10.07.2022 | 11:18

Түбүктээх үлэ, көрдөрүүлээх хамсаныы сыаналанна

Түбүктээх үлэ, көрдөрүүлээх хамсаныы сыаналанна
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ Бороҕоҥҥо буолбут спартакидаҕа - Саха сирин олимпиадатыгар күрэхтэһээччилэри эрэ буолбакка, үрдүк көрдөрүүлээх, түбүктээх үлэлээхтэри, сыралаһа сылдьааччылары, дьулуурдаах дьону эмиэ сыаналаабыттара чөл-чэгиэн олоххо тардыһыыны өйүүбүт диэн мээнэҕэ этиллибэтин чаҕылхай туоһута буолла. 

Наҕараадаланааччылар ортолоругар хатастар ааттара эмиэ ааттанна!
Ол курдук Хатастааҕы 7 нүөмэрдээх спортивнай оскуола дириэктэрэ Гоголев Евгений Егорович СӨ ФК туйгуна буолбутуттан бары да үөрдүбүт, киэн тутуннубут. Бу кэлэктиип иитэн таһаарбыт 4 бастыҥтан бастыҥ, быһыйтан быһый, сылбырҕа, сатабыллаах выпускниктара  Дьокуускай куорат сборнайыгар киирэн, олус наадалаах очколары аҕалбыт волейболистар С.Слепцов, А.Татаев, Т.Борисова - Афонина,  С.Соловьева - Шишкина бааллара бу наҕараада мээнэҕэ буолбутун дакаастыыр дии.саныыбын. Манна бу оҕолор тренердэрэ Вячеслав Тимофеев аатын махтанан туран ааттыыр тоҕоостоох.  Хайа уонна өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр, ураты суоллаах-иистээх кэрэспэдьиэн Михаил Мордовской-Михута олоҕун суолун сүрүн оҥкулун эмиэ бу оскуолаттан саҕалаабыта. Евгений Егорович Хатас эдэр ыччата эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдарыгар уурбут кылаата нэһилиэк иһинэн үрдүктүк сыаналаммыта, Хатас нэһилиэгин Бочуот кинигэтигэр киллэриллибитэ. Кини салайыытынан, кэлэктиибин сыралаах үлэтинэн дорҕоонноох ааттаах уолаттардаахпыт, кыргыттардаахпыт. 


Хатаска ат сүүрүүтүн туһунан бу олох соторутааҕыта сырдаппыппыт, бу хайысханы үйэтитиигэ Михута дьоһун үлэлэрдээх. Онон ол туһунан кэҥии-тэнийэ барбакка, бу олох улахан таһымнаах тэрээһиҥҥэ Уус Алдан улууһун дьаһалтатын Бочуотунай Грамотатын жокей Виталий Петров туппутун көрөн эмиэ астынныбыт-дуоһуйдубут, түөс мөтөччү буоллубут. 

Остуол тенниһигэр Уус Алдан остуол тенниһигэр хамаандатыгар Хатастан Дима Винокуров баара эмиэ биһигини үөрдүбэт буолуон сатаммат. Винокуровтар аҕалара Николай мас тардыһыытыгар биллэр-көстөр  мадьыны. Бу дьиэ кэргэн 4 уола төрдүөн кыра эрдэхтэриттэн спорт араас көрүҥэр дьаныардаахтык дьарыктанан кэккэ ситиһиилэрдээхтэр. Ийэлээх аҕа уолаттарын олох кыра эрдэхтэриттэн тыа ыалын олоҕун кыһалҕатын сүгэһэр оҥостубакка сайдар-үүнэр суол төрдө оҥорон. сатабыллаах, кыанар буоларга сыал-сорук туруоран  от, муус, мас үлэтигэр үөрэппиттэрэ, күрэххэ, күөн көрсүһүүгэ сылдьалларын өйөөбүттэрэ. Дима тренерэ А.Н.Иванов үлэтин суолтата манна эмиэ улахан оруоллаах.
Дьэ ити курдук Хатас нэһилиэгэ саха норуотун бүттүүнүн   улахан тэрээһинигэр олорор, үүнэр-сайдар Хатаспытын ааттатар дьонноохпутуттан киэн туттуоҕуҥ, салгыы кэпсиэҕиҥ.
Уонна бу ситиһиилэрбит спорт дыбарыаһа тутуута өссө тэтимирэригэр төһүү күүс буолуо диэн эрэниэҕиҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....