08.02.2023 | 21:00

ТҮҮЛ БУОЛБУТ ОЛОХ (Мистика)

Үһүс чааһа.
ТҮҮЛ БУОЛБУТ ОЛОХ (Мистика)
Ааптар: Варвара Корякина
Бөлөххө киир

 

ТЫАҺААНЫ ДЬИКТИ КИСТЭЛЭҤЭ

Утуйа сытан уол дьикти түүлү түһээтэ. Арай мыраан үрдүгэр ыраас сиргэ турар эбит. Ыраах аллара Туймаада хочото нэлэһийэ сытар. Дьэ, дьикти - куората суох. Онон манан күрүөлээх-хаһаалаах улахан балаҕан дьиэлэр, алта, аҕыс кырыылаах дьикти тутуулар, моҕол туос ураһалар кэккэлэспиттэр, баараҕай булгунньахтар туох эрэ биллибэти, мээнэ хаптаҕай кулгаахтаахха кэпсэммэти, эмиэ да киһи дьиксинэрин, кистээбиттии күөх отунан үүнэн, дьиппиэрэн тураллар. Ньургун дьиктиргии санаата. Онтон кэннигэр чэпчэки атах тыаһа иһилиннэ. Уол эргиллэн көрбүтэ, били Таайаҕа майгынныыр дьүһүннээх, өйүгэр оҥорон көрбүт, кыыһа кэлэн мичээрдээн мичилэ турар эбит.

- Номоҕоон, мин эйиэхэ тугу эрэ этээри кэллим дии, - диэтэ кыыс сибигинэйэ былаастаан. Эмиэ да үөрбүт, эмиэ да хайдах эрэ санаарҕаабыт көрүҥнээх.

Уол бу түүлүгэр дуу, ханнык эрэ атын ураты эйгэҕэ  дуу, эбэтэр аан ийэ дойду ааҕан сиппэт хаттыгастарыттан биирдэстэригэр дуу, баҕар урут хаһан эрэ түҥ былыр олорон ааспыт олоҕор Номоҕон диэн ааттаҕын сэрэйдэ. Оттон бу кэрэ бэйэлээх, намчы куттаах, ып-ыраас эйгэлээх кыыс - Тыаһааны буоларын тоҕо эрэ бигэ билэр курдук.

Уол туох диэҕин билбэккэ, мух-мах буолан ылла. Ону көрөн, кыыс киниэхэ ураты истиҥник уонна килбиктик сыһынна уонна эмиэ ким эрэ истиэ диэбиттии сибигинэйэ былаастаан саҥарда:

- Номоҕоон, доҕоор, мин эйиэхэ олус суолталааҕы этиэм этэ...

 

Хайдах эрэ эмиэ да айманан ылар курдук буолла, онтон уол илиитин ылан, иһигэр даҕайда. Ньургун уолуйан ылла, ол эрэн дьикти сүүрээн этин-хаанын илгийдэ, уол биллэ, Тыаһааны оҕо күүтэр эбит, киниттэн. Эмиэ да үөрүү, эмиэ да уолуйуу ыга кууста Ньургун долгуйбуттуу тилигирии тэбэр сүрэҕин.

Уол Тыаһаанытын бэйэтигэр тарта, ыга кууста уонна долгуйан, титирэстиир куолаһынан эттэ:

- Сэгэттэйиэм, Тыаһааным барахсан, чыычааҕым, күҥҥэ көрбүт күндү далбарайым, оо, үөрдүм даҕаны. Биһиги уйан тапталбыт туоһута – кырачаан эн сүрэҕиҥ анныгар үөскээн, эн биһи олохпутун ураты сыдьаайынан сырдатта, дьолунан толордо. Олохпут суолун холбоон, алаһа дьиэ тэриниэхпин. Мин эйигин уонна оҕолорбутун таптыам, харыстыам, араҥаччылыам, - Ньургун бэйэтэ да соһуйда, итинник саҥарбытыттан.

Тыаһааны үөрэн чаҕылыйа түстэ. Оттон хайдах эрэ кубарыс гынан ылла:

- Оо, мин аҕалаабыт аҕам, Тыгын Тойон биһиги олохпутун холбуурбутугар  сөбүлэҥин биэрэрэ биллибэт. Миигин, удаҕанныырга анаммыт кыыһын Маҕараска олохтоох отоһут Кубалай эмээхсин уолугар олоҥхоһут Номоҕоҥҥо эргэ биэрэрэ саарбах. Аны оһоҕостоохпун биллэҕинэ, эйигин сиирэ буолуо. Тыгын Тойон уорун-кылынын, суостаах тыынын уйарбыт да биллибэт, - кыыс куолаһа титирэстээтэ.

Онтон салгыы хараастыы былаастаах куолаһынан салгыы саҥаран барда:

- Номоҕон, доҕоччугуом, ол Сахсары күөл анараа уһугар дьоҕус булгунньах көстөр. Ити булгунньах Тыгын Тойон дьулаан быһыытын, ыар майгытын туоһута буолан тураахтыыр. Ити булгунньахха мин биир хааннаах, биир ийэттэн төрөөбүт инилэрим, Тыгын Тойон туйаҕын хатарар үтүө аатын ааттатыахтаах, эдэркээн боотурдар Таас Уллуҥах уонна Муос Уол харалла сытаахтыыллар. Кинилэри аҕалара бэйэтэ дьаһайтарбыта, - кыыс кубарыйан хаалбыт иэдэстэрин устун ып-ыраас харах уута быыстала суох субуруйда.

Номоҕон-Ньургун кыыс хараҕын уутун сото-сото, төбөтүттэн сыллыы-сыллыы, уоскута сатаата:

- Тыаһааны, туллукчааным сыыһа, наһаа айманымарыый. Барыта этэҥҥэ буолаа ини.

 

Тыаһааны арыый уоскуйа быһыытыйда, курус кэпсээнин салҕаата:

- Мин инилэрбин кытта Тыгын Тойон үһүс, ойоҕос, одьулуун ойоҕун, туналыйар үрүҥ субалаах, сап-саһархайынан сандаарыччы көрбүт, сулус хаамыытын ааҕар Сулгуҥда Хотун оҕолоробут. Кэрэтинэн сураҕырбыт кыыһы Тыгын Тойон боотурдара бултуу сырыттаҕына, уоран ылбыттара уонна дарханнарыгар кэһии гынан кэлгийэн аҕалбыттара. Ийэм ыраах арҕаа баар, Бүтэй Бүлүүттэн төрүттээх. Түҥ былыргы үгүлээт аҕатын ууһуттан сыдьааннаах, ити уустары бу эҥэр урааҥхайдар тоҥустар дииллэр, ол эрэн кинилэр түҥ сахалыы саҥалаах, былыргы дьылларга быралыйбыт улуу омук тобохторо этэ, бары да дьикти, ураты аар айылҕаттан бэрдэриилээхтэр эбит, көрбүөччү, күн-ый эргиирин ааҕар, сулустар тутулларын туһанар, отоһуттуур, ойууннуур дьоҕурдаахтара үһү. Сулгуҥда удаҕан үгүлээт улуу ойуунун Амыһаах кырдьаҕас баар суох соҕотох кыыһа этэ. Ону батан мин эмиэ – удаҕан буолар ыйаахтаахпын. Оттон мин иннибэр биир сыл быысаһан, утуу-субуу төрөөбүт инилэрим эмиэ дьикти дьоҕурдаахтарын ааһан, сүдү күүстээх этилэр, өй-санаа бастыҥа, тыл-өс мааныта кинилэргэ бэриллибит этэ. Биир иним сэттэ саастааҕар алҕаска миинньик аты миинэбин диэн, арыый да күүскэ тирэнэн, ойоҕосторун тиҥилэхтээн, көҥү тэбэн кэбиспиттээх, онто сэтэрэн ол мааны миинэр миҥэ өлөөхтөөбүтэ аҕыйах хонугунан. Ол иһин убайбар Таас Уллуҥах диэн аат иҥэрбиттэрэ. Онтон ыла айбыт аҕабыт уолуттан дьулайар буолбута. Иккис иним наһаа сытыы-сымса этэ, оноҕоско да, батыйаҕа да таптарбат этэ, бэйэтэ эрэ билэр  дьикти албастардаах буолара. Ол иһин киһи көрбөт хаххалаах-дурдалаах, туох да хотуппат оҕото  Муос Уол диэн ааттаммыта. Инилэрбин бу Улуу Туймаада хочо дьоно бары да олус сөбүлүүр этилэр. Арай аҕабыт биилэрэ, сорох аймах дьоно соччо биһигини  бэйэлэригэр тэҥнээбэт этилэр, оҕо дьон баар диэн ымманыйбат этилэр. Тыгын мааны ойоҕуттан уолаттарын далбарга туталлара. Оттон биһиги ол убайдарбытын кытта бэрт үтүө сыһыаннаах этибит, иллээх-эйэлээх.

Мин инилэрбиттэн, бу уолаттар ситтэхтэринэ-ханнахтарына, Тыгын Тойону, кини уруу-билэ дьонун сүгүннүө суохтара, атын, туора хааннаах буолан, баппакка, былааска талаһан, барыбыт тыыныгар туруохтара диэн, олоҕо суох дьаахханар, дьулайар буолан барбыттара. Ону ийэм да, мин да сэрэйэр этибит. Ийэм барахсан уолаттарын бэйэтин урукку олохтоох сиригэр күрэтэлиэн санаталыыра. Ол табыллыбатаҕа. Таас Уллуҥах муҥнаах мырааҥҥа тахсан, утуйа сыттаҕына, ситии быанан муомахтаан суох гыммыттара. Муос Уол барахсаны ууга киирэн, чүөмпэлэнэ сырыттаҕына, сыыр үрдүттэн сиһин тоноҕоһун тосту ытан, анараа дойдуга аттаннарбыттара. Ууга киирдэ да күүһэ өһүллэр, хаххата халыйар, ыраас этэ ырылыйан тахсар этэ.

Дьэ, ити кэннэ ийэм эрэйдээх олох буорайаахтаабыта, иинэн-хатан барбыта, кэрэ сэбэрэтэ кэхтибитэ, үтүө санаата үрэллибитэ, кутуон куттара таастыйаннар, суорҕан-тэллэх киһитэ буолбута. Аҕыйах ыйынан өбүгэлэригэр бараахтаабыта. Баар суох таптыыр дьонум бары ити булгунньахха кистэнэ сытаахтыыллар.

Онтон үөһэ тыынан баран, Тыаһааны ыар кистэлэҥи быктарбыта:

- Өлөр өлүүтүгэр охто сытан ийэм Сулгуҥда барахсан, ыар аһыыга баттатан, Тыгын Тойону кыраабыта-таныйбыта: «Өрүһү таҥнары устан, сибиэннэр кэлэн, сиэхтэрэ. Сибиэннэр суолларын баччааҥҥа дылы муннара сылдьыбытым, аны анараа дойду аартыгар үктэнэн, ол амырыын дьаардаах дьон тыынын тутар кыаҕым суох буолла. Тыгын Тойон кырдьар сааһыгар кырыыстаах олоххо кыбыллыа, ыччатын ытарчалыы ылан, ынньаҕалата оонньуохтара... Оччоҕо, дьэ, саныаҕа, Тойон Киһи, Тыгын Боотур араҥаччылыах, быыһыах, Айылҕаттан, Айыылартан ананан төрөөбүт үтүөкэн оҕолорун суорума суоллаабытын. Абаккаран да, анараа дойдуга барбыты аҕалбаккын, сордонон да, суох буолбуту соруйбаккын, ытаан да, ыраах ыырдаммыты ыҥырбаккын, кыланан да, кыһалҕата суох буолбуту кыайан туһаммаккын. Үрүҥ Күнэ өлбөөдүйэр күнэ үүнүөҕэ, халыҥ, хас уон хаттыгастаах халлаана самнар кэмэ кэлиэҕэ, сииктээх сир сибиэнин сэтэмньитэ буолуо, ыраах сир ыраахтааҕытын ыстабыла аатырыа...».

Ийэм барахсан миигин өбүгэлэриҥ сирин булаар диэхтээбитэ. Уонна аҕа ууһун ытык бэлиэтин миэхэ хаалларбыта, үрүҥ көмүс ытык сылгы харысхалы. Ийэм этэринэн, кэлиэхтээх сибиэннэр ол үгүлээт аҕатын ууһугар тиийэллэрэ ыраах, тиийэн да, кинилэри суоллаан, булаллара саарбах.

Мин эмиэ түүлүм-битим куһаҕан. Номоҕон, эн биһикки олохпут хайдах буолан иһэрэ биллээхтээбэт.

Хойуут-хойут кэнэҕэски да кэмнэргэ эн биһикки куттарбыт син биир көрсөн ааһаллара буолуо. Оччоҕо, баҕар, атын, ураты, дьоллоох олох олорорбут дуу... Ол да биллибэт. Мин буор кутум күл-көмөр буолбутун, ийэ кутум сиргэ иҥэн, быстыбытын кэннэ, салгын кутум, ыраах ыырдарыгар барбакка, эрэйи көрө сырыттаҕына, Номоҕон – мин ньургун, эр санаалаах боотурум, эн эрэ быыһыаҥ мин ыраас куппун...

 

Ньургун уһуктан кэллэ. Дьикти, иһэ истээх, түүллүттэн, өссө да кыайан тэйэ охсубата. Тыаһааны..., Ньургун оҕото..., барыта киһи итэҕэйбэт дьиктитэ. Ама, кырдьык, уйан куттаах, намчы бэйэлээх Тыаһааныны кытта урукку олоҕор таптаспыта буолуо дуу... Уол санаата бутуллан хаалла, уйулҕата оннун булбата.

 

Сарсыада Ньургун үөрэҕэр тиийбитэ, доҕоро Костя дьикти кэпсээннээх тоһуйда. Пааралар саҕаланыахтарын иннинэ, уһун көрүдүөр уһугар баар түннүк таһыгар туран, уолаттар сонуннарын үллэһиннилэр. Ньургун түүлүн тоҕо эрэ кэпсиэн баҕарбата, кутун түгэҕэр саһыарар бүөм, уйан санаа оҥостон, кичэллээх кистэлэҥ кэриэтэ дууһатын чүөмпэ түгэҕэр иҥэрдэ.

Оттон Костя уол кэпсээнэ элбэх, киһи чөл өйүнэн соччо анаарбат, толкуйдарын үөскэттэ. Костя Ньургуҥҥа дьикти сонуну наҕыл куолаһынан, эҥээритэ кэпсээтэ:

- Ньургун, өйдүүгүн, биһиги хоспутугар бэһис кууруска үөрэнэр Анаабыртан сылдьар Түмэппий диэн элбэх саҥата-иҥэтэ суох уол баара дии. Эмискэ кыһын, Саҥа дьыл иннигэр этэ дуу, Ленин болуоссатыгар өйүн сүтэрэн, охтон, тымныйан, ыалдьан өлө сыспыта уонна үөрэҕин быраҕан, дойдулаабыта, өссө биһиги бастакы кууруска үөрэнэ сырыттахпытына. Ыалдьыан иннинэ олох саҥата-иҥэтэ суох буолан, хаалбыта. Киэһэ аайы ханна эрэ барар этэ. Лаппа киэһэрбитин кэннэ, өрө көтөҕүллүбүт дьүһүннээх кэлэрэ уонна аһаабакка да, оронун оҥостон, сытынан кэбиһэрэ. Биһиги өссө кыыстаммыт дии саныыр этибит. Ыйыттахпытына, соччо-бачча тугу да быһаарбат этэ, күлэн мүчүк эрэ гынара.

Мин бэҕэһээ ол Тиманы эмискэ уулуссаҕа көрүстүм ээ. Ирэ-хоро кэпсэттибит. Сөмөлүөт билиэтин атыылыыр агентствоттан тахсан иһэр этэ. Онтон агентствоттан суол нөҥүө баар кафеҕа баран, уһуннук кэпсэппиппит. Түмэппий дьэ дьиктини миэхэ кэпсээбитэ.

 

 

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)