09.12.2024 | 23:38

Түүл киһи олоҕор суолтата уонна дьайыыта

Түүл киһи олоҕор суолтата уонна дьайыыта
Ааптар: Р.И. Бравина Түүл сахалыы тылдьыта. Дьокуускай, Айар, 2022
Бөлөххө киир

Былыр-былыргыттан хайа да омукка түүл ураты суолталааҕа улуу бөлөһүөктэр, учуонайдар, бэйэбитигэр сыһыардахха, чулуу убайдарбыт фольклорга, этнографияҕа, философияҕа үлэлэригэр дэҥ да буоллар, ырылыччы көстөр. 
Историческай наука доктора, профессор Розалия Иннокентьевна Бравина “Түүл сахалыы тылдьыта” кинигэтигэр  саха киһитэ бэйэтин түүлүн тойонноон, эргитэ ырытан, баҕар иннин да тымтыктанан көрөрүгэр, сэрэнэн-сэрбэнэн сылдьарыгар анаан, аныгы олоххо сөп түбэһиннэрэн таҥыллыбыт тылдьытыттан тускутугар туһанаргытыгар ыҥырабыт.

Үөрэхтээхтэр ааҕан-суоттаан таһаарбыттарынан, киһи олоҕун үс гыммыт биирин утуйан атаарар. Ол аата үөһэттэн анаммыт 70 саастан быһа холуйан 25 сыл түлэй ууга барар. Сорох дьон тугу да түһээбэт курдук сананаллар эрээри, хас биирдиибит түүн аайы 4-6 араас түүлү көрөбүт, онтон үксүн уһуктарбытыгар умнан турабыт. Арай биир эмэ быстах түүл киһи өйүгэр  хатанан хаалар. Олохпут устата түһүүр түүлбүтүн барытын биир кэлимсэ холбоотоххо, алта сыл кэриҥэ быстыбакка салҕанар бэйэтэ ураты, дьикти көстүү буолуо этэ. Ол иһин “Түүл – иккис олох” диэн этэллэр.

Ардыгар түүл ааспыт түгэннэри билиҥҥи олоҕу кытта ситимнээн, инники өттүгэр туох-ханнык буолуохтааҕын биллэрэр, таайтарар, сэрэтэр. Киһи утуйдаҕына, өйө-санаата тохтоон хаалбат, кини күн устата тугу көрбүтүн-билбитин сыымайдыыр, бытархайы, суолтата суоҕун сайҕаан, туһалааҕын эрэ хаалларар.

Түүл айылҕатын сүнньүнэн киһи этин-хаанын, өйүн-санаатын, уйулҕатын чинчийэр учуонайдар үөрэтэллэр. Ону тэҥэ түүлү тойоннооһунунан бөлөһүөктэр, этнографтар, культурологтар дьарыктаналлар. Түүлгэ үксүгэр өйгө-санааҕа олохсуйбут, үгэс буолбут өйдөбүллэр тустаах бэлиэ (символ) нөҥүө көстөллөр, онон түүл туһунан өй-санаа уонна түүлү билгэлээһин хайа баҕарар култуураҕа дьоһуннаах миэстэни ылар.

Түүлү үөрэтии дириҥ историялаах. Түҥ былыргы дьон түүлү дьиҥ олохтон, илэ өйтөн араарбакка, биир ситим ылыналлара. Түүл ураты, дьикти көстүүлэрэ өй-санаа сайдыытыгар, итэҕэл олохтонуутугар, искусство үөскүүрүгэр дьоһун суолтаны ылбыттара саарбаҕа суох. Ааспыт үйэлэр култуураларыгар түүл – таҥара бэлэҕэ, таҥара сэрэтиитэ. Былыргы өй-санаа сабаҕалыырынан, таҥара этиитин тыыннаахтарга өлбүт дьон тылбаастаан биэрэллэр.

Түүл саха төрүт олоҕор саха саныырынан, инники олоҕу барҕаланыы, көрүүлэнии. Түүл үксүн илдьиттиир, сэрэтэр, сүбэлиир, таайтарар суолталаах буолар. Ол ордук ыксаллаах, ыктарыылаах былдьаһык кэмҥэ көстөр. Икки аҥыылаах: биирдэрэ – “сирэйинэн”, иккиһэ – “үгэнэн”. Сирэйинэн – хайдах баарынан – түһүүллэр. Аны түүлү мээнэ кэпсээн оҥостубаттар – иҥэринэллэр, оттон бөрүкүтэ суох түүлү түбэһиэх киһиэхэ кэпсээн тэйитэллэр. 

Түүлү дьиэ иһигэр сыта-тура кэпсэтии, ырытыы, тойоннооһун чугас дьон толкуйдарын түмэр, санааларын холбуур, кыһалҕаларын үллэстэр, дьиэ кэргэн олоҕун сүрүннүүр биир көдьүүстээх суолунан буолуон сөп.

 

Түүл суолтата утуйар уу хаамыытынан

Саха саныырынан утуйар уу араастаах.

Сылбай уу – киэһэ ый тахсан, киһи уута хамсыыр, сылбата сыыйа өһүллэн, этэ-хаана уоскуйан, өйө-санаата бытааран, минньигэс ууга ылларар. Сылбай уу кэмэ – киэһэ сыппыт кэннэ түүн үөһүгэр диэри. Саха толкуйунан, сылбай уу саҕана түүл ордук олохтоохтук түһэнэр, биттээх, иччилээх буолар.

Түмэн уу – ый дьайыыта улаатан, түүн үөһүттэн киһи ис уута түмүллэн барар. Сылбай уутун утуйбатах киһи бу кэмҥэ уйгууран, уута көтөн хаалар. Түмэн уу түүн үөһүттэн 2 чаас салҕанар. Бу кэмҥэ киһи иэк-сиэк утуйар, түүлэ да чэпчэки, бэрт хаадьаа киэһээҥҥи курдук иччилээхтик түһүүр.

Түлэй уу – киһи ис уута түмүллэн баран түллэр. Маныаха киһи сылаата хаттаан көбөр. Түлэй уу кэмэ түүн 2 чаастан түүн  4 чааска диэри. Түлэй уу түүлэ үксэ умнуллар, арай киһи түүлүттэн сылайбытын, туохха эрэ кыһаттарбытын өйдүүр.

Түлүк уу – киһи утуйан сынньанан, күнүскү чөлүгэр төннүөн иннинэ өрүһүспүттүү күүскэ утуйар. Ый тардыыта мөлтөөн, күн тардыыта күүһүрэр. Түлүк уу кэмэ 4 чаастан сарсыарда 6 чааска диэри. Бу кэмҥэ түүл күннээҕи кыһалҕаттан ырааппат, кураанах буолар.

Нуктаан ылыы – күн устата кылгастык утуйуу. Түүл үксүгэр солуута суох буолар.

 

Түүн үөһүн иннигэр түһэммит сылбай уу түүлэ киһи тус бэйэтигэр ананар.

Түмэн уу түүлэ хоно сытар хоноһоҕо, ол суох буоллаҕына чугастааҕы ыкса ыалга, билсэр киһиэхэ ананар.

Сарсыардааҥы түлүк уу бастакы ыалдьыкка тиксэр.

 

Түүл туоларын нэдиэлэ күнүнэн быһаарыы

Бэнидиэнньик – бу күн төрөөбүт күннээххэ эрэ туолар.

Оптуорунньук – өтөрүнэн туолбат.

Сэрэдэ – өтө көрөр иччилээх түүл.

Чэппиэр – үксүгэр кураанах түүл.

Бээтинсэ – иччилээх түүл.

Субуота – ардыгар туолар.

Өрөбүл – кимиэхэ да кэпсээбэтэххэ туолар.

 

Түүлү чааһынан быһаарыы

Киэһэ 8 чаастан түүн үөһүгэр диэри – өр кэминэн туолар.

Түүн үөһүттэн түүн 3 чааска диэри – үс ый иһинэн туолар.

3 чаастан халлаан сырдыар диэри – сотору кэминэн туолар.

Күнүскү түүл - дэҥ кэриэтэ туолар.

 

Түүлү тойоннуурга култуура биир ситим тиһилигэр киирэр тутаах бэлиэлэри тутталлар. Холобур, саха итэҕэлигэр 3, 7, 9 сыыппаралар ураты суолталаахтар: үс дойду, сэттэ сэргэ, тоҕус халлаан. Дьоппуоннар аҕыс таҥаралаах буоланнар, 8 чыыһылаҕа сүгүрүйэллэр.

Чыыһылалар бэлиэлэрэ

1 – салайар түмэр төрүт күүс, холобур, Эр Соҕотох Эллэй

2 – олох төрдө, таптал, кыһамньы, аһыныы – олох икки киһи тапталынан утумнаан салҕанар, сайдар.

3 – толору оҥоһуу, үөһэттэн ыйаах, муударас Таҥара үс мөссүөнэ – Аҕа, Уол, Сибэтиэй Тыын, оттон сахаҕа үс кут, үс дойду.

4 – аан дойду сүрүн тутула, холобур, кириэс бэлиэлээх өйдөбүллэр, сир-дойду түөрт сүрүн хайысхата.

5 – көҥүл, сайдыы, дэгиттэр буолуу, холобур, биэс салаалаах сулус – эҥкилэ суох буолуу бэлиэтэ.

6 – тэҥ сыһыан: халлаан уонна сир, толкуй уонна иэйии, холобур, өй-сүрэх мөккүөрэ сайдыыны салайар.

7 – дьол-соргу бэлиэтэ.

8 – куйаар (космос) өйдөбүлэ, сахаҕа улуу ойуун аан дойду 88 аартыктарынан айанныыр.

9 – үрдүкү айар күүс. Айыы Тойон тохсус халлааҥҥа олорор, оҕо тоҕус ый ийэтин иһигэр ситэн, күн сирин көрөр.

10 – Таҥара үөрэҕин ылыныы бэлиэтэ.

11 – учуутал чыыһылата, туох барыта, санааны уурдахха, икки бүк улаатарын бэлиэтэ, холобур, 22, 33, 44, 55 уо.д.а.

12 – сыл төгүрүк эргиирэ, 12 ый.

 

Күндү таастар суолталара

Рубин – санааны күүһүрдэр, сылайыыттан, ыарыыттан уонна айылҕа куһаҕан дьайыыларыттан харыстыыр.

Изумруд – өстөөхтөртөн, куһаҕан тыынтан быыһыыр.

Сердолик – табыллыы, этэҥҥэ буолуу бэлиэтэ.

Бирюза – эрэйи-муҥу, өлүүнү-сүтүүнү тэйитэр.

Хайа курустаала – куһаҕан түүлү, бити-билгэни киэр үүрэр.

Оникс, агат – санаарҕааһын, чуҥкуйуу, тэһийбэт буолуу бэлиэтэ.

 

Мастар суолталара

Бук кытаанах санаа.

Вишня – үтүө майгы.

Дуб – модун күүс.

Дьаабылыка – санаарҕабыл, кутурҕан.

Слива – эрэллээх буолуу, доҕордоһуу.

Тирэх мас (тополь) – хорсун санаа.

Тиит – эр киһи сүрэ, тулуур.

Тэтиҥ – куһаҕан тыын, дьиксинии.

Үөт талах – санаарҕабыл.

Харыйа – санньыар санаа.

Хатыҥ – хотун дьахтар сүрэ, дьоһун дьол.

 

От, ыарҕа, отон, бурдук, оҕуруот үүнээйитэ

Абааһы тайаҕа – кыыһырыы, абарыы, суостаах буолуу.

Дөлүһүөн сибэккитэ – поэзия, үрдүк мэйии.

Дьэдьэн – үтүө, аламаҕай, элэккэй буолуу.

Ииччигэн от (въюнок) – биллибэт эйгэ, таайыллыбат көстүү.

Латук, салаат – тымныы сыһыан, иирсээн.

Лен – үтүө быһыы.

Муох – үҥсүү-хаҥсыы.

Оруос бурдук – баай-дуол.

От (ынах сиир ото) – туһа, көдьүүс.

Отон – харах уута.

Петрушка – ас-үөл, бырааһынньык.

Сытыган эрбэһин – арахсыы.

Солуома – иирээн, атааннаһыы.

Сүлүһүннээх үүнээйи (дурман) – албын-көлдьүн.

Сыыс от – омсо, дьиэк.

Тэллэй – балыйсыы, уорбалаһыы.

Укроп – күүс-уох.

Хаппыыста – барыс.

Хатыы – холус быһыы.

Хомус от – сүнньэ суох сатабыл.

Хортуоппуй – дьадайыы.

 

Сибэккилэр

Алтан төбө – сүрэҕинэн таайыы, өтө көрүү.

Астра – судургу майгы.

Алоэ – санаарҕааһын.

Василек – сэмэй буолуу.

Гвоздика – дьоһун ытыктабыл.

Гортензия – тас кэрэ.

Жасмин – убаныы.

Ландыш – үтүөмсүйүү.

Лилия – куһаҕаны тэйитии, үтүөҕэ талаһыы.

Мак – уоскуйуу.

Маргаритка – хардарыта сөбүлэһии.

Нарцисс – бэрдимсэх, бэйэмсэх буолуу.

Ноготки – санаа-оноо, муунтуйуу.

Ньургуһун – дьулуур, сырдыкка тардыһыы.

Роза – кэрэ буолуу.

Ромашка – санааҕа ылларыы.

Сардаана – кэрэ буолуу.

Сир симэҕэ (незабудка) – өйдөбүл, ааспыты ахтыһыы.

Тюльпан – тапталга билинии.

Уу сардааната (кувшинка) – хомоҕой тыл, дьүһүйэр дьоҕур.

Фиалка – сэмэй буолуу.

 

Кыыл, үөн-көйүүр бэлиэлэрин суолтата

Ат – аллаах, эрэллээх, өйдөөх.

Баабыр (тигр) – суостаах, кырыктаах, адьырҕа.

Баҕа – түктэри, өмүрэх, ап, албас.

Балык – тымныы хаан, хаҕыс сыһыан.

Бөрө – булугас өй, хааҥҥа ымсыы, өс баайыы.

Бэдэр – дириҥ өй, үтүөмсүйүү.

Козел – содур имэҥ.

Куобах – куттас, сэрэх.

Куоска – уодаһыннаах, үктэтиилээх.

Кутуйах – түүйэр, хаһаастаах, түөкүн.

Күтэр – киҥнээх, моҕус.

Күлгэри – сидьиҥ, чиччик.

Кымырдаҕас – эмтээх, үлэһит.

Лыах – кэрэ дьүһүн, чэпчэки майгы.

Овца (тыһы бараан) – аҥала, акаары.

Оҕус – атыыр, модун күүс, томороон майгы.

Ооҕуй – оҕуруктаах өй.

Осел – акаары, өһөс.

Саһыл – албын-түөкэй, сатабыллаах.

Слон – дьоһумсуйуу, дархаһыйыы.

Сибиинньэ – топпот моҕус, чанчарык.

Таба – түргэн туттуу, быһый атах.

Тииҥ - тэһэҕэс мэйии, кытыгырас.

Тэбиэн – холку майгы, булгуруйбат тулуур.

Хахай – муҥутуур тойон, модун күүс.

Чарапаахы – нэс, сыылба, уһун үйэ.

Чиэрбэ – сидьиҥ.

Ынах – көнө, ыраас.

Ыҥырыа – туһалаах, дьоһуннаах.

Ыт – эрэллээх доҕор.

Эбисийээнэ – албын-көлдьүн.

Эриэн үөн – кубулҕат, таҥнарыы.

Эһэ – күүстээх, көнтөрүк, киҥнээх.

 

Көтөр кынаттаах суолтата

Аист – урууга-аймахха убаныы, дьиэ кэргэҥҥэ таптал.

Барабыай – кылгас өй, чэпчэки майгы.

Бөтүүк – эрдэһит, хорсун, сэргэх.

Куурусса – өс киирбэх, дьиэһит.

Куба – кэрэ көстүү, нарын иэйии.

Кус – эйэлээх кэргэн, оҕоҕо таптал.

Күөрэгэй – үтүө илдьит.

Кэҕэ – иэдээн сүрэ.

Мохсоҕол – быһый, хорсун.

Мэкчиргэ, хаххан – сыппаабат кэтэбил, уодаһыннаах болҕомто.

Суор – хаҕыс, тыйыс, сэрэх.

Тоҥсоҕой – кумалаан айах, куһаҕан бит.

Тураах – кураанах куолу, аһаҕас айах.

Туруйа – санньыар санаа, уоспат кутурҕан.

Улар – акаары, аҥала.

Хаас – толуу мааны, дьоһун туттуу.

Хараҥаччы – дьиэҕэ-уокка тардыһыы.

Холууп – ил, эйэ бэлиэтэ.

Хотой – тойон хаан, модун санаа, үрдүккэ дьулуур.

Чыычаах – чэнчис, көҥүл.

Ымыы – ылбаҕай майгы, ыра санаа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....