11.07.2019 | 09:27

Үүт, атах таҥаһа, «сулустар» о.д.а.

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа сыл саҕаланыыта уонна хабыллар хаба ортото – саҥа сокуоннар олоххо киирэр кэмнэрэ. От ыйын 1-кы күнүттэн киирэр сокуоннары үөрэтэн көрдүбүт.

Биэнсийэ туһунан сокуон

Арассыыйа биэнсийэтин пуондата от ыйын 1-кы күнүгэр диэри биэнсийэлээхтэр сыл саҕаланыытыттан ылыахтаах эбии төлөбүрдэрин  (доплата) төлөөн бүтэриэхтээх. Эбии төлөбүр кыра биэнсийэлээхтэргэ көрүллэр. Үгүстэр ыам ыйыгар ылбыт буолуохтаахтар.

От ыйын 1-кы күнүттэн Биэнсийэ реформатын бастакы хараҥаччылара биэнсийэҕэ тахсыылара саҕаланна. Ол курдук, быйыл 55 саастарын 6 ый ааспыт дьахталлар, 60 саастарын 6 ый ааспыт эр дьон биэнсийэҕэ тахсаллар. Ол аата, 1964 тохсунньутугар төрөөбүт дьахталлар, 1959 сыл тохсунньутугар төрөөбүт эр дьон хабыллаллар.

Инбэлиит оҕону көрүү босуобуйата үрдээтэ

Инбэлиит оҕону уонна 1-кы бөлөхтөөх оҕо сааһыттан инбэлиити көрөн олоруу босуобуйата эбилиннэ. От ыйын 1-кы күнүттэн бу төлөбүр икки төгүл кэриэтэ үрдээтэ. Үлэлээбэт төрөппүт (иитэ ылааччы) эбэтэр эппэкиин (попечитель) инбэлиит оҕону көрөн олорорун иһин ыйга 10 тыһыынча солкуобайы ылар буолуоҕа (урут 5,5 тыһ. солк. этэ).

Инбэлиити көрөн олорор төрөппүттэртэн ураты атын дьон ыйга 1200 солкуобайы ылаллар. Бу суума уларыйбата.

Үрүҥ аска саҥа быраабыла

Үүттэн оҥоһуллар аһылыгы атыылыыр быраабылаларага уларыйыылар киирдилэр. Бу ыйтан ыла хаачыстыбалаах үүт аһылыгы бороһуок үүттэн оҥоһуллубут астан араарар судургу буолла.

Маҕаһыыннарга “натуральнай үүт”, “үүт булкадаһыктаах” уонна “үүт састааптаах” астар тус-туһунан сааһыланар буолуохтара. Дьиҥнээх үрүҥ аска “Продукты без заменителя молочного жира” диэн киһи хараҕар быраҕыллар бэлиэ иилиллиэхтээх.

Үүтү тугунан эрэ солбуйбут бородуукталара витринаҕа туспа кыстаныахтара.

Атах таҥаһын маркировкалааһын

Арассыыйаҕа оҥоһуллар уонна тас дойдуларга атыыга тахсар атах таҥаһа барыта маркировкаланар буолуоҕа. Марка атах таҥаһыгар уонна хоруопкатыгар сыһыарыллар.

Марка көмөтүнэн бу атах таҥаһа ханна оҥоһуллубутуттан саҕалаан, атыылаһааччыга хайдах тиийэн кэлибитин көрөр кыахтаныахпыт.

Анал информацияны илдьэ сылдьар систиэмэ бренд туһунан сиһилии, атах таҥаһын матырыйаалын, ханна оҥоһуллубут туһунан толору информацияны уо.д.а. кэпсиэҕэ. Сокуону киллэрээччилэр суруйалларынан, маннык дьаһал бородууксуйа үрдүк хаачыстыбалаахтык оҥоһулларын уонна контрафакт ырыынакка киирбэтин хааччыйыаҕа.

Маркировкаламмыт атах таҥаһыгар толору 2020 сыл кулун тутарыгар киириэхтээхпит. Анал сканердар көмөлөрүнэн информацияны бэрэбиэркэлиир кыахтаныахпыт.

Онлайн-кассалар

2019 сыл от ыйын 1-кы күнүттэн онлайн-кассалары туттуу булгуччулаах буолла:

  • Нэһилиэнньэҕэ араас өҥөнү оҥорор, нолуогу хайдах төлүүрүттэн тутулуга суох, бары ИП-ларга;
  • Атыыга-эргиэҥҥэ, уопсастыбаннай аһылык эйгэтигэр, туора үлэһиттэри наймыласпакка эрэ үлэлиир ИП-ларга;
  • Аптамааттары туһанар, хамнастаах үлэһиттэрэ суох ИП-ларга;
  • Уопсастыбаннай тырааныспарынан пассажирдары тиэйээччилэр.

Кирэдьиит бырыһыанын туһунан

Бу ыйтан Арассыыйаҕа “займ” уонна “кирэдьиит” ылааччыларга бааннар күҥҥэ 1 бырыһыантан ордугу ааҕыа суохтаахтар. От ыйын 1-кы күнүттэн ылыллыбыт кирэдьиит сыллааҕы бырыһыана 365-тэн элбиэ суохтаах.

Бу хааччахтааһын маннык быһыылаахтык үлэлиир: кирэдьиит бырыһыана бу ыйтан ыллахха, сылга 365-кэ тиийэр, онтон үрдүө суохтаах. Намыһах буолуон сөп. Арассыыйа Баана маннык дьоҕус кирэдьииттэр сыаналарын кыбаарталга биирдэ быһар. Онтон сиэттэрэн бырыһыаннара оҥоһуллар.

ОСАГО саҥа ирдэбиллэрэ

Страховкалыыр хампаанньалар ОСАГО саҥа дуогабардарын түһэрсэн бүтэллэрин туһунан сайтарыгар иһитиннэриэхтээхтэр.

Страховкалааччылар бэйэлэрин баҕаларынан дуогабар түһэрсэн бүтэн хаалар бырааптара суох. Маныаха үс төрүөт көҥүллэнэр:

 

  • Атыыламмыт полис ахсаана былааны толорбут буоллаҕына, маны страховщиктар идэтийбит түмсүүлэрэ туруорар.
  • Арассыыйа Баана страховкалыыр хампаанньаттан ОСАГО лицензиятын ылбыт буоллаҕына.
  • Страховкалааччылар идэтийбит түмсүүлэрин олохтообут быраабылаларыгар олоҕуран.

Тутуу бырыайыактыыр үбүлээһиҥҥэ көстө

Арассыыйаҕа урукку курдук дольщиктар харчыларынан барар тутуу тохтотулунна. От ыйын бастакы күнүгэр өссө биир улахан суолталаах хардыы оҥоһулунна – бырайыактыыр үбүлээһин туһунан сокуон үлэлээтэ.

Ол аата тутааччылар урукку курдук кыбартыыралары быһаччы дольщиктарга атыылаабакка, эскроу счет нөҥүө эрэ атыылыыр буоллулар. Ол эскроу счекка атыылаһааччыттан түспүт үп муннуьллар. Тутар тэрилтэ дьиэтин олоххо киллэрэн, үлэлэтэн  эрэ баран бу харчыны устар кыахтанар.

Оттон номнуо тутуллан бүппүт дьиэлэргэ кыбартыыралары урукку быраабылаларынан атыылаһыахха сөп буолар.

Гостиницаларга “сулустар” бэриллиэхтэрэ

50-тан тахса миэстэлээх гостиницалар хаачыстыбаны туоһулуур “сулустаах”, ону туоһулуур докумуоннаах буолуохтаахтар. Маннык сибидиэтэлистибэтэ суох үлэлиир кыахтара суох буолар.

Өскөтүн гостиница бэйэтин рекламатыгар сымыйанан “сулус” эбиммит буоллаҕына, административнай ыстыраапка тэбиллэр.

Ипотекаттан сынньалаҥ

“Ипотечнай каникул” олоххо киирдэ. Ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит, үпкэ-харчыга ыктарбыт ипотекалаах дьон сынньалаҥынан туһанар кыахтаннылар. Ипотекаттан сынньалаҥ киһи биир соҕотох олорор дьиэтигэр эрэ көрүллэр. Сокуоҥҥа ыйыллыбыт ыарахан түгэннэргэ түбэспит эрэ киһи “сынньанар” бырааптаах.

Сынньалаҥ саамай уһаабыта  6 ый буолуохтаах. Бу 6 ый устата ыйдааҕы төлөбүр сууматын кыччатыахха эбэтэр олох да төлөөмүөххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....