Түбэлтэтэ кэпсэтиэххэ
Илим көрөөччү
Дьонум саҥа ыал буолбут кэмнэрэ. Биирдэ ийэм олорор сирдэриттэн тэйиччи өрүс уҥуор Быйагы диэн сиргэ барсарга санаммыт. Өрүһү эрдинэн туораан иһэн, ийэм көрдөҕүнэ, арай өрүс уҥуор киһи тугу эрэ гынан төҥкөҥнүүр эбит.
Ону кэргэнигэр эппитигэр анарааҥҥыта истибэтэх курдук туттубут. Чугаһаан истэхтэринэ ол «илим көрөөччүлэрэ» ханна да барбыта биллибэккэ сүтэн хаалбыт. Ийэм бу туһунан кэлин дэриэбинэҕэ киирэ сылдьан хотунугар кэпсээбитигэр олус соһуйбут уонна сибигинэйэн кэриэтэ: «Тоойуом, дьэ эмиэ эрэйдэниэх киһи сылдьар эбиккин. Ол сэрии кэмигэр аччыктаан өлбүт Майыһыай эйиэхэ көстөөхтөөтөҕө. Биирдэ эмит көстөн ааһар диэччилэр. Эрэйдээх эбэтигэр киирэн куруук илимнии сатыыра үһү», – диэбит.
Күлүк
Эмиэ бу Быйагы диэн сиргэ үһүө буолан олорбуттар. Аҕам Валентин диэн сулумах киһилиин субай сүөһүлэри көрөллөр эбит. Ийэм үксүн дьиэҕэ соҕотоҕун хаалар, ас астыыр. Аттыларыгар кыра үүтээҥҥэ кырдьаҕас булчут киһи ытын кытта олорбуттар. Кэргэнэ ол киһиэхэ сэһэргэһэ тахсыбыт кэмигэр ийэм Валентинныын чэйдии олорбуттар.
Арай салапаанынан бүрүйбүт түннүктэригэр киһи күлүгэ кэлэн, быар куустан турунан кэбиспит. Ийэм, кэргэним дьээбэлэнэр дии санаан, түннүк нөҥүө кэпсэтэ олорбут. Арай таһыттан кэргэнэ ыала оҕонньордуун ыаһахтаспытынан киирэн кэлбиттэр. Түннүк нөҥүө турааччылара кини буолбатаҕын оҕонньор кытта туоһулаабыт. Тахсыаҕыттан кэпсэтэ олорбутун эппит.
Онуоха Валентин, эрдэттэн сэрэйэн олорбут киһи, туран уот иччитин айах тутан көрдөспүт: «Киһи буоллаххына киир, абааһы буоллаххына аас», – диэн. Аҕыйах хонугунан ким «дьээбэлэнэрэ» биллибит.
Ийэм соҕотох олордоҕуна күлүк кэлэн түннүккэ сөрүөстэн турбут. «Атаҕын тыаһа, күөх оту тэпсэн сырдырҕатара бу баардыы иһиллэр», – диэн ийэм билигин да санаатаҕына куһаҕан буолар. Аҕам бу дьиэҕэ үс киһи саанан ытыһан өлбүтүн ийэбэр кэлин кэпсээбит. Кини бэйэтэ бу дьиэҕэ мас көтөҕөн киллэрэр, оннооҕор хаарты ырытар тыаһы куруук истэрин эппит. Ийэм, биллэн турар, бу кэнниттэн дэриэбинэҕэ түргэнник төннүбүт.
Киһи саҥата
Биир кыһын эксээмэннэрбин этэҥҥэ туттаран, эдьиийим аахха дэриэбинэҕэ бардым. Миигин иккис этээскэ кирилиэс аттыгар баар хоско олохтоотулар. Оронум уун-утары сиэркилэ турар, түннүктэр сабыылара суох. Хайдах эрэ куттанабын. Убайым аттынааҕы хоско сытар. Сарсыарда аайы тэлэбиисэрин тыаһыттан уһуктар.
Биир сарсыарда убайым тыаһаан-ууһаан турда уонна аллараа этээскэ түстэ. Арай сотору соҕус аттыбар араадьыйа төлөпүөн тырылыыра иһилиннэ. «Тоҕо манна уурбуттарай» диэн испэр мөҕүттэ санаатым. Арай атах тыаһа ыарахан баҕайытык үктэнэн, кирилиэс устун хааман таҕыста. Ону мин убайым тилигириир дии сыттым. Онтон билбэт куолаһым (эр киһи саҥата): «Төлөпүөн манна сытар эбит!» – диэбитигэр соһуйан олоро биэрдим. Этим тымныйа түстэ. Куттанан, утуйар уум көттө. Хайыахпыный, турдум.
Аллараа этээскэ түһэн эдьиийбэр кэпсээтим. «Баттаттаҕыҥ дии», – диэтэ. Чэйдии олордохпутуна, эдьиийим дьүөгэтэ киирэн таһараа ыал уоллара бөлүүн балыыһаҕа тыына быстыбытын кэпсээтэ. Хаһан да айах атан кэпсэппэтэх киһим кэлэ сылдьыбытын сэрэйдибит.
Эргэ интернат биллибэт дьиктилэрэ
Сунтаар улууһун түгэх дэриэбинэтигэр интернакка олоробут. Интернат урукку таҥара дьиэтин аҥаарыгар баар. Түүн тоҥон, ороммутун холбоон утуйабыт. Уолаттар хараҥаҕа киирэн абааһы буолан дьээбэлэнэ оонньуулларын, куттуулларын иһин, ааммытын улахан баҕайы маһынан иһиттэн олунар этибит. Арай биирдэ оһохпутугар хортуоппуй үтэн сиэн баран, испинэн моһуогуран, киирэр-тахсар өлүү буолан, уум уйгууран, тахсан көрүдүөргэ сурунаал ааҕа олордум.
Хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, ньээҥкэбит Нина Игнатъевна уолаттар хосторугар ааста. Тоҕо кини буолан баран утуйбакка олорорбун мөхпөтөҕүн-эппэтэҕин дьиибэргии санаатым. Арба даҕаны, Нина Игнатьевна аҕыйах хонуктааҕыта бииргэ төрөөбүт быраатын ыарыылыы улуус киинигэр барбыта ээ. Этим тымныйа түстэ, түргэн үлүгэрдик хоспун буллум.
Сарсыарда турбуппут, прачкабыт сууйан ыйаабыт таҥастара муостаҕа түһэн сыталлар. Аны уолаттар хосторо таһыттан эт эттиир маһынан баттатыллан хаалбыт. Эбиитин күнүс бу дьикти түгэнтэн уоскуйа быһыытыйан истэхпитинэ, Нина Игнатьевнабыт суол саахалыгар оһоллонон, ыарахан туруктаах балыыһаҕа киирбитин иһиттибит.
Кэлин «ааны хатааччыбыт» аны кыргыттар хосторун аанын мас олуурун ылан буочукалаах ууга бырахпыт, эбиитин таҥас сууйар массыынаны тиэрэ аспыт этэ. Таҥас сууйааччы онно эмиэ биһигини, үксүн уолаттары балыйара. Арай биирдэ каникул кэмигэр биир да оҕо суоҕар оннукка түбэһэн, биһигини балыйарын тохтоппута.
Бокуонньук күүс холоһуута
Бу түбэлтэни эһэм кэпсээбитэ. Кини соччо тугу да итэҕэйбэт, хомуньуустуу көрүүлээх киһи этэ.
Уоттаах сэрии сылларыгар кини холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Байанайдаах булчут, сорсуннаах сонордьут буолан, сут-кураан дьылларга дьонун-сэргэтин аччыктаппакка, абыраан олорбута диэн күн бүгүҥҥэ диэри элбэх киһи махтанан кэпсиир.
Эһэм эдэригэр ат бөҕө, кус быһый киһи, кимиэхэ да тустан иннин биэрбэккэ сылдьыбыт. Арамааскы диэн эмиэ бэйэтин кыанар киһи эһэбиниин хаста да холоһон көрөн баран, кыайтаран, хом санаатын аһаҕастык кистээбэккэ этэрэ үһү.
Арамааскы өлбүтүн кэннэ эһэм кинини көмсөн, түөрт уон хонугун бэлиэтээн баран, күһүҥҥү хараҥаҕа киһи уҥуоҕун аттынан ааһан истэҕинэ, ким эрэ кэлэн орулаабытынан, миинэн баран, быраҕа сатыыр курдук үрдүгэр хатааста түспүт. Эһэм бу «ким эрэ» куһаҕан сытыттан тумнаста сыһан, тустарын быыһыгар арыычча өрүһүнэн, кэннинэн туран, хаҥас саннынан кокуоска туттараатын кытта «тустууга» сүтэн хаалбыт. Кэлин өйүн-төйүн булан, куттаммыта ааһан баран, санаан көрбүтэ, бу арай кини аҕыйах хонуктааҕыта бэйэтин илиитинэн көмпүт киһитэ Арамааскы буолуон сөп курдук. Тыыннааҕар кыайбатаҕын, хом санаабытын ол дойдуттан кэлэн иэстэһэ сатыы сырыттаҕа. «Куһаҕан санаалаах дьон, көр, оннук буолаллар», – диэн эһэм сөҕөн кэпсээбитин тоҕо эрэ олус өйдөөн хаалбыппын.
Балыыһаҕа
Балбаара балыыһаҕа сыппыта хаһыс да күнэ. Үс миэстэлээх палаатаҕа үһүөлэр. Биир сэттэ уонуттан лаппа ааспыт ыарахан туруктаах эмээхсини бэҕэһээ киэһэ киллэрбиттэрэ. Оттон иккис дьукааҕа – сүүрбэччэтиттэн эрэ тахсыбыт эдэркээн кыыс. Ыарыы сааһы билиммэт, кимниин баҕарар ыаллаһар. Кыыһы кытта бэркэ тапсан, кэпсэтэн-ипсэтэн, бириэмэлэрин билбэккэ аһараллара. Оттон бэҕэһээ киэһэттэн “ньим” бардылар. Хайыахтарай, киһи итинник туруктаах сыттаҕына, сэлэһэ олоруохтара дуо? Субу-субу үөһэ тыынан ыла-ыла, түннүк аттыгар тураллар. Биир хаһыаты уһун күнү быһа эргитэ, уларсыһа сылдьан ааҕаллар.
Эмиэ биир күн ааста. Утуйар кэм кэллэ. Балбаара ону-маны саныы сытта. Уута кэлбэккэ эрэйдэннэ. Ол сыттаҕына, көрүдүөргэ дьон айманар саҥата иһилиннэ. Эмиэ ким эрэ киирдэҕэ. Саҥалара ала-чуо кинилэр хосторугар чугаһаан кэллэ. Аан аһыллаатын кытта, тыбыс-тымныы салгын саба биэрдэ.
– Хайаларын ылабыт?
– Ээ, бу эдэрэ бэрт. Ол сытааччы кэннэ уһаабыт, иннэ кылгаабыт. Кинини ылыахха.
Ити курдук кэпсэтэн баран, тахсан бардылар.
“Тыый! Тугун дьиктитэй? Кимнээх буоллахтарай? Түүл дуу, илэ дуу?” дии сытан утуйан хаалла.
Сарсыарданан киирии-тахсыы бөҕөтө буолбутугар уһуктан кэлбитэ, били эмээхсин сыппыт ороно кураанах. Санитарка тэллэҕин таһааран иһэр эбит. “Кини ханна барда?” – диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла. “Били дойдуга...” – диэт, тахсан барда.