22.01.2020 | 13:39

ТҮБЭЛТЭЛЭР

ТҮБЭЛТЭЛЭР
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

ТҮБЭЛТЭ ТҮҮНҮҮТЭ

Биирдэ Миирнэй куораттан төрүттээх саха дьоно Өлөөн диэки кыыл таба бултаһа барбыттар. Сэтинньи ый, халлаан лаппа тымныйбытын кэннэ, хаардаах. "Буранынан" барбыттар. Биир үрэххэ кыыл суола элбэҕин көрөн, чугас баар үүтээҥҥэ тиийэн хонордуу оҥостубуттар. Ол дойду ото-маһа кэмчи буолан, тэйиччи соҕустан оттор мастарын эрбэммиттэр. Ahaан-сиэн баран утуйардыы оҥостон сыппыттар. Ол кэмҥэ биир киһилэрэ туран оһоххо мас эбэн биэрээри хардаҕаһы ылбыта, арай, туох эрэ быа-туһах, таҥас-өрбөх иилистэ сылдьар эбит. Ону дьиктиргии санаан туора уурбут, сарсыарда сырдыкка көрүөм диэн. Түүн ортото бу киһибит утуйа сытан баттатар, көрдөҕүнэ, дьиэ иһигэр таба таҥастаах саас ортолоох киһи киирэн турар эбит. "Аартыгым ааныгар турар кэрэх маспын кэрдибиккит, дьоҥҥун  туруор уонна мантан барын!" - диэн күргүйдээбит. Эмискэ уһуктан кэлбитэ, дьиэлэрин муннуга умайан күүдээпчилэнэн эрэр эбит. Таһырдьаны былдьаһыы буолбут, ким тугу кэппитинэн, тугу туппутунан диэбит курдук. Нэһиилэ "Бураннарын" куоттарбыттар. Ол түүн ону-маны таҥнан, дьиэлэрин сыккырыыр тыыннара эрэ булбуттар.

ЭДЭР КИҺИ ЭТЭ...

Биир сайын күтүөтүм эдьиийбин уонна балтыбын илдьэ матаһыыкылынан тэллэйдии диэн тыаҕа тахсыбыттар. Улаханнык дэриэбинэттэн ырааппакка,  тэллэйдээн барбыттар, син бултуйан күтүөтүм сүрэҕэлдьээн барыларыттан тэллэйдэрин хомуйан бэйэтин иһитин толотторон баран, кэтэһэр киһи буолбут. Тахсан тыа саҕатыгар алаас үрдүгэр табахтыы олорбут. Ол алаас күөллээх, утары сыырын үрдүгэр улахан соҕус киһи уҥуохтаах үһү. Олорон көрдөҕүнэ, ол сыыр үрдүттэн 3 киһи түспүт уонна күөл кытыытыгар олорон таҥас сууйан барбыттар, уһун туох эрэ таҥаһы сууйаллар үһү. "Бу туох акаарылар манна кэлэн таҥастарын саҕаан эрэллэр", -дии санаабыт, син олорбутун кэннэ көрөн турдаҕына ол дьоно  симэлийэн салгыҥҥа сүтэн хаалбыттар. Онтон дэлби саллан, куттанан, дьонун ыҥыран дьиэлэригэр төннүбүттэр. Кэнники дьонтон ыйыталаспыта, ол "аннараа" дьон кэмиттэн кэмигэр таҥастарын сууналлар үһү, арай дьон барыта билэр курдук үһү. Киһи өлөөрү, олохтон туораары гыннаҕына көстөллөр эбит. Быһылаан кэннэ убайым биир  ыйынан олохтон барбыта...

САЙЫЛЫК

Мин кыра эрдэхпинэ эбэм аах куруук сайылыкка тахсан олорор этилэр. Миигин эбэм доҕор оносторо, мин онно сайылыырым. Ийэм биирдэ эмит дэриэбинэттэн хонсо кэлээччи.  Биир оннук күн ийэм кэлбитигэр киэһээ хойукка диэри оонньоон-айдааран баран утуйдубут. Түүн утуйа сыттахпытына ийэбин ким эрэ тыбыс-тымныы ынырык түүлээх илиитинэн хам тутан оронтон cohон түһэрэн, ыһыы-хаһыы, айдаан бөҕө буолла. Эбэм тугу эрэ үөхсэр. Бары олох куттанан салыбыраһыы, биһиги аһары айдааран, өтөххө абааһы кэлбит диэн мөҕүллүү. Ол кэннэ сайылыктан көһөн хаалбыппыт. Ити кэннэ мин да, ийэм да утуйарбытыгар атахпытын суорҕантан  тahaaрбаппыт.  Харанаҕа атаххыттан туох эрэ тутуo диэн куттал бөҕө. Дьэ оннук иэдээн буолар эбит, олох илэ бэйэлэринэн сылдьаллар. Ол өтөх билигин алдьанан, сиҥнэн турар. Киһи сатаан тохтообот, кута-сүрэ иҥмэт сирэ буолбут. Аны туран, биир да сүөһү да, сылгы да мэччийбэт сирэ буолан хаалбыт.

ИЧЧИЛЭЭХ ДЬИЭ

Бу дьиэни 40-сылларга атын нэһилиэктэн көһөрөн аҕалбыттар. Онно бэрт сэниэ, элбэх оҕолоох ыал көһөн киирбит. Муодарҕыах иһин, бу дьиэ кэргэн, ким эрэ кыpaабытыгар дылы, эстэн киирэн барбыт. Бары араас ohолго, биитэр ыалдьан өлбүттэр. Арай икки эрэ оҕо тыыннаах хаалбыт. Кинилэри аймахтара иитэ ылбыттар.

Ол сахха дьиэ туттар ыарахана эбитэ буолуо, кэлин атын ыал атыылаһан ылбыт. Аҕыйах сылынан аҕалара эдэр, доруобай киһи утуйа сытан өлөөхтөөбүт. Сыллар ааһаллар, оҕолоро улаатан, куоракка киирэн олохсуйаллар. Эмээхсин соҕотоҕун олоро хаалар. Бу эмээхсин дьиэтигэр хаһан да соҕотоҕун хаалбат эбит. Атын сиртэн үлэлии кэлбит кыргыттары олордоро үһү. Куруутун куосканы, ыты иитэрэ. Биир сыл эмээхсин уола ыал буолан, кэргэнин кытары дойдутугар олохсуйардыы сананан көһөн кэлбит. Сыл буолбатахтар, төттөрү көһөн барбыттар. Кийиит дьиэҕэ сахалыы таҥастаах дьахтар баар диэбит. Бу дьахтар кыыһы түүн муомахтыы, кычыгылата сатыыра үһү. Биллэн тураp, ханнык киһи уйулҕата тулуйуой. Хата, кини биир сылы хайдах тулуйан олорбута буолла?

Сыллар aahаллар. Эмээхсин олорбутун курдук олорбут. Биирдэ эмээхсин дьиэтин таһыттан хатаан баран куоракка киирбит. Арай киэһэ хараҥарбытын кэннэ дьиэ таһынааҕы ыал дьахтара дьиэтигэр киирэн иһэн көрбүтэ, эмээхсин дьиэтэ уоттаах үһү.

Уонна түннүгүнэн кинини ханнык эрэ билбэт кыһыл ырбаахылаах уола көрөн аҕай турар эбит. «Хайдах хайдаҕый, ити хайаларай?»- диэн дьахтар cohуйа санаабыт. Сарсыныгар тахсан көрбүтэ, дьиэ хатааһыннаах эбит. Аҕыйах ыйынан эмээхсин уола ыйанан өлбүтүн туһунан куһаҕан сураҕы истибиттэр. Эмээхсин дьиэтигэр аҕыйах сыл олоро сатаан баран, куоракка көһөн киирбит.

Билигин бу дьиэ иччитэх турар. Дьоннор кэпсэтэллэринэн, туох-ханнык дьиэни көһөрөн аҕалбыттара биллибэт. Саатар урут кимнээх олоро сылдьыбыттарын кытта истибэтэхтэр.

МУННЬУСТУУ ТҮМҮГЭ

 Биирдэ күһүн, табаарыстарым кэлэннэр икки күҥҥэ кустуу бардыбыт диэтилэр. Бэркэ диэн ымсыырдым да, сарсыныгар куораттыыр буолан, аккаастаатым. Итинник aаста, уолаттарым кустуу бардылар.

 Сарсыныгар куоракка дьыалаларбын ситиһэ бардым. 3 хонон сыалбын ситиһэн  баран, дэриэбинэбэр төттөрү кэллим.

 Арай, киэһээ, табаарыстарым саккыраһан кэллилэр. Мунньустан олорон кэпсэттибит. "Ааспыкка төһө бэркэ сырыттыгыт? Хас кустааххыт", - диэбиппэр, уолаттарым кэпсээн тоһуурдаах буолан биэрдилэр.

Арай, тиийэн астанан, астарын ahaан-сиэн бараннар күлэн-салан, хаартылаабыттар. Улахан баҕайытык күл да күл, хаһыытаан-ыһыытаан киэһэлик күс көтүүтэ оннуларын булбуттар. Кус олох көппөтөх, чугас эргин алаастарга син саа тыаһа лиһигириир үһү. Кинилэргэ туох да кэлбэтэх.  Олорбуттар. Утуйар чаас кэлбит, халлааннара хараҥарбыт. Ыйдаҥалаах үһү. Халлаан ып-ыраас үһү. Сулустар чабылыһан көстөллөрүн биир табаарыһым дурда иһиттэн көрө сыппыт. Икки уолаттар утуйан муннуларын тыаһа хаһыҥырас буолбут. Биир уол сыта сатаан уута кэлбэтэх, хайдах эрэ сэргэх баҕайы үһү. Чэ, саатар "туалеттыахха" диэн, дурдаттан тахсан, aрай отуутун диэки көрбүтэ – улахан, көрдөҕүнэ, этэргэ дылы, 3 миэтирэлээх хара күлүк киһи кинилэр диэки одуулуу турар үhү. Табаарыһым этин сааһа арылла биэрбит, сүүрбүт, уолаттарын уһугуннарар аакка барбыт, уолаттарыгар эппит, кинилэр түргэнник сэргэхсийэ түспүттэр, ким да куттанан көрүөн баҕарбат үһү. Сотору соҕус, олоро түһэн баран, нэһиилэ өҥөйөн көрбүт ... "суох" үhү. "Һуу, суох буолбут" диэбит, уолаттар бары уулара көтөн хаалбыт, таах олорбуттар. Арай ол олордохторуна, чуп-чугас, кэннилэринэн, үөр сылгы сүүрэрэ иһиллибит. Хайдах бачча түүн туох сылгылара киирдэхтэрэй диэн тахсан өҥөннөөбүттэрэ, туох да суох эбит. Уолаттар мунаахсыйбыттар, хайдах-хайдаҕый  дэспиттэр... Онтон быһа холоон чаас аҥаара aаспыт... аны дьоннор саҥараллара иһиллэн барбыт. Иһиттэхтэринэ хайдах эрэ бырааһынныыктыы сылдьар дьон саҥата курдук үһү. Өйдөөн истибиттэрэ, дьон ohyoxaйдыыллара үhү. Сүрэхтэрэ олох «пар» гына түспүт. Хаһан сырдыар диэри чөкөллөн баран олорбуттар. Ол сыл хаар туспүтүн кэннэ онно сылдьыбыт икки табаарыспыт утуу-субуу күн сириттэн туораабыттара... биир уолбут инбэлиит буолан хаалбыта... икки уол буор иһээччи буолбуттара.

БААР ҮҺҮ...

Биирдэ дойдубар кустаан баран киэһэ хараҥаҕа дьиэлээн иһэн ардахха баттатан, өтөх балаҕаныгар ардах хаһан астарын кэтэһэн киирэн олордум. Ол олорон утуктаан бардым. Арай, олордохпуна, балаҕан биир истиэнэтэ суох өттүнэн ийэм бокуонньук киирэн кэллэ. Халлаан сырдаабыт, ийэм сирэйэ үчүгэйдик көстөр. Ытаабыт. Иһирдьэ киирэн миигин көрөн турар. Мин «өлөн баран эмиэ тоҕо манна кэллиҥ, бар мантан” диэтим. Онтон туох эрэ тыастан уhукта биэрдим. Халлаан сырдыа баара дуо, өссө эбии ыаһырбыт, ардах өссө эбиллибит. Мин туох дьикти түүлүн көрдүм диэн ырытан олорбохтуу түһэн баран, ийэм туохтан эрэ сэрэттэ быһыылаах диэммин, саабын, сүгэһэрбин ылан балаҕантан тахсан аҕыйахта хардыылааппын кытта, кэннибэр сүрдээх улахан хачыгыр-хучугур тыаһы кытта туох эрэ сүр күүскэ сууллан түстэ. Мин, абааһылара буоллаҕа дии санаат инним диэки түһүнэн кэбистим. Кэлин көрдөххө, балаҕан үрдэ мин олорбут сирим үрдүнэн өһүөтэ тостон сууллан түспут этэ. Былыргы балаҕан? омуннаатахха, миэтэрэ аҥаара баар буолуохтаах. Ол баттаабыта буоллар миигин өлөрөр этэ. Ону сэрэтэн ийэм эрэйдээх көстөөхтөөбүт эбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...