15.09.2021 | 10:00

Үтүө дьон аатын үйэтитии саҥа таһымҥа таҕыста

Ааптар: Наталья Руфова
Бөлөххө киир

Үтүө дьон олоҕо дьоҥҥо - сэргэҕэ холобур, киһини үчүгэйгэ тардыһыннарар үөрэх буоларын туһугар үйэтитии үлэтэ дириҥник, хорутуулаахтык, киэҥ эйгэҕэ тахсардыы барыахтаах. Ол дьиҥ чахчы, чуолкай холобура бу күннэргэ буолла. «Тускул» КК иһинэн нэһилиэк историятын үөрэтии хайысхатыгар Хатаспыт баар уулуссаларыттан сүүрбэттэн тахсата олохтоохтор ааттара иҥэриллибитин Чепалова Ирина Егоровна салайааччылаах оскуола оҕолорун түмсүүтэ чинчийэр – үөрэтэр үлэни ыыппыта. Кэлин ситэриллэн – хоторуллан анал кинигэ тахсан тустаах дьоҥҥо, бибилитиэкэлэргэ тиийбитэ. Ол эрээри ити информация сайдар – үүнэр, кэҥиир, олохтооҕун ахсаана элбии турар нэһилиэкпит олохтоохторугар барыларыгар тиийбэт этэ. Инньэ гынан «Тускул» КК бу үлэни саҥа технологиялары туттан тиийэр, тиксэр эйгэни кэҥэтэр сыалтан «Вперед в прошлое» диэн бырайыакка «Узнай свою улицу» диэн салааны киллэрдэ.

Бу үлэ чэрчитинэн Виртуальный музей села Хатассы под открытым небом а.э. Хатас нэһилиэгин аһаҕас халлаан анныгар музейа аһылынна. Биир сүрүн уратыта виртуальный – ол эбэтэр куйаар нөҥүө интернет анал былаһааккаларыгар көрүөххэ-истииэххэ сөп. Эмиэ бу үлэ чэрчитинэн оҥоһуллубут маршрутунан кэҥээбит, тэнийбит Хатаспытын экскурсоводы кытта сатыы, билисипиэтинэн, массыынанан кэрийэн көрүөхпүтүн - истиэхпитин сөп. Бу күннэргэ, чуолаан Дьокуускай куорат төрөөбүт күнүгэр үтүө дьон аатын үйэтитии саҥа таһымҥа таҕыста ол курдук  В.И. Ленин 100 сылыгар анаммыт мэтээллээх, В.И. Ленин уордьаннаах, Бүтүн сойуустааҕы норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатын боруонса мэтээллээх,«Үлэ Кыһыл Знамята» уордьаннаах,  «РСФСР Үтүөлээх механизатора», «ССРС Ыччат бочуоттаах наставнига» аат иҥэриллибитэ,  РСФСР Үлэ бэтэрээнэ, Улуу Арыыга үлэлээбит сиригэр туруоруллубут  постаменнаах  Рожь Федотович Николаев аатынан уулусса таблицатыгар   интерактивнай табличка аһылынна.

Бу интерактивнай табличка үлэлиирин туһугар элбэх ситимнээх үлэ барда – матырыйаал хомулунна (видео, фото, ахтыы), кылгас  киинэ уһулларыгар – сценарийдаан, уһуллар дьону , куолаһы устуу уо.д.а. Сарсыҥҥы күнүгэр киэһэ сэттэ чааска «Үйэ» студияҕа  «Үлэнэн айхалланан» диэн Р.Ф. Николаев кэргэнэ  Хатас нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, В.И. Ленин 100 сылыгар анаммыт мэтээллээх, «САССР Норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ.», «Үлэ Албан аата» үһүс истиэпэнэ уордьаннаах,  ССРС ЫБСЛКС «Кыһыл көмүс куолас»,  ССРС ЫБСЛКС «Ыччат наставнига» бэлиэлэрдээх, РСФСР «Үлэ бэтэрээнэ», СӨ «Персональный пенсионера»  анал ааттаах Розалия Иннокентьевна Решетникова туһунан кинигэ дьон – сэргэ дьүүлүгэр таҕыста. Кинигэ ыччат дьону ийэ дойдуга, төрөөбүт төрүт нэһилиэкпитигэр бэриниилээх буолууга иитиигэ туһуланар. Кинигэҕэ аныгы технологияны туһанан интерактивнай хартыыналар (видео) киирдилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...