13.05.2022 | 13:00

Сырдык мөссүөнэ өлбөөдүйбэт

Сырдык мөссүөнэ өлбөөдүйбэт
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, саха дьахталларыттан бастакы поэтесса Варвара Потапова төрөөбүтэ 76 сылын туолла. 
Варя Ньурба улууһун Сүлэ нэһилиэгин Үҥкүүлүүр алааһыгар 1946 сыл ыам ыйын 13 күнүгэр төрөөбүтэ. Кини 1966 сыллаахха Ньурба маҥнайгы нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрээт, СГУ саха тылын уонна литературатын салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Устудьуоннуур сылларыгар "Сэргэлээх уоттара" литературнай куруһуокка дьарыктаммыта.
Варвара Потапова өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, "Хотугу сулус" сурунаалга 1967 сыллаахтан бэчээттэнэн барбыта. Онтон 1972 сыллаахха "Күннээх халлаан" диэн маҥнайгы кинигэтэ тахсыбыта.
Варвара Потапованы «курус, санньыар» поэтессанан ааттыылара. Кини хоһооннорунан көҥүл олоххо дьулуһар, кырдьык иһин туруулаһар ураты санааны саҕара, бэйэтин кэминээҕи олоҕунан астымматын биллэрэрэ. Варвара саха дьахталларыттан бастакынан поэзияҕа киирэн, ол саҕанааҕы поэт эр дьону кытта тэҥ таһымҥа тахсан бииргэ хардыылаабыта. Наталья Халампьева «Кини ыллыгы тэлбитин кэннэ айанныыр аартыкпыт аһыллыбыта...» - диэн этиитигэр Варвара Потапова сүдү талааныгар сүгүрүйүү, поэзия эйгэтигэр сирдьит быһыытынан билинии көстөр. Варвара Потапова поэзиятыттан куорсун анньынан элбэх саха поэтессалара таҕыстылар. 
Ньурба улууһун Ыраах Убайааныгар олорбут дьиэтэ билигин музей буолан турар. Сылын аайы төрөөбүт күнүгэр биир дойдулаахтара онно мустан, Варвара Потапова туһунан иһирэх тылынан ахтан-санаан ааһар үтүө үгэстээхтэр. СӨ норуодунай артыыската Зоя Багынанова поэтессаҕа сүгүрүйүүтүн бэлиэтин «Мин сырдык санньыарым…» диэн кинигэ таһаарбыта. 
Варвара Потапова сырдык мөссүөнэ сыллары да уҥуордаан өлбөөдүйбэт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...