29.08.2024 | 14:00

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй психолог Наталия Ивановна Иванова нэһилиэнньэни кытта үлэлэрин, ону таһынан сүбэлэрин ааҕыҥ, тускутугар туһаныҥ.

«Дьэҥкэ өй» бырайыак

Виктория Николаевна Местникова, невролог быраас:

– 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа иһинэн үлэлиир «Кабинет памяти» уонна Дьокуускай куорат Хабаров уулуссатыгар турар Три-Д библиотеканы (салайааччы Елена Сергеевна Малгарова) кытта бииргэ үлэлиир «Дьэҥкэ өй» диэн холбоһук бырайыакпытын олунньу ыйтан саҕалаабыппыт. Библиотека иһинэн ыйга биирдэ-иккитэ нэһилиэнньэҕэ анаан араас көрсүһүүлэри, дьарыктары ыытабыт.

Өй-мэйии үлэтин тупсарыыга, болҕомтолоох буолууга, сатаан өйгө суоттааһыҥҥа аналлаах дьарык хомуурунньугун дьоҥҥо тарҕатар кумааҕы матырыйаалларбытын бэлэмнээһиҥҥэ Три-Д библиотека өҥөтө сүрдээх улахан. Дьоҥҥо-сэргэҕэ туһуланар уопсай дьыалабыт өссө кэҥээн иһэрэ, элбэх киһи эрдэттэн туһанан дьарыктанара буоллар, түөһэйии курдук ыарахан ыарыыга кэбэҕэстик ылларыы аҕыйыа этэ.

Ыарыы хайдах сайдарый? Өй-мэйии үлэтэ мөлтөөһүнүн түмүгэр киһи бастаан саҥата мөлтүүр. Бытаарар, чуолкайа суох буолар. Тыллары умнар идэлэнэр. Болҕомтото аччыыр. Түөһэйии диэн бу ыарыы. Аҕыйах сыллааҕыта 65 саастарыттан үөһэ дьоҥҥо биллэр диир эбит буоллахтарына, ол билигин уларыйан, ыарыы «эдэримсийэн» иһэр. Элбэх орто саастаах да дьон көрсөр кыһалҕата буолбута мэлдьэҕэ суох.

Биһиги кабинеппытыгар кэлбит киһи бастаан быраас консультациятыгар сылдьар. Көрүү түмүгүнэн күннээҕи аһыыр аһыгар, ону таһынан хамсаныыга болҕомто уурабын. Киһи төһөнөн элбэхтик хамсанар даҕаны, оччонон төбөтүгэр хаан эргиирэ үчүгэйдик барар. Онон хамсаныы оруола улахан. Быраас сүбэтэ аҥаардас эмтэнии эрэ буолбат, онон эрэ муҥурдаммат. Киһи тус доруобуйатын туругун учуоттаан, уйулҕа өттүттэн бу ыарыыга туһуламмыт эрчиллиилэри туһанабыт. Онон кабинеппытыгар кэлбит дьон  быраас уонна психолог көмөлөрүн таба дьүөрэлээн үлэлиибит.

Наталия Ивановна Иванова, медицинскэй психолог:

– Түөһэйии диэн тугуй? Хомойуох иһин, сылтан сыл бу ыарыы элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр. Эдэр, баара-суоҕа 45 эрэ саастаах дьон ыалдьыбыт түбэлтэлэрэ эмиэ баар. Бу ыарыы киһини кырдьаҕас эбэтэр эдэр, учуонай эбэтэр учуутал диэн араарбат. Бүгүҥҥү күҥҥэ бу ыарыыга аналлаах толору туттар эмп-томп да айылла илик. Оннук  «эдэр» ыарыыга киирсэр.

Өскөтүн киһи түөһэйбит буоллаҕына, ол кыайан эмтэммэт. Күн аайы маннык ыарыһахтардыын көрсөр, дьарыктыыр буоламмыт, бу ыарыы хайдахтаах курдук киһини төрдүттэн уларытарын билэбит. Атын диагнозтаах ыарыһах бэйэтин чугас дьонун, оҕолорун ааттарынан билэр, өйдүүр эбит буоллаҕына, бу ыарыыга ылларбыт киһи бэйэтин аатын даҕаны таһыччы умнан кэбиһэр, оннук ыарахан ыарыы буолар.

Биһиги, бу боппуруоһунан үлэлиир исписэлиистэр, тиһигин быспакка атын куораттар уопуттарын билсэбит, үөрэтэбит, билиибитин хаҥатабыт.

Туохтан маннык ыарыы үөскүүрүй? Билиҥҥи олох үтүө өрүтэ сүрдээх элбэх эрээри, киһи өйүн үлэтигэр хоромньуну оҥороро эмиэ элбэх. Холобур, биһиги маҕаһыынтан атыылаһарбытыгар каартанан туһанар буоламмыт, төһөнү төлүөхтээхпитин суоттуу даҕаны сатаабаппыт. Аахпаппыт, көҕүрэппэппит. Ол түмүгэр мэйии сынньалаҥҥа барар. Эбэтэр билэр дьоммут төлөпүөннэрин нүөмэрдэрин өйбүтүгэр хатыы да сатаабаппыт. Тоҕо диэтэххэ төлөпүөммүтүгэр барыта баар, бэлэм. Мэйиибит ноҕурууската суох, «сүрэҕэ» суох буолан, улугурар, ол тэҥинэн киһи бэйэтэ эмиэ маннык турукка кэлэр. Ол түмүгэр сыыйа ыарыыга кубулуйара – биир сүрүн төрүөт.

Биир судургу сүбэҕэ тохтоон ылыахха. Киһи күннэтэ тарбахтарын, илиитин, тарбахтарын төбөлөрүн мускуйа, имэрийэ сылдьыахтаах. Ол аата мэйиитин массаастаабыт тэҥэ буолар. Бу эмиэ биир олус туһалаах ньыма.

Ыарыы бастакы сибикилэрин туохха көрөр эбиппитий? Киһи тугу этээри турбутун умнан кэбиһэр эбэтэр оҕотун көрөн туран атын аатынан ыҥырар, тутатына өйдөөбөккө, хас да ааты булкуйуон сөп. Эбэтэр тугу ылаары кэлбитин умнан кэбиһэр, ол эбэтэр тугу ханна уурбуту умнуу, ханна баран испит суолун мунаарыы, о.д.а. элбэҕи ааттыы туруохха сөп. Өскөтүн киһи маннык балаһыанньаҕа тиийбит буоллаҕына, бу бастакы сибикилэр диэн буолаллар.

Оччоҕуна ыарыыны хайдах сэрэтиэххэ сөбүй? Мэйии үлэтин тупсарарга туһуламмыт дьарыктартан саҕалыахха сөп. Күн аайы тиһигин быспакка, кыра-кыралаан, 10-15 мүнүүтэни бэйэҕэ анаан оҥорор буоллахха, мэйии үлэтэ ноҕуруускаланар уонна күнү быһа бэйэтин үлэтин сөптөөхтүк тутар. Күн аайы дьиэтигэр маннык дьарыктанар киһи мэйиитин үлэтэ түргэтиирин ааһан болҕомтолоох буолуута, өйүгэр хатыыр дьоҕура оннугар түһэр кыахтаах. Барыта бэйэтиттэн эрэ тутулуктааҕын өйдүөхтээх. Хомойуох иһин, өйбүтүн түөһэйиигэ тиэртэхпитинэ, оннугар түһэрэ ыарахан уонна эмтэммэт ыарыы.

Бастатан туран, кэлбит киһини быраас көрөр-истэр, диагноһын быһаарар. Снимокка ыытар. Онтон медицинскэй психологка (миэхэ) ыытар. Дьоҕус бөлөхтөрүнэн, диагнозтарынан көрөммүт, дьарыктары иккилии ый устата оҥоробут. Дьарык нэдиэлэҕэ биирдэ буолар.

Кэнники кэмҥэ сүрдээх элбэх киһи биһиги кабинеппытыгар наадыйара бэлиэтэнэр. Бу ыарыы тирээн кэллэҕинэ эмтэнэрэ уустук, онон хас биирдии киһи бэйэтигэр болҕомто уурара ирдэнэр. Дьиэ усулуобуйатыгар сарсыарда аайы сэрээккэ оҥорор курдук, тиһиктээх, ситимнээх буоларыгар анаан, нэһилиэнньэҕэ элбэх өйдөтүү-көрдөрүү үлэтэ олус наада. Ол иһин Три-Д библиотека дьоҕус, ис киирбэх дьиэтин иһигэр тэрээһиннэри ыйга биирдэ-иккитэ оҥорор үгэстээхпит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...