09.02.2023 | 21:00

ТҮҮЛ БУОЛБУТ ОЛОХ (Мистика)

Төрдүс чааһа.
ТҮҮЛ БУОЛБУТ ОЛОХ (Мистика)
Ааптар: Варвара Корякина
Бөлөххө киир

 

ДЬИКТИ КӨРСҮҺҮҮ.

ТИМА ТУҺУНАН КОСТЯ КЭПСЭЭНЭ

Биирдэ өрөбүл күн Түмэппий бибилитиэкэҕэ хойукка дылы дьарыктанан баран, оптуобус тохтобулун диэки оргууй аҕай хааман истэ.

Күн номнуо киэһэрэ охсубут. Борук-сорук иһийэ быһыытыйбыт куораты дьикти дьиримнэс салгыннаах эйгэннэн угуттаабыт. Бу борук-сорук  киһини умсугутар, тардар, дьикти иэйиини үөскэтэр. Тима маннык кэми хайдах эрэ ордорор, чуумпурбут эйгэни иһиллиир, айылҕаҕа күнүс уонна түүн алтыһан ааһар ураты кэрчигиттэн дуоһуйар.

Сэтинньи ый ортото да буоллар, өссө да улаханных тымныйа илик, киһи тыына да бурҕаҥнаабат. Үрдүк мэдиэмэннээх дьиэлэр быыстарынан киирэн эрэр күн бүтэһик сардаҥалара тэтэркэй, кыыһар кыһыл, эҥин-дьикти өҥнөрүнэн умайа кытыастан иһэн, улам-улам өһөн-сүтэн бардылар, бастакы чаҕылхай сулустар онон-манан тырымныы оонньоотулар.

Түмэппий аттынан оптуобус сырылаан ааста. Арай... Оптуобус кэннэки түннүгүнэн мичилийэ сырдаан, Кини көрөн турар эбит. Тима соһуйан, олоро кэлэн түһэ сыста. Хас сыл ааста ол көрсүһүү кэннэ? Бүгүн эмиэ Кини... Кини – Түмэппий билбэт кэрэ кыыһа, түөрт сыл анараа өттүгэр эмиэ маннык кыһыҥҥы киэһэ Түмэппий уу-чуумпу олоҕор эмискэ киирэн кэлбитэ.

Оччолорго Тима бастакы куурус устудьуона этэ.

Бэһис нүөмэрдээх оптуобуһу сырсан, нэһиилэ ситэн, кэннэки аанынан ойон киирбитэ. Бүтэһик миэстэҕэ биир олус кэрэ дьүһүннээх кыыс олороро. Эчи, таҥаһа да мааныта бэрдэ. Кырса тыһа саҕынньаҕа муус маҥан кырса саҕалааҕа, үрүҥ кырса бэргэһэлээҕэ, сырдык таба тыһа унтуулааҕа. Хап-хара долгуннурар суһуоҕун биир сүүмэх гына өрүнэн баран, түөһүгэр намылыччы түһэрбит. Нап-нарын, киһи чочуйан оҥорбутун курдук дьикти уран сэбэрэлээҕэ. Киэҥ хап-хара эйэҕэс харахтара мичээрдии көрөллөрө. Уһун кыламаннарын быыһынан килбиктик Тима диэки көрөн ылара. Кыыс көрдөҕүн аайы, Түмэппий кэлиэх-барыах сирин булбата, кытарара-кыбыстара. Ама хайаан итиччэ кэрэ кыыс кини диэки истиҥник көрөрө, мичээрдээн ылара буолуой? Дьээбэлиирэ, хаадьылыыра буолуо дуу. Сорох кыргыттар бүрэ-мара уолаттары күлүү-элэк оҥостооччулар. Ол эрэн бу кыыс оннук кыргыттарга олох маарыннаабат. Ып-ыраас, эйэҕэс-сымнаҕас харахтаах, килбик-истиҥ мичээрдээх, көрсүө-сэмэй көрүҥнээх.

Түмэппий түһэр тохтобула кэлэн, тахсаары тэриммитэ. Тахсан иһэн, эргиллэн, кыыс диэки көрөн ылбыта. Ону көрөн, билбэт кыыһа Тимаҕа мичээрдэн ылбыта, олус истиҥник.

Ол күнтэн ыла Тима билбэт кэрэ кыыһын көрдүүр, уулуссалары мээрэйдиир, оптуобустарга олорсор буолан хаалбыта. Арай били дьиктитик көстөн ааспыт кыыһа ханна да суох этэ. Хайа остуоруйа дойдутуттан дуу, атын эйгэттэн дуу көстөн ааспыт Кэрэ Куо эбитэ буолла? Эбэтэр Түмэппий өйүгэр оҥорбут, хаһан да туолбат ыра санаата эбитэ дуу? Сыллар аастар ааһан испиттэрэ, кэрэ кыыс уонна көстүбэтэҕэ, арай Кинини Тима түүлүгэр эрэ түһээн көрөрө.

 

Бу бүгүн эмиэ Кини...

Олох уларыйбатах, таҥаһа-саба эмиэ ол ааспыт киэһэ курдук. Түмэппий өйүн-төйүн булан, оптуобуска сүүрдэ, кэннэки аанынан эмиэ ойон киирдэ. Кыыс кини диэки кэтэспиттии көрөн турар эбит.

Харса-хабыра суох санаатын киллэрэн, Тима кыыс диэки утары хардыылаата, кэпсэтиини саҕалаата. Билистилэр. Кини аата Ася диэн эбит. Ася оптуобус бүтэһик тохтобулугар дылы айанныыр, куорат кытыытыгар олорор эбит. Уол атаарыах буолла. Ону-маны уруккуттан билсэр дьон курдук күө-дьаа кэпсэтэн, айаннарын билбэккэ да хааллылар. Оптуобустан түстүлэр, икки мэндиэмэннээх мас дьиэлэр быыстарынан баран истилэр.

Ася тохтоото уонна эттэ:

- Чэ, мантан мин бэйэм барыам. Эдьиийим кэтэһэн, түннүгүнэн көрөн турара буолуо. Кини уолаттары кытта сылдьыма диир, эйигин көрдөҕүнэ, кыыһырыа.

- Оччоҕуна мин тохтобулга төннүөм, сарсын көрсөбүт дуо? – диэн Тима симиктик хардарда.

- Ленин болуоссатыгар, сэттэ чааска. Мин эйигин кэтэһиэм, - килбиктик хоруйдаата кыыс.

- Сарсыҥҥа диэри, көрсүөххэ диэри, - Түмэппий өрө көтөҕүллүбүт куолаһынан эттэ. Ася киниэхэ истиҥник сыһыаннаһарыттан эр ылан, кыыс илиитин илиитигэр ылла. Ася илиитэ кып-кыра, нап-нарын, уһун синньигэс тарбахтардаах уонна тыбыс-тымныы.

- Ася, тоҥмуккун дии, илиилэриҥ тыбыс-тымныылар, - диэн баран, кыыс илиилэрин имэрийэ-имэрийэ, тыынынан сылыта сатаата.

- Мин илиим куруук тымныы, - курустук хардарда Ася уонна дириҥник үөһэ тыынна, ыраас мичилиҥнэс харахтарыгар курус санаа күлүктэрэ көстөн аастылар.

- Көрсүөххэ дылы, Тима. Аны оптуобускар хойутуоҥ уонна аһары киэһэриэ. Сэрэнэн сырыт, бу эргин эҥин эгэлгэ дьон элбэх, - хайдах эрэ санаарҕабыл былаастаах куолаһынан эттэ кыыс, уолу тиэтэттэ.

- Ася, сарсыҥҥа дылы. Мин эйигин күүтүөм да күүтүөм, - уол сэрэнэн кыыс илиитигэр уоһун даҕайда уонна сибигинэйэн эттэ.

 

Ити курдук Тималаах Ася хас киэһэ аайы Ленин болуоссатыгар көрсөллөр, куорат устун күүлэйдииллэр, уруккуттан билсэр дьон курдук күн эгэлгэни бары кэпсэтэллэр, ырытыһаллар, толкуйдара, санаалара биирин сөҕөллөр. Сороҕор киинэҕэ сылдьаллар. Хас киэһэ аайы ахтыспыттыы олус истиҥник көрсөллөр. Бу тоҕус күн устата Түмэппий курдук дьоллоох киһи аан дойдуга суоҕа буолуо. Кини кэрэ сулуһа, сырдык эрэлэ, ыра санаата илэ баар буолбутун, билигин да ситэ итэҕэйэ илик курдук.

Бүгүн киэһэ эмиэ Асятынаан көрсөллөр. Тима көрсөр кэмин кэтэһэр, кэтэстэххэ күн уһунуон. Түмэппий больдьоспут сирдэригэр чаас аҥара эрдэ кэллэ. Сэттэ чаас буолла, Ася тоҕо эрэ хойутаата, урут кэмигэр кэлэр этэ. Аҕыс чаас буолла, Ася кэлбэтэ.Тима ыксаата, тоҥо да быһыытыйда. Дьиэтигэр барыах курдук саныы турдаҕына, Ася дьикти нарын куолаһынан ыҥырда. Түмэппий эргиллэ түстэ, кыыс тыаһа суох кэлэн турар эбит. Хайдах эрэ уларыйан хаалбыт курдук, олус санаарҕаабыт, ытаабыт-соҥообут көрүҥнээх. Арааһа, эдьиийэ мөхпүт-эппит быһыылаах, ыытымаары гыммытын, күүһүнэн, көҥүлэ суох кэлбит быһыылаах. Түмэппий кыыһы олус аһынна, оргууй кууһан ылла, бэйэтигэр ыга сыһыарда уонна сипсийдэ:

- Ася, туох буоллуҥ? Тоҕо айманныҥ?

- Тима, мин эйиэхэ тугу эрэ этиэхтээхпин, - кыыс куолаһа титирэстээн ылла.

- Тугу?

- Олус суолталааҕы, - кыыс ытаан барда.

- Ася, Асенька, ытаамарыый. Мин барытын өйдүөм, кэпсээ...

- Арай ол ааспыт киэһэ, биэс сыл анараа өттүгэр эн миэхэ кэлэн билсибитиҥ буоллар, барыта, баҕар, олох атын буолуо этэ...- Ася кубархай иэдэстэрин устун ып-ыраас таммахтар тохтоло суох субурустулар.

Уол кыыс хараҕын уутун сото-сото ыйытта:

- Тоҕо?

- Тима, өйдөөрүүй, мин суохпун. Мин бу Күн сиригэр суохпун. Эйигин кытта мин кутум, мин тапталым эрэ сылдьар. Мин дьоло суох, кылгас олоххо аналлаах эбиппин. Ону оччолорго хантан билиэмий...

- Ася, тугу-тугу саҥаран бардыҥ? – уол этэ тымныйан ылла, иэнэ кэдэҥэлээтэ. Ася тырымнас мичилиҥнэс харахтарын утары көрдө, дьикти дириҥ, уйаара-кэйээрэ биллибэт чүөмпэҕэ умсарга дылы гынна да, хараҥаҕа ньимис гынан хаалла...

Өйдөнөн кэлбитэ, дэлби тоҥмут, икки эдэр уол кэлэн, тардыалыы, туруора сатыы тураллар эбит.

 

Ити кэннэ ойоҕостотон, Түмэппий хас да ый балыыһа киһитэ буолбута.

Туох буолбутун эргитэ саныыра да, киһи чөл өйүнэн соччо анаарбат түбэлтэтигэр түбэспитин өйдөөбүтэ. Ася ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ. Дьикти кыыс...

 

 

Костя дьиибэ, киһи итэҕэйиэ суох да курдук, кэпсээнин түмүктээтэ уонна эбэн эттэ:

- Тима билигин да ити түбэлтэни кыайан сатаан быһаарбат эбит. Ася кимин-тугун эмиэ билбэт. Ити санаатын ыар баттык оҥосто сылдьаахтыыр. Кэм кэрдии аастар да, ыал да буола илик эбит. Манна куоракка кырдьаҕас ийэтин быраастарга көрдөрө кэлэ сылдьар, бүгүн дойдуларыгар көппүт буолуохтаахтар, бэҕэһээ билиэтин уларыттара сылдьарын, түбэһэ түһэн, ити сэһэргэспиппит.  «Хара тыыннаах анараа дойду сибиэнэ эбитэ дуу, суорума суолламмыт кэрэ кыысчаан кута уоскулаҥы булбакка Күн сирин уонна анараа дойду икки ардыгар эрэйи көрө сылдьаахтыыра дуу...», - диэн мунаахсыйар.

 

  Ньургун доҕорун кэпсээнин истэн баран, Күн сиригэр, кырдьык,  өйүнэн да, үөрэҕинэн да быһаарыллыбат дьикти, таайыллыбат түгэн элбэҕин өйдөөтө. Уонна Тыаһааны туһунан түүлүн эмиэ санаан кэллэ... Ити түүл, түүн түлэй уу быыһыгар иһиллэн ааспыт сипсиэр – эмиэ киһи быһаарбат дьиктилэрэ. Ньургун ураты эйгэ таайыллыбатах таабырыннаах үктэлигэр хардыы оҥорбутун хайдах эрэ сэрэйдэ, ытырыктата санаата...

 

 Костя Тима кэпсээнин истэн, соһуйбут көрүҥнээх, дьиксиммит да курдук туттар:

- Ама илэ итинник буолара буолуо дии саныыр этим. Онтум буолар эбит, доҕор. Киһи итэҕэйиэ суох курдук да, ол кэмҥэ Түмэппий хайдах буолбутун көрбүт буолан, итэҕэйэбин.

Кырдьаҕас куорат элбэх номохтордоох, киһи көннөрү өйүнэн анаарбат дьиктилэрдээх.  Биһиги ону билбэт, истибэтэх уонна сыныйан үөрэппэтэх буолан, соччо баардылаабат эбиппит. Ис иһигэр киирдэххэ, бу сиргэ таайыллыбат ыйаахтаах таабырын үгүс быһыылаах..., - диэн Ньургун сибигинэйэ былаастаан хардарда атаһыгар.

Костя кэпсэтиити арыый атыҥҥа халбарытта:

- Чэ, хата абааһыны, сибиэни, мистиканы кэпсэтэн бүтүөх. Арба да, мин Таайаны киинэҕэ ыҥырбытым ээ өссө, Центральнай кинотеатрга, бүгүн киэһээҥҥи сеанска үс миэстэни эрдэттэн үлэспитим. Хата, Ньургун, барсаар биһигини кытта.

- Оттон сибидьээнньэ буолбатах ини? Аны «третий лишний» буола сылдьыам, - Ньургун күллэ.

- Ээ, сибидьээнньэ буолбатах, Таайаны балтым курдук саныыбын, доҕорум дии. Көннөрү сэргэхситээри. Наар үөрэх диэн баран, сылдьар дии, куруук кинигэ, словарь кыбыныылаах, - Костя быһаарда доҕоругар.

Онтон Ньургун  ыйытта:

- Ханнык киинэ буоларый?

- «Десять негритят», Агата Кристи айымньытынан, - Костя бэрт сэҥээрбиттии эппиэттээтэ.

- Ээ, бэрт эбит дии. Детектив уонна эмиэ мистика..., - сонньуйбуттуу хардарда Ньургун.

- Оннук. Көрүөхпүт хайдах устубуттарын, - түмүктээтэ Костя.

 

Ньургун хайдах эрэ доҕоро Таайа туһунан итинник эппититтэн, үөрэ санаата. Дьикти иэйии сүрэҕин сып-сылааһынан хам кууста. Кини Таайаны хайдах эрэ атын кыргыттартан уратытык, истиҥник ылынар... Онон чэпчэки, сүргэни көтөҕөр, санаа кынатыгар уйдаран, Ньургун ис-иһиттэн сырдаан, мичээрдээн ылла. Ону көрөн Костя, хараҕынан имнэннэ уонна:

- Чэ, лекциябытыгар барыахха... Билигин философия. Мамедов ааҕар дии. Ону-маны, дьэ, ыаспыйалаһыахпыт. Агамали Гуламович бэркэ кэпсиир дии, мин астынабын аҕай.

- Оннук, киэҥ да билиилээх препод, - Ньургун сөбүлэстэ. Уолаттар лиэксийэ буолар сиригэр, ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ, бардылар.

Бу күн устата Ньургун өйө-санаата эмиэ дьикти, киһи көннөрү өйүнэн өйдөөбөт, түбэлтэлэртэн арахпат. Үөрэҕин быыһыгар Түмэппий кэпсээнин, бэйэтин түүлүн ырыта саныы сырытта.

 Эмиэ  биир үөрэх күнэ бүттэ.

Уолаттар киэһэ киинэлиэх буоллулар, билиэт үлэспит киинэлэрэ киэһэ биэс чаастан буолар, онон түөрт аҥаарга көрсүөхпүт дэһистилэр.

 

Ньургун Центральнай кинотеатрга доҕотторун иннигэр арыый эрдэ кэллэ, эрдэттэн уурдарбыт үс билиэттэрин, атыыласта уонна  киинэ көрдөрөр сир иннигэр баар саалаҕа эмиэ арааһы саныы, толкуйдуу олордо.

Син балай да буолан баран, Костялаах Таайа кэллилэр.

Костя:

- Ньургун, үтүө киэһэ буоллун.

Ньургун:

- Үтүө киэһэнэн, доҕоттор. Билиэт ылбытым.

Костя:

- Хайыы сах кэлэн, билиэт ыла охсубуккун дии, - онтон Таайаҕа:

- Таайа, билсэн кэбис – бу мин истиҥ, чугас доҕорум Ньургун, историк по духу и по призванию, ходячая энциклопедия.

Ньургун Таайаҕа:

- Ньургуммун. Мин эйигин көрөн, билэбин. Таайа, мин эйигин кытта билсибиппиттэн, олус үөрдүм, - мух-мах соҕус хардарда Ньургун.

Онтон Костяҕа:

- Ээ, Костя, киһини кыбыһыннарыма эрэ, - дии-дии күллэ.

Кыыс симиктик мичээрдии-мичэрдии:

- Таайа диэммин. Костя эн тускунан наар кэпсиир, онон, Ньургун, мин эйигин олох чугастык билэр курдукпун хайдах эрэ.

 

Итинник билсиһэ турдахтарына, киинэҕэ ыҥырар чуораан тыаһаата.

Доҕордуулар киинэ көрдөрөр саалаҕа киирэн, оннуларын булан, олордулар. Костя Таайаны ортоку олорто.

Уот умуллунна, киинэ саҕаланна. Арай Ньургун санаатыгар, ким эрэ кинини одуулуур курдук, көхсүттэн. Уол хаста да кэннин хайыһан көрдө, ким одуулуурун быһаарбата.

Арай түгэх, бүтэһик эрээккэ, кытыы олоппоско ким эрэ олорор курдук, эмиэ да ким да суох курдук көстөр... Ньургун дьиктиргии санаата...

Киинэлэрин олус сэҥээрэн көрдүлэр, детектив, өссө Агата Кристи кинигэтинэн буолан, киһини умсугутар. Биир тыынынан, саҥата-иҥэтэ суох, экрантан харахтарын араарбакка, киинэни көрөн бүтэрдилэр.

Киинэ бүтэн, уот холбонно. Көрөөччүлэр оргууй аҕай тахсар аан диэки дьулустулар.

Кинотеатртан тахсан иһэн, Костя тута санаатын эттэ:

- Олус үчүгэйдик устубуттар дии. Артыыстар астыктык оонньууллар. Аахпыт буолан, ис хоһоонун билбит да иһин, син биир сонун, киинэ иһигэр киирэн, хаалаҕын.

- Дьэ, кырдьык, бэртээхэй киинэ эбит, - Ньургун доҕорун кытта сөбүлэстэ.

Онтон Таайа санаатын эттэ:

- Нуучча атыыстара оонньууллара син биир биллэр эбит. Англичаннар курдук буолбатахтар, омук киинэтин кытта тэҥнээтэххэ, чыҥха атын. Чахчы үчүгэйдик оонньууллар, уобарастарын бэркэ биэрэллэр, ол эрэн английскай манера, диэххэ дуу, лоск эбитэ дуу, суох ээ. Үчүгэй киинэ, мин сөбүлээтим.

Ньургун:

- Таайа – спец буоллаҕыҥ дии, английскай тылы үчүгэйдик билэҕин, ити омук ымпыгын-чымпыгын ырыппыт буолан, билэр бөҕө буоллаҕыҥ. Оннук, омук омук атын көрүүлээх, атыннык арыйар кинигэ сүрүн геройдарын. Менталитет дьайар бөҕө буоллаҕа уонна олорор усулуобуйалара, олох таһыма иҥин барыта. Ол биһиги, сэбиэскэй дьон, граф, замок, аристократия иҥин диэни ааҕан эрэ билэбит.

Таайа күлэ-күлэ:

- О, дьэ. Наһаа спец буолбатах буоллаҕым дии.

Костя:

- Икки интеллектуал кэпсэтэрин истиэххэ эрэ, дьэ, - дьээбэлэннэ.

Оптуобус тохтобулугар туран, киинэлэрин кыратык ырыттылар, онтон

Ньургун:

- Оҕолоор, хата мин эбэбэр бара сылдьыахха. Мин киинэ кэннэ киирэ сылдьыам диэбитим. Сэһэргэһиэхпит. Костя мин эбэбин билэр, эбэм Костяны сөбүлүүр аҕай, эйэҕэс, сылаас куттаах оҕо диир, наар сураһар.

Костя:

- Кырдьык, Вера Филипповнаҕа бара сылдьыахха. Мин сылдьабатаҕым син өр буолла.

Таайа:

- Оттон мин барсарым хайдах эрэ буолуо, уолаттары кытта соҕотох кыыс тиийэн кэлэбин дуу, - мунаахсыйда кыыс.

Ньургун:

- Тоҕоо, Таайа. Бары доҕордуу буоллахпыт дии. Мин эбэм үөрүө да үөрүө. Чэ, бардыбыт. Эбээм Оржанкаҕа олорор, улахан маҕаһыыннаах дьиэҕэ.

Костя:

- Таайа, барыахха. Ньургун эбээтэ наһаа үөрүнньэҥ, эйэҕэс, олус билиилээх, эмиэ историк. Киһини умсугутар гына кэпсиир, эбээ Биэрэ кэпсээнэ киинэ курдук, киһи хараҕар көстөөччү.

Таайа:

- Чэ, барыахха. Уговорили – диэххэ, - кыыс күлэн ылла.

Ону-маны отур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ, бардылар. Вера Филипповнаҕа тиийбиттэрэ, эттээх бэрэскилээх, алаадьылаах, кэтэһэн, олорор эбит. Киирээттээрин кытта, эҕэрдэлэһээт, эбээ Биэрэ Ньургуннаах Костяны сыллаан ылла, онтон Таайаны көрөн:

- Уолаттар, бу үчүгэйкээн баҕайы дьүөгэҕитин билиһиннэриҥ эрэ.

Ньургун:

- Эбээ, бу Таайа – ФИЯ устудьуона, английскай тылы үөрэтэр, Костя биир дойдулааҕа. Таайа, бу мин эбэм Вера Филипповна.

Таайа:

- Таайа диэммин. Вера Филипповна, эһигини кытта билсибиппиттэн, олус үөрдүм.

Эбээ Биэрэ:

- Тукаам, Таайа, көннөрү эбээ Биэрэ да диэххин сөп. Уолаттарым доҕоро – оҕом курдук буолар буоллаҕыҥ дии. Чэ, оҕолор, куухунаҕа ааһыҥ, мин Ньургун доҕоттордоох кэлиэ диэн бүк сэрэйэн, чэйбин бэлэмнээн олоробун.

Чэйдии олорон, эмиэ киинэлэрин кыратык ырыттылар. Онтон салгыы Дьокуускай куорат былыргытын туһунан кэпсэтэн бардылар.

Эбээ Биэрэ:

- Оҕолоор, ити Центральнай кинотеатр эмиэ бэйэтэ туспа уйулҕаны хамсатар номохтоох ээ. Өрөбүл күн тиһэх сеанска, түгэх эрээккэ, кытыы олоппоско кэрэ бэйэлээх, уруккулуу мааны таҥастаах, кыыс олороро көстөр үһү. Ол бэйэтэ туспа кэпсээннээх.

Ньургун:

- Эбээ, саас сааһынан кэпсээриий.

Эбээ Биэрэ:

Чэ, кэпсиим даҕаны...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...