях М.Ю. Лермонтова” диэн тиэмэни талбытым. Лермонтов лирикатын ордук хасыһан үөрэппитим.
Ааҕарбын сөбүлүүбүн. Кыра эрдэхпиттэн литература олимпиадаларыгар кыттарым. “Инникигэ хардыы” научнай-практическай конференцияҕа Анна Ахматова айымньыларын чинчийэн, өрөспүүбүлүкэҕэ үһүс миэстэ буолбутум.
БКЭ-ни атын нэһилиэккэ тиийэн туттарабыт. Далырга икки чаас айанныыбыт. Суолбут син үчүгэй. Эксээмэн буолуон иннинээҕи күн хайаан да баар буолуохтаахпыт. Тиһэх чуораан онлайн буолбута, банкеттаабатыбыт диэн кыратык хомойобут, – диир сэргэх сэһэргэһээччим.
Улуус баһылыга Владимир Поскачин туйгун үөрэхтээх кыыһы өйөөн, харчынан бириэмийэ олохтообут.
– Баҕа санаабар биир хардыынан чугаһаатым. Үөрэхпэр арыычча күүстээх, кыахтаах ноутбук наада. Харчы мунньуммутум ыраатта, – диэн үөрүүтүн үллэһиннэ.
Юлиана үөрэҕи эрэ өрө туппат. Туохха барытыгар көхтөөх. Иллэҥ кэмигэр уруһуйдуур, ыллыыр, гитараҕа оонньуур. Куонкурустарга кыттар. “Академия талантов” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска вокалга Гран-при, гитараҕа иккис миэстэ, уопсай түмүгүнэн куонкурус кылаан кыайыылааҕа буолбут. Соҕуруу Кореяҕа путевканан наҕараадаламмыт.
Дьиэ кэргэн өйөбүлэ – ситиһии төрдө
Сардана Седалищева Чурапчы улуустааҕы гимназиятын туйгуннук бүтэрдэ. Нуучча литературатын 100 баалга, оттон нуучча тылын 91 баалга туттарда. Уруһуйдуурун сөбүлүүр. Графическай дизайн идэтигэр туттарсар санаалаах.
– Өйтөн суруйууга түөрт тиэмэ баар этэ. Максим Горькай “Старуха Изергиль” айымньытынан тиэмэни талбытым. Сөбүлүүр кэпсээним буолан, тиэмэни толору арыйарга кыһаллыбытым. Учууталым Семенова Лена Романовнаҕа, дьиэ кэргэммэр махтанабын.
Детектив, триллер жанрдарын ордоробун. Нуучча литературатыттан Федор Достоевскай бары айымньыларын сөбүлээн ааҕабын. “Достоевский – самый русский писатель”, – диэн европеецтар этэллэр. Оттон мин дьиҥнээх Европа суруйааччыта дии саныыбын, тоҕо диэтэххэ кини кинигэлэрин тас дойдуларга олус сөбүлээн ааҕаллар. Кимиэхэ да майгыннаабат, ураты буочардаах.
Оҕолор төрөппүттэр өйөбүллэринэн ситиһиилэнэллэр. Ийэ, аҕа оҕотугар эрэлэ, өйөбүлэ ситиһии төрдө буоларын Сардана холобуругар көрүөххэ сөп.
-Оҕобут кыаҕын билэр буоламмыт, үрдүк баалга туттарыа диэн эрэммиппит. Кыыспыт эксээмэннэригэр бэлэмнэнэригэр усулуобуйа олохтообуппут. Балтылаах быраатын дьоммутугар сайылата ыыппыппыт. “Бачча баалы ылыахтааххын, босхо үөрэххэ киирэҕин”, – диэн ирдээбэтэхпит.
Үс ый оскуолаҕа учууталы кытта сирэй көрсөн олорон үөрэммэтэхтэрэ син биир дьайда дии саныыбын. Бэйэм БКЭ уонтан тахса сыл үлэлээбит буоламмын, оҕолор хайдах курдук долгуйалларын көрө-билэ сылдьыбытым. Стресскэ сылдьыбыт оҕо билэрин да билбэт буола ыһыллан хаалыан сөп. Ол иһин кыыспыт санаатын көтөҕө, бөҕөргөтө сатаабыппыт.
Оскуола аайы 100-түү баалга туттарар үөрэнээччилэр бааллар. Сонуну социальнай ситимнэринэн олус киэҥник тарҕаттылар, – диир ийэтэ Саргылана Андреевна. Оҕотун харыстыырын биллэрэн, олус киэҥник сырдаппаппытыгар көрдөстө.
Туйгун үөрэхтээх кыргыттарга баҕалаах үөрэхтэригэр киирэллэригэр, идэлэрин таба тайаналларыгар, үөрэнэн, үлэһит үтүөтэ буолалларыгар баҕара хаалабыт.