Сырдыкка угуйар "Киин куорат"
Надежда Громова:
- "Киин куорат" хаһыакка 2007 с. М.К. Аммосов аатынан СГУ суруналыыстыкаҕа салаатын бүтэрээт үлэҕэ киирбитим. Ол кэмтэн ыла айар үлэ абылаҥар ылларан, үгүс ыстатыйалары суруйан, 10 сыл айымньылаахтык үлэлээбитим.
Бу үлэлиир кэммэр "Берегиня" Дьокуускай куораттааҕы оҕо дьиэтин, Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү, Мохсоҕоллоох оҕо дьиэлэрин кытта ыкса үлэлэһэр этибит. "Айыыһыт" рубрикаҕа тулаайах оҕолору иитэ ылыыга "Ийээ, хаһан кэлэҕин?" диэн рубриканан социальнай реклама таһаарарбыт, приемнай дьиэ кэргэттэри, кинилэр үтүө холобурдарын сырдатарга дьулуһарбыт. Кэлин "Алгыстаах бэлэх" диэн рубрика киллэрэн, сыл устата оҕо дьиэлэрин иитиллээччилэригэр Дьокуускай куоракка олорор Сахабыт сирин биллэр-көстөр дьоно уонна хаһыат эрэллээх ааҕааччылара сэмэй бэлэхтэрин, алгыстаах тылларын аныыллара.
"Эн суолуҥ" рубрикаҕа Дьокуускай куоракка уонна Саха сирин араас муннуктарыгар айар-тутар, үлэлиир, саҥа сүүрээни киллэрэр хорсун санаалаах предприниматель дьон туһунан суруйан, ааҕааччыларбытыгар холобур буолуо диэн сырдатарга дьулуһарбыт.
Дьокуускай куорат ис дьыалаҕа управлениетын кытта ыкса үлэлэһэммин, "Один день в полиции" акцияҕа икки сыл кыттыбытым, учаастактааҕы полиция үлэһитин кытта араас дьиэлэринэн сылдьан, дьон бэрээдэги кэһиитин хонтуруоллуурбут, сэрэтэр үлэни ыытарбыт. Куорат ГИБДД салаатын кытта үлэлэһэн, түүҥҥү Дьокуускай устун патрульга тахсарбыт. Суол быраабылатын кэспит суоппардарга миэрэ ылыллара.
"Үлэ киһини киэргэтэр" рубриканан Дьокуускай куоракка үлэлиир тэрилтэлэр бастыҥ специалистарын күннээҕи үлэлэрин туһунан ыстатыйа таһаарар эмиэ сонун этэ, ол курдук киинэ театрын механигын, эстрада театрын костюмерын, кырдьаҕастары кэрийэ сылдьан, социальнай эйгэҕэ үлэлиир эр киһини, почтальон күннээҕи түбүгүн, буҕаалтыр идэтин уратытын, асчыт, иитээччи, тренер о д.а. үлэһит дьону сырдатарбыт.
"Киин куоракка" үлэлиир кэммэр 2016 с. инстаграм страницаны арыйан, сонун матырыйааллары сырдатан саҕалаабыппыт. Онон билигин хаһыатым геройдарын аҕыннахпына, инстаграмҥа киирэн көрөбүн. Билигин "Киин куорат" страницатыгар тахсар сонуннары сэҥээрэн ааҕабын.
"Үһүс көлүөнэ оскуолата" диэн ааттаах аҕа саастаах дьон күннэтэ сылдьар, араас дьарыкка сөбүлээн дьарыктанар тэрилтэлэригэр чаастатык сылдьарым. Кинилэр холобурдарынан киһи хас да саастаах буоллун – олоххо дьулуура уонна кэрэни кэрэхсиирэ уостуо суохтаах. Ордук имигэс хамсаныылаах үҥкүүһүт эбээлэр мин өйбөр хатанан хаалбыттара.
Дьокуускай куоракка ыытыллар тэрээһиннэргэ суруналыыстар үлэбит чэрчитинэн чаастатык сылдьарбыт. Ол курдук, "Азия оҕолоро" норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар, сыллата үрдүк таһымнаахтык ыытыллар Туймаада ыһыаҕа, "Зима начинается с Якутии" бырайыак, Кыайыы күнүгэр уонна Дьокуускай куорат төрөөбүт күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр ордук сонун уонна киһи кутун-сүрүн абылыыр этилэр.
Ааҕааччыбыт хаһыаты илиитигэр тутан олорон, туһалаах сүбэлэри, сонун көрүүлэри ылыннын диэн, элбэх тэрилтэ специалистарыттан сүбэлииллэригэр көрдөһөрбүт. Бука бары утары баран, долгутар ыйытыыларбытыгар хоруйдары биэрэллэрэ.
"Холумтан" сыһыарыыга анаан бэйэм кэпсээннэрбин таһаарар этим. Көмүскээнэ диэн псевдонимынан син балачча кэпсээни суруйбутум. 2015 с. СР култуураҕа министерствота тэрийэн ыыппыт "Это страшное слово война" кэпсээн күрэҕэр кыайыылаах буолбутум.
"Киин куоракка" үлэлиир кэммэр суруналыыс быһыытынан арылларга кыах бэриллибит буолан, бэйэбин араас эйгэҕэ барытыгар холонон көрөн, нэдиэлэ аайы бииртэн биир араас тиэмэҕэ ыстатыйалар тахсан иһэллэрэ. Бу үлэлээбитим сүрдээх баай уопуту биэрдэ, тоҕо диэтэххэ, хас биирдии ыстатыйам геройа туһунан көрүүлээх, ураты үүнэр усулуобуйалаах эбит. Биир күн Бырабыыталыстыба дьиэтигэр Феодосия Габышеваны кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэр эбит буоллахпына, сарсыҥҥы күнүгэр кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр олорор аҕа саастаах дьон күннээҕи сонуннарын истэрим. Биир күн дьиэтэ-уота суох сылдьар дьону босхо эбиэттэтэр акцияҕа кыттыһа сылдьарым, сарсыныгар мээрийэ сылаас, сырдык аактабай саалатыгар мунньахтыы олорор дьон санааларын истэ олорор буоларым. Дьокуускай куорат күннэтэ сайдан, улаатан, кэҥээн, тупсан иһэрэ харахха быраҕыллар. Манна киһи олус айымньылаахтык хас биирдии тэрээһиҥҥэ, тэрилтэҕэ, араас кыһалҕаҕа ылсан суруйуон сөп. Онон бу үлэлээбитим, сахалыы тыыннаах эрэдээксийэм үлэһиттэрин кытта сэмэйдик үүттээх чэй иһэ олорон араас тиэмэҕэ кэпсэтэрбит миэхэ эмиэ умнуллубат өйдөбүллэри хаалларбыта.
Бу уон сыл үлэлээбит кэммэр суруналыыстыка эйгэтигэр ыытыллар күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттар этим. Ол курдук, Дьокуускай куорат салалтата эдэр суруналыыстары өйөөн, сыллата куонкурус биллэрэрэ. "Молодая пресса" айар үлэ күрэҕэр 2010 с. "Событие №1", 2011 с. лауреат аатын ылбытым. 2010 c. "Портрет учителя Якутии" республикатааҕы суруналыыстар күрэхтэригэр 2-с миэстэ буолбутум. 2015 с. Саха сирин суруналыыстарын сойууһа түмүктүүр күрэҕэр "За результативность" ааты иҥэрбиттэрэ. 2016 с. предпринимательство эйгэтин сырдатыыга хаһыаччыттар ортолоругар лауреат аатын ылбытым. 2015 с. "Ковали Победу в тылу" республикатааҕы куонкуруска кыайыылаах буолбутум. 2014 с. СР ыччатын министерствота хайҕал суругунан бэлиэтээбитэ.
Билигин суруналыыстыка эйгэтигэр оҕолору уһуйар учуутал буола сылдьабын. Хас биирдии үөрэнээччим ыстатыйата таҕыстаҕына, истиҥник үөрэбин. "Киин куорат" хаһыат үбүлүөйүнэн истиҥник эҕрдэлиибин: киһини толкуйдатар, долгутар, үөрдэр, сырдыкка, кэрэҕэ угуйар ыстатыйа кэһиилээх саха ыалыгар күндү бэлэҕинэн буоллун.
ЭРЭНЭ ХААЛАБЫН
Вероника Александрова:
- 2008 сыллаахха үөрэхпин бүтэрээт, идэбинэн үлэ көрдүүргэ санаммытым. Ол эрэн, кыра оҕолордоох буоламмын, эмиэ да үлэлиэхпин баҕарбаппын. Испэр: "Чэ, көһүннэҕинэ, үлэлиэм, суох буоллаҕына – суох", - диэн баран түһүнэн кэбиспитим.
Тоҕо эрэ чуо-бааччы "Киин куоракка" хааман тиийбиппин. Уонна ханна да сылдьыбатаҕым, оннооҕор практикабын барбыт "Кыым" хаһыаппар тиийбэккэ хаалбыппын.
Оччолорго "Киин куорат" эрэдээксийэтэ Петровскай уулуссатыгар баара. Киирбитим эп-эдэр кыыс олорор. Практикант буолуо диэн, тугу да диэхпин билбэккэбин, "редакторы кытта кэпсэтиэххэ сөп дуо?" диэн ыйыппытым. Кыыһым: "Миигиттэн ыйытыаххын сөп, мин редакторы солбуйабын", – диэбитигэр тоҕо эрэ олус түргэнник итэҕэйбитим. Билигин даҕаны итэҕэйэбин, Розам курдук хаһыат эрэдээктэрин солбуйар киһи, арааһа, суох. Онно тута туох тиэмэҕэ суруйуохпун сөбүн, ханнык рубрикалары кыайыам дии саныырбын ыйыталаспыта. Кыра оҕолордоох киһи оҕо иитиитин, көрүү-харайыы туһунан суруйуохпун сөп диэбитим.
Ол күн эрэдээксийэттэн бастакы сорудахтаах тахсыбытым. Балаһабын "Айыыһыт" диэн ааттыах буоллум. Дьокуускайга Дьиэ кэргэн сылынан оҕолоох төрөппүттэргэ аналлаах рубрика баар буолбута. Хата, мин баҕарарым курдук табыллан испитэ. Трудовой договор оҥорсубутум, ол аата үлэлиир кэмим, бириэмэм хааччаҕа суох. Хаһан баҕарар кэлэҕин-бараҕын, кимтэн да көҥүллэппэккин. Айар үлэһит көҥүл буоллаҕына айар.
Коллективпын кытта бэркэ тапсан, таптаан үлэлээбитим. Суруналыыстыка идэтигэр уһуйуллуу саҕаламмыта. Бастаан ыстатыйаларым кып-кыһыл буолаллара, корректор Сардаана Багынанова дьээбэлиирэ: "Вероника, бүгүн эйиэхэ иккини туруордум", –дии-дии күлэрэ. Бу маннык суруллар, ити маннык –диэн, көрдөрө-көрдөрө кэпсиирэ, быһаарара билигин миэхэ олус туһалыыр.
Литературнай редактордарынан солбуһа сылдьан үлэлээбит Наталья Кычкина, Розалия Томская бастаан түҥ-таҥ суруйан аҕалбыт ыстатыйаларбын олус сатабыллаахтык, хас биирдии этии ис хоһоонун уларыппакка эрэ, сааһылаан, харыстаан көннөрөллөрүн куруутун олус сөҕөрүм. Бэчээттэнэн тахсыбыт ыстатыйаларбын ааҕан көрө-көрө, дэлби астынарым. Интервью ыларбын, дьону кытта кэпсэтэрбин сөбүлээбэт этим, тоҕо эрэ хаһыат суруналыыһа биир сиргэ суруйа-суруйа олоруохтаах диэх курдук саныырым. Оннук буолбатах эбит, "журналиста ноги кормят" диэх оннугар, "журналиста коммуникабельность кормит" диэххэ сөп эбит. Кыайан кэпсэппэтэххинэ, информацияны бэйэҥ нөҥүө аһарбатаххына, бүтэр эбиккин, онон кыһалҕаттан дьону кытта кэпсэтэр, кэпсэтэ олорон киһиҥ санаатын таайар дьоҕурданаҕын.
Ити курдук үлэлии сырыттахпына Борис Павлов кылаабынай эрэдээктэринэн ананан кэлбитэ. Кини биһиги дьолбутугар кэлбит киһи, куруук саныыбын, дьиҥнээхтик бэйэтин идэтигэр бэриниилээх, талааннаах киһиэхэ үөрэнэр дьоллоох эбиппин. Борис Павлов чиэһинэй, судургу, чопчу үлэҕинэн сыаналыыр, сөбүлээбэтэҕинэ биллэрэр, астыннаҕына хайгыыр көнө киһи. Кини миигин дириҥник толкуйдуурга үөрэппитэ, “маны иһиттэн көрдөххүнэ хайдаҕый?”, “киһи санаата итинник кыараҕас буолуо этэ дуо?” диэн толкуйдатара.
Борис Иванович сүбэтинэн "Эн суолуҥ" диэн рубрика баар буолбута. 2010-с сс. саҕаланыыларыгар бэйэ оҥорон таһаарыыта, предпринимательство дьэ үөдүйэн эрэр кэмэ, онно кэмигэр өйдөрүн-санааларын уларыта охсон, биир бастакыларынан бэйэлэрин дьыалаларын ситиһиилээхтик саҕалаабыт дьону кытта көрсөн кэпсэтэрим. Ол сылдьан испэр ымсыырар буолбутум. Геройдарбыттан элбэххэ үөрэнэрим. Предпринимателлэртэн психология диэн баарын истибитим. Киһи ис күүһэ бэйэтин санаатыттан тутулуктааҕын өйдөөн, аны "Уйулҕа" рубриканы саҕалаабытым. Билигин уйулҕаны элбэх киһи үөрэтэр, сэҥээрэр, онтон оччолорго саха дьоно соччо чугаһыы иликтэрэ.
Өссө да саҥаттан-саҥа бырайыактары толкуйдаан үлэлиэх эбиппин даҕаны, айылҕам этэн, оҕолонон олорбутум, утуу-субуу үһүс уонна төрдүс оҕолорум күн сирин көрбүттэрэ. Мин дьиэбэр олорон эрэ хаһыаппар суруйбут матырыйаалларбын хомуйан "Айыы оҕото" диэн альбом-кинигэ оҥорон таһаарбытым. Оҕолонор уоппускаҕа барарбар, тоҕо эрэ уһуннук барбыппын сэрэйэрим, хаһыаппар үлэлээн бүтүөхтээхпин диэн санааны күүскэ ылыммыппын быһыылаах. Уоппуска кэнниттэн үлэлии тахсаат – кыайбатаҕым, баҕар, атын эйгэнэн үлүһүйэммин эбитэ дуу, эбэтэр көннөрү өр олорон баран үлэлии тахсыбыппыттан эбитэ дуу, тыыным-быарым хаайтарбыта. Атын сиргэ, "Чуораанчык" сурунаалга ыҥырбыттарыгар, онно көһөн хаалбытым. Онтон билигин оскуолаҕа психологынан үлэлиибин, тыа сиригэр көһөн тахсан, дьиэ-уот туттан олохсуйар санаалаахпыт.
Онон "Киин куоратым" балаһалара олоҕум суолун ыйан, балаһаларбын ситэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн, оҕоҕо уонна төрөппүккэ аналлаах кинигэ ааптара, предприниматель, психолог буолан олоробун. Ол аата мин көннөрү суруйбатаҕым, дьиҥнээхтии сүрэҕим ортотунан аһарбытым. Эһиэхэ, ааҕааччыларбар, эмиэ туһалаабыта буолуо диэн эрэнэ хаалабын.