14.11.2020 | 15:29

Түбэлтэтэ кэпсэтиэххэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Эргэ оскуолалар, эргэ хонтуоралар, балыыһалар “абааһылаахтар” диэн буолара. Оҕо сылдьан “случайда, абааһылаахта кэпсэтиэх” диэн баран, муннукка олорумаары, ортоку миэстэни былдьаһар буоларбыт. Санаабытыгар, бу барыҥнаһан оһох кэнниттэн тахсыах, орон анныттан хаба тардан ылыах курдуктара.

Оттон салгын хаартыската, атах тыаһа, суот лачыргыыра, оҕолор мээчиктээн тэйэллэрэ, о.д.а., кырдьык, баар.

ЭТЭРБЭС ТЫАҺА

Дьууруй барахсан кыратыттан ыарыһах төрөөбүтэ. Оскуолалара аҕыс кылаастаах буолан киин сиргэ, атын нэһилиэккэ кэлэн үөрэммитэ. Сүрдээх толкуйдаах, аҕыйах саҥалаах, кип-киэҥинэн көрбүт уол аан бастаан оскуолаҕа киирэригэр оҕолортон толлон батареяҕа өйөнөн турбута. Хата, кинилэр нэһилиэктэриттэн элбэх буоланнар бары тутуспутунан сылдьыбыттара, барыларын интэринээккэ олохтообуттара.

Оҕэ саас кэрэ кэмнэрэ элэҥнээн ааһан испиттэрэ. Күһүн кэннэ кыһын кэлэн, кыһыны саас солбуйан таһырдьа киһи эрэ күүлэйдиэх күннэрэ турбуттара. Оччотооҕу оҕолор саас буолла да, кылааһынан субуотунньуктарга, хотон хаарын түһэриигэ, мас саһааныгар сылдьаллара. Бука бары “Бөлөрүүс”, сороҕор ДТ-75 да буоллун, бирисиэбигэр олорон, туран да буоллун тыаҕа тахсаллара. Ким да куттала суох буолуу тиэхиньикэтин тутуспат, илии баттаабат, оччолорго барыта оннук буолуохтааҕын курдук этэ. Биһиги кылаас хаар түһэрэ сылдьан биир уолбут хотон үрдэ сиҥнэн биирдэ аллараа баар буола түспүтэ. Хата, тугун да эчэппэтэҕэ, ким да миэрэҕэ тардыллыбатаҕа.

Мас саһааныгар кылааһынан күрэхтэһии буолара. Ким төһө, хас куубтаах саһаан туруорбутунан, салайааччылар былаан биэрэллэр, ону толоруохтааххын. Сороҕор бэрэбиэркэ кэмигэр саһааныҥ сууллан хаалар эбэтэр элбэх хайаҕастаах буолар, оччоҕо “Ачаа саһаана” диэн күлүүгэ ыыталлар, хаттаан туруораҕын, хайыаххыный.

Биһиги ол саҕана бары чараас таҥаспытын дьэ кэтэбит. Кыһынын кэппит, ыга тутар сылдьар истээх ыстааммытын быраҕан “һуу” гыммыт кэммит. Аны ол үлэҕэ тахсаргар да киэргэнэҕин, хайа үрдүкү кылаас уолаттара баар буоллахтара. Үтүөмсүйүү, туттуу-хаптыы бөҕөтө.

Интэринээт да оҕолоро хантан ичигэс таҥастаммыттара баарай. Дьууруй, төһө да ыарытыйдар, хаал диэбиттэрин үрдүнэн, оҕолоруттан хаалсымаары, мас саһааныгар тахсыспыта. Онно дэлби тоҥон, чараас саппыкылаах буолан атаҕын үлүтэн, дэлби титирээн кэлбитэ. Ол түүн кыайан утуйбатаҕа. Атаҕа сүүлэ иһэн тахсыбыта, сиһэ курбуулаан олорбута. Этэ итиинэн хаарыйан олороро. Бэйэтэ да аҕыйах саҥалаах, кими да соруйбат, кимтэн да көрдөспөт айыытыгар ол курдук түүнү быһа ыалдьан, кими да уһугуннарбакка күнү таһаарбыта.

Аттыгар сытар уола уһуктан Дьууруй титирэстии сытарын көрөн түүҥҥү ньээҥкэни ыҥырбыта. Хайа күн төлөпүөннэрэ үлэлиэҕэй, табаарыстара ойон туран балыыһаҕа тэбиммиттэрэ. Быраас тута кэлэн уолу оройуон киинигэр киллэрэргэ эппитэ. Аны массыына көрдөөһүнэ саҕаламмыта, хас биирдии ыксаллаах мүнүүтэ күндү буолбута.

Кэмниэ-кэнэҕэс гарааска тиийэн массыына булан Дьууруйу балыыһаҕа киллэрбиттэрэ. Уол бүөрэ бүппүт, анаалыстара бары куһаҕаннар диэн аны куоракка ыытарга эппиттэрэ. Дьууруй төрөппүттэрин ыҥыран балаһыанньаны кэпсээбиттэрэ.

Дьоно кэлиилэригэр Дьууруй сыккырыыр тыына эрэ сытаахтыыра, дойдубар илдьиҥ диэн элэ-была тылын этэн көрдөспүтэ. Кини бу ыарыыттан үтүөрбэтин, аҕыйах хонукка дьиэтин көрүөн баҕарарын эппитэ. Чахчы, Дьууруй икки бүөрэ хатан, оччолорго билиҥҥи курдук диализ, хаан ыраастыыр аппараат суох буолан маннык ыалдьыбыт дьон олохтон туорууллара.

Хайыахтарай, төрөппүттэрэ икки харахтарын үүтэ көстүбэт буолуор диэри ытаан-соҥоон уолларын дьиэтигэр нэһиилэ айаннатан илдьибиттэрэ. Аны туран суоллара куһаҕана, ГАЗ-66 сор бөҕөнөн айаннаан тиийбитэ. Дьууруй дьиэтигэр, дьонун кытта икки эрэ хоммута. Чугас дьонун, доҕотторун ыҥыран быраһаайдаспыта, наһаа дириҥ, өйдөөх харахтарынан унаарыччы көрүтэлээбитэ, ол кэннэ хаһан да уһуктубат уутугар утуйбута.

Дьууруй бохоруонатыгар кылааһын оҕолоро, учууталлара, дэриэбинэ дьоно, бэрт элбэх киһи мустубута.

Табаарыстара интэринээттэригэр төннөн кэлэн дэлби сылайан ууга тааһы бырахпыттыы утуйбуттара. Арай түүн чэпчэки этэрбэс тыаһа Дьууруй сыппыт оронугар кэлэн тохтообутугар, ким эрэ кылгас-кылгастык тыыммытыгар уолаттар биир-биир уһуктан кэлбиттэрэ. Бары тиритэн, суоҕаннарын саптан көлөһүн аллан сыппыттара. Санааларыгар, Дьууруйдара тыынара, кини чэпчэки атаҕын тыаһа иһиллэрэ. Ити курдук сайын тарҕаһыахтарыгар диэри этэрбэс тыаһын истэллэрэ. Хата, оскуоланы бүтэрэн, интэринээттэн барар буолан үөрбүттэрэ. Ол да буоллар бу Дьууруй олорбут хоһугар этэрбэс тыаһын хойукка диэри истэллэр этэ диэн оҕолор кэпсииллэрэ.

УУ АННЫНАН ХААМАР КИҺИ

Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр Ньээккээйи диэн үтүө алаас баар. Кинигэҕэ, хаһыакка үксүн “Ньэгэркээйи” диэн суруйаллар. Бу алаастан 1833 сыллаахха Манчаары Баһылай Дүпсүн улууһун Баатаҕай ууһун чаччыынатын Капитон Слепцов маанылаах кыыһын Күөх Кэтириинэни күрэтэн турар. Аакка-суолга киирбит кэрэ Күөх Кэтириинэ төрөөбүт-үөскээбит алааһыгар кэлин улахан ууһут киһи олоро сылдьыбыта. 

    Бу киһи туһунан сураһаары Баатаҕай орто оскуолатыгар өр сылларга учууталлаабыт Римма Иннокентьевна Бурцева кини төрөппүт кыыһыгар Парасковья Петровна Лугинова-Соловьеваҕа бара сылдьан аҕатын туһунан сураһан кэпсээбитин бэчээттиибит. 

    Парасковья Петровна кэпсээнинэн, аҕата Петр Лугинов-Бүөтүскэ Баатаҕай нэһилиэгэр Ньээккээйи алааска 1905 сыллаахха төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүт үһүөлэр. Саамай улаханнара, кыыс, Намҥа кийииттээн барбыт. Бүөтүскэ иккиһинэн төрөөбүт. Кыра быраат Уйбаан-Кургуом үһүс оҕо эбит. 

    Оччотооҕуга Ньээккээйигэ хас да ыал эн-мин дэсиһэн эйэ-дэмнээхтик олорбуттара. Алаас оҕолоро мустан араас сүүрүүлээх-көтүүлээх оонньуулары тэрийэн, мас атынан, талах ынаҕынан оонньуур эбит буоллахтарына, Бүөтүскэ Уһуунускай Боохой диэн уоллуун күнү-күннүктээн ууга сылдьан оонньууллара. Боохой уу аннынан хонууга сылдьар курдук сылдьара. Кини Бүөтүскэни тиис быыһынан ууну хачайдаан тыынарга үөрэппит. Оччоҕуна син биир салгынынан тыынар курдук сылдьар эбит. Онуоха тииһиҥ ханан да алдьамматах, барыта лаһыгырас бүтүн буолара ирдэнэр дииллэрэ. Бүөтүскэ үөрэнэн уу аннынан биир чаас кэриҥэ сылдьар буолбут. Бастаан утаа уу аннынан биир биэрэстэ айанныырыгар үс киилэ кэриҥэ ууну иһэрэ үһү. Кэлин үөрэнэн, син биир хонууга сылдьар курдук холкутук барар, илими көрөр, кус олорор сиригэр уу аннынан хааман тиийэн ытар идэлэммит. 

    Бииргэ бодоруһан улааппыт, күөл дьикти саарыстыбатын арыйарга көмөлөспүт чугас киһитэ Боохой эдэр сааһыгар сөтөл буолан өлбүтэ. “Наар күөл аннын мээрэйдээн тахсар идэлээх этэ, ол иһин кылгас үйэлэннэ” диэн кырдьаҕастар кэпсэтэллэрэ. Онтон ыла дьоно Бүөтүскэни уу аннынан сылдьарын бобор буолбуттар. Ол эрээри дьон көрбөтүгэр Бүөтүскэ син биир сылдьар эбит. 

    Биирдэ Арҕаа Хаабыйа (Баатаҕай нэһилиэгин сирэ) диэн алаас күөлүгэр уу аннынан уҥуор олорор кустарга баран иһэн күөл түгэҕэр саха балаҕана бүтүн турарыгар кэтиллэ түспүт. Дьиэ аана суох эбит. Эдэр киһи дьээбэрэн, уу анныгар барыйан турар хараҥа балаҕан иһигэр атаҕын уган көрбүтэ, хоп-хойуу бадараан симиллэн турар үһү. Онон иһирдьэ киирэ сатаабатах. Бу балаҕан хайдах күөл түгэҕэр кэлэн хаалбытын, хайдах ыһыллыбакка бүтүн турарын ким да быһаарбатах.

    Кэбээйигэ хаастыы сылдьан өрүскэ түһэн хаалбыт саатын уонна халампааһын умсан хостообут этэ. Хайдах быһыылаахтык булан таһаарбытын Парасковья өйдөөбөт, арай, “өрүс анна наһаа сырдык (күөлгэ холоотоххо буолуо)” диэбитин өйдөөн хаалбыт. Бүөтүскэ тымныы ууттан тахсан баран тиритиэр диэри сүүрэр-көтөр, хамсанар эбит. 

    Кэлин биирдэ Өргөннөөх (Баатаҕай сирэ) күөлүгэр кустуу сылдьан, уҥуор олорор кустарга уу аннынан айаннаан чугаһыырга быһаарыммыт. Тыаһа суох ууга киирэн күөл түгэҕиттэн тэбинэн айаннаан испит. Куһу ытар эрэ туһунан өйүн-санаатын туһаайан иһэр киһи, эмискэ, иннигэр туох эрэ күлүгүрэн турарын көрөн соһуйбут. Кини көрдөҕүнэ: күөх эбириэн дьүһүннээх, аарыма улахан оҕус дьүккэтинэн көрөн суолун бүөлүү турара үһү. Сыраана бокуойа суох сынньылыйара уу бүтэй көстөр эбит. Бүөтүскэ бу дьулаан көстүүттэн улаханнык куттаммыт эрээри, өйүн сүтэрэр курдук долгуйбатах. 

    Дьэ, итинтэн ыла кини уу аннынан сылдьарын букатыннаахтык тохтоппут. Онуоха эбии илин тииһэ түһэн эбиискэ буолбут. Бүөтүскэ оҕолоруттан да, сиэннэриттэн да кини курдук ууһут киһи баара биллибэт. Ууһут Бүөтүскэ сааһын тухары кадровай булчуттаабыта. Сааһыран баран Өспөххө олорон өлбүтэ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....